Ханнык баҕарар кэмҥэ, хайа баҕарар киһиэхэ олорон ааспыт кэмэ хатыламмат уратылаах. «Булгунньахтаах» сопхуоска биир кэмҥэ үлэлээн алтыһан ааспыт элбэх үтүө-мааны үлэһит дьоммутун махталлаахтык умнубакка, өйдүү-саныы сылдьар буолар эбиккин.
«Правда» холкуос базатыгар «Булгунньахтаах» сопхуос 1971 сыл алтынньы ый 16 күнүгэр икки нэһилиэк сирин-уотун хабан государственнай тэрилтэҕэ уларытан тэриллибитэ. «Булгунньахтаах» сопхуоска испииһэккэ 856 үлэһит киирбитэ, олортон 258 эдэр ыччат комсомольскай тэрилтэҕэ, 107 үлэһит коммунистическай партия чилиэнинэн тураллара.
1971-1991 сс. орто оскуоланы бүтэрбит 544 оҕо производствоҕа быһаччы араас үлэҕэ үлэлээбиттэрэ. Ыччаты үөрэтэргэ, көмөлөһөргө наставниктар Алексеев Семен Петрович, Абрамова Пелагея Петровна, Чепалов Гаврил Романович, Севастьянова Евдокия Васильевна, Харитонова Екатерина Михайловна, Михайлов Константин Степанович, Таппыева Вера Иннокентьевна, Максимова Марфа Васильевна, Дулова Ирина Николаевна, Решетникова Мария Павловна, Решетников Афанасий Егорович, Жукова Галина Михайловна, Павлова Анисия Петровна уо.д.а. үлэлээбиттэрэ.
950 киһи үлэһиттээх хаһаайыстыбаҕа 1980-1985 сылларга 5000 төбө ынах сүөһү, оттон ыанар ынаҕын ахсаана 1970 төбөҕө тиийбитэ, сылгыбыт ахсаана 2460 төбөттөн биэтэ 1430 төбөнү ылара. Итиччэлээх элбэх ынах сүөһүлээх, сылгылаах хаһаайыстыба республика үрдүнэн 2-3 эрэ баара.
Үүт ыама сылга валовайынан 4150 туоннаҕа, биир ынахтан ыан ылыы 2296 киилэҕэ, эти государствоҕа туттарыы тыыннаах ыйааһынынан 821 туоннаҕа тиийбитэ. Ити көрдөрүүлэр Орджоникидзевскай оройуон сэттэ хаһаайыстыбатын уопсай оҥорон таһаарар этин, үүтүн 25% ылара. Кулун төрүөҕүн сылын ахсын 100 биэттэн 75-85% тиэрдибиппит.
Сылга ортотунан 7500 туонна от оттоноро, сиилэс бэлэмнээһинэ 5000 туоннаҕа тиийбитэ, кыстыкка эбии аһылыкка былах мээккэтэ 1200 туоннаҕа тиийэ бэлэмнэнэрэ. Сайын аайы окко 20 звено, 2 оҕо лааҕыра, шефтээх тэрилтэлэр оттууллара. Сопхуоска 75 трактор, 55 массыына тиэйэр-таһар үлэлэри оҥороллоро.
Сопхуос директорынан Сыроватскай Никанор Иннокентьевич, партком секретарынан Попов Семен Ильич, профком председателинэн Аммосов Николай Егорович 1977-1983 сыллардаахха үлэлиир кэмнэригэр производство ис кыамталарын толорутук туһаҕа таһааран, үлэ тэрээһинин тупсаран, көдьүүһүн үрдэтэн, производство культуратын тупсаран, оҥорон таһаарыыны сайыннаран үрдүк көрдөрүүлэри ситиспиппит.
Ол түмүгэр сопхуоспут ыанньыксыттара, ньирэй көрөөччүлэрэ, бостууктара, сылгыһыттара, осеменатордара, производство хамандыырдара Советскай Союз үрдүкү государственнай наҕараадаларын ылбыттара: Чепалов Гаврил Романович, Маркова Елизавета Семеновна, Марков Виктор Васильевич, Ларионов Василий Петрович, Абрамова Пелагея Петровна, Алексеева Мария Алексеевна, Михайлов Константин Степанович, Федорова Тамара Васильевна, Васильев Гаврил Петрович, Семенов Василий Дмитриевич, Таппыева Вера Иннокентьевна, Федорова Елена Николаевна, Федоров Илья Дмитриевич, Терентьев Ефим Гаврильевич, Соколов Семен Разумович, Молгарова Полина Семеновна, Ким Альбина Дмитриевна уо.д.а. дойду үрдүк орденнарынан, мэдээллэринэн наҕараадаламмыттара.
Производство бастыҥнара биир дойдулаахтарбыт үрдүк итэҕэллэрин ылан Алексеева Елизавета Егоровна ССРС Верховнай Советыгар 7-с созывка, Саха АССР Верховнай советыгар Чепалов Гаврил Романович 7-с созывка, Маркова Елизавета Семеновна 8-с созывка, Львова Матрена Васильевна 11-с созывка талыллыбыттара.
Саха Республикатыгар ХХ үйэ чулуу көрдөрүүлэригэр «Булгунньахтаах» сопхуостан киирбит бастыҥ үлэһиттэр рекордара:
- Маяк ферма 1985 сыллаахха биэс доярка биирдии фуражнай ынахтарыттан 4920 кг, валовайынан 382,2 т ыабыттара.
- Чепалов Гаврил Романович 1985 сыллаахха 1 биир фуражнай ынаҕыттан 6077 киилэни, валовай үүтүнэн 98,3 т үүтү ыабыта.
- Максимов Владимир Семенович 1985 сыллаахха көлө-илии звеноларыгар биир киһитигэр тиксэринэн 80,0 т оту бэлэмнээбиттэрэ.
- Иванов Николай Николаевич 1985 сыллаахха көлө-илии звеноларыгар биир киһитигэр тиксэринэн 64,8 т оту бэлэмнээбиттэрэ.
«Булгунньахтаах» сопхуоска 1971-1983 сс. бииргэ кылаабынай ветеринарнай бырааһынан, директорынан үлэлээбит салайааччыбытын Сыроватскай Никанор Иннокентьевиһы убаастыыр, киэн туттар киһибит туһунан араас кэмнэргэ кинини кытта бииргэ үлэлээбит специалистар бары үлэни сатаан тэрийэрин, билиилээҕин, дьоҥҥо сыһыана үчүгэйин бэрт истиҥник ахталлар.
Нэһилиэктэргэ миэстэтигэр үлэлиир олохтоох сэбиэттэр, общественнай тэрилтэлэр бары бииргэ үлэлээһиннэрэ, бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн, толорсон биэриилэрэ ситиһиллибитэ. Сэбиэттэр исполкомнарын председатэллэрэ Васильева Матрена Егоровна, Егоров Иван Никифорович бары өттүнэн бэлэмнээх каадырдар сопхуос салалтатын кытта биир сүбэнэн салайбыттара.
Никанор Иннокентьевич элбэх өрүттээх тыа хаһаайыстыбатын баһылаабыт салайааччы быһыытынан специалистарыгар, быһаччы үлэлии сылдьар дьоҥҥо сыһыана ордук судургу, аһаҕас, итэҕэйии сыһыаныгар олоҕурара. Ол курдук, Петров Семен Константинович ветеринарнай врач, Трофимов Николай Филиппович кылаабынай зоотехник, Орестова Светлана Яковлевна кылаабынай агроном, Тобохов Семен Иванович кылаабынай инженер, Сыроватскай Алексей Иннокентьевич кормопроизводство сыаҕар бэйэлэрин идэлэрин билэр, инициативалаахтык үлэлиир специалистар, тус бэйэлэрэ производствоны быһаччы салайаллара, үтүө суобастаахтык үлэлииллэрэ.
Отделенияларга, биригээдэлэргэ орто сүһүөх салайаачыларынан үлэҕэ уопуттаах практик салайааччылары кытта үөрэҕи саҥа бүтэрбит эдэр специалистар үлэлииллэрэ:
Сататтан - Винокуров Василий Михайлович, Алексеев Семен Петрович, Молгарова Полина Семеновна, Варфоломеев Степан Алексеевич, Рыгунов Юрий Иванович, Слепцова Татьяна Петровна, Артамонова Раиса Ильинична, Севостьянова Евдокия Васильевна, Молгаров Иван Константинович.
Тойон Арыыттан - Едисеев Трофим Петрович, Алексеева Елизавета Егоровна, Федорова Тамара Васильевна, Винокурова Анна Васильевна.
Улахан Аантан - Алексеев Николай Иванович, Белолюбскай Филипп Павлович, Павлов Семен Сергеевич, Терентьева Антонина Семеновна, Васильев Андрей Петрович, Максимов Владимир Семенович, Васильев Валентин Гаврильевич, Григорьев Павел Гаврильевич, Максимов Александр Семенович.
Бэстээхтэн - Решетников Дмитрий Егорович, Жуков Егор Петрович, Павлова Арианда Захаровна, Ефремов Василий Васильевич.
Биһиги дириэктэрбит Никанор Иннокентьевич үлэлиир дьоҥҥо биир тэҥ сыһыаннаах, киһини өйдүүр, болҕомтолоох, саталлаах салайааччы этэ. Ити кэмнэргэ Булгунньахтаахха, Улахан-Ааҥҥа элбэх техника киирэр бэртээхэй киэҥ гаражтара, Бэстээххэ 300 ыанньык төбөҕө арболитовай комплекс тутуллубуттара. Чараҥҥа, Сата алаастарыгар Тоҥуһайга, Эмис-Соболооххо, Куодарга, Улахан Ааҥҥа Уу-Көхсүгэр, Сыырдаахха таас-гравий суоллар кутуллубуттара. Улахан-Ааҥҥа балыыһа, баанньык, оскуола, Булгунньахтаахха оҕо саада мас проегынан тутуллубуттара.
Оччолорго учуонайдары кытта үлэлэһэн сопхуоска элбэх сыллаах от ыһыытын саҕалаабыппыт. Ити кэмнэргэ ыраах суолга сылдьар массыына колоннатын, хотон ыарахан үлэтин чэпчэтии, хомуур үлэтигэр анал этэрээттэри тэрийэн, ситиһиллэ илик элбэх таһаҕас тиэйиитэ, үрдүк хаачыстыбалаах престэммит от, бурдук, сиилэс бэлэмнээһинин ситиспиппит. Үүтү, эти туттарыы былааннарын толорон үлэһит дьон санаата кэлэн, дуоһуйан үлэлиирин көрөр астык да буолара.
Сопхуос бастыҥ үлэтин түмүгүнэн Партия Киин Комитетын, ССРС Верховнай Советын, Профсоюзтар Киин Советтарын, Комсомол Киин Комитетын көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамятын ылбыта буолар.
Ити кэмнэргэ үлэ бөҕөнү бииргэ үлэлээн ааспыт табаарыспыт Алексей Иннокентьевич Сыроватскай Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтугар үөрэнэн инженер-механик идэтин ылан «Орджоникидзевскай» уонна «Булгунньахтаах» сопхуостарга главнай инженеринэн, кормопроизводства сыаҕар сүрүннүүр специалиһынан, дириэктэри солбуйааччынан ананан үлэлээбитэ.
Кэлин УМиТ «Якутагропромстрой», ООО «Мехтранс» транспортнай тэрилтэҕэ главнай инженерынан, генеральнай дириэктэринэн сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээбитэ. Тэрилтэ сүрүн үлэтэ тутуу матырыйаалларын республика үрдүнэн элбэх улахан тутууларга таһаллара.
Сыроватскай Никанор Иннокентьевич «СР үтүөлээх ветеринарнай бырааһа», «РСФСР социалистическай куоталаһыытын кыайыылааҕа» бэлиэнэн иккитэ, «Үлэ Ветерана», «За доблестный труд» мэдээллэринэн наҕараадаламмыта. Кини быйыл 90 сааһа бэлиэтэнэр.
Сыроватскай Алексей Иннокентьевич СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «Российскай Федерация 2006 сыллаах Топ-Менеджера» бочуоттаах аат хаһаайына алтынньы ыйга Ытык 80 сааһын туолар.
Убайдара Сыроватскай Дмитрий Иннокентьевич т/х наукатын доктора, «Автор научного открытия им. Капицы», «В.М. Кладкин» аатарынан мэдээллэринэн наҕараадаламмыта, СР тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ.
Ийэлэрэ Сыроватская Варвара Иннокентьевна, 1947 с. Саха АССР Верховнай Советын депутатынан талыллыбыта, «Саха АССР бастыҥ доярката» ааты сүгэрэ. Кини 13-тэ оҕоломмутуттан сэттэ оҕото Пелагея, Петр, Дмитрий, Никанор, Василий, Евдокия, Алексей Сыроватскайдар биир дойдулаахтарыгар, республикаҕа умнуллубат, сотуллубат олохторо ытыктабыл, киэн туттуу бэлиэтинэн бара туруохтара.
Бу Булуҥ улууһун Бороҕонуттан төрүттээх үтүөкэн үлэһит Сыроватскайдар бииргэ төрөөбүттэрин, аймахтарын тустарынан кэпсиир «Дмитрий, Никанор, Алексей Сыроватскайдар» диэн кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ кинилэр ааттарыгар сүгүрүйүү уонна ытыктабыл бэлиэтэ буолар.
Николай Филиппович Трофимов, кинигэни оҥорооччу.
*Ааптар суруйар истиилин уларыппакка таһаардыбыт