Киир

Киир

Чурапчыга күүс өттүнэн Хоту Көһөрүллүү 80 сылыгар анаммыт Кэриэстэбил күнүн көрсөр тэрээһин үлэлэр ыытыллаллар. Бу бырагыраама чэрчитинэн,  Көһөрүллүү кыттыылаахтарыгар, бэтэрээннэргэ биир кэмнээх харчынан көмө бэриллиэҕэ.
Чурапчы улууһун официальнай саайтыгар Сэмэн Жендринскэй суруйбутунан, ааспыт ыйга Эдьигээн, Булуҥ уонна Кэбээйи улуустарыгар дэлэгээссийэлэр баран кэлбиттэр. Саҥа үөрэх дылыттан хас биирдии оскуолаҕа Көһөрүллүүгэ анаммыт экспозициялар тэриллэн эрэллэр. Билигин олохтоох көҕүлээһин бырагырааматынан, Көһөрүллүү мемориалыгар уонна Хатылытааҕы Көһөрүллүү мусуойугар сөргүтүү үлэлэрэ ыытылла сылдьаллар.

Балаҕан ыйын 18-20 күннэригэр хас нэһилиэк ахсын Кэриэстэбил күннэрэ туспа бырагырааманан ыытыллыахтара, «Вечная память народа» диэн киинэ көстүөҕэ. Оскуолаларга кылаас чаастара буолуохтара.

Балаҕан ыйын 19 күнүгэр сарсыардаттан Семен Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата «Белые журавли» аахсыйаны ыытыаҕа. 10 чаастан Көһөрүллүү мемориалыгар Кутурҕан миитинэ буолуоҕа. Ол кэнниттэн онно мустубуттары Хатылыга Көһөрүллүү мусуойугар сырытыннарыахтара.

Улуус баһылыга Көһөрүллүү кыттыылаахтарын кытта көрсүһүөҕэ. «Айылгы» норуот айымньытын дьиэтигэр Григорий Турантаев быыстапката аһыллыаҕа уонна уопсастыбаннас мунньаҕа, Петр Решетников аатынан народнай тыйаатыр испэктээкилэ буолуоҕа. Киэһэ 8 чаастан «Өйдөбүл марша» диэн «Саҥа олох» эрэдээксийэттэн Көһөрүллүү мемориалыгар диэри ыччат чүмэчи тутан хаамыыта тэриллиэҕэ, онно дьүһүйүү көстүөҕэ.

Балаҕан ыйын 20 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан Степан Макаров аатынан гимназияҕа өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай кэмпириэнсийэ ыытыллыаҕа. Манна улахан да дьон, оҕолор да кыттыахтара.

Күнүстэн киэһэ «Кэм-кэрдии кээрэппэтин, кэрэ ааккыт кэриэс буоллун» диэн фотоальбом сүрэхтэниитэ буолуоҕа. Бу фотоальбомҥа урукку сылларга түһэриллибит хаартыскалар, кюар-кодунан «Саха» НКИХ таһаарбыт биэриилэрэ, киинэ уонна нэһилиэктэр оҥорбут видео сюжеттэрэ киириэхтэрэ.

Маны таһынан бу күннэргэ улуус, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар ыстатыйалар бэчээттэниэхтэрэ, «Саҥа күн» биэриигэ, «Тэтим» араадьыйаҕа анал биэриилэр оҥоһуллуохтара.
 
Устуоруйаттан:
Аҕа дойду улуу Сэриитин иннинэ Чурапчы оройуонун нэһилиэнньэтэ 18.000 эбит буоллаҕына, сэрии кэнниттэн 7000 эрэ буолбут. Ол сыыппара 80-с сылларга, 40 сыл буолан эрэ баран, биирдэ ситиһиллибитэ… Дьон бастыҥа - эдэр уолаттар, ыал аҕалара Аҕа дойдуларын көмүскүү Улуу сэриигэ аттаммыттара, үгүстэр сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубуттара. Оттон дойдуларыгар хаалбыт кэргэттэрэ, кырдьаҕас ийэлэрэ, аҕалара, оҕолоро-уруулара хоту “балык булдугар” диэн, күүс өттүнэн көһөрүллүүгэ утаарыллыбыттара…
1942 сыллаахха, Чурапчы оройуонуттан уопсайа 41 холкуос көһөрүллүбүтүттэн, 38-һа Кэбээйи улууһугар тиийбитэ. Сорох холкуос Булуҥҥа уонна Эдьигээҥҥэ ааспыта. Кэбээйигэ айан ордук ыарахан этэ диэн көһөрүллүү кыттыылаахтара кэпсииллэр. Ол эбэтэр, туох даҕаны бэлэмэ, сылаас таҥаһа, аһа-үөлэ суох дьону өрүс кытылыттан ыраах салгыы айаннаппыттара. Холобур, Сылаҥ нэһилиэгин “Комбайн” холкуоһун дьоно, 140 киһи Мукучу сиригэр-уотугар кэлбититтэн — 64 киһи бастакы кыһыннарыгар өлбүт… 
Оччотооҕу салалта саха дьонугар көтүмэх сыһыаныттан, чурапчылары олорорго, үлэлииргэ туох даҕаны бэлэмэ суох  сирдэргэ ыыппыттара. Бу күүс өттүнэн көһөрүүгэ биһиккэ сытар оҕолуун-уруулуун, тайах маска тэптэрэ сылдьар уонна лип сытар кыаммат кырдьаҕастыын барыта 5318 киһи  барбыта уонна айан саҕаланыаҕыттан 2000-тан тахса киһи ыалдьан, хоргуйан өлөн, дойдуларыгар эргиллибэтэхтэрэ.
 
 
 

Санааҕын суруй