Киир

Киир

Тоҕус күнүнэн Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа ньиргийиэҕэ. Тэрээһин сүрүн өттө Амма өрүс үрдүгэр турар Муона чараҥа диэн сиргэ буолуоҕа. Ыһыах ыһыллар сиригэр, култуура уонна сынньалаҥ пааркатыгар, сиэр-туом ыытыллар түһүлгэтэ, Аал Луук Мас оҥоһуллан силиктэрин ситэн эрэллэр.

Улуустар, улуус нэһилиэктэрэ түһэр, тэрээһин ыытыллар ураһалара, балаҕаннара, ат сүүрдэр ипподромун сүрүн үлэтэ бүтэн, бэрт кыра нарылыыр, чочуйар, күүстээх үлэ кэннэ сууйар-сотор, ыраастыыр эрэ үлэтэ хаалан турар. Аһыыр-сиир, сынньанар, олоҕу хааччыйар тиһик тутуута-хаһаата киин түһүлгэттэн арыый туора турар буолуоҕа. Бу күннэргэ ыалдьыттары-дьону көрсөр уонна 3 тыһыынча киһини түһэрэр “балаакка куоратын” силигин ситэриэхтээхтэр.

Ону таһынан, Аллараа Бэстээхтэн Аммаҕа уонна онтон салгыы Уус Майдаҕа, Эльдикаҥҥа, Югоренокка тиийэр суол-иис эмиэ күүскэ оҥоһулла сылдьар. Билэрбит курдук, ардах-хаар түстэҕинэ Аммаҕа тиийэр уустук буолааччы. Онон, суолга эмиэ улахан болҕомто ууруллар.

Ыһыах кэмигэр Амма бөһүөлэгин иһигэр дьону тиэйэр-таһар оптуобустар сылдьыахтара. Ону сэргэ бөһүөлэктэн Муона чараҥар диэри ыалдьыттары тиэйэр шаттлар эмиэ баар буолуохтара.

Быйылгы Олоҥхо ыһыаҕар 35 улуустан барыта 15 тыһыынчаттан тахса ыалдьыт кэлэрэ былааннанар. Билигин тэрээһин үлэтигэр 3,5 тыһыынчаттан тахса киһи түбүгүрэ сылдьар.

Ыһыах бэс ыйын 20 – 21 күннэригэр буолуоҕа.

Бэй.кэр.
Хаартыска: “Амма олоҕо” хаһыат.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар