Бүгүҥҥү ыалдьыппыт “саха итэҕэлин муҥутуур чыпчаала, кини көстүүтүн, сиэрин-туомун бүтүннүү илдьэ сылдьар тэрээһин – ыһыах” диир. Ону таһынан, ускуустуба эйгэтин үлэһитин оҕолоругар туспа уһуйааны туруорсар, култуура эйгэтин үлэһитэ айар-тутар эрэ буоллаҕына үлэтэ-хамнаһа үтүө түмүктээх буоларын туһунан этэр уонна ол тоҕотун быһаарар.
Кулун тутар 25 күнүгэр бэлиэтэнэр култуура үлэһиттэрин идэлээх бырааһынньыгын көрсө, А.Д. Макарова аат. Дьокуускайдааҕы култуура уонна ускуустуба колледжын салайааччыта, педогогика билимин хандьыдаата уонна Ил Түмэн дьокутаата Захар Никитинниин кэпсэттибит.
КУЛТУУРА КЫАЙЫЫТА
– Захар Николаевич, бастатан туран, идэлээх бырааһынньыккыт иһэринэн эҕэрдэлиибин! Тута кэпсэтиигэ киирдэххэ, кэлин култуура эйгэтигэр туох уларыйыы буолла? Саҥа сокуон, нуорма-быраап докумуона оҥоһуллар дуо?
– Кэлиҥҥилэртэн эттэххэ, олунньу 29 күнүгэр дойдубут бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Федеральнай Сэбиэккэ Анал туһаайыытыгар 2025 с. “Земскэй култуура үлэһитэ” бырагыраама киириэхтээҕин туһунан эппитэ. Ити барыл култуура үлэһитин аатын-суолун үрдэтэргэ, каадыр тиийбэт кыһалҕатын быһаарарга улахан көмө буолуохтаах диэн эрэнэбит.
Саха сирэ атын эрэгийиэннэртэн биир саамай улахан уратыта – хас биирдии нэһилиэкпит ахсын кулууптаахпыт, 1990-с сс. ыһыллыы кэмигэр тутан хаалбыппыт. Бу – улахан ситиһии. Онон биһиэхэ култуура сайдар, салгыы үлэлиир кэскиллээх. Ону бырабыыталыстыбабыт да, нэһилиэнньэбит да өйдүүр. Өйүүр миэрэ барыта тэриллэн турар.
– Атын эрэгийиэннэргэ оннук буолбатах дуо?
– Суох, 1990-с сс. кэннэ элбэх эрэгийиэҥҥэ кулууптар, сынньалаҥ кииннэрэ сабыллыбыттара. Билигин олору үксүгэр чааһынай култуура тэрилтэлэрэ, аралдьытар-саататар кииннэр, ол-бу түүҥҥү кулууптар, о.д.а. солбуйан тураллар. Эбэтэр биирдиилээн урбаанньыттар тиэндэргэ кыайан, судаарыстыба-муниципалитет сакааһынан тэрээһини ыыталлар. Биһиги атын эрэгийиэннэрдээҕи кэллиэгэлэрбитигэр “оҕолорбут тыа сиригэр быраактыкалана бараллар” диэтэхпитинэ, “тыа сиригэр кулууптааххыт дуо?” диэн соһуйаллар.
КУЛТУУРА “КЫАҺЫТА”
– Култуура диэн буолла да, үксүгэр төрүт култуураны, үгэһи саныыбыт. Оттон онтубут сокуонунан көмүскэллээх дуо?
– Хас биирдии омук култууратын, үгэһин харыстыыр, ону тэҥэ сайыннарар туһунан бэйэбит Төрүт сокуоммутугар баар. Онон, көмүскэллээх.
