Бу күннэргэ биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, историк, Бүтүн Союзтааҕы история уонна культура памятниктарын Саха сиринээҕи отделениетын атаҕар туруорбут Үөһээ Бүлүү Бочуоттаах гражданина Иван Деевич Архипов 80 сааһын туолла.
Сэрии тулаайаҕа Иван Деевич Үөһээ Бүлүү биир түгэх нэһилиэгэр үгүс ученайдааҕынан биллибит Сургуулук нэһилиэгэр үрэх баһыгар уоттаах сэрии үгэннээн бара турдаҕына төрөөбүтэ. Аҕалара Дей Христофорович Европа норуоттарын фашистыы Германияттан босхолоһо сылдьан, кыргыһыы толоонугар геройдуу охтубута, көмүс уҥуоҕа Австрияҕа хараллыбыта. Ийэлэрэ улахан уолунуун Саввалыын кыра уолаттарын Никитаны, Уйбааны атахтарыгар инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан, эрэйинэн туруорбуттара. Уйбаан Деевич ахтарынан, оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэригэр 12 сыл интернакка олорбут, сэбиэскэй былааска махтала муҥура суох. Убайа Никита Деевич сахалартан биир бастакынан МГУ археология отделениетын бүтэрбитэ. Студенныыр сылларыгар биллиилээх академик-археологтар В.Л. Янин, Л.Р. Кызласов салалталарынан археологическай экспедицияларга сылдьыбыта. Билигин историческай наука доктора, Россияҕа биллэр улахан учуонай. Биирдэ аан дойдутааҕы научнай конференцияҕа Венгрия наукаларын Президенэ Саха сириттэн сылдьарбын билэн, анаан кэлэн Н.Д. Архиповы ыйытыласпыта, эҕэрдэ ыыппыта, МГУ-ка бииргэ үөрэммиттэрин кэпсээбитэ. Эҕэрдэтин Никита Деевичкэ тиэрдибитим, 5 сыл бииргэ үөрэммиттэр, дөксө биир хоско олорбуттар эбит ол улахан учуонайдыын.
Уйбаан дойдутуттан кэлэн, архивка үлэлээбит. Убайа МГУ-ны бүтэрэн кэлэн, СГУ-ка үлэтин саҕалаабыт, Сэргэлээххэ биир хоско олорбуттар. Табаарыстара ахталларынан, үөһээ бүлүүлэр түһэр, хонор сирдэрэ буолбут (оччотооҕуга Якутскайга гостиница аҕыйах, түһэр сир улахан проблема этэ). Онон эрэйдээхтик улааппыт сэрии тулаайахтара биир дойдулаахтарын, аймахтарын улаханнык абыраабыттар.
Архивка үлэлээн, убайыгар Сэргэлээххэ олорон Уйбаан Деевич сыыйа наука, университет эйгэтигэр киирэн барбыта, 1990 с. СГУ историческай факультетыгар профессор Г.П. Башарин салайар кафедратыгар лаборанынан үлэлии киирбитэ, кини үгүс сорудаҕын толорор буолбута, кафедра мунньахтарын бэлэмниирэ, үгүс биллилээх учуонайдары кытта бодоруспута, элбэххэ үөрэммитэ. Ити сылларга дойдубутугар музейдар, туризм сайдан барбыта, история, культура, архитектура памятниктарыгар сыһыан тосту уларыйбыта, Бүтүн Россиятааҕы памятниктары харыстыыр, көрөр-истэр Общество тэриллибитэ. Бу Общество Саха сиринээҕи отделениета бастаан утаа атаҕар туран быстыбатаҕа, улахан учуонайдар салайа сылдьыбыттара эрээри, олус туһалаах тэрилтэ үлэтэ кыайтарбатаҕа. Кэмниэ кэнэҕэс тэрилтэ председателинэн Совмин председателин солбуйааччытын М.П. Габышевы, кини солбуйааччытынан, эппиэттиир секретарынан И.Д. Архиповы талбыттара. Үлэ тута күөстүү оргуйбута, бастакы түмүктэр баар буолбуттара:
1. Оройуоннарга Общество салаалара (отделениелара) тэриллибиттэрэ, салайааччыларынан нэһилиэктэр, оройуоннар патриоттара талыллыбыттара: Тааттаҕа – И.А. Уваров, Чурапчыга – Г.Д. Ефимов, Аммаҕа – Д.С. Лонгинов, Мэҥэ-Хаҥаласка – И.Д. Филиппов, Р.Г. Васильев, Намҥа – И.З. Кривошапкин, Хаҥаласка - С.Д. Иванов, Бүлүүгэ – Е.М. Никифоров, Ньурбаҕа – К.Д. Уткин, Үөһээ Бүлүүгэ – К.С. Чиряев, Сунтаарга – Г.Е. Федоров, Дьокуускайга – А.Д. Сивцев – Дойду, К.Д. Туралысов, В.Ф. Яковлев, С.Н. Сизых курдук сэрии, үлэ, партия ветераннара, биллиилээх краеведтар, архитектордар уо.д.а. күүскэ үлэлээбиттэрэ. Уйбаан Деевич бу дьону кытта сүрдээх үчүгэйдик үлэлээбитэ, миэстэтигэр көмө оҥороро.
2. Бэрт сотору кэминэн нэһилиэктэринэн, оройуоннарынан памятниктар испииһэктэрэ оҥоһуллубута, бигэргэммитэ, олус туһалаах кинигэ (брошюра) тахсыбыта. Памятниктарга мемориальнай дуоскалар оҥоһуллан ыйаммыттара. Эргэ памятниктары саҥардыы, реставрациялааһын, саҥалары оҥоруу республика үрдүнэн саҕаламмыта, оскуола оҕолоро, ыччаттар памятниктары көрөр, ыраастыыр, араас мероприятиелары ыытар буолбуттара. Бу барыта патриотическай үлэни күүһүрдүбүтэ.
3. Биир бастакынан XVII үйэҕэ тутуллубут Зашиверскай таҥаратын дьиэтин үөрэппит, хаартыскаҕа устубут, мээрэйдэрин оҥорбут биллиилээх архитектура докторанын, мас памятниктары реставрациялыыр А.В. Ополовниковы кытта билсэн, Уйбаан Деевич хаста да ыҥыран, Сахабыт сирин сэдэх памятниктарын үөрэттэрбитэ. Александр Викторович биһигини элбэххэ үөрэппитэ. 1981 с. кини салалтатынан Якутскай острог XVII үйэтээҕи башнятын реставрациялаабыппыт. Уйбаан Деевич, Вильям Федорович Яковлев, музей үлэһиттэрэ биригээдэ тэрийэн, бу үлэни оҥорбуттара, аан бастаан история, архитектура памятнигын реставрациялааһын буолбута. А.В. Ополовников кыыһыныын архитектура учуонайыныын Е.А. Ополовниковалыын «Деревянное зодчество Якутии» диэн бэртээхэй кинигэни олохтоох издательствоҕа таһаарбыттара. Кэлин өссө хас да Саха сирин памятниктарыгар XVII-XVIII үйэлэрдээҕи нуучча острогтарыгар аналлаах кинигэлэри бэчээттэппиттэрэ. Ити курдук, Уйбаан Деевич салалтатынан элбэх үлэ ыытыллыбыта.
И.Д. Архипов элбэх экспедицияларга сылдьыбыта. Үгүс ытык кырдьаҕастарбыт салалталарынан үлэлээбитэ, доҕордоспута, ааттаах үчүгэй фотограф, сүрдээх сыаналаах архивтаах. Холобура, ытык кырдьаҕаспытын Д.К. Сивцевы – Суорун Омоллоону тиһэх суолугар атаарыыны 5 пленкаҕа устубута баар. Бастакы Президеммит М.Е. Николаев сылдьыбыта. Бу барыта баар, атыыласпыт, үйэтиппит киһи.
Бу ый 15 күнүгэр Ем. Ярославскай аатынан музей «Саха балаҕана» энтокультурнай киинигэр И.Д. Архипов үлэлээбит тэрилтэлэрин салайааччылара мустан юбиляры эҕэрдэлээтилэр, махтаннылар. Ил Дархан, Ил Түмэн, культура уонна духуобунай сайдыы министерствотын, ХИФУ, Дьокуускай куорат салалтатын уо.д.а. тэрилтэлэр эҕэрдэлэрин эттилэр, туттардылар. Иван Деевиһы тэҥэ кэргэнин СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитин М.Д. Старостинаны эмиэ чиэстээтилэр, махтал тыллары эттилэр.
Үөлээннээхпитигэр Уйбаан Деевичкэ уһун, дьоллоох, айымньылаах олоҕу баҕарабыт!