Киир

Киир

Кылгас сайыммыт бүтэрэ бу тиийэн кэллэ. Сотору кэминэн көмүс күһүнү кытта оскуолаҕа барыы түгэнэ тигинээн кэлиэ. Бу бэлиэ кэми бары оскуолаҕа барааччылар, учууталлар, үөрэнээччилэр, төрөппүттэр долгуйа күүтэллэрэ буолуо диэн сэрэйэбит. Ордук күүскэ бастакы кылааска киирээри сылдьар кырачааннар уонна кинилэр төрөппүттэрэ долгуйаллара буолуо. Онон, бүгүҥҥү нүөмэргэ Ыччат социальнай-психологическай көмөтүн киинин Амматааҕы филиалын сэбиэдиссэйэ, педагог-психолог Аина Юрьевна Неустроева сүбэтин таһаарабыт.

Оскуолаҕа бэлэмнэнии

Оскуолаҕа киирии – оҕоҕо саҥа кэрдиискэ тахсыы, олоҕор суолталаах кэм. Төрөппүт оҕотун кытта элбэхтик кэпсэппит, остуоруйа ааҕан, таабырын таайсан оҕо саҥара үөрэнэригэр үгүс сыратын уурбут буолуохтаах. Оҕону оскуолаҕа бэлэмнииргэ суруйарга үөрэтэрдээҕэр илии быччыҥнарын, моторикатын сайыннарыахха наада. Оскуолаҕа бэлэм буолбут оҕо илиитин моториката, илиитин салбаҕын (киистэтин) хамсыыр сатабыла сайдыбыт, тыла-өһө сааһыгар сөп түбэһэр, санаатын толору этэ үөрэммит буолуохтаах. Оскуолаҕа саҥа барбыт оҕо бастаан уустуктары көрсөр: бу кэмҥэ оҕо саҥа усулуобуйаҕа үөрэнэр, адаптацияны ааһар. Кинини оскуолаҕа интэриэһинэй, ол эрээри чэпчэкитэ суох үлэ күүтэр: эт-хаан уонна саҥаны билэригэр-көрөрүгэр мэйии, ньиэрбэ күүрүүтэ. Адаптацияланар кэмигэр оҕо куһаҕаннык утуйуон, кыыһыра, тымта сылдьар буолуон, аһыыр баҕата кэһиллиэн, бэйэтигэр бүгүөн сөп. Бу ньиэрбэ күүрүүтүттэн тахсар, сотору кэминэн ааһар: оҕо оскуола олоҕун тэтимигэр үөрэнэр, сылайара кыччыыр, настарыанньата көнөр.

Дьиэҕитигэр оҕо сөпкө улаатарыгар, сайдарыгар, доруобуйата бөҕөргүүрүгэр сөптөөх усулуобуйаны оҥоро сатааҥ. Оскуола туһунан үчүгэйи эрэ кэпсээҥ. “Оскуолаҕа үөрэнэр ыарахан” диэн оҕону куттаамаҥ. Оскуолаҕа киирии – кыра киһиэхэ улахан долгуйуу, уларыйыы. Төрөппүт оскуолаҕа үөрэммит дьоллоох сылларын туһунан кэпсээтэҕинэ, оҕоҕо оскуола туһунан үчүгэй өйдөбүл үөскүө. Ол таһынан дьиэ кэргэҥҥэ олохтоммут чуолкай эрэсиим оҕону бэрээдэккэ үөрэтэр: биир кэмҥэ утуйарга, турарга, аһыырга, оонньуурга, дьарыктанарга. Оҕо түүн уонна күнүс утуйар уута сөп, уутун ханар буоллаҕына, сылайбат, үөрүүнү кытта сүүрэр-көтөр, үөрэнэр, дьарыктанар, уруһуйдуур, кырыйар, дьиэ үлэтигэр көмөлөһөр. Үөрэх саҕаланыан иннинэ үөрэх эрэсиимигэр киллэрэр ордук. Оч­чоҕо үөрэх саҕаланнаҕына, эрдэ турарыгар, сөпкө утуйарыгар чэпчэки буолуо. Маҥ­найгы кылаас оҕото күн иккис аҥаарыгар 1 чаас утуйан, сынньанан ылыан сөп. Үөрэҕин кэннэ оҕо оонньуур, сүүрэр-көтөр бириэмэлээх буолуохтаах.

WhatsApp Image 2022 08 16 at 15.21.23 1

Бэйэни салайынарга үөрэтии

Оҕону бэйэтин салайынарга үөрэтиини кыратыттан саҕалыахха наада. Оҕо бэйэтэ гыныан сөптөөх дьыалатын оҥорорго ыксаамаҥ, бастаан бытааннык, көтүмэхтик да буоллар, бэйэтэ оҥордун. Оҕо учууталын сорудахтарын толоруон, бэйэтэ быһаарыы ылыныан, бииргэ үөрэнэр оҕолорун, учууталы кытта сыһыаны олохтуон, ол аата эппиэтинэстээх буолуон наада.

– Оҕону доҕордоһорго үөрэтиҥ, кини доҕотторун интэриэһиргээҥ, ыйыталаһыҥ, табыллар буоллаҕына, ыалдьыттата ыҥырыҥ.

– Атын дьон көрөрүгэр-истэригэр оҕоҕутун мөҕүмэҥ, сэмэлээмэҥ. Ол оннугар иккиэн хааллаххытына, тугу сөбүлээбэтэххитин этиҥ.

– Оҕо кыһалҕатыгар, төһө да кыра курдугун иһин, дьоһуннаахтык сыһыаннаһыҥ. Оҕо эһиги өйөбүлгүтүгэр, тапталгытыгар туохтааҕар да наадыйар кэмэ.

– Оҕоҕутун хаһан даҕаны атын оҕолору кытта тэҥнээмэҥ.

Оҕо бэрээдэгиттэн, үөрэҕэр ситиһиититтэн долгуйар, мунаарар буоллаххытына, учууталтан, оскуола психологыттан сүбэ ылартан кыбыстымаҥ.

Уопсайынан эттэххэ, хас биирдии ыал иитии боппуруоһугар тус-туспа ньыманы, үөрэтиини туттар. Оҕо хайдах киһи буола улаатара дьиэ кэргэн култууратыттан тутулуктаах, оҕо кыра сааһыттан дьиэ иһигэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ, тулалыыр эйгэҕэ хайдах сыһыан олохтоммута улахан сабыдыаллаах.

Төрөппүт уонна учуутал сыһыана

Төрөппүт учууталы кытта аан маҥнайгыттан сибээс олохтуохтаах, оҕотун сайдыытын интэриэһиргээн, сүбэ-ама ылан, учуутал ньыматынан оҕотун эбии дьарыктыырга ылсыахтаах, холобура, дьиэҕэ үлэни оҥорорго учуутал ньымата ордук өйдөнүмтүө буолар.

– Оҕо истэригэр учууталы, атын оҕолору, төрөппүттэри куһаҕаннык саҥарымаҥ, оҕону кытта учуутал туһунан ытыктабыллаахтык кэпсэтиҥ.

– Бастакы учуутал оҕоҕо иккис «ийэ» кэриэтэ буолар, кини тылын, сүбэтин, быраабылатын бастакы кылаас оҕото ордук ылынар, оҕо иитиитигэр сүрүн оруолу оонньуур, ол иһин төрөппүт учууталга чугас буолара наада.

– Төрөппүт мунньахтарыгар, кылаас иһигэр буолар тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыла сатааҥ, ити чааһыгар учууталга күүс-көмө буоларгыт ордук, оҕоҕут хараҕар аптарытыаккыт үрдүө.