Бастакы ыйытыыга төннөн кэллэххэ, кулууп дьиэлэрин тутан олоруубут – кыайыыбыт. Ол гынан баран, 2003 с. 131-с №-дээх ФС олоххо киириэҕиттэн, култуура эйгэтэ улаханнык оҕустарда. Ити сокуон быһыытынан, тыа сиригэр култуура дьиэлэрэ нэһилиэк бүддьүөтүттэн үбүлэнэр буолбуттара. Ол түмүгэр, каадыр боппуруоһугар, үлэ ис хоһоонугар сытыы боппуруостар үөскээбиттэрэ күн бүгүнүгэр диэри ситэ быһаарыллыбакка тураллар.
– Ол туох харгыһы үөскэтэрий?
– Кииннэммит, кэлим салайыы суох буолбута. Судургутук эттэххэ, кулууп дириэктэрин нэһилиэк баһылыга аныыр-ууратар. Аны туран, култуура эйгэтигэр идэлээх ыстандаартан ураты туох да улахан хааччах суох буолан, дириэктэринэн үөрэхтээх да, үөрэҕэ да суох киһи ананыан сөп. Итини таһынан, бары биир ирдэбилинэн буолбакка, тус-туспа, ким хайдах, тугу сатыырынан үлэлииллэр.
– Ол аата, нэһилиэккэ култуура хайдах сайдара барыта баһылыктан эрэ тутулуктаах буоллаҕа?
– Оннук. Холобур, куһаҕанын талан эттэххэ, биир эмэ боппуруоска улуус баһылыга дуу, култуура министиэристибэтэ дуу “дэриэбинэ кулууба – мин боломуочуйам буолбатах” диэн кэбиһиэн эмиэ сөп. Уопсайынан, ити элбэх үтүө да, мөкү да өрүттээх уустук сокуон.
– Сыыспат буоллахпына, урут ГУ “Арктика”, РПЦ диэбит курдук тыа сирин кулууптарын үлэтин-хамнаһын сүрүннүүр тэрилтэлэр бааллара. Биир сүрүннээх үлэ суох буоллаҕына, ити икки тэрилтэ тугу үлэлиирий?
– Ол тэрилтэлэр билигин да бааллар, үлэлии олороллор. Кинилэр үлэ ис хоһоонун көрөллөр, сүбэлииллэр. Ол гынан баран, “Култуура дьиэлэрин модельнай ыстандаарта” диэн оҥоһуллан, кулууптар хайдах суолунан сайдыахтаахтара, үлэлиэхтээхтэрэ чопчуланыахтаах. Билигин култуура эйгэтигэр олус элбэх учуутал, бэтэринээр, экэнэмиис, атын да идэлээх дьон үлэлии сылдьар. Култуура тэрилтэтэ олохтоох бүддьүөттэн чопчу төһө харчыны ылыахтааҕын методиката да оҥоһуллубакка турар. Ол барыта сааһыланыахтаах.
КУЛТУУРА УОННА ШОУ
– Дьиҥнээх култуураны шоуттан киһи хайдах араарыахтааҕый?
– Кырдьык, култуураны тэрийэр кэмиэрчэскэй тэрилтэ элбэх. Кинилэр нэһилиэнньэ интэриэһин учуоттаан, кини төлүүр кыаҕын ааҕан-суоттаан, наадыйарын, көрүөн-истиэн баҕарарын барытын хааччыйан олороллор. Ити – аныгы олох көстүүтэ. Ону тохтотор наадата суох. Итинэн нэһилиэнньэ наадыйар биир суола хааччыллар. Оттон биһиги, муниципальнай-судаарыстыбаннай тэрилтэлэр, култуура эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэни ыытыахтаахпыт, идеологияҕа күүскэ үлэлиэхтээхпит. Биһиэхэ харчыны киллэрии бастакы миэстэҕэ туруо суохтаах. Биһиги патриоттуу иитиигэ, бэйэбит үгэспитин тарҕатыыга болҕомтону ууруохтаахпыт.
– Харчы диэбиккэ дылы, билигин нэһилиэк кулууптара харчы киллэриитигэр сыллааҕы былааннарын кыайан толорбокко эрэйдэнэллэр, “дьон кулуупка сылдьара аҕыйаата” дэһэллэр.
– Мин өрүү этэбин: ити – миэстэтигэр исписэлиис үлэтин итэҕэс өрүтэ эбэтэр кини таһыма тиийбэтэ. Култуура үлэһитэ аҥаардас тэрээһини сүрүннүүр, тэрийэр менеджер эрэ буолбакка, кини, бастатан туран, айар үлэһит буолуохтаах. Айар үлэһит олохсуйбут сиригэр олох-дьаһах тута уларыйар. Холобур, дэриэбинэҕэ тыйаатыр режиссера идэлээх киһи үлэлии тиийдэҕинэ, тута тыйаатыр дьарыга тэриллэр, испэктээктэр тураллар. Үҥкүүһүт тиийбит сиригэр – элбэх киһи үҥкүүлүүр буолар. Сорох баһылыктар толору хааччыллыылаах саҥа култуура дыбарыаһын туттахпытына култуурабыт сайдыа дии саныыллар. Биллэн турар, үчүгэй дьиэ-уот үлэлииргэ-хамсыырга үчүгэй эрээри, өскөтүн онно үчүгэй, анал таһымнаах исписэлиис суох буоллаҕына, үлэ таһыма син биир мөлтөх буолар. Хаарбах да дьиэҕэ олорон дьиҥнээх култуураны оҥоруохха, ол тула дьону түмүөххэ сөп. Онон, ити барыта киһиттэн уонна кини айар таһымыттан тутулуктаах.
КУЛТУУРА УОННА ИТЭҔЭЛ
– 1990-с сс. саҕалаан Ыһыах, Олоҥхо, Итэҕэл диэн үс өйдөбүлгэ тирэҕирэн, күүстээх үлэ барбыта. Билигин ол түмүгүн хас биирдии нэһилиэккэ, улууска, Туймаада хочотугар ыһыллар ыһыахтарга, олоҥхобут сайдыытыгар уонна итэҕэлгэ сыһыаммытыгар илэ көрөбүт. Төрүт култуурабыт, үгэспит үрдүк таһымнааҕын, өлбөккө-сүппэккэ баччаҕа кэлбитин атын эрэгийиэннэри ааһан, аан дойду таһымыгар бэлиэтииллэр, сөҕөллөр. Ол гынан баран, онтубут салгыы хайдах сайдыахтааҕый?
– Саха төрүт култууратын, үгэһин, итэҕэлин – барытын илдьэ сылдьар тэрээһиммит – ыһыах. Ыһыах норуоту сомоҕолуур, итэҕэл чыпчаалын муҥутуур көстүүтэ. Ол эрээри кистэл буолбатах, кэлин онтубутун маассабай бырааһынньыкка кубулутан эрэбит. Ыһыахпыт күнэ-дьыла да уларыйда. Дьиҥэр, мин санаабар, улууһуттан-өрөспүүбүлүкэтиттэн тутулуга суох биир күн – бэс ыйын 21 күнүгэр – ыһыллыахтаах. Ити күнү итэҕэл, Айыыларга сүгүрүйүү күнэ курдук ылыныахтаахпыт. Оттон ону ыччаппыт ылыннаҕына, түмсүүбүт тулхадыйбат буолуоҕа. Онон, ыһыах ис хоһоонун, өйдөбүлүн, итэҕэл улахан тэрээһинин курдук ылынар үлэ күүһүрүөхтээх. Болҕомто суолтатыгар, дьон сөпкө өйдүүрүгэр, ылынарыгар ууруллуохтаах.
– Култуура диэн аҥаардас ырыа уонна үҥкүү эрэ буолбатаҕа өйдөнөр. Тыа сиригэр билигин киһи “бу – култуура” диир өссө туга баарый?
