“Янолово” (“РИК” самалык тэрилтэтэ) Кытай инвестордарын көмөлөрүнэн 2019 сылга Тирэхтээх хорҕолдьун баайдаах сирин туһаҕа таһаарыаҕа. РИК генеральнай дириэктэрэ Петр Алексеев иһитиннэрбитинэн, бырайыакка инвестор угар харчыта 4 млрд солк. курдук буолуоҕа.
“Биһиги лиссиэнсийэни атыыластыбыт, геологическай көрдүүр үлэни ыыттыбыт, Тирэхтээх үрэххэ хорҕолдьун саппааһын туһаҕа таһаарарга тэхиниичэскэй-экэнэмиичэскэй өттүн көмүскээтибит. Бу сылга салгыы бары ирдэниллэр докумуоннары хомуйууга үлэни салгыахпыт. Кытай партнердарын кытары үлэлэспиппит үһүс сыла буолла. Быйыл тиэхиньикэни аҕалыахпыт, оттон эһиил хорҕолдьуну хостоон саҕалыахпыт. Кытайдары кытары инвестиция дуогабара баттаныллан турар”, — диэн Алексеев иһитиннэрэр.
Тирэхтээххэ хостоммут хорҕолдьун дойду наадыйыытын сабарга туһуламмыт. Билигин Арассыыйа Кытайтан хорҕолдьуну атыылаһан олорор, оттон Кытай саппааһа номнуо бүтэн эрэр, сырье сыаната үрдүү турар. Онон инникитин Кытайга экпорга таһаарар курдук сыал турар.
Санатар буоллахха, “Янолово” Тирэхтээх хорҕолдьун баайдаах сирин хостуурга лиссиэнсийэни 2015 сыллаахха ылан турар. Сылыктааһын быһыытынан, сылга 500-3,5 тыһ. т хорҕолдьуну хостуохтаахтар. Тирэхтээх хорҕолдьун баайдаах сирэ Усуйаана Депутатскай бөһүөлэгиттэн соҕуруулуу-арҕаа 60 км. тэйиччи сытар.