Киир

Киир

Экчи 50 сыл анараа өттүгэр, 1972 сыл муус устар 21 күнүгэр, Сэбиэскэй Сойууска киэҥник биллибит, Саха сирин хореографиятын сайдыытыгар төһүү буолбут «Сарыал» ырыа уонна үҥкүү норуодунай  ансаамбыла маҥнайгы кэнсиэрин көрдөрбүтэ. Оттон сарсын муус устар 22 күнүгэр Дьокуускай куорат Юрий Гагарин аатынан Култуура уонна Ускуустуба киинигэр ансаамбыл маҥнайгы кэнсиэрин үйэ аҥаардаах үбүлүөйэ буолуоҕа.  

Аан дойду ыччатын сүрэҕин туппут ансаамбыл уһулуччу устуоруйатын бу сэдэх фотохроника кэпсиэҕэ. Саһарбыт хаартыскалары сөҕө-махтайа көрүҥ, сэбиэскэй кэм кэрэтин санаан астыныҥ-дуоһуйуҥ. 

Ломако Александр Иванович, ансаамбылы төрүттээччи, 1970 c. Дьокуускайдааҕы ситэриилээх кэмитиэт Култуура отделын сэбиэдиссэйэЛомако Александр Иванович, ансаамбылы төрүттээччи, 1970 c. Дьокуускайдааҕы ситэриилээх кэмитиэт Култуура отделын сэбиэдиссэйэ

2.11972 c. муус устар 21 күнүнээҕи аан маҥнайгы кэнсиэр бырагыраамата

БастакыСАССР 50 сылыгар анаан икки сыл устата бэлэмнэммит бастакы кэнсиэр түгэнэ

2.2Ансаамбыл бастакы үҥкүүһүттэрэ – СГУ устудьуоннара А.И. Ломаконы кытта аан маҥнайгы кэнсиэр кэнниттэн. 1972 c.

TvАнсаамбыл хуора уонна аркыастыра саха тэлэбиидэнньэтигэр уһуллар. 1973 с.

БүтэйдээхМэҥэ Хаҥалас оройуонугар  Бүтэйдээх-Алтан маршрутунан гастроллуу барыы. 1976 c. тохсунньута

СалааскаБүтэйдээххэ гастрол быыһыгар көр-күлүү. Салаасканы соһооччу - Афанасий Дьяконов

МолдавияАлтан кулуубун сценатыгар молдавскай үҥкүү

культпросветБастакы бүтүн сойуустааҕы үлэһиттэр уус-уран көрүүлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи туурун кыттыылаахтара. Культпросвет училищетын устудьуоннара «Сарыал» ансаамбылга киирбиттэрэ

стадионБилиҥҥи «Туймаада» стадион оннугар турбут "Спартак" стадиоҥҥа I-гы Бүтүн сойуустааҕы үлэһиттэр уус-уран көрүүлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи туурун үөрүүлээхтик аһыыга бэлэмнэнии кэмигэр. 1976 c. бэс ыйа

 Магадан Магадаҥҥа ыытыллыбыт I-гы Бүтүн сойуустааҕы  үлэһиттэр уус-уран көрүүлэрин лауреаттара . 1976 c. сэтинньитэ

КремльРСФСР-га I-гы Бүтүн сойуустааҕы үлэһиттэр уус-уран көрүүлэрин лауреаттарын Кириэмиллээҕи сийиэстэр дыбарыастарыгар түмүк кэнсиэрин кыттыылаахтара Дьокуускайдааҕы култуура отделын сэбиэдиссэйэ Валентин Филоретович Слепцову кытта. 1977 c. ыам ыйа

СээдьэРСФСР-га I-гы бүтүн сойуустааҕы үлэһиттэр уус-уран көрүүлэрин лауреаттарын Кириэмиллээҕи сийиэстэр дыбарыастарыгар түмүк кэнсиэр түгэнэ.«Һээдьэ» үҥкүү, Ангелина Лукина туруоруута 

 ДевушкиҮҥкүүһүт кыргыттар Рита Данилова, Валя Федореева, Лена Баишева, Марфа Аввакумова Кыһыл болуоссат устун хаамаллар. Профессиональнай фотограф түһэриитэ