– Кэлин үгүс нэһилиэк Айыы балаҕанын тутан үлэлэтэн эрэр. Ол эмиэ да итэҕэл, эмиэ да төрүт култуура көстүүтэ. Баҕалаах, дьулуурдаах дьон түмсэн, олус үчүгэйдик тэринэн үлэлии-хамсыы, дьону-сэргэни түмэ олороллор. Оттон “төрүт култуурабыт тоҕо сайынна?” диир буоллахха, биһиги колледжпытыгар төрүт култуура салаата үлэлиирин түмүгэр, элбэх ыччат төрүт үгэскэ, култуураҕа уһуйуллан, анал идэлэнэн, өрөспүүбүлүкэ былаһын тухары этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьар. Кинилэр баар буоланнар, 1990-с сс. кэннэ култуура “өрө туруута” саҕаламмыта. Биһиги кыһабытын бүтэрбит дьон миэстэтигэр итэҕэл үлэһитин быһыытынан эмиэ үлэлииллэр. Кинилэр киһи төрүөҕүттэн анараа дойдуга аттаныар диэри туох сиэр-туом оҥоһулларын билэллэр.
Кэлин биир улахан, долгутар боппуруос – баар култуура суох буолуута. Дьон өйүн-санаатын уларытан кэбистиҥ да, култуура хайа эрэ көрүҥэ уонча сыл иһигэр умнуллан, сүтэн хаалыан сөп. Холобур, билигин саха норуота биирдиилээн дьонтон ураты сүөһү, сылгы тириитин сатаан таҥастаабат буолла, онно сыһыаннаах тыл-өс сүттэ. Дьиҥэр, соторутааҕыга диэри өбүгэлэрбит бары ынах-сылгы тириитэ таҥастаах сырыттахтара. Арай түүлээҕи таҥастыырбытын эрэ син тутан олоробут. Аны туран, сэргэ туруоруутун сиэрэ-туома сүтэн эрэр. Холобур, урут биһиги эҥээр уоллаах ыал уруу ахсын бары сэргэ туруорар буоллахтарына, билигин киһи барыта куттанар, туруорбат. Култуура сорох көрүҥэ ити курдук түргэнник сүтүөн сөп. Харыстаабатахха.
– Култуура, ускуустуба “муҥутуур чыпчаала” дэнэр опера, балет, о.д.а. тыа сиригэр ситэ тиийбэккэ турар. Уопсайынан, ол биһиэхэ наада дуу, суох дуу?
– Биллэн турар, ускуустуба үрдүкү көрүҥнэрэ баар буолуохтаахтар. Ол гынан баран, ону биһиги бэйэбит норуоппут айымньытын, төрүт култууратын, үгэһин нөҥүө ылына сатыахтаахпыт. Оччоҕуна эрэ ылынар, өйдүүр буолуохпут. Холобур, ону туоһулуур “Ньургун Боотур” опера, “Чурум-Чурумчуку” балет бааллар.
КУЛТУУРА ХАМНАҺА
– Билигин култуура үлэһиттэрэ үлэлэрин таһымыгар эппиэттэһэр хамнастаахтар дуо?
– Нэһилиэнньэ уопсай хамнаһын кытта тэҥнээтэххэ, наһаа куһаҕана суох курдук. Култуураҕа баҕалаах эрэ дьон үлэлиир. Утуйар ууну, өрөбүлү-сынньалаҥы умнан туран дьон туһугар үлэлээтэххинэ эрэ, үлэҥ түмүктээх, ис хоһоонноох буолар. Сарсыарда тоҕустан киэһэ алтаҕа диэри эрэ үлэлиир буоллаххына – бу эн үлэҥ буолбатах. Биһиги үлэбит хайдах да хамнаһынан эрэ сыаналаммат.
Уопсайынан, култуура эйгэтэ киһи туспа, ураты айымньылаах сыһыанын ирдиир, хаһан да чааһынан кэмнэммэт. Хомойуох иһин, билигин 1990-с сс. саҕалаан саха култууратын, төрүт үгэһин, бу билигин тутан олорор таһыммытын олоххо киллэрбит энтузиаст дьоммут көлүөнэтэ баран эрэр. Кинилэр түүнү-күнү, кыра хамнаһы аахсыбакка, норуот бүттүүн култууратын сайыннарбыттара.
