Ахсынньы 1 күнүгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга, киэһэ 16 чааска «Кыһын Саха сириттэн саҕаланар» бэстибээл чэрчитинэн, Дьокуускай куоракка, Ленин болуоссатыгар Арассыыйаҕа аан маҥнайгынан Саҥа Дьыллааҕы харыйа уоттарын уматтылар.
Халлаан төһө да сытыы тыалынан аргыйдар, дьон-сэргэ Саҥа Дьылы чугаһатар сэргэх тэрээһини көрөөрү тымныы, чэбдик салгыҥҥа тоҕуоруһа муһунна. Бүтүн дьиэ кэргэнинэн, оҥой-соҥой көрбүт кырачааннардыын сүргэлэрэ көтөҕүллэн, уруйдаан-айхаллаан харыйа уота уматыытын көрүстэ.
Бу кэмҥэ, «Саха» НКИХ быһа биэриитигэр уонна “Якутия 24” каналга, Саха сирин аҕа баһылыга Айсен Николаев уонна Чысхаан кырдьаҕас бар дьоннорун кыһын кэлбитинэн, саргылаах Саҥа Дьыл чугаһаабытынан эҕэрдэлээтилэр. Быһа биэриигэ өрөспүүбүлүкэ араас улуустарын олохтоохторо итии-истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр.
Үөрүүлээх тэрээһин Ленин болуоссатыгар чаҕылхйа бырааһынньыктааҕы салютунан түмүктэннэ.