Мэҥэ Хаҥаласка, Баатара сиригэр номнуо куйуур саҕаланна. Доҕорбут Дьөгүөр Захаров ыҥырыытынан, олунньу 8 күнүгэр, Бэдьимэ Эбэтигэр баран, бастакы куйуур ойбоннорун тэһэн, сэмэй ирээппитин ыллыбыт.
Сааскылыы бастакы чэмэлкэй, ылааҥы күннэри баттаһан, өбүгэ үгэһин салҕаан, урааҥхай сахалар куйуур сезонун арыйдыбыт.
Чаҕыл