Киир

Киир

Берлин, 1973 сыл сайына. Аан дойдутааҕы ыччат Х бэстибээлэ ньиргийэ турар.  Манна 140 дойдуттан 25 тыһыынча араас бэлитиичэскэй көрүүлээх уонна итэҕэллээх эдэр дьон мустубуттар. Бу бэстибээлгэ Сэбиэскэй Сойуустан  урут ханна да биллэ илик Наталья уонна Олег Кирюшкиннар баран, лауреат үрдүк аатын ылбыттара соһуччу буолбута. Онтон ыла үйэ аҥаара кэм ааста. Онон “Умнуллубат ааттар” рубрикаҕа кинилэри ахтан-санаан ааһыаҕыҥ. Биһиги Натальяҕа эрийэн тахса сырыттыбыт.

Оҕо сааһа

Наталья 1951 с. Шестаковтарга бэһис оҕонон төрөөбүт. Ийэтэ Матрена Павловна Мазина Сунтаар олохтооҕо Нутакый Уйбаан диэн киһи сиэнэ этэ.  “Бааһынайдыҥы, үчүгэй баҕайы  быһыылаах-таһаалаах кыраһыабай кыыс этэ”, – диэн суруйар аймаҕа Н.А. Герасимова “Олохпун эргитэ санаан” кинигэтигэр (2013). Кини начаалынай кылаас учуутала эбит. Наталья “Ийэбит аанньал тэҥэ киһи этэ: киниэхэ “үчүгэй” уонна “куһаҕан” оҕо диэн суоҕа: хайаан даҕаны киһи үчүгэйин эрэ көрөрө”, – диир. Матрена Чурапчыга убайыгар олорон үөрэммит, онно Василий Шестаковы көрсөн, кэргэн тахсыбыт. Мотя кыыс үҥкүүһүт бэрдэ эбит, Василийы кытта Чурапчы кулуубугар үҥкүүгэ билсибиттэр. “Оччолорго тоҕо эрэ краковяк үҥкүүнү боболлоро үһү, өссө кэлэн бэрэбиэркэлииллэр эбит, онтон саһалларын ийэбит кэпсээччи” диэн Наталья Васильевна күлэн ахтар. 

IMG 20231018 WA0053

“Шестаковтар 1939 с. Сунтаарга көһөн кэлбиттэрэ, Василий Егорович географияны үөрэппитэ, олус үчүгэй учуутал этэ, хас да сыл үөрэх салаатыгар иниспиэктэрдээбитэ, салгыы сэбиэдиссэйдээбитэ. Кинилэр Зинаида, Клара, Владимир, Карл, Людмила, Любовь, Наталья, Елена диэн аҕыс оҕолоохторо”, – диэн ахтар Н.А. Герасимова.

IMG 20231018 WA0061

Аҕалара Боотуруускай улуус Аччаҕар нэһилиэгин киһитэ эбит. Наталья убайа, авиация бэтэрээнэ, Карл Васильевич Шестаков:  “Шестаковтар диэн халыҥ аймах Кытаанахха олорбуттар. Шестаковтар алаастара Сылаҥ диэки баар. Дьоно элбэх оҕолорун ыарыыга былдьатан, икки уолларын Баһылай диэн ааттаабыттар, олору “Улахан Баһылай”, “Кыра Баһылай” диэн араараллар эбит”, – диэн кэпсээтэ. Улахан Баһылай — Василий Егорович Шестаков учууталлар бэркэ ытыктыыр киһилэрэ, кини туһунан Педагогическай энциклопедия IV туомугар баар. Элбэх оройуон үөрэҕириитин тиһигэр үлэлээбит. Оскуолаларга сэбиэдиссэйдээбит, дириэктэрдээбит, саабыстаабыт, иниспиэктэрдээбит. 13 сыл устата Горнай, Чурапчы, Сунтаар уонна Эдьигээн оройуоннарыгар үөрэх салаатын салайбыт. Онтон Саха АССР Үөрэҕириитин министиэристибэтин биир саамай сүрүн салаатын – үп-харчы отделын – салайбыт. “Аҕабытыгар “Аҕа дойду сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин” диэн мэтээлэ саамай күндү этэ. Сэрии сылларыгар үлэлээбит сиригэр биир да оҕо, биир даҕаны ыал хоргуйан өлбөтөҕө диэн дьон махтанара”, – диэн кэпсиир Наталья.

