ТҮӨКҮТТЭРГЭ КИИРЭН БИЭРБЭТ ТУҺУГАР
Аҕыйах хонуктааҕыта Дьокуускайга олорор 33 саастаах урбаанньыт кыыс криптовалюта “атыылаһабын” дии санаан, баантан кирэдьиит ылан, 16 709 000 солкуобайын түөкүттэргэ ыытта. Кыыс барахсан бырааһынньыгы тэрийэр дьоҕус тэрилтэлээх эбит. Этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьыбыт уонна ол сылдьан, криптовалюта диэни сэргээн, онон харчы оҥоруом дии санаан, телеграм-ханаалтан “крипто-аналитиктары” булан суруйсубут. Түмүгэ – кирэдьиит хабалата уонна харах уута.
Криптовалюта диэн тугуй? Арассыыйаҕа бобуулаах дуу, көҥүл дуу? Дьон тоҕо харчытын онно угарый уонна сатаатахха, чахчы, барыһырыахха сөп дуо?
Бүгүн биһиги криптовалютанан 2018 с. анаан дьарыктанар эспиэр, дьону-сэргэни үөрэтэр уонна сырдатар Антон Ивановтуун кэпсэтэбит.
Антон туһунан аҕыйах тылынан кэпсээтэххэ, кини Ньурбаттан төрүттээх. Оскуола кэннэ ССТХА-ҕа экэнэмиис идэтин баһылаан, Көтөр баабырыкатыгар, ДьУоХХ тэрилтэтигэр, о.д.а. сиргэ үлэлээбит. Ол сылдьан биржаҕа инвестиция эйгэтин сэргээн, “кэлин син биир манна кэлиэхпит, сайдыаҕа” диэн холонон көрбүт эрээри, билбэтэ-көрбөтө элбэҕэ бэрт буолан, элбэх харчытын “умаппыт”. Ити кэннэ олохтоохтук ылсарга үөрэх наадатын өйдөөн, анал куурустары ааһан, үлэтиттэн уурайан, урбаанньыт буолбут. Билигин “Криптоакадемия” диэн дьону трейдиҥҥэ уонна үп-харчы ырыынагар уһуйар киин салайааччыта.
КРИПТОВАЛЮТА ДИЭН ХАРЧЫ ДУО?
– Биһиги билэрбитинэн, фиатнай, электроннай харчылар бааллар. Кэлин онно цифровой эбилиннэ. Холобур, РФ Киин баана цифровой солкуобайы таһаарбыта билигин тургутууну ааһа сылдьар, өтөр олоххо киириэхтээх. Оттон криптовалюта диэн тугуй?
– Криптовалюта диэн – киһи тутан-хабан көрбөт, интэриниэт эйгэтигэр баар цифровой харчы. Аан дойдуга бастакы криптовалюта 2009 с. баар буолбута. Ол – биткоин. Криптовалюта кумааҕы-тимир уонна электроннай харчыттан уратыта диэн – децентрализованнай. Кинини ханнык да баан, судаарыстыба, тэрилтэ, чааһынай киһи бас билбэт. Омугуттан, ханна олороруттан тутулуга суох, киһи барыта туһаныан сөп. Холобур, билигин фиатнай эбэтэр электроннай харчыны (баан каартатынан) киһи ханна эрэ ыытар, уурдарар, устар буоллаҕына, ону ситимнээччи, үһүс сирэй быһыытынан, баан кыттар, ол өҥөтүн иһин харчы ылар. Криптовалюта оннук буолбатах. Үөһэ ахтыллыбыт дьайыы барыта “киһиттэн – киһиэхэ эрэ” бириинсибинэн оҥоһуллар – үһүс сирэй суох.
– Крипто өссө биир уратыта – аан дойду үрдүнэн хас биирдии киһи хас биирдии транзакцияны көрүөн сөп, ол барыта аһаҕас дииллэр.
