Саха сиригэр Гражданскай сэрии устуоруйатыгар саамай биллэр, эмиэ да биллибэт курдук, ол иһигэр мөккүөрдээх киһинэн 1922 с. тоһуурга түбэһэн, 46 сааһыгар өлбүт Н.А. Каландаришвили буолар. Сэбиэскэй былаас кэмигэр кини Сибииргэ гражданскай сэрии дьоруойунан ааҕыллара.
Сыҥаах хоҥноруута
Гражданскай сэрии кэмигэр наҕараада ураты хорсун быһыы иһин бэриллэрин ааҕыстахха, кини Кыһыл Знамя уордьанынан 1921 с. алтынньы 6 к. наҕараадаламмыта, чахчы, харса суох, сатабыллаах сэрииһит буоларын көрдөрөр. Урутаан эттэххэ, өлүгүн сайын сөмөлүөтүнэн Иркутскайга илдьибиттэрэ, көмүүтүн хаартыскатын көрдөххө, сүрдээх элбэх киһи мустубута кини Кыһыл аармыйа улахан хамандыыра буола сылдьыбытын бигэргэтэр.
Бу ыстатыйаҕа кини байыаннай, бэлитиичэскэй мэтириэтин араас докумуоҥҥа, аһаҕас суруйууларга тирэҕирэн, чинчийэн көрүөххэ. Бастаан будулҕан дьыллар кэтэхтэриттэн Каландаришвили өлбүтүн кэннэ, Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин командующайынан анаммыт, Монголияҕа Унгерн барон кыттыгаһа Кайгородовы, Саха сиригэр Пепеляев генералы үлтүрүтүү иһин икки Кыһыл Знамя уордьанынан наҕараадаламмыт Гражданскай сэрии дьоруойа, Саха сиригэр олорбут, Мэҥэ Хаҥаласка көмүллүбүт К.К. Байкалов “Дедушка Каландаришвили” диэн ахтыытын билсиэхпит. Онтон салгыы Новосибирскай устуоруйаҕа институтун ыстаарсай научнай сотруднига, устуоруйа билимин хандьыдаата А.Г. Тепляков “Нестор Каландаришвили мэтириэтигэр (1876-1922): уголовник-авантюрист, бартыһаан уонна кыһыл хамандыыр” диэн 2018 с. суруйбут ыстатыйатыгар, Сибииргэ Каландаришвили сэриилэспит сирдэригэр хаалбыт ахтыыларга, докумуоннарга суруллубутунан Н.А. Каландаришвили мэтириэтин ойуулуурга холонуоҕуҥ. Ол түмүгэр кини тоһуурга өлбөтөҕө буоллар, Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы утары өрө турууну хайдах тохтотуон сөп этэй диэн ыйытыыга тустаах сабаҕа ойууланан тахсыан сөп.
Карл Байкалов ахтыыта
Кини оччолорго Каландаришвилины “Сибиир бартыһаана” диэн араас арбааһыннаах суруйуу, күүркэтиилээх номох элбэх, ол эрээри кинини байыаннай өттүнэн уонна этэрээтин бэлитиичэскэй оруолун дириҥник үөрэтэн, кырдьыгынан көрөн сыаналааһын суох диэн бэлиэтиир.
Байкалов: “Сколько, когда и где "дедушка имел "героических" сражений, сколько, когда и где он одержал "блестящих побед", какие, когда и где им освобождены районы от белогвардейцев, с восстановлением в них власти советов и.т.д. Панегирик, а тем более устные предания дают совершенно неудовлетворительные ответы на подобные вопросы, между тем как только конкретные и точно установленные данные дают право и возможность говорить об "известности", "популярности, "героизме" и.т.д. как "дедушки", так и его отряда”. – диэн суруйар. Каландаришвили Дедушка диэн аатын сахалыы Оҕонньор диэн тылбаастаан туттуум. “Эһэ”, “Кырдьаҕас” диэн тыллар барсыбат курдуктар.
Байкалов Оҕонньору кытта, кылгастык да буоллар, бииргэ сэриилэспит. Сэриигэ киһи иһэ-таһа түргэнник биллэр. Онон кини суруйуутун номоххо олоҕуран эбэтэр бэрт былдьаһан дьоруой оруолун намтаппыт диэн уорбалыыр сатаммат. Кини Оҕонньору бэйэтэ көрбүтүгэр олоҕуран, сыаналаан тус бэйэтин санаатын суруйбутун сымыйа диэбэккин.