“Биир өттүнэн, үбү-харчыны быһаарар, сүрдээх эппиэтинэстээх салайааччы быһыытынан, тыйыс, дьиппиэн киһи буолуон сөп этэ. Ону кини олох сэмэй, бэйэтин туһа диэн хаһан да санаабат уонна арамаантык киһи этэ”, – диир.

Шестаковтар оҕолорун барыларын үөрэхтээбиттэр, бары да “киһи киһитэ” дэнэр дьон тахсыбыттар.

Оҕо дыбарыаһыттан

– Наталья Васильевна, биир ахтыыга “барыта Оҕо дыбарыаһыттан саҕаламмытын” кэпсээбит этиҥ...

– Кырдьык, оннук этэ. Саха балетын бастакы идэтийбит үҥкүүһүтэ, Саха АССР үтүөлээх артыыһа, Ленинградтааҕы хореография училищетыгар үөрэммит Афанасий Ефремов диэн баара. Кини өссө Евдокия Степанова иннинэ үҥкүүлээбитэ. Оччолорго тыйаатырга карьерата түмүктэнэн, Оҕо дыбарыаһыгар оҕолорго анаан куруһуок ыытара. Мин онно ким сүбэтинэн киирбиппин өйдөөбөппүн, ис сүрэхпиттэн тартаран, сөбүлээн сылдьыбытым. Учууталбыт Афанасий  Семенович оҕоҕо сыһыана ураты этэ. Баҕар, ол эмиэ абылаабыта буолуо. Эрдэ хараҥарар киэһэлэргэ эрэпэтииссийэ кэннэ, дьиэбитигэр атаартаан биэрэрэ. Оҕолорго оннук кыһаллара, бүөбэйдиирэ.

20231027 165233Иккис эрээккэ хаҥастан бастакы - Н. Шестакова

– Балерина буолар санаа киирбэтэҕэ дуо? Тоҕо эстрадаҕа барбыккыный?

– Дьиҥинэн, Новосибирскайдааҕы балет оскуолатыгар барыахпын баҕарарым. Ыалдьан хаалан, ол тохтообута. Ол эрээри балетынан, үҥкүүнэн “ыарыым” тохтооботоҕо. Мэлдьи тыйаатырга испэктээктэргэ, премьераларга сылдьар, сороҕор, эрэпэтииссийэлэргэ кытта тиийэн көрөр этим. Биирдэ Муусука тыйаатырыгар эрэпэтииссийэҕэ миигин Салиман Бурханов балетмейстер таба көрөн, балет бөлөҕөр ыҥырбыта... Оччолорго онно Алексей Попов баара, саха балетын саамай тапталлаах артыыһа этэ. Кинини “үчүгэй үҥкүүһүт” эрэ диэн быһаарар кыаллыбат. Кини бэйэтэ ураты “ауралааҕа” (“был удивительно пленительный” диир НВ – НГ). Ол да иһин көрөөччү кинини олус сөбүлүүрэ, сүгүрүйэрэ. Кини миэхэ үҥкүүгэ сүбэһитим, тыйаатырга көмүскээччим этэ, биһиги ыкса үлэлээбиппит. Онтон биһиги Москубаҕа сүүмэрдэнэн баран, “Будущие артисты Якутии” бырагыраамаланан гостуруоллуу барарбытыгар биһиэхэ анаан 7 нүөмэри – араас үҥкүүнү – туруорбута. Балет да труппатын артыыстарыгар оччо элбэх нүөмэр турбатаҕа буолуо...

“Былатыаска” бастакы хараҥаччылара

Саха эстрадатын “аҕата” Юрий Егорович Платонов “Якутская эстрада пером очевидцев” диэн  бэртээхэй ахтыы-кинигэтэ баар. Онно кини 1968–1970 сс. Москубаҕа эстрада ускуустубатын айар мастарыскыайыгар (ВТМЭИ) үөрэнэ сылдьан, “тоҕо Саха сириттэн иккибитий эрэ” (Н.Трапезниковалыын) диэн толкуйга түспүтүн кэпсиир. Онон кини тыйаатыр холбоһугун дириэктэрэ В.А. Босиковка сурук суруйбут эбит (ол 1969 сыллааҕы сурук билигин да баар). Онуоха Босиков: “Где ты,  Былатыаска, найдешь столько талантов и денег для учебы?” – диэбит эрээри, ырааҕы өтө көрөр, ырыҥалаан толкуйдуур киһи, кэпсэтиини ыытан, үбүлээһини быһааран, итиннэ үөрэниэхтээх саха талааннаах ыччатын бөлөҕө сүүмэрдэнэр буолбут. 1970 с. сайыныгар Москубаттан икки преподаватель кэлбит, ыччаты сүүмэрдии. Ол Анатолий Бойко уонна дойдуга биллэр куплетист-ырыаһыт Всеволод Лавров эбиттэр. Ахтыы кинигэтигэр ол туһунан сиһилии суруллар, бэл, араас көрдөөх түгэннэрэ кытта баар. Билигин бу курдук улахан кэскиллээх дьыаланы энтузиаст дьон быһааран кэбиспиттэрин сөҕөҕүн эрэ.

Хамыыһыйа иннинэ гостуруолларынан эҥин сылдьан, 400-чэ киһини көрөн, Москубаттан кэлбит хамыыһыйаҕа 50-ча оҕону киллэрбиттэриттэн 12-ни талбыттар. Ол Марфа Колесова, Сергей Расторгуев, Владимир Заболоцкай, Евдокия Игнатьева, Елизавета Романова, Татьяна Канаева, Аграфена Кузьмина, үҥкүүһүттэр: Николай Турантаев, Наталья Шестакова, Ксения Абрамова, Ариана Аргунова, иллюзионист Федор Колосов, кэпсэтии жанрыгар Татьяна Попова эбиттэр. “Бу оҕолор ВТМЭИ-гэ киирбиттэрин туһунан үөрүүлээх сонуннара кинилэр дьылҕалара эрэ буолбакка, Саха эстрадатын дьылҕатын саҕаланыыта буолбута”, – диэбит Юрий Платонов. Чахчы, оннук.

Талаан уонна үлэ

Сергей Васильевич Расторгуев, Саха циркэтин дириэктэрэ:

– Хамыыһыйа буолбутун кэнниттэн, сүүмэрдэммит оҕолор “Якуттеатр” холбоһук (кэлин ол дьиэтэ “Чароит” кафе буолбута) иһинэн “Будущие артисты Якутии!” диэн бырагыраама бэлэмнээн, оройуоннарынан барбыппыт. Балетмейстер Алексей Попов (оччолорго ГИТИСкэ үөрэнэ киирбит этэ дуу?) биһиэхэ нүөмэрдэри бэлэмнээбитэ. Наташаҕа анаан “Светлана” диэн кыра балет этюдун туруорбута, онно Андриан Павлов диэн уоллуун үҥкүүлүүллэрэ,  олус кырасыабай нүөмэр этэ. Онно өссө Татьяна Попова диэн конферансье кыыс баара. Мин жонглердуурум, дьиҥнээх артыыстар курдук, Чурапчынан, Алексеевскай оройуонунан сылдьыбыппыт. Онно бары доҕордоһон, чугастыы буолбуппут, тутуспутунан Москубаҕа барбыппыт.

