Киир

Киир

Михаил Ефимович, СӨ Бэрэсидьиэнэ буолаат, бастакы Ыйааҕа доруобуйа харыстабылыгар анаммытын бары бэркэ билэбит. Ол төрүөтэ мин санаабар маннык.

Үрдүк сололоох хомуньуустар, дойдуларын кыайан салайбакка, сайдыылаах дойдулартан олох бары кэриэтэ хайысхаларыгар 50-ча сыл хаалан, дьоннорун-сэргэлэрин кыаммат-түгэммэт турукка киллэрэн таҥнарбыттара мунууга-тэниигэ тиэрдэн, инники олохторо-дьаһахтара хайдах буолуо биллибэккэ, дьадайан киирэн барбыттара.

Ол кэми санаатахха, 1988 сылтан 1992 сылга диэри хоту ас-таҥас аҕалар ситим быстан, маҕаһыыҥҥа хаһааска сыппыт кэнсиэрбэ эрэ атыыланар буолбута. 1992 сыллаахха Гайдар «челночнай рынок» диэни көҥүллээн, ыал ийэлэрэ барахсаттар, таҥаска-сапка сыһыаннаах буолан, кытай суумкатын тута-тута илин-арҕаа сүүрбүттэрэ-көппүттэрэ сылааҕа-илистиигэ тиэрдибитэ элбэҕэ буолуо. Тыа эр дьоно барахсаттар хайыахтарай, оҕолорун аһатаары, дьиэлэрин-уоттарын тутаары, үчүгэйдик билбэт эйгэлэригэр, оҕо, сүөһү, хотон көрүүтүгэр умса түспүттэрэ. Эдэр куорат олохтоохторо уулуссаҕа тахсан «арбат» диэн ааттаан эргинэр сир тэрийбиттэрэ. Онно харчыланан оҕолоругар туох эмэ таҥас-сап, аһылык ылынаары, дьиэлэригэр баар малларын-салларын атыылыы кэлбит дьону рекэттээн итиннэ аахсыы, манна айдаарсыы бөҕө буолбуппут. Өлөрсүү-өһөрсүү да баара.

Киин улуустарга 100 тыһыынча тайах баарыттан аҥаарын, хоту улуустарга 90 тыһыынча табаны өлөрөн, Дьааҥы куобаҕын бултаһан, аймах-билэ дьон үллэстэн сиэбиппит. Аны чеченнэр обургулар, Калининградтан Магадаҥҥа диэри хара эргиэни бас билээри, былдьаһыылара-тарыһыылара харса хабыра суох барбыта. Хата саха харса суох тустуук уолаттара, Скрябин Сэргэй тула мустан, чеченнэри дойдуларыгар киллэрбэтэхтэрэ. Ити хара эргиэн туругун Арассыыйа тойотторо чеченнэргэ сэриини биллэрэн тохтоппуттара.

Итинник олох содула, биллэн турар, дьон өйө-санаата алдьаныытыгар, этэ-сиинэ кэбирииригэр, арыгынан өрүһүнэ сатыыр адьынатыгар тиэрдэн олохтон туоруур, эбэтэр ыарыыга ылларан олох үтүөтүн көрбөт турукка киһини киллэрэрэ чопчу. Ону көннөрөөрү, Михаил Ефимович Прокопий Николаевич Яковлевы 1990 сыллаахха тутулла турар ыарыыны быһаарар киин дириэктэринэн, онтон 1993 сылтан, ийэ-оҕо харыстабылын кытта барытын холбоон, эмчиттэр Национальнай кииннэрэ диэн ааттаан салайааччынан аныыр. 1994 сылтан доруобуйа харыстабылын миниистирин солотун биэрэр. Ити кэми история доктора таһымнаах учуонай Николаев Валерий Парфеньевич диссертациятыгар маннык бэлиэтээбит: «В 90-х годах XX в обеспеченность ЛПУ республики лабораторным, лечебно-диагностическим оборудованием и аппаратурой, в том числе и сельских, по сравнению с 1970 г.-1980 гг. значительно улучшилась. В сельских ЦУБ появилась возможность выполнить лабораторное тестирование на биохимических анализаторах, проводить УЗИ и эндоскопическое исследование».

PXS0134

Бэрэсидьиэммит Прокопий Николаевич Яковлевы кытта куруук эйэ дэмнээхтик кэпсэтэрин элбэхтик илэ истэр этим. Чахчы ханнык да ыарахан боппуруостары быһаарар кыахтаах киһи буоларын билэн, бэйэтигэр курдук эрэнэн, Саха сирин дьонун хайа да хайысхатынааҕар ыарахан тутулугар анаан ыйаах таһаардаҕа.