WhatsApp Image 2022 08 16 at 15.21.23 2

Үөрэххэ ыарахаттары туорааһын

Оҕо үөрэҕэр ыарырҕатара араас биричиинэттэн тутулуктаах буолуон сөп. Холобура, ыарырҕатар биридимиэттэригэр ситиһэр туһугар атын учуутал консултаассыйатын көрдөһөр тоҕоостоох уонна сөбүлээбэт учууталын кытары уопсай тылы булар инниттэн төрөппүт уонна учуутал сирэй көрсөн өйдөһөр суолу булаллара ордук.

Төрөппүттэн улахан тутулуктаах. Консултаассыйаны уларыта сылдьан, учууталы кытта сүбэлэһэр ордук, тоҕо диэтэр, учуутал үөрэтэр ньымата араас-араас. Оҕо-оҕо араастаан ылынар, ол иһин биридимиэти өйдөөбөт буолуон сөп. Онтон оҕо дьоҕурун билэн, арыйан биэрдэххэ, эрдэ сөбүлээбэт, ыарырҕатар уруога олус сөбүлүүр биридимиэтэ буолуон даҕаны сөп. Сорох оҕо сахалыы быһаарары өйдөөбөт эбэтэр сахалыы саҥаны да өйдөөбөт буолуон эмиэ сөп. Өссө хара маҥнайгыттан оҕо үчүгэйдик истэрин-көрөрүн болҕомтоҕо ылыахха наада, сорох оҕо кыайан истибэт уонна олорор миэстэтэ ыраах буолуон сөп. Атын учуутал үөрэтэр ньыматын сөбүлээтэҕинэ, үөрэҕи да, учууталы да ордук ылыныаҕа. Онон, иллээх-эйэлээх сыһыан наада.

Бэрээдэк

Дьиэ кэргэн иһинээҕи култуура, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан уопсастыбаҕа оҕонон тахсар. Ол курдук, оҕо бэрээдэгэ мөлтөх, этиһэр-охсуһар, айдааны таһаарар буоллаҕына, учуутал төрөппүттэрин кытта кэпсэтэрэ ордук. Ону таһынан оҕолор истэригэр мөккүөр дуу, этиһии дуу тахсар түгэнигэр оҕолор бэйэлэрэ биричиинэтин быһаара үөрэниэхтээхтэр. Оҕо оскуола боруогун атыллаан, кылааска үктэниэҕиттэн саҕалаан кэлэктиипкэ, уопсастыбаҕа киирэр, миэстэтин булар кэмэ кэлэр, төрөппүт оҕоҕо дьоҥҥо хайдах сылдьыахтааҕын, үчүгэйи-куһаҕаны, майгы-сигили туһунан үөрэтэ, быһаара сылдьара табыгастаах.

Былыр-былыргыттан оҕо улахан киһини ытыктыы үөрэнэригэр улахан суолта уонна болҕомто ууруллара. Оҕоҕо кыра сааһыттан, этигэр-хааныгар иҥэрэн, улахан дьону убаастыыр, ытыктыыр гына иитиэхтээхпит. Ол кэнэҕэс, улахан киһи буолан олох суолугар үктэниитигэр, быһаарар суолталаах буолар. Ол курдук тэҥнээхтэрин, аймахтарын, төрөппүттэрин, туора да дьону убаастыы-ытыктыы үөрэтии билигин хаһааҥҥытааҕар да күүскэ туруох кэриҥнээх. Киһини ытыктыы үөрэммит оҕо олоххо ойуччу бэлэмнээх, итэҕэллээх кэлэр, табаарыстарын, доҕотторун, дьону кытта уопсай тылы түргэнник булар, атын дьон кыһалҕатын таба өйдүүр.