Наталья онно үҥкүүнэн уонна пантомиманан дьарыктаммыта. Мин эмиэ пантомиманан дьарыктанарым, балет станогар эмиэ эрчиллэрим. Арианна Аргунованы уонна Николай Турантаевы кытта хас да пантомима нүөмэрин туруорбуттара. Үөрэҕин бүтэрээри сылдьан, Олег Кирюшкинныын билсибитэ. Олег Москуба уола этэ, эмиэ ВТМЭИгэ үөрэнэрэ, пантомиманан дьарыктанара. Олег култууралаах, интэлигиэн,  сэмэй, туох да иҥэ-дьаҥа суох уол этэ, биһиэхэ эмиэ сүбэлиирэ-амалыыра. Имигэстик хамсанар, “пластиката” үчүгэй этэ. Пантомимаҕа артыыс бэйэтин этин-сиинин хас биирдии килиэккэтин “хамсатыахтаах”, салайыахтаах. Биһиги бары да оннукка дьулуһарбыт. Доҕордоһон, устунан ыал буолбуттара. Онтон ити нүөмэрдэрин туруоран, аатырбыттара, лауреат буолбуттара, “Москонцерка” үлэҕэ ылбыттара. Ити курдук, Наталья Москубаҕа хаалбыта, биһиги Саха сиригэр төннөн үлэбитин саҕалаабыппыт. Артыыһы туох аатырдарый?  Киһи үлэһит буоллаҕына, ситиһии кэлэр. Оттон Наталья талааннаах эрэ буолбакка, олус үлэһит этэ. 

“Ураты көлүөнэ этибит”

Наталья Васильевна кэпсиир:

– Биһиги “Москубаҕа үөрэнэ киирдибит!” диэн олус дьоллоох этибит. Ол эрээри, онно “карьера оҥоруу” эҥин туһунан санаа кыырпаҕа да суоҕа! “Үөрэниэхтээхпит, үлэлиэхтээхпит, артыыс идэтин үчүгэйдик баһылыахтаахпыт” диэн эппиэтинэспитин, ыарахаттар баар буолуохтаахтарын өйдүүрбүт. Ким да репертуар, бырагыраама оҥорторон баран, төһөнү ылыахтааҕын туһунан ыйыталаспат этэ. Харчы өлөрөр туһунан өйгө да суоҕа. Ким да мэнээк албан аатыра, улаатымсыйа сатаабат, байар-тайар туһунан санаабат, бэйэтин “мин” диэнин атыттартан өрө туппат, бары ыраас санаалаах оҕолор этибит. Ол оччотооҕу көлүөнэ уратыта эбит. Билигин мин оннук кэмҥэ олорбуппунан, ол көлүөнэ киһитэ буоларбынан киэн туттабын. Оччолорго олох ыарахаттара, уустуктара бааллара да, дьон эйэҕэһин, аһыныгаһын, көмөлөһөр эрэ санаалааҕын билигин сөҕө саныыгын. Билигин дьон бэйэ-бэйэҕэ сыһыаны уларыйда, төттөрү буолла...

post 3 0 74399300 1623330634Режиссер А.И. Бойконы кытта

Улуу дьон такайан

Наталья Васильевна “Москубаҕа НХСБ аттыгар баар уопсайга олорбуппут. Эстрада араас жанрдарыгар үөрэнэн барбыппыт. ВТМЭИгэ оччолорго преподавателинэн Сойууска аатырбыт артыыстар үлэлииллэрэ. Ол хайдахтаах курдук кэрэ дьон, сүдү талааннаах артыыстар, урукку кэм сулустара этилэрий!” – диир.

Ол туһунан Ю.Е. Платонов кинигэтигэр эмиэ баар, холобур, ырыаҕа учуутала Георгий Виноградов эбит! Оттон бу бэйэтин кэмин хайдахтаах курдук “сулуһа” этэй! Аатырар Александров ансаамбылын тенор-солиһа, кини толоруутугар сэрии ырыалара, романстар, ариялар араадьыйанан мэлдьи бэриллэр буолан, дьикти кэрэ куолаһын дойду хас биирдии муннугар тиийэ билэллэрэ. Дьэ, итинник артыыстар “оскуолаларын”, кинилэр такайыыларын  ааспыт буолан, биһиги артыыстарбыт эстраданы күлүмүрдэтэ оонньоттохторо дии! 

“Кыыс, күлүгээн уонна саарык”

– Бу аатырбыт нүөмэргит хайдах үөскээбитэй?

