Киир

Киир

Уус Алдан улууһун Байаҕантай нэһилиэгин Тандатыттан төрүттээх Лөгөй нэһилиэгин Кэптэни бөһүөлэгин олохтооҕо, аарыма кырдьаҕаһа Иван Петрович Колодезников тохсунньу 16 күнүгэр 90 сааһын туолбут.

муус киллэрэр

Кини, Аҕа дойду сэриитин саҕаланыытыгар 9 саастаах уолчаан буолан, сэрии алдьархайын, кыһалҕатын этинэн-хаанынан билбит, ыстаал курдук хатарыллыбыт хоһуун киһи. Эдэркээн сааһыттан өр сылларга колхуос биригэдьииринэн, агрономунан, сопхуос экэнэмииһинэн, рабочкомунан, управляющайынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит.

эдэр сылдьан

Көрөргүт курдук, Иван Петрович чэгиэн өйүнэн-санаатынан, мындыр тылынан-өһүнэн оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин үөрдэ-көтүтэ, дьиэҕэ-уокка туһалыы, хамсана-имсэнэ сылдьар.

хаар к8рдьэр

Соторутааҕыта Иван Петрович сиэнин кытта ыллыы турар видеота тарҕанан, элбэх киһи сүрэҕин манньыта уулларбыта. Сиэнэ Василий Местников кэпсииринэн, эһэтэ ырыаны-тойугу уруккуттан сөбүлүүр, үлэлии-хамныы, оттуу сылдьан ыллыыр идэлээх эбит. Иван Петрович элбэх билэр ырыатыттан туохтааҕар да "Саныыбын төрөөбүт алааспын" диэн ырыаны ордорор. Бу ырыаны ыллаатаҕына, оҕо сааһа ааспыт Андылаах диэн алааһын, сайылыгын саныыр үһү.

сиэнин кытта

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

"Эһэбит биһигини кыра эрдэхпититтэн от-мас үлэтин кыайарга, айылҕаны кытта алтыһарга, иччилэргэ, Үрдүк Айыыларга итэҕэйэргэ, сүгүрүйэргэ үөрэппитэ", - диэн Василий эһэтин туһунан истиҥник кэпсиир.

оҕолорун кытта

Биһиги ытыктабыллаах Иван Петровичка 4 оҕо, 14 сиэн, 25 хос сиэн тапталыгар угуттанан, этэҥҥэ бу курдук чэгиэнник сылдьарыгар, уһун үйэлээх буоларыгар баҕарабыт!