Киир

Киир

Ираида Коркина-Чугдаара хаартыскаҕа түһэриилэрэ,
"Айар аартыкпыт аргыстара", "Талаан түһүлгэтэ" түмсүүлэр хоһоонньуттарын хоһуйуулара
 

(Хоһоонунан хоһуйуу фоторепортаж)

Соторутааҕыта, күн арыый эрэ борук-сорук буолуута, Дьокуускайбыт мыраанынан дьаарбайан кэллим. Куорат сүпсүлгэниттэн, ыарыы уонна ыт-кус туһунан аймалҕантан хайдах эрэ быдан ырааппыкка, тэйбиккэ дылы сананным. Тулам барыта олус нуһараҥ, чуумпу уонна көрүөхтэн кэрэ. Чахчы даҕаны, барыта үрүҥ көмүс! Мастар, талахтар хаарынан бүрүллэн, суорҕан анныгар аргыый нуктуу турарга дылылар... маннык талба, харах халтарыйар эриэккэс көстүүтүн хаартыскаҕа түһэрбэтэхпинэ табыгаһа суоҕунан аахтым.

Хаартыскаларбар «Айар аартыкпыт аргыстара» түмсүү суруйар дьоҕурдаах ыччата, «Талаан түһүлгэтэ» бөлөх хоһоонньуттара бу мааны көстүүлэри хоһуйдулар.

Сахам уран тылынан айыллыбыт саҥа айымньылары ааҕыах, Дьокуускай киэһээҥҥи айылҕатын көрөн харахпытын сымнатыах...

1 хоһоон

***
Хаар маҥан суорҕаны бүрүнэн,
Хоҥкуһан тураллар хатыҥнар
Кыһыҥҥы оһуору иилинэн,
Кэлэр саас кэрэтин күүтэллэр.
 
Мария Андреева
 
2 хоһоон
 
***
Куттуун-сүрдүүн манна ыраас,
Куорат сириттэн, дьэ, ыраах,
Кыраһаҕа күлэ оонньуур
Кыыдаан кыһын оһуор ойуур.
Курустаал таастыы кылбачыйбыт
Куруһуба бүрүммүт кыырпахтар –
Куба курдук кынталдьыйбыт
Куустуспут хатыҥ кыргыттар.
 
Уран Күннэй
 
3 хо7
 
***
Үрүҥ көмүс киэһэ
Үрүлүйэ сырдаата,
Үүт туман куораппын
Оргууй бигии кууспут.
 
Мария Андреева
 
4 хоһ
 
***
Үүт туман быыһыгар тураммын
Ахтарым эн илииҥ сылааһын,
Күөх солко чараҥмыт быыһынан
Сиэттиһэн долгуйа хаамсарбын.
Хаар маҕан кыырпаҕын бүрүнэн
Киирбитиҥ мин ааммын сэгэтэн,
Хатырбыт уоскунан сэрэнэн
Иэдэспэр даҕаллан ылбытыҥ.
 
САРДААНА
 
5 хоһ
 
Үрүҥ көмүс киэһэ
 
Борук-сорук буолуута
Халлаан хаардыын тубуста.
Үрүҥ көмүс холуста
Бороҥ өҥнүүн булкуста.
Килбик кыыстыы кыбыста,
Киэһэ имниин тэтэрдэ.
Хатыҥ хаардаах лабаата
Ытарҕалыы киэркэйдэ.
Борук-сорук суруйда
Уран киистэ ойуутун.
Үрүҥ көмүс оһуордар
Симээтилэр ойууру.
 
Мария Винокурова
 
6 хоһjpeg

 

***
Күн аайы куоракка
Туох эрэ аймалҕан,
Ыт-ыарыы айдаана
Дьон өйүн ытыйда.
 
Сороҕор, ол онтон
Букатын сылайан,
Чуумпуга, намыыҥҥа
Сылдьыаххын баҕарыаҥ.
 
Оччоҕо, ол ону,
Барытын умнаҥҥын,
Тахсыаҕыҥ ып-ыраас
Айылҕаҥ ньууругар.
 
Сыа хаары оймооҥҥун,
Чагданан хаамыаҕыҥ,
Ып-ыраас салгыны
Толору тыыныаҕын.
 
Оччоҕо арыллыа
Ис күүһүҥ саҥаттан,
Өй-санаа сынньанан
Налыйа сымныаҕыҥ.
 
Халыҥ хаар саҥыйах
Бүрүммүт хатыҥнар,
Дууһаны уоскутар
Сиэдэрэй хартыына.
 
Чаҕыл
 
 
7
 
 ***
Намылыйа лаглайбыт лабаалар
Курууһуба хаймыыланан,
Кырыа хаар сарбынньахтарынан
Көп киистэлэрэ уһаабыттар.
Турар хатыҥчаан иһийэ соҥуоран,
Көмүс кыырпахтары күлүмнүү оонньотон.
Кыыһар күн сарыала
Иилии эргийэ,
Сылаас угут суоһа
Хаарынан бүрүйэ.
 