– Оттон билиҥҥи ыччат?
– Билигин да оннук ыччат суох буолбатах эрээри, дэриэбинэҕэ ыччат аҕыйаата. Онон үлэлиир баҕалаах энтузиаст дьону булгуччу өйүөх кэриҥнээхпит. Биир оннук өйүүр миэрэ Эспиэр сүбэтэ буолуон сөп. Холобур, билигин грант харчыта бырайыак сурулунна, сатаан көмүскэннэ да, бэриллэр. Мин санаабар, грант харчыта оҥоһуллубут, түмүктэммит үлэҕэ бэриллиэхтээх. Ону Эспиэр сүбэтэ ырытан, көрөн-истэн бириэхтээх: “Бу үлэ чахчы туһалаах, салгыы сайдыахтаах, атын сиргэ тарҕатыллыахтаах, ол иһин үбүлэниэхтээх”, – диэн салгыы үлэлиир усулуобуйаны тэрийиэхтээх. Билигин бырайыак эрдэттэн үбүлүнэр буолан, түмүгэ араас буолуо сөп.
Даҕатан эттэххэ, кэлин мин “Этигэн Хомус” курдук улахан бириэмийэ сүппүтүттэн, ону кэмигэр салалтабыт өйөөбөтөҕүттэн олус хомойобун. Дьиҥэр, А.Д. Глотов “Сахалыы Виктория” араадьыйаны үлэлэтэн, “Этигэн Хомуһу” тэрийэн, саха култуурата, ырыата-тойуга сайдарыгар, саҥа таһымҥа тахсарыгар туох да сүҥкэн үтүөнү оҥорбута. Ол билигин суох. Түмүгэр, эстрадабыт төттөрү фонограммаҕа уонна “плюсовкаҕа” көстө. “Этигэн Хомуһу” бары суохтууллар.
КУЛТУУРА ӨЙӨБҮЛЭ
– Захар Николаевич, кэпсэтиибит түмүгэр өссө тугу этиэҥ этэй?
– Бастатан туран, култууралары таһынан, опера, балет, циркэ, тыйаатыр артыыстарын курдук ускуустуба үлэһиттэрэ бааллар. Кинилэри туох да саарбаҕа суох Саха сирин “сирэйдэрэ” диэххэ сөп. Кинилэр үлэлииллэригэр-хамсыылларыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллиэн наада. Мин санаабар, биир оннук усулуобуйа – култуура-ускуустуба үлэһиттэрин оҕолоругар аналлаах туспа уһуйаан наада. Хонуктааҕа буоллар өссө ордук буолуо этэ. Тоҕо диэтэххэ, ускуустуба үлэһитин үлэтэ бириэмэнэн кэмнэммэт, кини айар-тутар кэмэ-кэрдиитэ олус кылгас. Олус талааннаах дьоммут дьиэ-уот кыһалҕатыгар кыаһыланан олордохторуна, кинилэр Саха сирин туһугар айар-тутар көмүс кэмнэрин сүтэриэхтэрин сөп. Уопсайынан, ити курдук өйүүр миэрэлэр наадалар. Буолаары буолан, ускуустуба эйгэтин хамнаһа кыра дии олорон. Билигин, холобур, саҥа саҕалаан эрэр артыыс 50-ча тыһыынчаны ылар. 50 тыһыынчаны киһи олоҕун ускуустубаҕа анаабакка, быстах-остох да үлэлээн ый иһигэр холкутук өлөрүөн сөп. Ол иһин биһиги дьоммутун сөптөөх бырагырааманан өйөөбөтөхпүтүнэ, атын эйгэҕэ баран хаалыахтара.
– Захар Николаевич, кэпсээниҥ иһин махтал!
Альберт КАПРЫНОВ.
Хаартыска: аһаҕас источниктартан.