6.3«Cарыал» ансаамбыл «Огонек» сурунаалга

мзюриЛенинград куоракка ыытыллыбыт Венгрия уонна Сэбиэскэй Сойуус ыччаттарын  III-c Аан дойдутааҕы бэстибээлэ. «Сарыал» кыттыылаахтара Грузия «Мзиури» оҕо ансаамбылын кытта Петергофка. Оҕолор ортолоругар Тамара Гвердцители баар буолуохтаах

НикулинССРС киин тэлэбиидэнньэтин «Шире» круг диэн саҥа дьыллааҕы биэриитигэр уһуллуу. Москуба «Шаболовка» устуудьуйатыгар норуодунай артыыс Юрий Никулинныын

8.1Москуба «Шаболовка» устуудьуйатыгар репетиция быыһыгар

43"Шире круг" биэриигэ уһуллуу түгэнэ

АстердамПанамаҕа ЫБЛКСС 60 сааһыгар аналлаах сэбиэскэй ыччат фотовыставкатын аһыллыытын култуурунай программатыгар кыттаары айаннаан иһэн Амстердамҥа

ПанамаПанама Сан-Блас арыыларыгар. 1978 cэтинньитэ

ХристофороваУһаабыт айан кэмигэр сөтүө. Ортоку - балерина Наталья Христофорова

КондаковАрыыга олорор индеецтэр кварталларыгар. Үҥкүүһүт Петр Кондаков

5Ю9Германия Карл-Маркс-Штадт куоратыгар Аан дойдутааҕы ыччат доҕордоһуутун V-c бэстибээлин (ГДР-СССР) афишата

5Ю11Германия Карл-Маркс-Штадт куоратыгар Аан дойдутааҕы ыччат доҕордоһуутун V-c бэстибээлин (ГДР-СССР) үөрүүлээх аһыллыытын түгэнэ

5Ю21Саха сирин дэлэгээссийэтэ бэстибээл үөрүүлээх аһыллыытыгар киирэн иһэр

5Ю18ССРС саҕана киэҥник биллибит ырыаһыт, артыыс, киинэ режиссера, уопсастыбаннай диэйэтэл Дин Рид бэстибээл кыттыылаахтарыгар ыллыыр

5Ю23

5Ю24

5Ю25XII-с Олимпийскай оонньуулары арыйар бырагыраама. Москуба к.,1980 c.

Олимпиада кыттыылаахтара Кыһыл болуоссакка    Олимпиада кыттыылаахтара Кыһыл болуоссакка   

 5Ю512САССР ускуустубатын уонна литэрэтиирэтин күннэригэр кытта Москубаҕа көтүөх иннинэ. 1982 с.

5Ю515Новосибирскай куорат "Толмачево" аэропордугар

5Ю522ССРС үтүөлээх артыыһа Маргарита Суворова автограф биэрэр. Ульяновскайга айанныах иннинэ. 1982 с.

5Ю518Саха сирин Госансаамбылын солистката Лена Ноговицинаны уонна Дмитрий Харлампьевы кытта. Ортоку Афанасий Дьяконов турар. Москуба к., 1982 c.

5Я5Турция Самсун куоратыгар Аан дойдутааҕы фольклор бэстибээлигэр. 1982 c.

5Я19Ансаамбыл солистката Фаина Лебедева турок ырыатын үөрэтэ турар

5Я58ВДНХ сценатыгар "Русская зима" бырааһынньык. "Олень-мой друг" үҥкүү. 1983 с. тохсунньута

5Я86Польшаҕа Улуу Кыайыы 40 сылын бэлиэтиир тэрээһиннэргэ. Ортоку ансаамбыл салайааччыта Любовь Никитина турар

5ЯА1Москубаҕа Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр кытта барыы оннугар Өлүөнэ устун турне. 1985 с. от ыйа

5ЯА36Репетиция үгэнэ

5ЯА49Любовь Алексеевна иитээччилэрин кытта

5ЯА16.4Биһигини үҥкүү холбообута

Хаартыска архыыбын бас билээччи: Афанасий Дьяконов
Матырыйаалы бэлэмнээтэ: Күндэли