Муус устар 25 күнүттэн саҕалаан Саха сирин бары киинэ тыйаатырдарыгар Михаил Лукачевскай “Кыталыктаах кырдалым” (“Там, где танцуют стерхи”) киинэтэ көстөөрү турар. Киинэ 1990-с сс. саха дьонугар-сэргэтигэр киэҥник биллибит Кыталык Уйбаан – Иван Дьячковскай “Кустугу ситтэрбиэн” автобиографиятыгар, дьиҥнээх олоххо олоҕуран, уһуллубут.
Киинэҕэ 1,5 саастаах уол оҕо дьиэ умуһаҕар түһэн сиһин тоһутан, куорат балыыһатыгар хас да сыл сытан баран төрөөбүт дьиэтигэр эргиллэн кэлиитэ, ийэтин, аҕатын, бииргэ төрөөбүттэрин кытта саҥаттан билсиитэ, босхоҥ оҕо сырдыкка-кэрэҕэ эрэлэ, дьон сыһыана, баҕа санаа туолуутугар тулхадыйбат дьулуур ойууланар.
Киинэ саха дьонун киэҥ дьүүлүгэр өссө тахса илик эрээри, Чукоткаҕа буолбут “Золотой ворон” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы киинэ бэстибээлин гран-притын ылбыт. Онтун ааһан, сүрүн дьоруой – 10 саастаах Михаил Слепцов – “Бастыҥ эр киһи оруола” диэн дьүүллүүр сүбэ анал бирииһин туппут.
Муус устар 23 күнүгэр киинэ туһунан суруналыыстарга, дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэр пресс-мунньахха режиссер Михаил Лукачевскай эппитинэн, киинэ Татарстаҥҥа, Башкортостаҥҥа, Новосибирскайга, Чукоткаҕа уонна Арассыыйа атын эрэгийиэннэригэр номнуо көстөн эрэр.
Сынаарыйан өссө уонча сыл анараа өттүгэр Михаил Лукачевскай бэйэтэ, Любовь Борисова уонна Алексей Амбросьев (кырата) суруйбуттар. Ол гынан баран, “кэмин кэтэһэн сытан” баран, икки аҥаар сыл анаа өттүгэр уһуллубут. Манна эмиэ “ол гынан баран” диибит. Киинэ 2022 сыллаахха 20-чэ күн иһигэр уһуллан, бэрт түргэнник таҥыллан баран, аны, кыталыктартан сылтаан өссө икки сыл сытарга күһэллибит. Бастаан режиссер тыыннаах кыталыктары устаары хоту барарга санаммыт, орнитолог Инга Бысыкатованы кытта сүбэлэспит. Ол эрээри, учуонай “кыталыгы элбэх сыл үөрэттим эрээри, кинилэр үҥкүүлүүллэрин 25 сыл буолан эрэ баран көрдүм, ону да ыраахтан” диэн, устар хамаанда көмпүүтэр кыраапыкатын туһанарга күһэллибиттэр. Тардыллыы онтон сылтаан тахсыбыт.
“Онтубут барыта анаабыт курдук буолла. Киинэбит Дьиэ кэргэн сылыгар таҕыста. Уопсайынан, киинэни устарбыт тухары киһи тылынан сатаан быһаарбат дьикти көстүүлэрэ буолуталаатылар. Холобур, туманнаах сыананы устуохпутун баҕардахпытына, сарсыныгар анаабыт курдук туман түһэрэ. Ыраас халлааҥҥа наадыйдахпытына, саппаҕыран турар халлаан халлан кэлэрэ. Аны, ити сиргэ Кыталый Уйбаан оҕо сылдьан 11 кыталыгы көрбүт этэ. Биһиги киинэни уста сылдьан эмиэ оруобуна 11 кыталыгы түбэһэн көрдүбүт. Учуонайдар кыталык олус өр олорор дииллэр. Ким билиэй, баҕар кинилэр да кэлэн ааспыттара буолуо”, - дииллэр хамаанда чилиэннэрэ.
Киинэ Амма Покровкатыгар уһуллубут. Үгэс курдук, маассабай сыанаҕа олохтоохтор эмиэ кыттыспыттар. Онтун ааһан, аһынан-үөлүнэн, киинэ атрибутунан олус көмөлөспүттэр. Ол иһин хамаанда кинилэргэ махтала муҥура суох.
“Кыталыктаах кырдалым” киинэ – сахалыы холку киинэ. Пресс-мунньахха суруналыыс Владислав Коротов эппитинии, “дьиҥнээх сахалыы киинэ”. Экшны, сүүрүүлээх-көтүүлээх, элбэх мүччүргэннээх эбэтэр кутталлааҕы, ыһыылааҕы-хаһыылааҕы, күлүүлээҕи кэтэһэр дьоҥҥо анамматах диэххэ сөп. Бу – дьиэ кэргэн бүттүүн көрөр, киһи күннээҕи түбүктэн аралдьыйар, ол гынан баран, олох, олоххо сыһыан, үтүөҕэ-кэрэҕэ дьулуур, күүстээх санаалаах буолуу туһунан толкуйдатар уус уран айымньы.
Бэй.кэр.