Итэҕэл
 
8 хоһ
 
Кындыа кыһын барахсан
 
Тыҥ хатыыта уһуктаат, турдум,
Тэлэччи арыйдым түннүкпүн,
Тиэргэммэр тэлгэнэ түспүт хаар
Тууйда уот төлөн түөстэрбин.
Тиэтэйэ сүүрдүм тиэргэммэр
Маҥнайгы хаары ытыһан ылаары,
Долгуйа ахтыбыт омуммар
Мөһүүрэ көбүөр устун сүүрээри.
Кындыа кыһын үллүктүү үллүйдэ
Ийэ сирбин сылаас тыынынан,
Килиэ муус күлүмнүү оонньоото
Дьоллоох олох тыргыллар суолунан.
Тыҥ хатыыта уһуктаат, турдум,
Тэлэччи арыйдым түннүкпүн,
Тиэргэммэр тэлгэнэ түспүт хаар
Уматта үөрүү кыымын сүрэхпэр.
 
Вера Прокопьева-Итэҕэл, Кэбээйи улууһа, Мукучу нэһилиэгэ
 

9 хоһ

***
Оттон мин таптыыбын кыһыны,
Кырыаннан бүрүллэр түннүгү,
Будулҕан туманнаах дьыбары,
Кэмчитик күлүмнүүр суһуму.
Хаарынан силбиэтиир оҕуһу
Тохтооммун көрбүтүм одуулуу,
Тымныыга бэриммэт хоһууну
Боотурга холоотум ордургуу.
 
САРДААНА
 
10
 
***
Турабын, тула уот,
Оо, дьоллоох да дойду,
Көрөбүн, кылам уот,
Кылбаарар чуумпута.
Миигин көр диэбиттии
Сандаара тыгаллар,
Уон араас тапталы,
Сэһэргиир курдуктар.
Уу чуумпу нуһараҥ
Ыйдаҥа киэһэҕэ,
Аар хатыҥ аттыгар
Куустуһан турбуппут.
Оо хаһан, ол кэми,
Хатылыыр буолабыт,
Эдэр саас тапталын
Эргитэн ылабыт.
Баҕардар эн миигин
Ахтарыҥ буолаарай?
Ол түүнтэн кылам уот
Хаалбыта буолаарай?
Эн кэлиий, эн эргий,
Кыбыстан турума.
Тапталбыт тэбиитин
Истиий дуу, сэрэйэ...
 
Хайа Тыала
 
11 оһ
 
***
Тулам, чуу, тоҕо чуумпутай,
Чуҥкунаан иһийбитэй?
Көрүүй, күндү көмүс, кэрэ,
Тохтуох, иһиллиэх эрэ.
Ханна эрэ, онно ыраах,
Массыына тыаһа хаалбыт,
Оттон манна аарыма мас
Хаар анныгар утуйбут.
 
Чугдаара
 
12
 
Кыһын
 
Кырыалаах кыһын барахсан
Тиийэн кэлбитэ Сахам сиригэр,
Сир-дойду маҥан хаартан
Саха кыыһыныы киэркэйдэ.
Маннык талба көстүүлэр
Хаһан да хатыламматтар,
Арай тымныы кэми көһүтэннэр,
Биһигини үөрдэ ылаллар.
Таптал сылаас уоттарын
Сүрэхпэр өспөттүк уматта,
Умнуллубат өйдөбүл буолан
Сүрэхпэр өрүү сылдьыа.
Ол иһин, мин үллүк хаарынан
Туртайан турар тыабар,
Тоҥорбун да умнан туран,
Дуоһуйа өр хаамабын.
 
Петр Ефимов
 
13
 
Кыһыҥҥы тииттэр
 
Утуйа тураллар тиит мастар
Уу-чуумпу кыһыҥҥы күннэргэ
Сайынын көҕөрөн көстөөрү,
Сай сылаас салгыҥҥа тыынаары.
Үрүҥ хаар үллүктүүр суорҕаныҥ
Үгүс да түүллэри көрдөрөр,
Баараҕай эн модун таһааҕар
Бар дьонуҥ сөрүүкүө күлүккэр.
Үөр чыычаах ыллыаҕа эйиэхэ
Үөрүүннэн уйатын туттуоҕа,
Сирдээҕи олоҕу түстээннэр
Сир ийэ аналын толороннор.
Эйигин тиит маспын сөҕөбүн,
Элбэх дьылҕаны көрдөҕүҥ,
Утуйан сэниэтэ эбинээр
Улуукан тапталга угуйаар.
 
Сайылык Бүөтүрэ
 
14
 
***
Дойдубут кыһыҥҥы кэрэтэ
Кырыа хаар нуһараҥ киэһэтэ,
Маспытын-оппутун бүрүйбүт
Тымныыттан, кыһынтан харыстаан.
Оол көстөр, дьиэлэрбит буруота
Субуллар күөх халлаан ньууругар,
Куйаарбыт ситимниир ньууругар,
Силбэспит биир кэрэ ньууругар.
Тохсунньу тоһуттар тымныыта
Иһийэн, чуумпуран турара,
Айылҕам кэрэкэ көстүүтүн
Кыһыммыт иһийэ кэпсиирэ...
 
Мария-Маайа Григорьева
 
15
 
 
***
Тураллар үрүҥ бэриинэҕэ бүрүнэн
Нуоҕаспыт биир атахтаах саллааттар...
Тураллар Туймаада мыраанын үрдүгэр
Хахсаат тыалтан куораты харыстаан...
 
Толикус
 
16
 
***
Баайыма харахтарбын
Күлүмүрдүүр көмүскүнэн.
Мин оҕо буолбатахпын.
Син биир тымныыгын эн.
Кутума ытыстарбар
Үйэтэ суох чөмчүүктэргин,
Албыннаппат буолбуппар
Эн баалаабат инигин.
 
Мария Гольдерова