WhatsApp Image 2022 08 16 at 15.21.24

Хайҕал

Оҕо эрдэттэн ийэ-аҕа, эбэ-эһэ бэлэмнэригэр үөрэммит оҕо эбэтэр оҥорбут үлэтин иһин миэстэтигэр хайҕалы ылбат, мөҕүллэр оҕо бэйэтигэр эрэлэ суох буолар. Ол кэннэ дьиэ үлэтигэр буоллун, тас үлэҕэ сыһыана буоллун, ис сүрэхтэн баҕаран туран толоруллубат буолар. Ол иһин оҕо дьиэ иһинээҕи үлэни толордоҕуна, сөбүгэр көрөн хайгыыр наада. Туох эмэ суолталаах кэмҥэ эппиэтинэһи сүктэрэ үөрэтэр тоҕоостоох. Бэйэтин дьаһанар, бэйэтигэр эрэллээх оҕо толоругас, айар дьоҕурдаах буола улаатар, ол инники өттүгэр туһата улахан.

Маҥнайгы кылаас оҕотугар кини оскуолатын дьыалатыгар, үөрэҕэр долгуйаргытын, интэриэһиргииргитин, бастакы ситиһиилэригэр үөрэргитин биллэриҥ, хайҕааҥ, оттон туга эрэ табыллыбатаҕына, өйөөҥ, сэргэхситиҥ.

Ийэ, аҕа оруола

Ыал иллээх олоҕор ийэ оруола аһара улахан суолталаах. Оҕо – ийэ ыйа-күнэ, кэлэр кэскилэ, инники эрэлэ. Оҕо – ыал ымыыта. Ити барыта ийэ буолууну өрө тутар, үрдүккэ-сырдыкка дабатар, кэрэҕэ, кэскилгэ тириэрдэр аналын санатар, соргутун чугаһатар. Ийэ уонна оҕо биир утумнаахтар, биир тыыннаахтар. Оннук уустук, уран айылҕалаахтар. Оҕо чэгиэн айылҕата ийэнэн бэриллэр. Ийэ тапталын этинэн-хаанынан билбит оҕо олоҕун устатыгар угуттана сылдьыаҕа, итии тыынынан имигэстик илгийиэҕэ.

Ийэ аҕаны өрө тутара, олох олорон истэхтэрин аайы, ытыктабыл үрдүк кэрдииһигэр дабайан тахсар. Ыал аҕаҕа сыһыана – ийэ, аҕа сыһыаннарын сиэркилэтэ. Бааллар аҕаларын тумус туттааччылар, бас-көс гынааччылар, эрэл-тирэх оҥостооччулар. Ийэ аҕаны өрө тутар буоллаҕына, дьиэ кэргэҥҥэ хардарыта өйөһүү, өйдөһүү үөскүүр.

Мааны майгылаах ыал ийэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ холобур буолар. Бэл, харыстаан, быһа-хото күүскэ саҥарбаттар. Дьиэ иһигэр төһө да элбэх киһи туран-олорон сырыттар, барыта орун-оннугар ууруллубут, ол аата "бу ыалга ийэлэрэ тэрээһиннээх, ыраас туттуулаах" диэн буолар. Сып-сап туттуулаах, кутугунас ыал ийэтин "сүрэхтээх-бэлэстээх" диэн кырдьаҕастыын-эдэрдиин хайгыахтара. Оҕолор эмиэ ийэлэрин кыраларыттан ылынан, олохторун устатыгар холобур оҥостуохтара.

P.S. Араас санааҕа, кыһалҕаҕа ыллардаххытына эбэтэр дьону кытары алтыһыыга ыарырҕатар буоллаххытына, босхо анонимнай, сахалыы уонна нууччалыы суһал психологическай консултаассыйа нүөмэрэ үлэлиирин санатабыт. Өрөспүүбүлүкэ иһигэр: 8-800-100-35-50. Оҕоҕо, ыччакка, төрөппүккэ анаммыт федеральнай көмө сулууспата: 8-800-2000-122. Өскөтүн оҕо эмсэҕэлээбит, бырааба күөмчүлэммит, хаҕыс быһыыга-майгыга түбэспит буоллаҕына, “Мобильная кризисная служба” төлөпүөнэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн уопсай, түүннэри-күнүстэри үлэлиир: 8-800-100-22-83

Бэлэмнээтэ Мария САННИКОВА.

Бүтэһик сонуннар