60820028

Олох содула киһи сүрэҕинэн киирэр эбит. Ол көстүүтэ 1990 сылга 100000 киһиттэн 228,9 киһи, атын ыарыылартан уһулуччу ордон, тымыр ыарыыларыттан өлбүт. Михаил Ефимович ити тэриллибит кииҥҥэ сүрэх аһаҕас эппэрээсийэтин ыыттараары турунан туран үлэлээбитэ. Ол туһунан биһиги биир дойдулаахпыт, медицина доктора Петр Иванович Захаров маннык кэпсиир:

«Кини Аан дойдуга аатырбыт чулуу академиктары кытта доҕордуу сыһыана элбэх, олор истэригэр аатырбыт сүрэх быраастара, сүрэх хирурдара бааллар. Ол курдук 1999 сыллаахха (ахсынньыга) саха сириттэн төрүттээх, аатырбыт сүрэх хирура, академик, генерал-лейтенант Юрий Леонидович Шевченконы Россия доруобуйатын харыстабылын миниистирэ буолан олордоҕуна ыҥыран аҕалан Дьокуускайга Россия министиэристибэтин сессиятын ыыттарбыта уонна Саха сиригэр аһаҕас сүрэххэ эппэрээссийэлэри саҕалыырга диэн уураах таһаарбыта.

Дьэ, ол ыйаахха олоҕуран, тэрээһин үлэтэ күүскэ барбыта уонна хайыы-үйэ 2000 сыллаахха, Михаил Ефимович төрөөбүт күнүгэр сэтинньигэ аһаҕас сүрэххэ бастакы эппэрээссийэлэр оҥоһуллубуттара. Ол онно, Михаил Ефимович тус бэйэтинэн эппэрээссийэ саалатыгар киирэн көрөн турбута барыбытын сүрдээҕин долгуппута, кини итинник аҕалыы кыһамньытыттан сүрэхпит үөрүүнэн туолбута. Михаил Ефимович хаһан да ситиһииннэн муҥурдаммакка, кыайыы былааҥкатын өссө өрө көтөҕөн биэрэн иһэр идэлээҕин бары бэркэ билэбит.

Дьэ ол курдук кини аны кыра оҕолорго сүрэх эппэрээссийэлэрин оҥоруохха наада диэн сорудах туруорбута, ону биһиги 2002 сыллаахха бэйэбит саҕалаабыппыт. Ол да буоллар, 2004 сыллаахха ону бигэргэтэн, өссө биир эмиэ Аан дойдуга аатырбыт, сүрэх чулуу хирурун, Арассыыйа кылаабынай  кардиохирургун, академик, эмиэ биир чугас доҕорун Лео Антонович Бокерияны ыҥыран аҕалбыта. Эмиэ улахан долгуйуу, үөрүү, үөһэ-аллара түһүү доҕуһуолланан эппэрээссийэҕэ  киирбиппит. Михаил Ефимович эмиэ хирург таҥаһын таҥнан, үгэһинэн көбүс көнөтүк туттан предоперационнайга Лео Антоновичтыын киирэн кэлбитэ. Манна даҕатан эттэххэ, киниэхэ хирург көстүүмэ олус диэн барсар эбит этэ.

Эппэрээссийэ былаан быһыытынан этэҥҥэ ааспыта. Мин эппэрээссийэ бүтэһик штрихтарын оҥорон баран тахсыбытым предоперационнайга Лео Антоновичтыын кэккэлэһэн бэрт үчүгэйдик сэһэргэһэ олороллор эбит. Арай Михаил Ефимович үгэһинэн оргууй аҕайдык «Бүөтүр, КПД-гыт хаһый?» диэтэ. Мин бэйэм долгуйа сылдьар киһи, медицинаҕа улаханнык туттуллубат термини истэммин, кыратык мух-мах бардым быһыылаах, хата онтон сэрэйэ охсоммун, арааһа летальность туһунан боппуруос быһыылаах диэммин син бэрт түргэнник эппиэттээтим. Михаил Ефимович  «үчүгэй эбит» диэн эмиэ оргууй аҕайдык саҥарбытыгар үөрэммин, атаҕым сири билбэт буолан тахсан бардым.

Бэрэсидьиэммит ыыппыт бэлиитикэтин ситиһиилээхтик толорон, Уһук Илиҥҥэ бастакынан сүрэҕи көһөрөр уустук эппэрээсийэни 2018 сыллаахха бэйэбит оҥорон турабыт. Билигин сүрэх эппэрээсийэтин оҥорор кыахтаах дьон тоҕуспут».

zaxarov

Петр Иванович Саха сиригэр кардиохирургия оскуолатын төрүттээччинэн, Арассыыйа үтүөлээх бырааһынан, кыһыл оҕолор сүрэхтэрин эппэрээһийэлиир ньыманы дойдутугар аан бастаан саҕалаабыт киһинэн биллэр. Үлэлээбит үлэтин түмэн «Оптимизация методов хирургической коррекции пороков сердца и сосудов в условиях Арктики и Субарктики на примере Рспублики Саха (Якутия)» диэн наука доктора, Саха университетын профессора буолбута. Бэйэтэ дьүһүннүүн-бодолуун, кэпсэтэрдиин-ипсэтэрдиин ис иһиттэн көрсүө, сэмэй, сымнаҕас, амарах майгыта үлэтигэр халлаан хараҥатыгар аҕалан, ыарыһахтарын сарсыарда сэттэ чаастан кэрийэн ким хайдаҕын-тугун быһаарсан, саҥа күнү эрэллээхтик үөрэ көрсүһүннэрэр үгэстээҕэ өлөр-тиилэр икки ардыгар сытар дьоҥҥо дьол кэриэтэ.