– Биһиги Олегтыын эрчиллэн хас даҕаны нүөмэри бэлэмнээбиппит. Ол эрээри, бастаан биһигини ким да билбэтэ, ким да наадыйбата. Үлэ суоҕа. Онон аҕам барахсан көмөлөһөн, харчы ыытан олорбуппут. Аҕам өлөөхтөөбүтэ, бүтэһик тыллара “кыыспар, хата, харчы ыыттым” диэн үһү... Ол кэннэ икки ыйынан биһигини Бүтүн Сойуустааҕы Айар Тэрилтэ (ВТО) кэнсиэригэр ыҥырдылар, нүөмэрбитин онно көрдөрөн, көрөөччү олус сөбүлээн, дьэ онтон саҕаланна...

579030

Ити нүөмэри биһиэхэ Анатолий Иванович Бойко туруорбута. Кини бэйэтэ олус талааннаах режиссер этэ, пантомима жаанырыгар үҥкүү, балет элэмиэннэрин, жонглердааһыны киллэрэн, саҥалыы тыыннаабыта. Ол эрээри нүөмэри биир эрэ туруорааччылаах диир, арааһа, сыыһа буолуо. Холобур, мин киниэхэ: “Мин тугуй, итиннэ “кытайдыы” эрэ хаамабын дуо? Мин өссө пуантыга турары сатыыбын ээ!” – диэбитим. Ону кытта мин Олег хаамарыгар, хамсанарыгар тугу сөбүлээбэтэхпин эппитим уонна кинини балекка дьарыктаан, хамсаныытын арыый уларытан, “тупсаран” биэрбитим. Анатолий Иванович ону эмиэ ылыммыта. Уобараһым – улахан баанчык, дьууппа, пуанты уонна саарык  эмиэ мин “идиэйэм” этэ.  Дьэ, ол иһин кыттыгас толкуйдаабыт нүөмэрбит диибин. Биир сыл толкуйдаан, үлэлээн, нүөмэрбитин туруорбуппут.

Нарын “дипломат”

– Билигин санаатахха, бу чэпчэки баҕайы курдук нүөмэр тоҕо сатаммытай? Бастатан туран, хаһан баҕарар “чэпчэки” улахан сыраттан үөскүүр. Ону кытта, итиннэ туох даҕаны оҥоро сатааһын суоҕа – барыта олохтон. “Күүһү, агрессияны мэлдьи үтүө санаа баһыйар” диэн өй-санаа итиннэ баар. Кыысчаан чэпчэкитигэр, ураныгар, нарыныгар – олох кистэлэҥ күүһэ.   Кини сиртэн-буортан тэйэ сылдьар курдук да, кини “дипломатията” агрессияны кыайар. Бу нүөмэр ис хоһооно билигин даҕаны сытыы, “актуальнай” диэххэ сөп. Оттон мин итиннэ ийэм дьоҥҥо, олоххо сыһыанын, аһыныгыс үтүө дууһатын көрөбүн. Уопсайынан, мин нүөмэрдэрим дьоруойдара барыта да оннук “кыра”, атаҕастанар дьоҥҥо анаммыт курдуктар: Чарли Чаплин, Чехов дьоруойдара, Хиросима сиэртибэтэ...

– Оттон нүөмэр муусукатын хайдах талбыккытый? Оччолорго ити аатырар Шер уонна Сонни Боно ыллыыр “Литл мен” (“Маленький человек”) ырыалара ССРСка биллэр этэ дуо?

– Ити аатырбыт ырыа мелодията тиэмэтэ да олус сөп түбэһэр курдуга. Оччолорго “тымныы сэрии” буолан, ССРСка соччо биллибэт этэ. Ханнык эрэ эргимтэҕэ биллэрэ буолуо. Оттон Бойко билэр этэ. Джеймс Ласт аатырбыт аркыастыра (ФРГ) ити мелодияны ордук тэтимнээхтик (“пульсардаан”) оонньуура. Ону лирическай соҕус буолара ордук диэн аранжировката оҥоһуллубута.  Ол да гыннар, мелодия сюжеты “контрастаан”, чорботон биэрэр аналлаах.