Байкалов хамаандалаабыт 350 байыастаах Верхоленскайдааҕы кыһыл бартыһааннарын этэрээтэ Каландаришвили 1500 киһилээх этэрээтигэр холбоспут. 1919 с. сэтинньититтэн 1920 с. тохсунньу 20-гэр диэри бииргэ сэриилэспиттэр. Байкаловка 20-тэн тахса хомуньуус, хомсомуол баар буоллаҕына, Оҕонньорго биир да суох, бары «анархыыстарбыт» дииллэр эбит. Оҕонньор бастакы этэрээтин тэрийиэҕиттэн анархыыстар хара былаахтарын аннынан сэриилэспит. Кини, ыйааһынын ыаратан, бэйэтин бэлиитикэ иһин хаатыргаҕа сылдьыбытым диирин Байкалов итэҕэйбэт, холуобунньук анархыыс буоларын саптынар диэн ааҕар. Байкаловтаах ылбыт дэриэбинэлэригэр, ревком дьиэтин үрдүгэр кыһыл былааҕы ыйыылларын Оҕонньор дьоно күлүү гыналлар үһү. Байкалов Оҕонньор этэрээтэ ити сыл Өлүөнэ баһынан сырыытын барытын бэрэбиэркэлэппит. Каландаришвили биир да ревкому олохтооботох. Нэһилиэнньэ тэрийиҥ диирин “былааһы тэрийии биһиги дьыалабыт буолбатах, биһиги былааһы барытын утарабыт” диэн аккаастаан испит. Онон дьон урукку земскэй управалары тилиннэрэр эбиттэр.
Оҕонньор этэрээтин сүрүн тирэҕэ – гвардията – 250-350 холуобунньуктартан, атын 1200 саллаата Колчагы утары турбут боростуой бааһынайдартан турарын ыйар. Оҕонньор Байкаловы, 1905 сылтан баартыйа чилиэнин, сыылкаҕа сылдьыбыт киһи диэн солбуйааччытынан уонна контрразведка начаалынньыгынан анаабыт. Байкалов итини кини бэйэтин баҕатынан буолбакка, Иркутскайга чугаһаан иһэрбитинэн, онно баар бассабыыктар былаастарыгар “хайыҥ охсунан, бэлиитикэлээбитэ” диэн быһаарар.
Өр буолбакка, бу атын-атын идеологияны тутуһар икки хамандыыр өйдөспөттөрө дириҥээн барбыт. Байкалов “бөрөлөр тот, барааннар тыыннаах сылдьалларын туһугар” элбэҕи тулуйбутун кэпсиир. Оттон Оҕонньор “Байкалов бассабыык баартыйатын чилиэнэ буолан, мин этэрээппин былдьаан киниэхэ биэриэхтэрэ” диэн ордук саныыр эбит.
Кыһыллар баайдарга, атыыһыттарга, кулаактарга контрибуция түһэрэр буоллахтарына, Оҕонньор бүтүн дэриэбинэҕэ барытыгар түһэрэр, оттон байыастара кими баҕарар халыыллара көҥүл. Хомуллубут ас-үөл, баай, харчы учуоттаммат, ким ылбыта, ханна барбыта биллибэт. Уус Ордаҕа олордохторуна, түүн бүрээт ревкомуттан Оҕонньор 12-15 киһилээх этэрээтэ Александров диэн бүрээт баайын көмүһүн, түүлээҕин уо.д.а. баайын халаабыттарын кэлэн үҥсүбүттэр. Байкалов буруйдаахтары тутаттаабыт. Сарсыарда Оҕонньор айдаан бөҕөнү тардыбыт, “мин дьоммун босхолоо” диэбит. Бирикээһи толорон босхолообут, ол эрээри ол бүрээт баайын ханна гыммыттарын билбэппин диэбит.
«Каландаришвили төһө да халыыр-талыыр майгылаах этэ» диэтэр, анархыыс буолан, хаһан даҕаны билиэн түбэспит дьону ыппат, өлөрбөт эбит. Барыларын босхолоон иһэр, этэрээтигэр ылар эбит. Холуобунньуктары саамай хорсун сэрииһиттэринэн ааҕарын, өрүү “Бастилияны “босяктар” ылбыттарын санатарын ханна аахпыта буолла диэн дьиктиргиир.
Оҕонньор эрэстэрээннээн, арыгылаан, киэҥник күүлэйдээн олорбутун, Иркутскайга командующайы утары интригалыырын суруйбут.