– Крипто блокчейн технологиянан үлэлиир. Блокчейны судургутук информация хараллар базатын, архыыбын курдук өйдүөххэ сөп. Онно аан дойду үрдүнэн ханнык, хайдах, хас транзакция оҥоһуллубута, кошелек арыллыбыта – барыта суруллан сытар. Кошелек кимиэнэ буолара эрэ биллибэт эрээри, “бу – мин аадырыһым” диэн бэйэҥ эттэххинэ, онно төһө харчы сытара көстөр. Электроннай кошелек паролун бас билээччи бэйэтэ эрэ билэр. Онон “криптовалюта барыта кистэлэҥ дииллэрэ” – сыыһа өйдөбүл.
– Блокчейн туһунан өссө быһаар эрэ.
– Урут хас биирдии кэриэтэ киһи сбер-киниискэ диэннээҕэ. Онно ким хас харчылааҕа барыта сурулла сылдьара, оттон ол туһунан информация биир сиргэ – “Сбербааҥҥа” – дьааһыктарга хараллан сытара. Блокчейн хас биирдии блогун “Сбербаан” информацияны харайар биирдии “дьааһыгын” курдук өйдүөххэ сөп. Хас эрэ кошелек арылыннаҕына, транзакция оҥоһулуннаҕына, блок (“дьааһык”) туолар, интэриниэт ситимин иһигэр архыыптанар, кып-кыра кээмэйдээх буолар уонна саҥа “блок” арыллар. Оттон архыыптаммыт блок туһунан информация кыра-кыралаан криптовалютанан дьарыктанар аан дойду дьонун көмпүүтэрдэригэр барыларыгар хараллар. Ол иһин ким эрэ көмпүүтэрэ алдьаннаҕына да, информация-дааннай сүппэт-оспот.
КРИПТОВАЛЮТАНЫ КИМ БАС БИЛЭРИЙ?
– “Криптовалютаны ким да бас билбэт” диэтиҥ.
– Крипто арааһа элбэх, ол иһигэр централизованайдар эмиэ бааллар. Холобур, USDT диэн крипто-дуоллар баар. Кини эмитеннээх, судургутук эттэххэ, оҥорон таһаарааччылаах, салайар тэрилтэлээх. Онон, хааччахтаан кэбиһиэхтэрин эмиэ сөп. Оттон децентрализованнайдар истэригэр биткоин, эфириум курдуктар, о.д.а. киирэллэр. Ити валюталар эн “холоднай” дэнэр кошелеккар сытар буоллахтарына, ким да былдьыыр, хааччахтыыр кыаҕа да, бырааба да суох.
– Криптовалюта ахсаана хааччахтаах дуо?
– Биткоины Сатоши Накамота диэн кистэлэҥ ааттаах киһи оҥорбута диэн буолар. Кини биткоин бырагырааматын суруйбута уонна онно 21 000 000 биткоин баар гына оҥорбута. Бэлиэтээн эттэххэ, крипто-үп эргииригэр ол 21 мөл. биткоин барыта биирдэ буолбакка, өлүүлээн тахсар. Биткоины интэриниэт кырдалыгар майнердар диэн дьон “сонордууллар”. Судургутук эттэххэ, анал бырагыраамалары суруйан, көмпүүтэр көмөтүнэн үлүгэрдээх элбэх, улахан шифрдэри ааҕан-суоттаан, ырытан-анаалыстаан “кистэнэ сытар” биткоиннары булаллар. Аны, Накамота бырагыраамалаабытынан, түөрт сыл буола-буола халвинг диэн буолар. Ол аата түөрт сылга биирдэ эргииргэ, дьон туһаныытыгар тахсар биткоин ахсаана аҕыйыыр. Кини сыаната ол иһин үрдүүр, ол иһин биткоины “цифровое золото” диэн ааттыыллар.
Билигин Сатоши Накамото ол бырагырааматын уларытар да, сабар-тохтотор да кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, майнердар, валедатордар (биткоин ситимин өйүүр көмпүүтэрдэр) аан дойду бары муннугар бааллар, бары кэриэтэ чааһынай дьон. Биир саба тутуунан кинилэри барыларын саптаххына эрэ биткоин “сууллан” түһэр, сабыллар кыахтаах.