– “Песняры” ансаамбыллар ахтыыларын ютубка көрбүтүм, онно кинилэр эһигинниин бииргэ гостуруоллаабыттарын ахталлара.

ССРС биллэр-көстөр артыыстарын кытта айаннаатаххыт аҕай дии?

– Дуо? Биһиги Эмиэрикэ 200 сылын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр, Африка дойдуларынан, Европа дойдуларынан, Азиянан, Австралиянан гостуруолга, араас бэстибээллэринэн сылдьыбыппыт аҕай...  Биллиилээх артыыстардыын, ансаамбыллардыын бииргэ түбэһэр этибит. “Песняры” ансаамбыл оччоллорго аатыра аҕай сылдьар кэмэ буоллаҕа, биһигини өссө саныыллар эбит дуу? Наһаа үөрэ иһиттим, махтал!

Берлиҥҥэ, бэстибээлгэ

Аан дойдутааҕы ыччат Х бэстибээлигэр барарга Кирюшкиннары дэлэгээссийэ састаабыгар киллэрэн баран, туора сотон кэбиспиттэр, ону “Москонцерт” кэлэктиибэ  аахсан, барар буолбуттар уонна лауреат буолбуттар! Бу туһунан ахтыылар бааллар.

Норуот бэйиэтэ Савва Иванович Тарасов: “Берлиҥҥэ Саха сириттэн уонча буолан барбыппыт. Н.Трапезникова норуот ырыатыгар лауреат үрдүк аатын ылан, аатырбыта. Аны биһиэхэ, сэбиэскэй дэлэгээссийэҕэ бүтүннүүтүгэр, чуолаан сахаларга, өссө биир үрдүк үөрүүнү “Москонцерт” артыыстара Наталья уонна Олег Кирюшкиннар бэлэхтээбиттэрэ. Кинилэр толорбут “Кыыс, күлүгээн уонна саарык” диэн  нүөмэрдэрэ бэстибээл кыттыылаахтарын барыларын соһуппута, дьиктиргэппитэ. Оо, биһиги, сахалар, өссө биир Наташабыт лауреат буолан, атахпыт сири билбэт буолуор диэри үөрбүппүт, талааннаах ыччаттаахпытынан киэн туттубуппут. Олох кырдьыкпын этэбин, биһиги сорох-сорохтор маннык кыыстаахпытын отой даҕаны билбэт этибит” (А.Васильев-Көрдүгэн “Бастакы хараҥаччы”, “Кэскил”, 2015 с. ахсынньы).

post 3 0 30723700 1623330645

Оттон артыыстар толорууларын илэ көрбүт аатырар “Самоцветы” ансаамбыл салайааччыта Юрий Маликов ахтыбыт: “Наталья уонна Олег Кирюшкиннар диэн паара баара. Бойко режиссёр кинилэргэ ураты нүөмэри туруоран биэрбитэ хас да сылы быһа эстрадаҕа баары барытын “сабардаабыта”. Мин кинилэр 1973 с. Берлиҥҥэ ыччат бэстибээлигэр гала-кэнсиэргэ кыттыыларын көрбүтүм. Сэбиэскэй дэлэгээссийэҕэ 500 киһи баара: Кобзон, “Песнярылар”, “Самоцветтар”, аатырар үҥкүү ансаамбыллара, бэл, Большой тыйаатыр кытта. “Фридрих-штадт палас” сүүнэ улахан кэнсиэрдиир саалатыгар тахсан Москуба туһунан бары бииргэ ыллаатыбыт. Онтон  Кирюшкиннар таҕыстылар. Сип-синньигэс, саарыктаах кыыс уонна бэриэттээх уол кыыстан саарыгын былдьыы сатыыр. Бүттэ. Нүөмэр 6 мүнүүтэ барбыта, онтон саала 20 мүнүүтэ устата, уоскуйбакка, ытыс таһыммыта. Туран эрэ, “биис” хаһыытыыллара, өссө ыҥыраллара. Ханнык да Улахан тыйаатыр, ханнык да балет бу “ажиотаһы” тохтотор кыаҕа суоҕа. Режиссёрдар артыыстары сыанаттан таһаара сатыыллара, оттон саала ыыппата, туран эрэ таһынара. Дьэ, ол буолар, нүөмэргэ барыта 100% сөп түбэһэрэ: чопчу толкуй уонна ону олоххо киллэрии” ( Лев Готовцев, “Правда о шоу-бизнесе”. 2004).