“Туох интригатай?” диэтэххэ, Иркипедияҕа суруллубутунан, Каландаришвили 1919 с. тохсунньутугар бэйэтин Иркутскай тула баар бартыһааннар кылаабынай командующайдарынан биллэриммит эбит. Ити Сибиир хотугулуу-илин кыһыл бартыһааннарын фронун командующайа Д.Зверев былааһын былдьаһыы буолан тахсыбыт. Губревком тулуйбакка, хаста да хамандыырыттан уста сатаабыт да, сырыы аайы куоракка үрүҥнэр чугаһаан эбэтэр атын да сабыытыйалар тахсан, Оҕонньор тыытыллыбакка хаалан испит.
1920 с. кыһыныгар Оҕонньор этэрээтин 2 ротаҕа диэри кыччаппыттар уонна Чита оройуонугар дьоппуоннары уонна Семёнов атамааны утары ыыппыттар. Байкалов Каландаришвили дьоно манна, чахчы, дьоруойдуу сэриилэспиттэрин бэлиэтиир. Оҕонньор этэрээтин иннигэр бүлүмүөттэртэн куттаммакка, саабылатын өрө тутан, утары сүүрдэн киирэн кыайбыттар. Каландаришвили онно хас да сиринэн бааһыран баран, эмтэнэн үтүөрбүт. Ити чахчы Оҕонньор авантюрист майгылааҕын көрдөрөр.
Байкалов Каландаришвилины бүтэһигин Верхнеудинскайга госпитальга эмтэнэ сыттаҕына киирэ сылдьан көрсүбүт. Ити тиһэх көрсүһүүлэрэ буолбут.
Ленин сабыдыала
Оҕонньор 1921 с. ахсынньытыгар Саха сиригэр өрө турууну хам баттыы 500 киһилээх этэрээттээх айаннаабыт. Байкалов этэринэн, Саха сиригэр барарга бэйэтинэн тылламмыт.
Иркипедияҕа “Каландаришвили: анархыыс суола” ыстатыйаҕа суруллубутунан, Каландаришвили Ленини, Троцкайы кытта иккитэ көрсө сылдьыбыт. Бастаан 1920 с. Оҕонньор Кытай байыаннай миссиятын арыаллыы Москубаҕа тиийбитигэр көрсүбүттэр. Онно Ленин номоххо киирбит “Мин эйигин итэҕэйэбин, убаастабыллаах Сибиир Дедушката” диэбит тылларын истибит. Ленин сабыдыалынан буоллаҕа, Иркутскайга кэлэн баран, 1921 с. тохсунньутугар анархыыстартан арахсан, бассабыык баартыйаҕа киирбит.
Номоххо кэпсэнэринэн, Ленин кини элбэх омуктартан турар этэрээти хамаандалаан сэриилэһэрин туһунан кэпсээнин ордук сөбүлээбит. Каландаришвилины Саха сиригэр сэбиэскэй былааһы утары өрө турууну хам баттыыр этэрээт уонна Саха сирин сэбилэниилээх күүстэрин командующайынан аныылларыгар ол улахан төһүү буолбут диэн сабаҕа эмиэ баар.
Каландаришвили этэрээтин ыһыллыыта
Дьокуускайга кэлэн иһэн этэрээтигэр саллааттары хомуйа-хомуйа кэлбит. Бодойбоҕо кэлэн баран олохтоох былаастарга сыылкаҕа ыытыллыбыт Тамбовка хам баттаммыт Антонов өрө туруутун кыттыылаахтарын “штрафбат курдук” биэриҥ диэн этии киллэрбит. Ити кыһылларга барыстааҕа: өллөхтөрүнэ ким да харыһыйбат. Ол дьон буруйдарын боруостаары ханнык баҕарар хааннаах сорудаҕы толоруохтарын сөбө. Ол эрээри, чахчы, Антонов дьоно киниэхэ киирбиттэрин туһунан биллибэт.
...Оҕонньор ыстааба 1922 с. кулун тутар 5 күнүгэр тоһуурга түбэһэр. Тоһуур тэрийбит бастаанньыстары С.Михайлов, атыттар Николаев диэн нуучча эписиэрэ хамаандалаабыта дииллэр. Оттон Байкалов бырааттыы Кириллиннэр 300 киһилээх этэрээттэрэ этэ диэбит. Ити ахтыытын хойут суруйбута, онон Кирилловтары Кириллин диэн бутуйбут, Николаев, С.Михайлов ол этэрээккэ киирэ сылдьыбыт буолуохтарын сөп.