СЫАНАТА ХАЙДАХ ҮӨСКҮҮРҮЙ?
– Харчы, аахсыйа туох эрэ тирэхтээх эрэ буоллаҕына сыаналанар. Чугастыы ылан көрдөххө, холобур, биһиги АЛРОСАбыт алмааһы, онно даҕата күндү металлары хостуур, ону аан дойду ырыынагар атыылыыр, дохуот киллэрэр, онтуттан дивиденд төлүүр. Кини аахсыйалара ол иһин сыаналаналлар. Үгүс судаарыстыба валютата көмүһүнэн мэктиэлэнэр. Оттон крипто туохха олоҕуран сыаналанарый?
– Билигин крипто ырыынагын капитализацията 2,4 триллион дуоллар буолан турар. Онтон биткоин ылар өлүүтэ – 1,6 триллион дуоллар. Тоҕо диэтэххэ, кини бастакы криптовалюта. Кинини харчыны кытта буолбакка, кыһыл көмүһү кытта тэҥниэххэ сөп. Кыһыл көмүс тоҕо сыаналааҕый? Тоҕо диэтэххэ, бастатан туран, ахсаана аҕыйах, иккиһинэн, аныгы технологияттан саҕалаан киэргэлгэ тиийэ олус элбэх эйгэҕэ туттуллар. Ол иһин сыаналаах буолан, дьон баайын көмүһүнэн мунньар. Биткоин ахсаана эмиэ хааччахтаах – 21 мөл. эрэ. Аны, холобур, билигин Арассыыйаҕа “SWIFT” тиһик үлэлээбэт буолан, солкуобайы сорох омук сиригэр таһаарар, ыытар-киллэрэр кыаҕыҥ суох. Оттон криптовалюта кимтэн да тутулуга суох буолан, ханнык да хааччаҕы, сааҥсыйаны билиммэт. Эн кинини ханнык баҕарар валютаҕа атастаһыаххын сөп.
– Тоҕо сыаналааҕый?
– Кини денцентрализованнай (тутулуга суох) цифровой харчы буолан сыаналаах. Аны, туттарга табыгастаах уонна технологията биирдэ даҕаны моһуоктаабатаҕа. Улахан хампаанньалар эбэтэр биирдиилээн дьон ону өйдөөн, криптовалютаны атыылаһаллар.
– Арба, быйыл Арассыыйаҕа РФ Кибер-успуорка федерацията аан дойду таһымнаах интэриниэт оонньуу кыайыылаахтарыгар, омук сиригэр олорооччуларга, солкуобайынан төлөһөр кыаҕа суох буолан, бирииһин биткоинынан ыыппыта баара.
– Ол – чахчы. Билигин сорох улахан чөмпүйэнээттэргэ бириистэрин биткоинынан биэрэллэр. Уопсайынан, аан дойду 15 судаарыстыбата биткоины дьиҥ таһымнаахтык (официальнайдык) билиммитэ. Ол судаарыстыбаларга биткоин дойду валютатын сэргэ туттуллар кыахтаах. Ол иһигэр АХШ-ка, Японияҕа, Белоруссияҕа, Тайлаҥҥа, Сальвадорга, о.д.а. сиргэ. Биткоинынан табаары, өҥөнү хааччаҕа суох атыылаһыахха сөп. Ити курдук дойду ахсаана күн-түүн элбии турар.
АРАССЫЫЙАҔА БОБУУЛААХ ДУО?
– Криптовалюта бастаан биллэн-көстөн барарын саҕана, Киин баан бобо сатаабытын дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин кэскиллээҕин өйдөөн, боппоко “сүрүннүөххэ, сааһылыахха наада” диэбитэ. Онон бобуулаах дуу, суох дуу?