Аан дойдуга бу ыарыы бары ыарыылартан барыларыттан 37% ылан бастакы миэстэҕэ турар эбит. Элбэх саха дьоно тыыннаах хаалан өссө олоро түһэллэригэр олук уурбут эмчиппит, дьэ, итинник киһилии киһи, сүрэхтээх үлэһит буолар эбит. Бэйэтэ да сүрэх туһунан дириҥ өйдөбүлүн дьоммор-сэргэбэр тиэрдэбин:

«Сүрэх ... Бу бэрт киэҥ өйдөбүллээх, күүстээх, киһи-аймах элбэхтик туттар тыла. Дьэ, ол да иһин, сүрэххэ сыһыан чыҥха уратылардаах, туспа өйдөбүллэрдээх, ураты суолталардаах буолан «сүрэҕим баҕатынан», «сүрэҕим сөбүлээн», «сүрэхпинэн таптаан», «ис сүрэхпиттэн иэйэн», «сүрэҕим сэрэйэн», «сүрэхтээх үлэһит», «сүрэх бааһа» о.д.а. киэҥ суолталаах тыллар биһиги тылбытыгар олохсуйан хаалбыттар. Сүрэххэ туспа тыынар тыыннаахха курдук сыһыан былыр-былыргаттан, киһи-аймах бу күн сиригэр үөскүөҕүттэн үөдүйбүт. Ол курдук, түҥ былыр сүрэҕи сиэртибэҕэ биэрииттэн саҕалаан, билиҥҥи кэмҥэ тиийэ сүрэххэ сүгүрүйэр сыһыан Аан ийэ дойду үрдүнэн салҕанан бара турар. Былыр былыргыттан билиҥҥээҥҥэ диэри Аан дойду чулуу өйдөөхтөрө, араас омуктар тумус дьонноро сүрэххэ болҕомтолорун куруук уураллар. Саха норуотун билиҥҥи бириэмэҕэ духуобунай лидерэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ Михаил Ефимович Николаев эмиэ сүрэххэ улахан болҕомтотун ууран, чулуу дьону аҕалан биһиэхэ сүбэлэтэн-амалатан, кинилэри холобур оҥостоммут дьоммутун быыһыыр турукка киирдибит».

Михаил Ефимович Бүөтүргэ истиҥ сыһыанын, киниэхэ эрэммитэ туолбутун дьоҕус кэпсэтиинэн быһааран көрүүм. Үлэлээбитэ хас да сыл буолбутун кэннэ, айаҥҥа сылдьан, Петр Иванович бэрэсидьиэни көрсүбүт. Онно киһитэ бэркэ интэриэһиргээн туох-хайдах олороллорун-үлэлииллэрин ыйыталаспыт. Кэпсэтии түмүгэр «эһиги туспа сыантыр тэрийиэ этигит, оччоҕуна эрэ сайдыы барыа» диэбит. Былырыын ыам ыйыгар саҥа сүрэх – тымыр киинэ арыллыбыта. Ол онно «Михаил Ефимович кэлбит, эйигин көрсөөрү гынар үһү, түргэнник директор хоһугар тиийэ оҕус» диэбиттэр. Киирбитэ директор солбуйааччыларын кытта бааллар эбит, остуол тула олороллор. Михаил Ефимович ааҥҥа көхсүнэн олорон, аан тыаһын истээт, эргиллибэккэ оргууйдук «Бүөтүр, дорообо. Хайа, баҕа санааҥ туолла дуо? Хаһан академик буолаҕын?» диэн ыйыппыт. Бүөтүр итинник истиҥ, доҕордуу сыһыантан долгуйан, астынан тугу да эппиэттээбэккэ хаалбыт уонна иһигэр «эн санааҥ туолбутунан» диэбит. Онтон Михаил Ефимович илии тутуһан баран остуолга ыҥырбыт. Дьэ ирэ-хоро кэпсэтии саҕаламмыт. Михаил Ефимович үгэһинэн эмиэ барыларыгар үрдүк соруктары туруортаан, төбөлөрүгэр саҥа санаа бөҕөнү саҕан баран дьиэлээбит. 

Хаартыска: Николаев-Киин

Бэрэсидьиэни кытта 18 сыл бииргэ үлэлээбит Виктор Ноговицын.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар