«Наар ыарахан, бүтэн эрэбит» диир кэрэгэй соҕус. Киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор, оҕотун төрөппүт бэйэтэ иитэр. Дьиҥ сүрүнэ, үлэни таба тэрийдэххэ, ыччат тыа сиригэр олохсуйар кэмэ, дьэ, кэллэ.
Биһиги нэһилиэк ону бу 15 кэнники сылга дакаастаатыбыт диэхпин сөп, арбаныы курдук ылынымаҥ. Маҥнай баһылыкпыт эдэр киһи, баһыйар үгүс куолаһы ылан талыллаат да, бастаан бэйэтин тула кырдьаҕастары, үлэни үлэлээбит,олоҕу олорбут, үксэ мунньахтарга наар этинэр дьону мунньан сүбэлэһэн, күүһү түмүөххэ диэн тыа хаһаайыстыбатын кооперативын тэринэн, улахан утарсыынан улууска баар тэрилтэттэн арахсан, переработканы бэйэбитигэр ылан, баҕалаах, сулууспалаах дьонтон, сааһырбыттартан, сулууспалаахтартан сүөһү хомуйан, уопсай хотоҥҥо тутан көрүү саҕаламмыта, 6 сайылык сөргүтүллэн суола-ииһэ оҥоһуллубута.
Сүрдээх опыттаах, сатабыллаах,билиилээх т/х үлэтин баһылаабыт киһибит ити үлэни муоһалаан, салайан тэрийэн атаҕар туруорбута. Маҥнай улахан утарсыы, итэҕэйбэт буолуу элбэх этэ, тыа дьоно барахсан албыннаппыта элбэҕэ бэрт!
Ити улахан кэскиллээх үлэ саҕаланыаҕыттан нэһилиэк иккис тыынын ылан, дьэ, үлэ бөҕөтө буолбута. Нэһилиэк баһылыгын үлэтэ тыа хаһаайыстыбатыгар салалыннаҕына, ити салааны атаах оҕону бүөбэйдиир курдук чорботон санаатын уурдаҕына, дьоно-сэргэтэ «биһиги киһибит» диэн ылынар эбит. Куоракка үлэлии сылдьар 30-35 саастаах үөлээннээхтэрин ыҥыртаан аҕалан, оччотооҕу аһара бэркэ үлэлээбит «Жилище» федеральнай программанан дьиэ тутталларыгар субсидиянан көмө бөҕө оҥоһуллубута, 6-7 сыл устата сылга 5-6 саҥа толору хааччыллыылаах дьиэлэри туттан, эдэр ыаллар олохсуйан барбыттара, билигин номнуо орто саастаах ыал буоллулар.
Салгыы талыллыбыт эдэр баһылык үлэни сайыннаран, бэйэтин тула үөлээннээхтэрин мунньан, олох күөстүү оргуйар, үксэ эдэр дьон салайан, дьаһайан олороллор. Оскуола, уһуйаан, таас тутуулар, балыыһа, кулууп толору хааччыллыылаахтар, тэрилтэлэр салайааччылара бары 35-50 саастаахтар, онон бэйэлэрин тула эдэрдэри түмэллэр, көхтөөхтөр.
Бүгүҥҥү туругунан, 800 нэһилиэнньэлээх нэһилиэккэ 129 оҕо оскуолаҕа үөрэнэр, уһуйааҥҥа 50 оҕо сылдьар. 1250 ынах сүөһү, 500-чэ төбө сылгы баар. 150-ча массыына, 100-кэ трактор баар. 7 маҕаһыын үлэлиир. Дьон үксэ күн солото суох тиргиччи үлэ. Уопсастыбаннай да үлэттэн туора турбаттар. Тиэйэр-таһар үлэ, саһаан, дьыалабыай мас бэлэмэ – үксэ ыччат илиитигэр. Арыт сайын 5-кэ диэри чааһынай пилорама тиргиччи үлэлээччи. Онон хас биирдии киһи «бэйэм олохпун бэйэм оҥостобун» диэн салайтардаҕына, баһылык онно урууллуур, көмөлөһөр күүс буоллаҕына, тыа сиригэр олох тупсар, сайдар. Дьоммут-сэргэбит араас граннары, субсидиялары туһаналларыгар дьаһалта кэмигэр өйөбүлэ, көмөтө улахан суолталаах.
Кооператив үлэтэ киэҥ, элбэх, дьоммут үүт харчытынан дохуоттанан олороллор, сибиэһэй аһынан хааччыналларын таһынан тиэхиньикэни толору ылыналлар. Аҕам саастаахтарбыт оҕолоругар сүөһүлэрин түҥэтэлээн туспа хотоннотолообуттара, сорохторо кооперативка сүөһүлэрин туттаран, көрдөрөн астарын хааччыналлар, сайын оттууллар, сүөһү ииттинэргэ интэриэстээхтэр. Кыһыннары-сайыннары олохтоох кооператив маҕаһыыныгар үүт, сүөгэй, йогурт, суорат, арыы, бэйэ тушенката атыыланар. Бэйэбитигэр саҥа бойня үлэҕэ киирбитэ 2 сыл буолла.
Онон, хайа баҕарар тыа сиригэр баһылыгы бэйэбит талыахпытын уонна кини тула мустан, түмсэн үлэлиэххэ наада. Ол эрээри нэһилиэк-нэһилиэк син биир араас: ким эрэ кулууба, ким эрэ оскуолата, успуорда, эбэтэр хайа эрэ хайысхата уһулуччу үчүгэй буолан, ол өттүнэн сайдыан, аатырыан сөп эрээри... баһылык дьиҥ аһаан-таҥнан олорор хайысхабытын – тыабыт хаһаайыстыбатын, төрүт дьарыкпытын өрө тутуохтаах. Баһылык үлэтэ ити хайысханан сыаналаныахтаах. Дьон, харчылаах, астаах буоллаҕына, санаата кэлэн атын да эйгэҕэ көхтөнөр. Ону таба туһаныахха, өйдүөххэ, өйүөххэ эрэ наада.
Үлэни өрө туппут ыччат солото да суох, бэрээдэги кэспэт, толкуйа атын. Араас хайысхаҕа, т/х да өттүгэр, билигин өйөбүл, көмө дьиҥэр элбэх. Ону үлэлээн, бэйэ ис кыаҕын көрдөрөн баран, дьиҥ олох опытыттан тахсыбыт туруорсуулары үөһээ салалтабыт өйүүрэ, ылынара буоллар, олус бэрт буолуох этэ. Холобура, үүт харчытын лиитирэтин 120-150 солк үрдэтэн. Ханна харчы хамсыыр да, ыччат онно талаһар, күүстээх-уохтаах эрдэҕинэ тыаҕа олохсуйан сүөһү ииттэн кыаҕырарын тоҕо өйдүө суоҕай...
Аҕам саастаах дьоммут, «кыаммаппыт» дии-дии сүөһүлэрин эһэн, ипотека төлөһө түһэн баран сиэн оҕону уһуйааҥҥа, оскуолаҕа таһар аатыран уочаратынан куоракка кыстыы бараннар, оҕолор тыаҕа кэлбэттэригэр бэйэлэрэ усулуобуйа оҥороллор...
Онон, тыа сиригэр олох баар – дьаһаныахха, түмсүөххэ, кыахтаах,эдэр баһылык ыытар үлэтин өйүөххэ, сөптөөх ыйытыгы туруоруохха эрэ наада. Киһи аймах баарын тухары утарсыы, кыаллыбат боппуруос мэлдьи баар. Онон суланан бүтүөххэ. Бэйэбит олохпут бэйэбит эрэ илиибитигэр, өйбүтүгэр, кыахпытыгар баар!
Лидия Сергучева. Күндэйэ, Сунтаар