Киир

Киир

Сэтинньи Байанайдаах ыйа, чахчыта да, саха омугар олус сүдү, сүҥкэн суолталаах улахан дьону бэлэхтээбит эбит...

Ол курдук, сэтинньи 17 күнэ саха омук Аар Айыы төрүт итэҕэлин сурукка-бичиккэ түһэрэн хаалларбыт, бары өттүнэн дэгиттэр Улуу Айыы ойууна В.А. Кондаков 85 сыллаах үбүлүөйдээх күнэ Саха Сирин бары муннуктарыттан Аар Айыы итэҕэлин сүгүрүйээччилэрин Хаҥалас улууһугар Дьэр нэһилиэгэр түмтэ.

«Тоҕо Дьэр нэһилиэгэр» диэн ыйытыкка хоруйа маннык. 2007 уонна 2008 сыллардаахха В.А. Кондаков бэйэтэ «Истээх сыһыы» диэн ааттаах мырааннар анныларыгар тэлгэммит үтүө ытык сиргэ Аар Айыы алгыһын ыыппыта. Оччолорго Учууталга алгыс үөрэҕин бара сылдьыбыт Никодим Христофорович Исаков Айыы алгысчыта сэтинньи 17 күнүгэр 2024 с. кэпсээбититтэн:

“Учууталбыт  Владимир Алексеевич алгыстаабытын кэннэ ол сыл бу сыһыы араас дьэрэкээн сибэккилэринэн бүрүллүбүтэ, онтон эһиилигэр олус элбэх от үүнүүтүн ылан сүөһүлээх дьон баһаам элбэх оту ылбыттара”. Ити курдук Аар Айыы итэҕэлэ киһини Ийэ айылҕаҕа сөпкө олорорго, айылҕаны харыстыырга, кини быйаҥа, булда салгыы быстыбакка элбии, дэбилийэ турарын курдук былааннаан дьаһанарга үөрэтэр (Аар Айыы итэҕэлэ. В.А. Кондаков, 392 с.).

В.А. Кондаков 85 сыллаах үбүлүөйдээх күнүн Хаҥалас улууһун Аар Айыы итэҕэллээхтэрин түмсүүтэ (сал. А.В. Харитонов),  “Ытык Маалтааны” уопсастыбаннай тэрилтэтин (бэрэссэдээтэл Т.П. Михайлова). көҕүлээһиннэринэн тэрилиннэ. Нэһилиэк Аҕа баһылыга Егор Васильевич Исаков Дьэр ыалдьытымсах кулуубун дьиэтигэр, Өймөкөөнтөн, Муоматтан, Абыйтан, Усуйаанаттан, Үөһээ Дьааҥыттан, Намтан, Дьокуускайтан, Горнайтан, Өктөмтөн, Булгунньахтаахтан, Улахан Аантан, Дьөппөнтөн төрүттээх итэҕэллээх дьоммут үөрэ-көтө көрүстүлэр.

В.А. Кондаков «Аар Айыы итэҕэлэ» кинигэтин 35 сирэйигэр суруйарынан: «Улуу Эргис эппит кэриэһэ туолуутугар, бу Аар Айыы итэҕэлин Айыы дьоно, бэйэлэрин норуоттарын саҥа киэҥ уһун суолга таһаарыахтарын наада. Ол кэмэ кэллэ».

Бу этии ис кистэлэҥэр олоҕуран,  “Ытык Маалтааны” уопсастыбаннай тэрилтэ, омукпут инники саргылаах кэскилин түстүүр туһугар, Хотугулуу Сибиирдээҕи отделение Аҕыйах ахсааннаах омуктар кыһалҕаларын үөрэтэр гуманитарнай чинчийии  институтун, чуолаан история билимин дуоктарын Андриан Афанасьевич Борисовы кытта бииргэ үлэлэһэн, бу күн Үрүҥ ойуун Эргис туһунан историческай ыспыраапка оҥорон, киэҥ эйгэҕэ тахсарын ситистэ..

Горнай улууһун Мытаах нэһилиэгин аҕа баһылыга Иван Егорович Петров “Эргис” аата биһиэхэ уһулуччу  суолталаах. Биһиги киэн туттар дьоммут убайдыы-быраатыы норуот суруйааччылара Семен, Софрон Даниловтар, академик-худоһунньук А.Н.Осипов курдук чулуу дьон төрүт сирдэрэ  Эргис аатын кытта быстыспат ситимнээхтэр, онон бииргэ үлэлэһэн Үрүҥ ойуун Эргис архивнай докумеҥҥа олоҕуран тахсыытыгар көмөлөһөрү ытык иэспитинэн ылыммыттарын биллэрдэ.

Өктөм нэһилиэгин аҕа баһылыга Александр Николаевич  Большаков Бастакы Бэрэсидьиэммит Михаил Ефимович Николаев хас биирдии киһи итэҕэллээх, бэйэтигэр эрэллээх буолуута норуокка инники сайдыыны мэктиэлиир диэтэ.

Григорий Егорович Николаев-Чэчир ис сүрэхтэн барҕа махтал тылларын тиэртэ: «Ытык аҕам тэҥэ саныыр, учууталым В.А. Кондаков тэрээһинин үрдүк тэрээһиннээхтик ыыппыккытыгар үйэттэн үйэ тухары үтүө ааты ааттатар үлэҕит үтүө түмүктэрдээх буолан, дьон-сэргэ, ытык өбүгэлэр махталлара кэлиэхтин», – диэн алҕаата.

2c75c99b 5e91 49d6 ba16 6b84c2a900b1 1

Бары кэлбит дьону «Саха Боотур” ыччат уһуйаанын төрүттээччитэ Андрей Юльевич Артамонов оһуохайынан төгүрүччү сэргэхтик, үрдүккэ көтүттэ, үтүө түмүктээтэ.

39e34f0a 566e 4470 93ed 8ce02bd0530c

Т.П. Михайлова,  “Ытык Маалтааны” уопсастыбаннай тэрилтэ

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар