Киир

Киир

Саха сирин 8 “алмаастаах түөлбэтин” улуустара АЛРОСАттан ылар дивиденнэриттэн 10%-нын  улуустарыгар бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир дьон хамнаһын үрдэтэргэ ыытыахтара. Бу туһунан Ил Түмэн профильнай кэмитиэтигэр баһылыктар уонна дьокутааттар быһаарыннылар.

Маны таһынан, Саха сирин бырабыыталыстыбата “алмаастаах түөлбэ” улуустарын кытары 2019 сылга өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн ити дивидентэн ыыппыт үптэрин 10%-тан өссө үрдэтэн хайаан да кэмпэнсээссийэлиирин туһунан сөбүлэҥи түһэрсиэҕэ.

Биһиги үп-харчы балаһыанньата ыараабытынан, АЛРОСАттан дивидент ылар 8 улууска бүддьүөтү өйүүллэригэр экэнэмиичэскэй этии киллэрбиппит. Билигин кэпсэтии бара турар”, — диэн бастакы зампред эбээһинэһин толорооччу Михаил Осипов иһитиннэрэр.

“Алмаастаах түөлбэ” баһылыктара бэлиэтииллэринэн, быйыл хас биирдии улуус АЛРОСАттан 385 мөл. солк. дивидент ылбыт. Ол үп 90-тан тахса %-на улуус инвестициялаах бырайыактарыгар ыытыллар. Былырыын бу аҕыс улуус АЛРОСАттан 657 мөл. солк. ылбыта.

“Атын улуустарга маннык үптэрэ суох. Инньэ гынан, биһиги бу 8 улууска бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир олохтоохтор хамнастарын үрдэтэргэ ыытыҥ диэн этии киллэрэбит”, — диэтэ Осипов.

Үп миниистирин бастакы солбуйааччы Павел Багынанов иһитиннэрбитинэн, быйыл өрөспүүбүлүкэ бүддьүөт эйгэтигэр үлэлиир дьонун хамнастарын үрдэтэргэ уопсайа 12 млрд солк. наада. Онтон 8,9 млрд солк. бүддьүөккэ көрүллүбүт, эбии 1 млрд солк. булуллубут.

Санааҕын суруй