РФ вице-бэрэсидьиэнэ, РФ Бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, “АЛРОСА” хампаанньа үлэтин сүрүннүүр Юрий Трутнев “хампаанньаны приватизациялааһыны “Мир” руднигы чөлүгэр түһэриэхтэригэр диэри тохтотон эрэр ордук” диир. Кини этэринэн, ол экэниэмикэ өттүнэн табыгастаах буолуо. Бу туһунан ТАСС иһитиннэрэр.
Санатар буоллахха, хампаанньа генеральнай дириэктэрэ Сергей Иванов “АЛРОСА” “Мир” рудникка 2022-2024 сс. алмааһы хостуурун хаттаан саҕалыыр былааннааҕын этэн турардаах. Кини “биһиги ханна да ыксаабаппыт. Шаахтаны чөлүгэр түһэриигэ урукку бырайыагы синийэн үөрэтиэхпит, онтон итэҕэстэри туоратан барыахпыт. Онуоха 5-7 сыл барара буолуо” диэбиттээх.
“Мир” рудникка саахал ааспыт сыл атырдьах ыйын 4 күнүгэр буолбута.
Сэҥээриилэр
my web blog ... Вечные: https://bit.ly/Vichni-2021-dyvytys-onlayn
Check out my web page ... Вечные: https://bit.ly/3k7aaip
Небо 2021: https://bit.ly/3mUPTOJ
My website ... Просмотр: https://clck.ru/XEMJK