Байкалов Дьокуускайга кэлэн баран, Каландаришвили этэрээтигэр Иркутскайтан барарыгар помполитынан (комиссарынан) анаммыт С.Ю. Широких-Полянскай “Оҕонньор этэрээтин байыастара атын хамандыыры ылымматтарын, дьиссиппилиинэтэ суохтарын, бэлитиичэскэй, культ-маассабай үлэҕэ кыттыбаттарын, холуобунай тыын, анархыыстыы санаа наһаа күүстээҕин” туһунан суруйбут үҥсүүтүгэр олоҕуран, 5-с аармыйа салалтатыгар ыһарга туруорсубут. Үөһэттэн кэлбит анал бирикээһинэн Каландаришвили этэрээтэ ыһыллыбыт, байыастары атын чаастарга тарҕаппыттар. Байкалов Широких-Полянскайдыын Монголияҕа Кайгородов атамааны утары бииргэ сэриилэспиттэр, Дмитрий Фурманов курдук дьиҥнээх комиссар этэ диэн суруйбута улаханнык ытыктыырын биллэрэр.
Байкалов Оҕонньор хамандыырдарыттан анархыыс, кэлин бигэ хомуньуус буолбут Ноганы үчүгэй киһи диэн ахтар.
Дьиктитэ диэн, Байкалов ахтыытыгар аатырбыт кыһыл хамандыыр И.Строд туһунан биир да үчүгэй тылы эппэтэх, бэл, аатын ааттаабат. Арай Каландаришвили чаастарыттан “биир эрэ дьиссиппилиинэлээх, сэриилэһэр кыахтаах 120-чэ байыастаах этэрээт хаалбыта. Кинилэр Бүлүү эспэдииссийэтигэр, Саһыл Сыһыыга уо.д.а. сэриилэргэ үчүгэйдэрин көрдөрбүттэрэ” диэн суруйбут.
Строд 1918-1922 с. анархыыс этэ, Каландаришвили этэрээтигэр 1919 с. холбоһон сэриилэспитэ, батальон, пуолка хамандыырыгар тиийэ үүммүт. Строд ити Байкалов эппит этэрээтэ Н.А. Каландаришвили аатын сүгэн элбэх кыргыһыыны, ол иһигэр Саһыл Сыһыыны туораабыта. Ол эрээри Строд этэрээтин аатыгар кэлин, кэм ыраатан буолуо, Оҕонньор аата умнуллан барбыт.
Оҕонньор аатын, дьоруой уобараһын Сэбиэскэй Сойуус таһымыгар тилиннэрии, албан аатырдыы 1973 с. “Сибирский дед” диэн “Грузия-фильм” киинэтэ тахсыбытын кэннэ салҕаммыт.
Оҕонньор мөккүөрдээх уобараһа
Устуоруйа билимин хандьыдаата, РНА СО Новосибирскайдааҕы устуоруйа институтун дассыана А.Г. Тепляков “Нестор Каландаришвили (1876-1922): холуобунньук-авантюрист, бартыһаан уонна кыһыл хамандыыр” диэн ыстатыйатыгар «Оҕонньор сэбиэскэй кэмҥэ номохтортон тупсарыллан үөскээбит дьоруойдуу уобараһа устуоруйа чахчыларыгар олоҕурбат» диир. Кини Каландаришвили бастакы биограба В.Е. Кожевин Оҕонньор бэйэтин арбанан суруйбут автобиографиятыгар, номохторго олоҕуран, олус тупсарбытын ыйар.
Тепляков ыстатыйатыгар, архыып докумуоннарыгар олоҕуран, Каландаришвили курдук холуобунай кыдьыктаах дьон Гражданскай сэрии бутуурдаах кэмигэр түргэнник дьүһүн кубулуйан, адаптацияланар, өссө ааттарын устуоруйаҕа хаалларар гына үрдүүллэрин суруйбут.