“Тайна предков” 

Наталья Шестакова өссө Дьокуускайга Муусука тыйаатырын труппатыгар сырыттаҕына, кинини “Таджикфильм”  устар “Тайна предков” киинэтигэр Арапаас оруолугар талан ылбыттара. Ол “Көмүстээх үрүйэ” диэн Н.Якутскай  сэһэнинэн турбут киинэҕэ кини ССРС норуодунай артыыһа Дмитрий Ходуловтыын, Саха АССР үүөлээх артыыһа Спартак Федотовтыын уһуллубута.

IMG 20231018 WA0056 1

“Бу киинэни “Таджикфильм” 1972 сыллаахха устан, таһаарбыта. “Вестерн” көрүҥнээх, ол эбэтэр, эмиэрикэлэр индеецтэрин туһунан киинэлэри санатара. Итэҕэһэ элбэх эрээри, бу саха тиэмэтигэр уһуллубут киинэ, ону кытта саха артыыстара киинэҕэ уһуллан саҕаланыылара буолар диэххэ сөп. Тоҕо хотугу тиэмэлээх киинэни таджиктарга уһултара биэрбиттэрэ  диэн – “хотугу дьон туһунан киинэни соҕуруу дойду дьоно усталлара буоллар” диэн Москубалар быһаарбыттар” (С.Анашкин “Тайна предков 40 лет спустя”,  “Якутия”, 2013 г.).

248947Арапаас оруолугар

Наталья Васильевна киинэҕэ үлэтин туһунан сэһэргиир:

– Киинэҕэ уһуллуу олус интэриэһинэй этэ, мин бу үлэни умнубаппын. Араас быһылааннардаах, көрөөччүнү тардар киинэ оччотооҕу кэмҥэ уһулла илигэ. Онон да көрөөччү олус сөбүлээбитэ. Хомойуох иһин, бу киинэҕэ көтөҕүллэр сиртэн хостонор баай тиэмэтэ билигин даҕаны сытыытык турар. Саамай дьиҥнээх баай Киһи буоларын дьон өссө  өйдүү илик...

Холкутук-наҕыллык

Наталья Васильевна билигин кэргэнэ Клаус Мораваны кытта Майннааҕы Франкфурка олорор.

– Клаус – ньиэмэс, миигиттэн 3 сыл аҕа. 30 сыл бэйэ бэйэбитин билэбит, онтон 28 сыл ыал буолан олоробут. Дьиҥинэн, атын-атын омук дьоно эрээрибит, көрүүбүтүгэр, олоххо сыһыаммытыгар биһигини элбэх сибээстиир. Билигин иккиэн биэнсийэлээхпит, онон бэйэбит сааспытыгар дьүөрэлии, бэйэ-бэйэҕэ кыһаллан, холкутук-наҕыллык, ыксаабакка, аргыый наллаан олоробут.

IMG 20231018 WA0064

Номоххо киирбит артыысканы кытта кэпсэтии түмүктэниитэ кини “Саха сирин көрбөтөҕүм ыраатта, Дьокуускай үрүҥ түүннэрин, чэбдик салгынын,  туманнарын ардыгар түһээн көрөбүн. Хаһан эрэ барыта бүтүө, үтүө күннэр үүнүөхтэрэ, оччоҕо оҕо сааһым куоратыгар тиийэ сылдьыам диэн эрэнэ саныыбын”, – диэтэ. Көрсүөххэ диэри!

СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин үлэһиттэригэр көмөлөрүн иһин махтал.

Нина ГЕРАСИМОВА. 
Матырыйааллар, хаартыскалар бибилэтиэкэ, Н.В. Морава тус архыыбыттан.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар