АЛРОСА былырыын ахсынньыга Росбаантан уонна Райффайзенбаантан ылбыт кирэдьиитин 250$ мөл. уонна 200 мөл.$ кирэдьиитин сороҕун болдьоҕун иннинэ төлөөбүт. Инньэ гынан, АЛРОСА иэһэ 27 % көҕһрээтэ ($1,17 млрд).
Хампаанньа кирэдьииккэ иэһин бу сыл олунньутугар гаастаах актыыбын атыылаабыт харчытыттан төлөөбүт.
“АЛРОСА уйуктаах буоларыгар болдьоҕун иннинэ 450 мөл. дуоллар кирэдьииккэ иэһин сапта. Инньэ гынан, бу сылга кирэдьиит бырыһыаныгар 9 мөл. дуоллары экэниэмийэлиир”, - диэн хампаанньа генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Алексей Филипповский иһитиннэрэр.