Докумуоннар кэпсииллэринэн, эдэр Нестор өрөбөлүүссүйэ инниттэн кириминээлгэ сыстыбыт. 1917 с. диэри өрөбөлүүссүйэ дьыалатынан дьарыктаммыта көстүбэтэх. Дойдутугар 1905 с. өрөбөлүүссүйэ кэмигэр халааһын, харчыны уоруу курдук буруйдарга уорбаланан, Грузияттан куотан Иркутскайга тиийбит. Доҕотторо дойдутугар жандармнартан дьыалатын атыылаһан, бэйэтин аатынан олорбут. 1910-1914 сс. бэлииссийэ архыыбыгар баппат майгытынан, биир дойдулаахтарын бөлөҕүн мунньан наар холуобунай дьыалаларга, ол иһигэр бассыыбай харчы оҥоруутугар эҥин хаста да эриллибитэ ахтыллар. Ол иһигэр биир атыыһыты харчы иһин өлөрүүгэ холонууга буруйдана сылдьыбыт да, дьоно баһылыкпыт диэн этэн биэрбэтэхтэр. Кэлин «өрөбөлүүссүйэ иһин охсуһууга кылааттаахпын» диэн тупсаран, күбүрүнээтэри өлөрө сатаабытым диэн бэлиитикэлиир эбит.
Хара былаах аннынан
Өрөбөлүүссүйэ бууннуур, ханнык да сууту-сокуону билиммэт майгытыгар сөп түбэһэн, Каландаришвили 1917 с. уонча биир дойдулаахтарыгар тирэҕирэн, 60 киһилээх этэрээт тэриммит. Иркутскайга юнкердар өрө турууларын хам баттааһыҥҥа кыттыбыт. Кожевин, төһө да тупсара сатаатар, Оҕонньор үөһээҥҥи командование бирикээстэрин истибэтин, нэһилиэнньэни халыыр чахчыларын билинэр эбит.
Каландаришвилины көмүскээччилэр “өскөтүн кини бандьыыт буоллаҕына, тоҕо сэбиэскэй бырабыыталыстыба кинини эппиэттээх учаастактарга, үрдүк дуоһунастарга аныырай?” диэн билигин да этэллэр.
Оччолорго Сэбиэскэй былаас өстөөхтөрүн кыайарга араас күүһү куомун оҥостубут холобура элбэх. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин хаҥас эсердэри кытта оҥорбуттара. Гражданскай сэрии ыарахан кэмнэригэр Украинаҕа Махнону кытта бииргэ үрүҥнэри үлтүрүппүттэрэ. Ол курдук, Оҕонньор этэрээтэ эмиэ кыһылларга наада этэ, онон кини араас кубулҕатын тулуйаллара үһү.
Каландаришвили хамаандалыыр этэрээтэ кыһыл былаах аннынан сэриилэспэтэх. Иркутскайга тэрийбит анархыыстар, хомуньуустар, интернационалистар бастакы кавалерийскай дивизионнара аҥаар өттүгэр “Халаммыты халаа” (Грабь награбленное) диэн Ленин тыллара, иккис өттүгэр “Анаархыйа – бэрээдэк ийэтэ” уонна харатыгар кириэстии тутуллубут киһи уҥуоҕун үрдүгэр чөмчөкө уруһуйдаах хара былаах аннынан сэриилэспит. 1920 сыллаахтан Оҕонньор былааҕа уларыйан, кыһыл-хара өҥнөммүт, “Батталы барытын суох гыныахпыт” диэн суруктаммыт. Былаах аллараа харатыгар кириэстии тутуллубут киһи уҥуоҕун үрдүгэр чөмчөкө уруһуйдаах сылдьыбыт. Саха сиригэр ханнык былаах аннынан сэриилэһэ кэлэн испитэ биллибэт.
Халыыра, бэл, үрүҥнэри кыынньыыр эбит
Байкалов Оҕонньор нэһилиэнньэни бас баттах, аҥаар кырыытыттан халыыр майгылааҕын суруйбутун Тепляков бигэргэтэр. 1918 с. 600-700 киһилээх дивизиона Семёнов атамааны утары сэриилэспит. Онтон үрүҥ чехтэр, өрө туран, хотторон куотан иһэн, бүрээттэртэн, хаһаактартан көмүс, харчы, атын да элбэх баайы халаабыттар. Эмиэ ити кэмҥэ Кяхта куорат бааннарын халаан ылбыт элбэх кыһыл көмүһүн дьылҕата билиҥҥэ диэри биллибэт, куотуу кэмигэр өрүскэ хараабылы кытта тимирбит диэн сабаҕа баар.
Кини этэрээтэ нэһилиэнньэни олус халыыра үрүҥнэри эмиэ кыынньыыр эбит. 1918 с. Оҕонньор 400 киһилээх этэрээтэ үрүҥнэргэ бэриммитигэр “эйэлээх нэһилиэнньэни түүрэйдээһин, халааһын” иһин 27 киһитин ыппыттар. Эдэрдэри босхолообуттар.
