Биир үтүө кыһыҥҥы күн, төһө даҕаны киэһэрэн эрдэр, Туймаада хочотун үрдүнэн сис мырааҥҥа тахсан анаан-минээн "Кыһыҥҥы тыа" диэн фоторепортаж оҥорон киирдибит. Кыыл-сүөл суола кыраһа хаарга толору. Киис, кырынаас, туртас, бочугурас, тииҥ. Куорат таһыгар да булт арааһа баар буоллаҕа. Биллэн турар манна барытыгар сокуону тутуһан бултуур көҥүллэнэр. ОттонбБиһиги көннөрү хаартыскаҕа эрэ түһэрэн кэллибит, харахпытын эрэ сымнаттыбыт. Ону эһиэхэ, күндү ааҕааччыларбыт фоторепортаж быһыытынан - бэлэх уунабыт.
Атыыр саарба бэрдэ сыа хаары оймообут.
Саарба тииҥ суолун сонордообут.
Чыс кутуйах бытыгыраан сүүрбүт.
Кырынаас сэргэхтик сылдьыбыт.
Туртас ааспыт.
Субу, олох иннибититтэн, хаартан бочугурас өрө бурҕайан таҕыста. Хаарга хонуктаары сыппыт оҥхойо.
Ый туолан эрэр.
Арай, тоҕо эрэ куобах суолун адьас көрбөтүбүт. Сураҕа, өрүс арыыларыгар киирбит үһү. Систэн көспүт. Ол да буоллар хара тыаҕа сылдьан, айылҕа көстүүлэрин кэрэхсээн, сибиэһэй тот салгыны сиэн сүрдээҕин астынан-дуоһуйан кэллибит. Саха - айылҕа оҕото. Төгүрүк сыл тухары ситим быстыбат. Чөл буолуҥ, доруобай сылдьыҥ!
Чаҕыл