Киир

Киир

2017 сыл устата Арассыыйа кыаммат-түгэммэт дойдуларга 1,2 млрд дуоллары көмөлөспүтэ.

Ол иһигэр, ХНТ иһинээҕи сөбүлэҥ быһыытынан кыаммат дойдуларга көмө, Латинскай Эмиэрикэ, Азия уонна СНГ кыаммат дойдуларыгар өйөбүл киирэллэр. Холобур, 2016 с. Арассыыйа барыта холбоон 1 млрд дуоллартан ордук суумалаах көмөнү оҥорбутун “хата, көмөбүт кээмэйэ аччаата, 2012 сылтан ыла олус улахан биэрэ олорбуппут” диэн суруйбуттара.

Былырыыҥҥы “көмө” иһигэр Арассыыйа Кыргызстаҥҥа, Узбекистаҥҥа, Мозамбикка, Монголияҕа 1,4 млрд дуоллар иэстэрин соппута киирэн сылдьар.

1387863919 dolgi

Билиҥҥи Арассыыйаҕа “нэһилиэнньэ чиэппэрэ – дьадаҥы, тииһиммэт дьон” дииллэр. Муҥ саатар, ол туохпут кыһалҕатыгар ханнык эрэ мозамбиктарга көмөлөһө олорорбутун ким да быһаарбат.