РФ премьер-миниистирэ Дмитрий Медведев ыам ыйын 1 күнүттэн МРОТ улаатарын быһыытынан, бырабыыталыстыба резервнэй пуондуттан эрэгийиэннэргэ бүддьүөт үлэһиттэрин хамнаһыгар 20 млрд солк. көрөр туһунан уураахха илии баттаата. Докумуон кабмин саайтыгар бүгүн тахсыбыт.
Санатар буоллахха, дойду үрдүнэн МРОТ алын кээмэйэ 11 тыһ. 163 солк. диэри үрдээбитэ. Инньэ гынан, эрэгийиэннэр бүддьүөт үлэһиттэрин хамнастарын төлүүргэ 32 млрд солк. ороскуоттуохтаахтар.
Бүгүн баттаммыт уураахха этиллэринэн, Саха сирэ 536,8 мөл. солк. дотация быһыытынан ылыаҕа. Саамай элбэх дотацияны Красноярскай кыраай (1,062 млрд солк.), Алтаай кыраайа (906,9 мөл. солк.), Иркутскай уобалас (715,8 мөл. солк.), Челябинскай уобалас (641,9 мөл. солк.) уонна Забайкалье кыраайа (602,2 мөл. солк.) ылыахтара.
Докумуону кулун тутар 15 күнүгэр РФ бырабыыталыстыбатын мунньаҕар көрөн бигэргэппиттэр.