Киир

Киир

Юрий Платонов аатынан Судаарыстыбаннай эстрада тыйаатыра устуоруйа саҥа кэрдииһигэр үктэнэр. 2019 сыллаахха, СӨ бырабыыталыстыбата уонна СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Министиэристибэтэ өйөбүлүнэн, тыйаатыр Ленин проспегар саҥа дьиэҕэ көһөн киирбитэ. Маныаха, култуура тэрилтэтин уустук үлэ-хамнас күүтэрэ – түүҥҥү кулуубу дьиҥнээх тыйаатырга кубулутуу.

Дьэ, ол курдук, көһөн киирээт, тустаах кыһалҕалары быһааран туран, бэйэ уонна тас бүддьүөттэн киирбит харчы көмөтүнэн симиэтэ оҥоһуллубута, улахан өрөмүөн ыытыллыбыта. Эргэ, хараҥа фойены эриэккэс, сырдык фойеҕа кубулуппуттара, киирэр сири уонна ааннары уларыппыттара. Улахан, хараҥа түүҥҥү сааланы таҥас тигэр сыах, эпэрээтэр, реквизит, үлэһиттэр хосторо гына, тыйаатыр түмэлэ уонна 109 миэстэлээх, 3 мэндиэмэннээх, вип-миэстэлээх камернай саала оҥорбуттара.

Оттон, сэтинньи 24 күнүгэр, киэһэ 18.30 чаастан эстрада тыйаатырыгар сабыс-саҥа, эриэккэс, киһи эрэ кэрэхсии көрөр ураты акустическай сааланы арыйыы дьоро киэһэтэ буолан ааста. Бу киэҥ, сиэдэрэй уораҕайга этническэй муусука кэнсиэрдэрэ, сиэр-туом тэрээһиннэрэ, тыыннаах муусукалаах сольнай бырайыактар, үҥкүүгэ бэлэмнэниилэр уонна испэктээхтэр ыытыллыахтара. Саала 73 миэстэлээх буолбут. Хамсыктан сылтаан өрөмүөн арыый уһаабыт – 2 сыл устата оҥоһуллубут уонна бүддьүөт таһынааҕы үбүнэн дьэндэтиллибит.

159 Акустик

Акустическай саала арыллар дьоро киэһэтигэр ыалдьыттары минньигэс ас эгэлгэтинэн, күөрчэҕинэн, алаадьынан көрүстүлэр. Кыратык омурҕанныы түһэн баран, артыыстар хаартыскаларынан, эгэлгэ наҕараадаларынан, таҥастарынан-саптарынан, афишаларынан тулаламмыт бэрт сиэдэрэй киэҥ хоско киирэн кэллим. Бу миэстэ эстрада тыйаатырын түмэлэ эбит. Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх артыыһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина Александр Бурнашев үөрэн-мичилийэн көрүстэ уонна түмэл туһунан кэпсээтэ.

Бурнашев

Салгыы, үөрүүлээх чааһы эстрада тыйаатырын артыыстара сахалыы сиэдэрэй таҥастаах-саптаах, этническай доҕуһуоллаах, фольклорнай композицияны көрдөрдүлэр. Онтон, бочуотунай ыалдьыттар, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ Юрий Куприянов, Дьокуускай куорат тойоно Евгений Григорьев эҕэрдэ тылларын эттилэр.

258 Акустик

IMG 2176

Миниистир Юрий Куприянов эстрада тыйаатырын дириэктэригэр үгүс сыратын, улахан кыһамньылаах үлэтин иһин махталын биллэрдэ уонна эстрада тыйаатырын артыыстара норуокка ордук биһиринэллэр диэн бэлиэтээтэ.

264 Акустик

Бу дьоро киэһэҕэ наҕараадалары туттартааһын буолла. Ол курдук, Судаарыстыбаннай эстрада тыйаатырын матырыйаалынай, тэхиниичэскэй баҕатын бөҕөргөтүүгэ кылаатын иһин уонна Олоҥхо Декадата Саҕаламмытынан өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбатын Махтал суругун дириэктэргэ Татьяна Чаранскаяҕа уонна тыйаатыр инженеригэр Василий Переваловка туттардылар.

Маны таһынан, СӨ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга Министиэристибэтин махтал суруктара тыйаатыр слесарь-сантехнигар  Евгений Андреевка, слесарь-электригэр Максим Максимовка, дириэктэр солбуйааччытыгар Сардана Марковаҕа туттарылыннылар. Салгыы, «Громче» Бүтүн Арассыыйатааҕы мусукаалынай куонкуруска ситиһиилээхтик кыттыбытын иһин махтал суругу Парасковья Варламоваҕа биэрдилэр. Салгыы, тыйаатыр дириэктэрэ Татьяна Чаранская акустическай сааланы оҥорууга көмө буолбут дьонугар-сэргэтигэр эмиэ махтал суруктары, бэлэхтэри туттартаата.

200 Акустик

189 Акустик

Сабыс-саҥа, киһи эрэ кэрэхсии көрөр, хараҕы сымнатар кэрэ көстүүлээх акустическай саалаҕа бары даҕаны таптаан истэр ырыаһыттарбыт ыллаан-туойан эйээриттилэр. Тэрээһин биир сүрүн уратытынан тыыннаах муусукалаах ырыаны толоруу буолла. Чахчы даҕаны, фонограммалаах ырыаны истэ үөрэнэн хаалбыт дьоҥҥо бу кэнсиэр дьоһун, тыыннаах муусука уонна ылбаҕай ырыа алыптаах тэрээһининэн буолла. Эчи, бары даҕаны талааннаахтарын, биир ыллаан бүппүтүн кэннэ, иккис тиийэн гитараҕа оонньуур, үһүс ырыаһыт барабаны охсор, онтон төрдүс олох даҕаны клавиатуралаах үнүстүрүмүөнү баһылыыр. Онтон, атастаһыы буолар, маарыын үнүстүрүмүөҥҥэ оонньообут артыыс ыллыыр. Дьэ, киһи эрэ дуоһуйа астынар үтүө, абылаҥнаах киэһэтэ буолла! Эстрада тыйаатырын кэллэктиибигэр өссө даҕаны ситиһиилэри баҕара хаалабыт.

Ираида Коркина-Чугдаара

111 Акустик

296 Акустик

IMG 2204

IMG 2208

IMG 2219

IMG 2225

IMG 2250

IMG 2287

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар