РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Сунтаар улууһун, Элгээйи нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, талааннаах ырыа айааччы, ырыаһыт, музыкант, С.А. Зверев-Кыыл Уола ансаамбылын кыттыылааҕа, "Үрүҥ түүн, ыһыах түүн" баянистар, гармонистар күөн күрэстэрин ааптара, “Играй гармонь любимая” күрэс кыттыылааҕа Пахомова Калиста Афанасьевна быйыл төрөөбүтэ 80 сыла.
Калиста Афанасьевна Пахомова алдьархайдаах уот сэрии буола турдаҕына, 1942 сыл балаҕан ыйын 15 күнүгэр Хаҥалас улууһугар (уруккута Орджоникидзевскай) Кыһыл Үрүйэ нэһилиэгэр 6 оҕолоох Егоровтар дьиэ кэргэннэригэр төрдүс оҕонон күн сирин көрбүтэ. Кыыс, эрдэ тулаайах хаалан, ийэ-аҕа сылаас истиҥ сыһыанын билбэтэҕэ, ыалга иитиллэн улааппыта. Төрөөбүт-үөскээбит Кыһыл Үрүйэтигэр кырачаан Калиста улуу нуучча норуотун музыкальнай инструмена – хормуоска кэрэ доҕуһуоллаах эйгэтигэр улааппыта. Кыыс, “нууччалыы эйгэҕэ уһаарыллыбыт буолан, нууччалыы соҕус дууһалааҕа, нууччалыы олус үчүгэйдик иҥнибэккэ саҥарара” – диэн төрөппүт кыыһа ахтан суруйбута.
1966 с. Дьокуускайдааҕы 2 №-дээх педагогическай училище музыкальнай салаатын бүтэрэн, Элгээйигэ ырыа учууталынан ананан кэлбитэ. Олоҕун аргыһын Пахомов Павел Ивановиһы көрсөн уруу тэринэн, Элгээйи иккис дойдута буолбута. Кыыстара Мария Павловна 4 оҕолоох, Сунтаарга олорор, үрдүк үөрэхтээх.
1967 с. Улуу Өктөөп 50 сыллаах үбүлүөйүгэр уус-уран самодеятельноска араас таһымнаах көрүүлэр биллэриллибиттэрэ. Ити сыл Калиста Пахомова, оройуоннааҕы хомсомуол кэмитиэтигэр үлэлии сылдьан, Сэргэй Сибиэрэп ансаамбылыгар киирбитэ. Кини “Тойон үҥкүүтэ” музыкатын бастакынан суруйар чиэскэ тиксибитэ. Сибиэрэп музыканы аһара бэркэ истэрэ, бэйэтэ ыллаабытыттан атыннык оонньууру сөбүлээбэт этэ. Үҥкүү музыкатын, баянист Егор Егоров, композитор Василий Зыряновтыын ситэрэн-хоторон, оркестрга оҥорон биэрбиттэрэ. Үҥкүүлэр саха национальнай инструменнарынан доҕуһуолламмыттара.
Сибиир уонна Уһук Илин зонатааҕы көрүүтүгэр Сунтаар оройуонуттан 30 киһилээх бөлөххө киирсэн, Иркутскай куоракка Саха сирин искусствотын уонна литературатын күннэригэр кыттыыны ылбыта. Талааннаах муударай салайааччыны кытта биир кэмҥэ ыллаан-туойан, оркестрга оонньоон бодоруһан ааспытын олоҕун биир умнуллубат кэрчик кэминэн ааҕара.
1967 с. И. Павлов хоһоонугар “Сахам дойдутугар” диэн бастакы ырыата айыллыбыта. Үбүлүөйүнэй бэстибээлгэ кыттан дипломант аатын сүкпүтэ.
Ырыаһыт дьылҕата ырыаҕа ылланар, хоһооҥҥо хоһуллар “Эриэккэс ырыалаах – Элгээйи сиригэр” олохсуппута. Кини Элгээйигэ 1976 с. оҕо “Чуораанчык” уһуйааныгар музыкальнай салайааччынан 20 сыл үлэлээбитэ. Калиста Афанасьевна оҕо иитиитигэр олоҕун 35 сылын анаабыта. Элгээйитээҕи култуура киинин үлэһиттэрин кытта ситимин быспакка, оҕолору духовнай, эстетическэй иитиигэ айымньылаахтык үлэлэспитэ.
Ааспыт үйэ 90-с сылларыгар Сунтаар оройуонун мелодистарын түмсүүтүн бэрэссэдээтэлинэн өрө таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ырыаһыт айар үлэнэн утумнаахтык дьарыктаммыта.
1992 c. “Играй гармонь любимая” күрэххэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Арассыыйа телевизионнай бастакы каналын биэриитигэр көстүбүтэ.
Калиста Афанасьевна барыта 3 ырыа хомуурунньугун ааптара.
1993 с. “Чугдаар көмүс чуораанчык” диэн методическай айыыта, 18 ырыалаах бастакы хомуурунньугун Үөрэҕирии министерствота таһаарбыта.
1997 с. “Үчүгэй даҕаны күн үүммүт” диэн 27 ырыалаах иккис ырыанньыга, Элгээйи нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Миронов Александр Николаевич), “САПИ” Сунтаардааҕы филиала (директор Иванова Елена Иннокентьевна) көмөлөһөннөр, Сунтаардааҕы типографияҕа бэчээттэнэн тахсыбыта.
2003 с. “Кулунчук” диэн оҕолорго аналлаах 40 ырыалаах үһүс ырыаларын хомуурунньугун “Туймаада-Даймонд” АК генеральнай директора Яковлев Георгий Петрович көмөлөөх таһаартарбыта.
2000 сыллартан оҕо аймах сөбүлээн ыллыыр, саха дьонун кутун туппут биир биллэр “Кулунчук” диэн ырыатын аан бастаан үһүс кылааска үөрэнэ сылдьан Ваня Трофимов “Хотугу сулус” оҕо айымньытын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр ситиһиилээхтик ыллаабыта. Бу ырыа “Виктория” сахалыы араадьыйа пуондатыгар үйэтитиллибитэ.
Кэнники сылларга Сунтаар улуһугар “Ырыаһыт ымыылар” диэн олохтоох мелодистар айымньыларыгар күрэх сыл аайы ыытыллар үгэскэ кубулуйбута. Бу күрэх чэрчитинэн улууска аан бастакынан Калиста Пахомова ырыаларыгар 100-тэн тахса толорооччулаах ырыа түһүлгэтэ ситиһиилээхтик тэриллибитэ. Кини ырыалара оҕо эйгэтигэр сөп түбэһэллэр, матыыптарын оҕо биирдэ иһиттэ даҕаны сөбүлээн ыллаһан барар, ол курдук мелодичнайдар, чэпчэки, сырдык, ыраас иэйиилээхтэр.
1994 с. култуура киинин иһинэн тэриллибит “Алаас” сыана бэтэрээннэрин ансаамбылыгар чилиэнинэн киирэн өрө таһаарыылаахтык үлэлэспитэ. Ырыа айааччы буоларын быһыытынан ансаамбыл биир тутаах киһитэ этэ. Ол курдук, “Алаас” ансаамбылга анаан суруйбут ырыалара “Кырдьыбыккын дииллэрин истимэ”, “Ыра санаа”, “Эн ыллаа чыычаах” о.д.а. “Алаастар” ханна да тиийдэллэр уостан түспэт ырыаларынан “Кырдьар кырыыс дииллэрин билинимэ” диэн ырыа буолааччы. Кулуупка бэлэмнэнии кэмигэр “дьүөгэбит саҥа ырыа кэһиилээх кэллэ” диэн дьүөгэлэрэ мичээрдии уонна кыратык дьээбэрэ көрсөллөр эбит. Ити курдук, ансаамбыл кыттыылаахтара олохтоох бэйэлэрин мелодисткалара Калиста Пахомова доҕуһуолунан элбэх ырыалары ыллыыллара. Ханна да тиийдэр, Калиста Афанасьевна өрүү хормуоска аргыстаах буолара. Кини биэчэрдэргэ хормуоскаҕа оонньоон бардаҕына, ойон туран урукку үҥкүүлэри сатыыр- сатаабат дьон үҥкүүлээн бараллар эбит. Биирдэ “Алаастар”, гастролга автобуһунан айаннаан иһэн, Калиста хормуоскатын хостоон кыргыттарыгар ырыа бөҕөтүн ыллаан сэргэхситэн, уһун айан устун көр-нар буолан үөрэ-көтө тиийбиттээхтэрин умнубаттар.
Айылҕа барахсан бэрсибит талаанын Калиста толору туһаммыта уонна ону төрөөбүт норуотугар утары үйэлээх бэлэҕи ууммута. Элбэх концертарга, уус-уран самодеятельность актыыбынай кыттыылаахтарыгар аккомпаниатор быһыытынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Талааннаах мелодистка оҕо уһуйааннарыгар музыкальнай салайааччынан үгүс сылларга үлэлээбит, кырачаан киһи эйгэтин, кини интэриэһин барытын билэр буолан, оҕоҕо аналлаах ырыалара элбэх, улахан да дьоҥҥо анаан бэрт элбэх ырыаны суруйан хаалларбыта.
Быйыл, 2022 сылга, Калиста Афанасьевна төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах, үтүө киһи сырдык аатыгар кини талааныгар сүгүрүйэн, аатын үйэтитэр сыалтан сонун бырайыактар оҥоһулланнар киэҥ араҥаҕа тахсан көрөөччү биһирэбилин ыллылар. Ол курдук, Элгээйигэ Үрүҥ тунах ыhыахха мелодистка Калиста Пахомова байаанынан ырыа күрэһэ, "Полярная звезда" өрөспүүбүлүкэтээҕи телевизионнай күрэс чэрчитинэн “Сулусчаана-2022” VII-с өрөспүүбүлүкэтээҕи оҕо айымньытын дистанционнай күрэһэ ыытылыннылар. Манна Калиста Афанасьевна Пахомова оҕо сөбүлээн ыллыыр чаҕылхай ырыаларын айбытын бүтүн өрөспүүбүлүкэ оҕолоро күн бүгүҥҥэ диэри чугдаарыччы ыллыы сылдьаллара кэрэхсэбиллээх.
Ити курдук, норуот талба талааннааҕа Калиста Афанасьевна Пахомова, төрөөбүт-үөскээбит Кыһыл Үрүйэтиттэн Туойдаах алааска үктэнэн, ырыа кини арахсыспат аргыһа буолан, үөрэҕирии уонна култуура эйгэтигэр үтүө суобастаахтык үлэлээн ааспыта. Үтүө киһи сырдык аата үйэлэргэ ааттана, ахтылла сырыттын. Чыычаах гынан көтүппүт ырыалара уостан түспэккэ ыллана турдуннар.