1918 с. бүтүүтэ Оҕонньор инники тэрийбит 2 тыһ. киһилээх этэрээтин үрүҥнэр үлтүрүтэн, 70 эрэ киһи хаалбыт. Сэтинньи бүтүүтэ хаалбыт дьонугар 9 тыһ. оччолорго эргииргэ сылдьар ыраахтааҕы харчытын биэрэн баран дьиэлэригэр ыыталаабыт. Бэйэтэ аҕыйах чугас дьонун кытта Иркутскай чугаһыгар Иннокентьевская ыстаансыйаҕа икки этээстээх дьиэ атыылаһан, боростуой киһи буолан, саһан олорбут. Оттон Иркутскай подпольеҕа сылдьар бассабыыктара үрүҥнэри куттаан, «Оҕонньор 2 тыһ. киһилээх улахан этэрээттээх тайҕаҕа сэриилэһэ сылдьар» диэн сурах бөҕөнү ыыта олорбуттар.
Оҕонньор, автобиографиятыгар ити номоҕу бигэргэтэн, икки тыһ. саллаатын кыра-кыра этэрээттэргэ бытарытан үрүҥнэри сэриилэтэ тайҕаҕа барытыгар ыспытым диир эбит. 1919 с. сааһыгар Иркутскайтан сибээскэ кэлэ сылдьыбыт бассабыыктар подпольеларын киһитэ Оҕонньор 7 эрэ киһилээҕин отчуоттаабыт. Колчак мөлтөөн барбытыгар этэрээтэ хаттаан улааппыт. Байкалов, Мишарин диэн хамандыырдар этэрээттэрэ холбоһон Иркутскай бартыһааннарын фрона диэн ааттаммыт.
Бүрээттэргэ хаалбыт хааннаах суол
Оҕонньор бартыһааннара бүрээттэргэ, Семёнов атамааҥҥа кыттыбыттарын иһин буолуо, кырыктаахтык сыһыаннаспыттар. Элбэх баайдарын, дацаннарын халыылларын, өлөрөллөрүн туһунан Сэбиэскэй былаас олохтообут ревкомнара Иркутскайга үҥсэллэр эбит.
Бүрээттэргэ кыһыллар сыһыаннарын туһунан Д.К. Номоконов диэн киһи ахтарынан, олохтоохторго «үрүҥнэргэ кыттыы», хас биирдии кыһыл бартыһаан дьиэ кэргэнин киһитин өлөрүү иһин, эһиги дьоҥҥутуттан уоннууну суох гыныахпыт” дииллэр эбит. Ити Саха сиригэр кыһыл триумвират сахалары барыларын эстэххэ эрэ хотобут диэн үөһээттэн көҥүл көрдүүллэрин санатар.
Бүрээттэр тоҕо Семёновка, Унгерҥҥа киирэллэрэй? Лазо кыһыл бартыһааннара олох аһаҕастык “ити үөннэри халааҥ” диэн тыллаахтар эбит. 1918 с. олунньутугар Даурияҕа уонна Маньчжурияҕа сэрии саҕаламмытынан, кыһыллар бүрээттэртэн аттарын, астарын-таҥастарын көрдөөбүттэр. Биэрбэтэхтэринэ халаан, былдьаан ылаллар эбит. Семёнов атамаан сэриилэрин оперативнай сводкаларыгар кыһыллар халааһыннарын туһунан элбэхтэ суруллубут. Оттон Семёнов ылбыт сирдэригэр кыһыллартан эмсэҕэлээбит хаһаактарга, бааһынайдарга, бүрээттэргэ босхо бурдук, саахар, чай биэрэрэ үһү. Кыыллыы сыһыаны тулуйбакка, уруккута былаас уларыйарыгар кыһамматах бүрээттэр үрүҥнэргэ сыстан барбыттар. Семёнов атамаан Читаҕа кииннээх Арассыыйа илиҥҥи уһуга диэн судаарыстыба тэриммитигэр, илиҥҥи буряттар 1918 с. бүтүүтэ тэриммит Норуодунай дуума диэн автономиялана сылдьыбыттар.
1920 с. алтынньытыгар Оҕонньор этэрээтэ Читаны ылыыга, Семёнов атамааны үлтүрүтүүгэ кыттыбыт. Манна Семёновы өйөөбүт бүрээттэр кыыллыы кыргыллыбыттар. Холобур, Агинскай аймак Хамниган-Бурятскай хошунун үс сомона кураанахтаммыт. Атын икки сомон 6 тыһ. киһититтэн 200-чэкэ эрэ хаалбыт. Элбэх киһи кыргыллан, 1921 с. кулун тутарыгар диэри көмүллүбэккэ истиэпкэ сыппыттар. Тыыннаах хаалбыттар Монголияҕа куоппуттар. 1921 с. кини сайылаталаан ааспытын кэннэ, Бырцинскай дацанын аттыгар 70-тан тахса манаахтар, дьахталлар, оҕолор өлүктэрин булбуттар. Бүрээттэри Семёнов аармыйатыгар сэриилэспиттэрин иһин, «Сэбиэскэй былааһы утары турбут туора омуктар» диэн ким да харыһыйбатах. 1920 с. Оҕонньор бартыһааннара бүрээт кыргыттарын, дьахталларын күүһүлүүллэрэ докумуоннарга хаалбыт.
Ити сыл бүтүүтэ наһаалаабыттарыгар, 5-с аармыйа салалтата кини бартыһааннарын Сэбиэскэй былаас аптарытыатын түһэриигэ буруйдаабыт. 1920 с. олунньутугар Сибревком 5 аармыйа түрүбүнээлин байыаннай силиэдэбэтэлэ Н.Фельдмаҥҥа Оҕонньор этэрээтигэр силиэстийэ ыытар мандаат биэрбит. Ол эрээри, дьыала сэрии өссө бара турарынан, Оҕонньор этэрээтэ кыһылларга байыаннай-полицейскай дьайыыларга наадатынан тохтотуллубут.
Кыһыл кэриэйдэри хам баттааһын
Каландарашвилины «Корея бастакы революционнай байыаннай чаастарын тэрийии төрдүгэр турбута» диэн, аан дойду таһымнаах байыаннай хамандыыр курдук көрдөрөргө холонуу баар. Ол эрээри, докумуоннар бигэргэтэллэринэн, Оҕонньор кэриэйдэри дьоппуоннартан босхолуур этэрээти тэрийэр былааны, төттөрүтүн, тохпут киһи эбит.
1920 с. күһүнүнүгэр Япония колонизатордарын утары сэриилэһэр кэриэй бартыһааннарын этэрээттэрэ ыктаран, Хотугу Маньчжурияттан Амурга, оччолорго баар Уһук Илин Өрөспүүбүлүкэтигэр куоппуттар.
Иркутскайга Коминтерн Уһук Илиннээҕи секретариатын салайааччыта Б.З. Шумяцкай төбөтүгэр, Иркутскайга кииннээн, Корея революционнай аармыйатын тэрийэн, Маньчжуриянан Япония батталыттан босхолуу Кореяҕа ыытар баламат былаан үөскээбит. Корея өрөбөлүүссүйэтин байыаннай чаастарын тэрийиини Каландаришвилига сүктэрбит. Ол эрээри кэриэй аармыйатын тэрийии оннугар улахан трагедия тахсыбыт.
Харчыта, аһа-таҥаһа суох сэбилэниилээх кэриэйдэр, олохтоох былаастарга бэриммэт, нэһилиэнньэни халыыр буолан барбыттар. Каландаришвили кинилэргэ улахан боломуочуйалаах тиийбит. Кэриэйдэр кини хамаандатын истибэттэрин иһин, Суражевка диэн дэриэбинэҕэ баар хомуньуус кэриэйдэр кылаабынай этэрээттэрин үрүҥнэри курдук үлтү сэриилээн хам баттаабыт. 1026 киһиттэн 830 бэриммит, 100-тэн тахсаны өлөрбүттэр, сорох бааһырбыт, сорох куоппут.
Ол түгэн устуоруйаҕа “Амур быһылаана” диэн киирбит. Кэриэй хомуньуустарын этэрээтин кыргыыта аан дойдутааҕы айдааны тарда сыспыт. Кэриэйдэр Лениҥҥэ, Троцкайга тиийэ үҥсэн, “өрөбөлүүссүйэ экспорда” тохтообут.
Оҕонньор ыстаабын кыргыллыыта
Тепляков суруйарынан, Каландаришвилини “өрөбөлүүссүйэ өстөөхтөрүн” кытта кылгас кэпсэтиилээх каратель буоларын туһанарга быһааран, эмиэ Б.З. Шумяцкай этиитинэн, 1922 с. тохсунньутугар Саха сиригэр олохтоох сэбиэскэй былаас террорун уонна “великодержавнай бэлиитикэтин” тулуйбакка өрө турбут сахалары хам баттата ыыппыттар.
Строд суруйбутунан, Тиит Арыы телеграфиһа М.Виноградов бастаанньыстарга Каландарашвили этэрээтэ хайдах айаннаан иһэрин туһунан ыыппыт биллэриитинэн, Оҕонньор ыстаабын соҕотохтуу тутан өлөрүү кыаллыбыт.
Тепляков Оҕонньор этэрээтин ортотугар «кинини өлөрүүгэ ГПУ Саха сиринээҕи отдела кыттыгастаах» диэн провокационнай сурахтар үөксээбиттэр диэн суруйар.
Оччолорго Саха сиригэр күннээн-күөнэхтээн олорбут триумвират: Лебедев, Агеев, Козлов – Каландаришвили кэлэрин букатын сөбүлээбэтэ чахчы. Онон «үрүҥнэргэ көмөлөһөн, бэл, трехлинейка саа биэрэн, тоһуурга кыртарбыттар» диэн сабаҕа былыргыттан баар. Тоһуйбут этэрээккэ элбэх трехлинейка баара суруллар. Тыа дьоно, 1921 с. кыһын саҕаламмытын кэннэ тэнийбит өрө турууга кыттыбыттара. Хантан кылгас кэм иһигэр оннук элбэх бинтиэпкэни булуммуттара буолуой диэх курдуккун да, ити сабаҕа кэмигэр бигэргэммэтэҕэ.
Каландаришвили кэлбитэ буоллар, Саха сиригэр Гражданскай сэрии букатын атын хайысхаланыахтааҕа өйдөнөр. Бардам, быһымах майгылаах, бэйэтэ билэринэн сылдьар киһи Дьокуускайга кэлэн баран баартыйа, ГПУ, сэбилэниилээх күүстэр, губревком салалталарын, саха хомуньуустарын, интэлигиэнсийэтин кытта биир тылы булуо этэ диир уустук. Төттөрүтүн, кырыы, түҥкэтэх, киин былаас илиитэ тиийбэт сирэ диэн, тутаттаан, хаайталаан диктатордаатаҕына көҥүлэ этэ.
Инники Сибииргэ үрүҥнэри, бүрээттэри, кэриэйдэри хам баттаабытын курдук, өрө турбуккут бу баар диэн сахалары эмиэ хаанынан уһуннарыан сөбө. Аармыйатыгар холуобунньук, бандьыыт дьон элбэҕин Байкалов бигэргэтэр. Дэлэҕэ, чаастарын барытын ыһыахтара дуо?
«Каландаришвилига кыһыллар комиссарынан ыыппыт С.Ю. Широких-Полянскайдара оччотугар саха норуотун кыргыыттан быыһыыра кыаллыа этэ дуо?» диэн ыйытыы эмиэ эппиэтэ суох хаалар. Хомуньуус Байкаловтыын 1920 с. тапсыбатах Каландаришвили манна кэлэн Широких-Полянскайдыын өйдөһүөхтэрэ эбитэ буолуо дуо? Бу икки киһи манна туох сорудахтаах кэлбиттэрэ – устуоруйа кистэлэҥэ.
А. Тепляков ыстатыйатын: «Нестор Каландаришвили сэбиэскэй кэмҥэ дьоруойдар пантеоннарыгар бочуоттаах миэстэни ылара... Оттон Оҕонньор өр сыллаах криминальнай-террористическай уонна байыаннай олоҕор туох да дьоруойдуу суох. Улуу бутуур эпохатын типичнэй авантюриһа Каландаришвилины.... радикальнай социалистическай сүүрээннэр икки ардыларынан булкуллара бассабыыктарга аҕалбыта. Гражданскай сэрии кэмигэр кыһыллар диэки буолан, биллэр, харизмалаах хамандыыр, улахан этэрээти тэрийээччи буолбута. Ол эрээри бэйэтин туһугар сылдьыбыта, билиэннэйдэргэ, эйэлээх нэһилиэнньэҕэ кырыктаах сыһыаннааҕа. Бу тыһыынчанан дьон олоҕун быспыт карьератын түмүгэр Г.И. Котовскай курдук, үрдүк байыаннай-бэлитиичэскэй карьераланыан сөбө. Ол эрээри өрө турбут сахалар кинини байыаннай-коммунистическай бэрээдэги олохтооччу уонна хааннаах каратель быһыытынан көрөн, көмүскэнэн, олоҕо хобдохтук түмүктэммитэ”, – диэн түмүктүүр.
Владимир Степанов