– В.В. Путин кэскиллээх диэбитэ, онон криптовалюта Арассыыйаҕа бобуллубат, сокуон чэрчитинэн кинини “сонордуур” (майнинг), атыылаһар, атыылыыр, харайар көҥүллэнэр. Ол гынан баран, криптонан табаары уонна өҥөнү атыылаһар эрэ бобуллар. Итини барытын “О цифровых финансовых активах, цифровой валюте” диэн 259 №-дээх ФС сүрүннүүр. Ону тэҥэ итиннэ үлэлэһэр РАКИБ (Российская ассоциация криптоэкономики, искусственного интеллекта и блокчейна) диэн тэрилтэ баар. Даҕатан эттэххэ, бу күннэргэ майнины урбаан официальнай көрүҥүн быһыытынан ылынан, анал ОКВЭД иҥэрээри сылдьаллар. Сокуон барыла Госдума ааҕыытын ааспыта, илии баттанан бигэргэнэрэ эрэ хаалан турар.
Итини таһынан, крипто-үп актыып, баай-дуол буоларынан, киһи бэйэтэ нолуок уорганнарыгар декларация оҥорон туттарыахтаах уонна барыһыттан 13% нолуок төлүөхтээх. Билигин ол барыта хас биирдии киһи үтүө көҥүлүнэн оҥоһуллар эрээри, өтөр биткоин уонна эфириум Санкт-Петербурдааҕы биржаҕа тахсыахтаах. Оччоҕуна нолуога барыстан быһаччы тутуллар булгуччулаах буолуон сөп.
КЫРДЬЫКТАН СЫМЫЙАНЫ АРААРЫЫ
– Крипто-биржа албынын-кырдьыгын хайдах быһаарабын?
– Ким төрүттээбитин, ханнык дойдуга лиссиэнсийэлээҕин, төһө өр үлэлээбитин, атыытын-эргиэнин кээмэйин, о.д.а. көрүөххэ наада. Крипто ырыынагын кэтиир, ырытар-анаарар, аан дойдуга биллэр “Сoinmarketcap” диэн улахан саайт баар. Онно киирдэххэ, хас биирдии официальнай биржа туһунан информация барыта баар буолар.
– Бу кэпсэтиибитигэр 16 мөл. солк. уордарбыт кыыс устуоруйата төрүөт буолла. Киһи түөкүттэри дьиҥнээхтэн хайдах араарыан сөбүй?
– Кэтээн көрдөххө, түөкүттэр билбэт эбэтэр “билэбин” дии саныыр эрээри, ис-иһин быһаарсыбат дьону үктэтэллэр. Кинилэр саамай сүрүн куоһурдара “харчыны түргэнник өлөрүөххүт”, “хас эрэ бүк элбэтэн биэриэхпит”, “босхо көмөлөһөбүт, дохуоттан эрэ бырыһыан ылабын” диэн буолар. Кырдьыгынан эттэххэ, билигин ким да, кимиэхэ да харчы “оҥорон” биэрбэт кэмэ. Итинник тыллары иһиттигит да, тута “түөкүттэргэ киирэн эрэбит” диэн билиэхтээххит. Иккиһинэн, түөкүттэр бастаан бэйэлэрэ төлөпүөннүүллэр, өҥөлөрүн сыҥалыыллар. Үсүһүнэн, билигин оҥоһуу өй (ИИ) күүскэ сайдан, браузерынан, ютюбунан крипто туһунан тугу эрэ көрдөөтүҥ эрэ, эйиэхэ мэлдьи ол угуйуга, онно сыһыаннаах саайтар көстүбүтэнэн бараллар уонна үксүгэр бастакынан түөкүттэр саайтара көстөр. Онон харчыны элбэтиэххэ баҕарар буоллахха, бэйэ харчытын кимиэхэ да биэрбэт ордук. Уопсайынан, түөкүттэр угаайылара элбэх, ону бары даҕаны истэ-билэ сылдьабыт. Биһиги дьону ол иһин босхо үөрэтэ, сырдата сатыыбыт.
