Киир

Киир

Саха сиригэр хаарбах туруктаах дьиэни бүтүннүү суох оҥорууга 90 млрд солк. тахса үп эрэйиллэр. Бу туһунан бэҕэһээ бырабыыталыстыба мунньаҕар үп миниистирин эбээһинэһин толорооччу Денис Белозеров эттэ.

Билигин хаарбах дьиэ 40 %-на көһөрүллүбүт. 2018 сылга хаарбах дьиэттэн көһөрүү пилотнай бырайыагар өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 500 мөл. солк. көрүллүөҕэ. Бу харчыга 520 тыһ. кв. м. итэҕэһэ суох дьиэ тутуллуоҕа.

2013-2017 сылларга Саха сирэ хаарбах дьиэттэн көһөрүүгэ дойду үрдүнэн бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар. Белозеров “Биэс сыл иһигэр 43 улууска 29 тыһ. киһи 11 тыһ. хаарбах дьиэттэн көһөрүлүннэ. Ити – 490 тыһ. кв. м. Маныаха 29,6 млрд. солк. бараабыттар”, - диэтэ.

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар