Киир

Киир

Муус устар бастакы өрөбүлүгэр идэлээх күнэ бэлиэтэнэр геолог үлэтин өрүү да арамаантыканы кытта ситимнииллэр. Маннык өйдөбүл үөскүүрүгэр сэбиэскэй кэм саҕанааҕы суруйааччылар уонна киинэ устааччылар быһаччы оруоллаахтар. Төһөлөөх элбэх эдэр кыыс-уол геологтар тустарынан уус-уран, умсугутуулаах киинэлэри көрөн,  ааҕан, эспэдииссийэҕэ сылдьалларын ыраланан көрбүттэрин ааҕан сиппэккин! Геолог өтүйэтэ, куомпаһа, рулетката, луупата, айылҕа, кулуһун сыттаах үрүсээк.

Дьэ, итинник геолог буолууну харахтарыгар оҥорон көрбүт, ыралаабыт оччотооҕу уолаттартан биирдэстэрэ – Георгий Дмитриевич Балакшин.

Кини, бу сылаалаах эрээри олус умсугутуулаах, бэйэтигэр тарда турар эйгэҕэ ааспыт үйэ 50-с сылларыттан сыстыбыт эдэр киһи билигин бэрт аҕыйах күнүнэн 90 сааһын томтойо туолаары сылдьар. Кини биһиэхэ олоҕун устуоруйатын үллэстэригэр: «Арааһа, мин геолог-геофизик буолуохтааҕым эрдэттэн дьылҕабар ыйыллыбыт быһыылаах», – диэн, төрөөбүт күнэ анаабыт курдук Геолог күнүгэр сөп түбэспитинэн, санаатын үллэстэр.

БГД 1954Бүгүҥҥү дьоруойбут, лоп курдук 90 сыл анараа өттүгэр, 1933 с. муус устар 2 күнүгэр, оччотооҕунан Саха АССР Ленинскэй оройуонун, Ньурба бөһүөлэгэр күн сирин көрбүт. Кини олоҕор чопчу алмааска сыһыаннаах икки түбэлтэ баар. Ол курдук, 1956-1968 сылларга Амакинкатааҕы геолог чинчийэр эспэдиисийэтигэр үлэлиир кэмигэр Алдан улууһугар баар 2 бастакы кимберлиттээх туруупканы уонна Анаабыр алмаастаах туонатыгар кимберлиттээх бүтүн 80 туруупканы арыйсыбыт. Оттон кини олоххо киллэрбит сонун геофизическай ньымаларын уонна технологияларын туһанан булуллубут Юбилейнай, Краснопресненскай уонна Дачнай диэн, киэҥник биллэр алмаас саппаастаах сирдэр арыллыбыттар.

Оттон 1998–2018 сылларга, бэлиэр биэнсийэҕэ тахсыбытын кэннэ, Георгий Дмитриевиһы АЛРОСА Амакинкатааҕы уонна Ботуобуйатааҕы геолог чинчийэр эспэдииссийэтигэр (ГРЭ) ыҥыран ылаллар. Кини баай уопута, киэҥ билиитэ бүтүн 20 сыл устата Саха сирин арҕаа эҥээригэр алмаастаах сири көрдүүргэ туһаныллыбыта.

Ыспыраапка:

Георгий Балакшин тустаах салааҕа 58 сыл үлэлээбит. Сыралаах үлэтэн сыаналанан, киниэхэ «Өрөспүүбүлүкэ минерально-сырьевой тирэҕин сайыннарыы эйгэтигэр үтүөлэрин иһин», «Саха АССР үтүөлээх геолога» ааты иҥэрбиттэрэ. Ону тэҥэ судаарыстыбаннай уонна биэдэмистибэннэй наҕараадалардаах. О.и. ССРС Миниистирдэрин Сэбиэтин бириэмийэтэ, «Гражданскай килбиэн» уонна «Сир баайын разведкатын туйгуна» бэлиэлэрэ бааллар.


– Хайдах геолог буолбутуҥ туһунан кэпсээбэккин ээ?

– 1951 с. Ньурба 1-кы №-дээх орто оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн  бүтэрбитим. Онно бэлиэр ханнык үөрэххэ туттарсарбын чопчу быһаарынан сылдьарым. Инньэ гынан, 1951–1956 сылларга Москубатааҕы геолог чинчийэр институтугар үөрэнэн, «хайа инженер-геофизигэ» идэлэммитим. Үөрэҕим кэнниттэн миигин сабыылаах рудникка анаабыттара да, мин төрөөбүт-үөскээбит Сахам сиригэр эргиллэн, алмаас көрдөөһүнүгэр кыттыахпын баҕарарым. Онон Геология министиэристибэтигэр төрөөбүт бөһүөлэкпэр – Саха сиринээҕи геология управлениетын аатырбыт Амакинкатаҕы эспэдииссийэтин тутаах хонтуората түстэммит сиригэр – ыыталларыгар көрдөспүтүм. Туруорсуубун ылынан, кэллиэгэлэрбин кытта баҕам хоту 12 сыл устата кимберлиттээх туруупканы сонордоһон, киһи атаҕа таарыйбатах ыырдарынан сылдьан, аар тайҕаны, бадарааннаах маардары, түҥ тыалары балачча кэрийбэхтээбитим.

Инженер-геофизигынан саҕалаабытым, онтон геофизическай баартыйа начаалынньыга буолбутум. Ону тэҥинэн аспирантураҕа үөрэнэн, кимберлиттээх туруупканы көрдөөһүҥҥэ сыһыаннаах диссертацияны суруйан, геология-минералогия билимин хандьыдаата буолбутум. 1957 с. Дьокуускайга ыҥыран ылан, ЯТГУ холбоһуктаах (комплекснай) геофизическай эспэдииссийэ Киинин уопут-мэтиэдьикэ баартыйатын начаалынньыга оҥорбуттара. 1969 с. Дьокуускайга баар территориятааҕы геология управлениетын уонна «Якутскгеология» ПГО кылаабынай геофизигынан анаабыттара. Бу тэрилтэҕэ үлэлээбит 22 сылбар арааһынан барытынан дьарыктаммытым: көмүһүнэн, алмааһынан, чоҕунан, ньиэбинэн, гааһынан. Быһата, сиртэн хостонорго сыһыаннааҕы барытын хаппытым.

4 БГД 1960 в тайге улучшено

– Урут геолог идэтэ тайҕаны, хонууга үлэни кытта ыкса сыһыаннааҕа. Оччолорго арамаантыка тыынын кытта сибээстииллэрэ, оттон индустриализация буолбутугар, ол барыта сүппүтэ диэн буолар. Ол төһө оруннааҕый?

 – Биһиги үлэлээн ааспыт кэммит геология көмүс үйэтэ дэнэр, үтүмэн үгүс арыйыы оҥоһуллубута. Оттон, баҕар, арамаантыка аҕыйыы быһыытыйбыт, офиска үлэ эбиллибит да буолуон сөп. Ол эрээри геологияттан хаһан да былдьаан ылыллыбат биир сүрүннээх, ол – кини инновациялаах хайысхата. Үгүстэр күн бүгүн геология уларыйда, IТ-технология күүскэ туттуллар буолла дии саныыллар: оннук буолбатах. Геология хайа да кэмҥэ, хаһан баҕарар хайаан да инновациялаах буолар. Геология эйгэтигэр хаһан баҕарар сонун, инники күөҥҥэ туттуллар оборудование туттуллар. Оттон ааспыт үйэ 50–80-с сылларыгар – алмаас геологията уонна геолог көрдүүр-чинчийэр үлэтэ балысханнык сайдыбыт кэмэ буоллаҕа. Геология оччолорго уопсастыбаннас улахан болҕомтотун ылара, сударыстыба геологияны сайыннарыыга кыаллары барытын оҥороро. Ол түмүгэр Саха сиригэр бүтүн аан дойду таһымнаах геология арыйыылара ситиһиллибиттэрэ. Оннук арыйыы үгэс курдук хонууга буолара.

5 БГД и Газелериди У Хан 19611961сыл

– 90-с сыллартан саҕалаан геологияҕа болҕомто ууруллуута мөлтөөбүтэ?

– ССРС эстибитигэр алмаас бырамыысыланнаһыгар уонна геологияҕа да ыарахан кэм бүрүүкээбитэ. Ол да буоллар үлэ букатыннаахтык тохтооботоҕо. Ол кэмҥэ геофизическай эспэримиэннэр «Якуталмаз» трескэ эрэ ыытыллаллара. Хойутуу АЛРОСА төрүттэммитэ. Дьэ, бу хампаанньаны тэрийии алмаас бырамыысылыннаһын салгыы сайыннарар кыаҕы биэрбитэ, оттон ол өрөспүүбүлүкэҕэ олус наада этэ. Ол саҕана – Арассыыйаҕа ырыынак сыһыаннаһыыта, тулалыыр эйгэни кытта экэнэмиичэскэй сыһыан саҕаламмыта. Улахан уларыйыылар буолбуттара. Ол гынан баран АЛРОСА атын транснациональнай хампаанньаларга дьүөрэлээбэтэҕэ. Билигин даҕаны саха хампаанньатын быһыытынан дириҥ уонна бигэ силистээх, тирэхтээх буолан, олоҕурбут үгэстэргэ тирэҕирэр.

АЛРОСА Саха сирин бүддьүөтүгэр киллэрэр кылаата сүҥкэн, ол да иһин АЛРОСА-ны биһиги өрөспүүбүлүкэбит социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытын локомотивынан ааттыыллара сөптөөх.

Интэриэһинэй чахчы:

Георгий Балакшин Арассыыйа биллиилээх поэта, Саха сирин хоту улуустарын эбэлэринэн биэс айар эспэдииссийэҕэ сылдьыбыт Евгений Евтушенколыын доҕордуу этилэр. Ол биэс сырыыттан үһүгэр Георгий Дмитриевич кыттыбыт. Кини «Алмазы и слезы» диэн, Евтушенко Саха сиригэр сыһыаннаах хоһооннорун түмэн таһаарбыт кинигэлээх.

– Кимберлиттээх туруупканы көрдөөһүҥҥэ сыһыаннаах диссертация көмүскээбитим диэтиҥ. Ол ньымалары АЛРОСА-ҕа киирбитиҥ кэннэ туһанар буолбуттара эбэтэр?..

– Диссертацияҕа киирбит бары кэриэтэ бырайыактарым олоххо туттуллубуттара. «Якутскгеология» кылаабынай геофизигин быһыытынан, мин ССРС Геологияҕа министиэристибэтигэр геофизика сиэксийэтин салайбытым. Онно алмаас геологиятыгар улахан үлэни – «Методические указания по поискам коренных месторождений алмазов на Сибирской платформе (Якутская алмазоносная провинция)» диэн туһалаах ыйыылары бэлэмнээн таһаарбыппыт. Ол үлэ бүтүн Сэбиэскэй Сойуус геологтарыгар уонна геофизиктэригэр барыларыгар директивнэй докумуон буолбута. Ыйынньыкка геолого-геофизическай ньымалар холбоһуктара олоччу киирэ сылдьар. О.и. сейсморазведка курдук олус сыаналаах, булгуччу уустук оборудованиены туһанары ирдиир, ол гынан баран геологияҕа муҥутуур эрэллээх көрдүүр-чинчийэр ньыма эмиэ киирсэр.

АЛРОСА-ҕа мин 1998–2018 сылларга үлэлээбитим, онно эмэ ити ньымалары күүскэ туһаналлара. Күн бүгүн сейсмическэй ньымалары АЛРОСА-ҕа  үрдүк таһымҥа, тупсарыллыбыт технологияны туһанан тутталлар.

3Богатых и БГД 19781978 сыл

– Саха сиригэр төһө кимберлиттээх туруупка арыллыбыта, онтон төһөтө барыстааҕый (рентабельнайый)?

– Алмаастаах сир көрүҥэ араас уонна таба тайанарыҥ да уустук. Саха сиригэр 1100-тэн тахса кимберлиттээх туруупка көстүбүтүттэн 15-э бырамыысыланнай таһымҥа хостонор алмаастаах. Уоннааҕы туруупкалар рентабельностара ону туһаҕа таһаарыы ньымалара төһө тупсалларыттан эмиэ тутулуктаах. Ону таһынан кимберлиттээх сирдэр (кимберлитовое тело) дьапталҕаламмыт көрүҥнэрэ да уларыйан иһиэхтэрэ.

Манна даҕатан эттэххэ, соторутааҕыта «даечнайдыҥы» тииптээх диэн ааттанар, «Майская» кимберлиттээх сир арыллыбыта. Итинник тииптээх алмаастаах пласт уһаты тардыллыбыт курдук, сытыары моһуоннаах уонна олус кэтитэ суох буолар. Ити сири аан бастаан арыйбыттар ортолоругар геолог доҕотторум Александр Толстов уонна Григорий Копылов бааллар. Кэнэҕэһин, хаһан эмэ өссө да атын сытыары дьапталҕа (пластово-горизонтальнай) быһыылаах алмаастаах сирдэр көстөн иһиэхтэрэ. Оттон уонна киэҥ иэннээх Саха сиригэр алмаас көстөр кэскиллээх сирдэр бааллар.

– Алмааһы кытта ханнык аргыс минераллар хостоноллоруй?

– Пироп (кытархайдыҥы өҥнөөх), оливин (от күөхтүҥү) уонна хара дьүһүннээх пикроильменит диэн бааллар. Бу минераллары эмиэ ювелирнай дьыалаҕа туһаныахха сөп. Ол гынан баран бырамыысыланньыктар, урбаанньыттар онно интэриэстээхтэрэ билиҥҥитэ көстүбэт.

2 БГД на электроразведке ЭПП

Үлэлээбит кэмҥиттэн ордук өйгөр умнуллубаттыы хаалбыт түгэниҥ тугуй, саҥа алмаастаах сири арыйыы буолуо?

– 1964-1968 сс. Анаабырга үлэлии сылдьыбыппыт. Онно геофизическэй баартыйа начааалынньыга этим. Ол сылларга биһиги 80 кимберлиттээх туруупканы арыйбыппыт. Ол эрээри онтубутуттан 5 эрэ туруупка алмаастааҕа. Оттон бырамыысыланнай таһымҥа сөптөөх биир да суоҕа.

Ыстатыыстыка көрдөрөрүнэн, биир алмаастаах сири таба тайанаргар 100 кимберлиттээх туруупканы булуоххун наада.

– Быйыл Геолог күнэ муус устар 2 күнүгэр түбэһэр. АЛРОСА геологтарыгар туох олоҕурбут үгэс баарый?

– Баҕар, олус судургу курдук өйдөнүө буолан баран, ол үтүө үгэс биһиэхэ – истиҥ доҕордоһуу. Геологияҕа үлэлээбиттэрии үйэлэрин тухары доҕордуу хаалаллар. Хампаанньаҕа үлэлээбиттэр сибээспитин хайа да түгэҥҥэ быспаппыт.

 Андрей Шилов
суруйуутуттан
 ЛОһУУРА тылбааһа.