ТУТА БАЙАР КЫАЛЛАР ДУО?
– Дьон криптовалютаны атыыласта, биржаҕа бэлиэтэннэ да, тута байан барар курдук саныыр. Ол төһө олохтооҕуй?
– Билигин дьиҥнээхтик “криптонан эргинэн байдым” диир үгүс киһи цифровой харчы сайдыаҕын эрдэттэн өйдөөн, урут атыыласпыт уонна крипто-харчы кууруһа үрдүүрүн хас эмэ сыл кэтэһэн, үлэлээн, ырытан-анаалыстаан байбыт дьон буолаллар. Холобур, 2009 с. 1 биткоин 0,05 дуоллар этэ. 2014 с., 10 анараа өттүгэр, 1 биткоины 300 дуолларга атыылаһыахха сөбө. Оттон билигин 1 биткоин 70 тыһ. дуоллар буолан турар – 7 мөлүйүөн солк. курдук. Крипто-харчы син биир сыаналаах кумааҕы, харчы курдук сыаната кыралаан халбаҥныан, түһүөн-тахсыан сөп. Билиилээх, үөрүйэх, ырытар-анаалыстыыр дьон ол түһүүтүгэр-тахсыытыгар барыһыраллар. Эбэтэр сүтэриэхтэрин эмиэ сөп. Онон, крипто-харчы киһи атыылаһаат да, байар суола буолбатах.
– Харчыны сүтэриэххэ эмиэ сөп буоллаҕа?
– Биллэн турар. Саамай эрэллээх, бигэ туруктаах биткоины таһынан, альткоиннар – криптовалюта атын көрүҥнэрэ – диэн бааллар. Аан дойдуга оннук 2 мөлүйүөн кэриҥэ крипто баар. Онтон 90-тан тахса бырыһыана “биир күннээхтэр”. Уопсайынан, криптовалютаны ким баҕарар оҥоруон сөп, оннук оҥорор анал бырагыраамалар бааллар. Дьон ырыынагы, биржаны ситэ үөрэппэккэ сылдьан оннук “пустышканы”, “биир күннээх” харчыны атыылаһан былдьанар. Ол иһин үөһэ эппитим курдук, “Сoinmarketcap” курдук улахан түһүлгэлэргэ киирэн атыылаһыахтаах криптоны үөрэтиллиэхтээх, ырытыллыахтаах: кимнээх, тоҕо, хаһан оҥорбуттарын, онно кимнээх харчы инвестициялаабыттарын, туох тирэхтээҕин, ханнык биржаларга атыыланарын, о.д.а. Оччоҕуна эрэ албыннаппаккын, отоойкоҕо олорбоккун.
КРИПТО-ХАРЧЫ ТӨҺӨ КӨМҮСКЭЛЛЭЭҔИЙ?
– Крипто-харчы көмүскэлэ хайдаҕый?
– Биткоин блокчейнын технологията 2009 с. биткоин тахсыаҕыттан биирдэ да “взломнана” илик. Хакердар “алдьатыахтарын” баҕарар буоллахтарына, аҕыйах сөкүүндэ иһигэр аан дойду көмпүүтэрин-бырагырааматын барытын алдьатыахтарын наада. Биир эмэ көмпүүтэри алдьаттахтарына даҕаны, бырагыраама тута көмүскэнэр мэхэньиисимнэрэ холбонон, атыны алдьатар кыахтара суох буолар. Онон, күүстээх көмүскэллээх.
– Кэпсэтиибит түмүгэр тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Криптоволютаны “тута байар, барыһырар” туһугар атыылаһыа суохтааххын. Киһи бастаан криптоволюта диэн тугун өйдүөхтээх, онтон сэрэхтээх буоларга үөрэниэхтээх, дириҥник ырытары, анаалыстыыры сатыахтаах, дь ол кэннэ атыылаһыахтаах.
– Антон, сүбэҥ, кэпсээниҥ иһин махтал!
Альберт КАПРЫНОВ.