Киир

Киир

Муус устар 9 күнүгэр, уол оҕо уонна аҕа күнүн чэрчитинэн, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтэ уонна Баһылай Манчаары аатынан успуорт төрүт көрүҥнэрин Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинэ «Өбүгэлэрбит оонньуулара» саха төрүт оонньууларыгар маастар-кылаас ыыттылар.

Бу күн Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр араас көлүөнэ дьон бүтүн дьиэ кэргэнинэн кэлэн, саха төрүт оонньууларын көрдүлэр-иһиттилэр, оонньоон көрдүлэр. Тэрээһин саҕаланыытыгар «Тойук» норуодунай ансаамбылын толоруутугар саха төрүт ырыата-тойуга дьиэрэйдэ.

Баһылай Манчаары аатынан успуорт төрүт көрүҥнэрин Өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин тириэньэрэ, энтузиаст уонна төрүт остуол оонньууларын киэҥник тарҕатааччы Надежда Белолюбская маастар-кылааһы көрдөрдө. Кини үөрэнээччилэрин кытары саха төрүт оонньуулара - үтүлүк ылыыта, иэрэгэй, тыксаан, кириэс тэбии, тырыынка, хабылык, хаамыска уонна быа эрийии хайдах ыытыллыахтааҕын туһунан кэпсээтэ.

Саха төрүт оонньуулара түҥ былыргыттан кэлбит ураты устуоруйалаахтар уонна көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тарҕанан, үгүс үтүө үгэстэри илдьэ кэлбиттэр. Төрүт остуол оонньуулара киһи сымсатын, тулуурун уонна дьулуурун сайыннарар, тургутан көрөр аналлаахтар. Үгүс көрүҥ остуол оонньуулара көргө-нарга эрэ сыһыаннаах буолбакка, иитэр-үөрэтэр, эт-хаан уонна өй-санаа өттүнэн сайдыыга улахан суолталаахтар.

0d9b3233 c478 4ded 823c 1fc665be223d

Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин пресс-сулууспата иһитиннэриититтэн