Ааспыт өрөбүлгэ, муус устар 28 күнүгэр, Намҥа култуура уонна духуобунай сайдыыга дыбарыаһыгар үҥкүү муҥутуур чыпчаалын чаҕылхай, дьоро киэһэтэ буолан ааста. Сааланы толору көрөөччү мустубутун көрдөххө, намнар үҥкүү ускуустубатын сүрдээҕин сэҥээрэллэр, сыаналыыллар эбит.
Үҥкүүнү таптааччылары биир түһүлгэҕэ ким түмэ тарта? Бу – Нам П.П. Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан Олоҥхо дьиэтигэр үҥкүү кэлэктиибин балетмейстера Римма Татаринова. Кини Намҥа тарбахха баттанар соҕотох үҥкүү туруорааччы диэн сыана быстахпына – сыыспаппын.
Санаан көрүҥ! Үҥкүү кэрэ эйгэтигэр 200-тэн тахса киһини биир киһи, биир үҥкүүһүт түмэ тардан дьарыктыырын?! Соҕотох киһи холугар сөҕүмэр үлэ буолбатах дуо! Ырыаһыт бэйэтэ ыллаан кэнсиэрин оҥоруон сөп. Оттон элбэх киһини дьарыктаан, үҥкүү киэһэтин тэрийэр мээнэҕэ бэриллибэт талаан, дьоҕур, тулуур! Бу дьоро киэһэҕэ уһуйаан кырачаан оҕолоруттан саҕалаан, элбэх оҕолоох ыал далбар хотуттарыгар тиийэ кытыннылар. Эр дьон да хаалсыбатылар.
Римма Татаринова барыта 7 үҥкүү бөлөҕүн тэрийэн дьарыктыыр. Ол курдук, “Үргэл” кэлэктиибэ 4 бөлөххө арахсан дьаныардаахтык дьарыктанар. Араас идэлээх эдэр кыргыттары мунньан, “Ай-Ледис” үҥкүү кэлэктиибин тэрийэн, 3-с сылларын утумнаахтык дьарыктана, үҥкүү эйгэтин баһылыы сылдьаллар. Былырыыҥҥыттан уһуйаан уонна 1-кы кылаас кыргыттарыгар гимнастика бөлөҕүн арыйан, оҕолору имигэс, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар дьарыктыыр. Быйыл саҥа “Амаан” үҥкүү кэлэктиибин тэрийдэ.
Онон билигин уопсайа 174 оҕо, 32 улахан киһи (уопсайа 206) Римма Татаринова салайар үҥкүүтүн дьарыгар сылдьаллар.
Үҥкүү – оҕо сааһым ыра санаата, олоххо булбут үөрүүм
– Римма, бэйэҕин билиһиннэриэҥ дуо?
– Күн сирин көрбүт сирим – Нам улууһун – Түбэ нэһилиэгэ. Түөрт кыыстаах Александр уонна Парасковья Бурнашевтар дьиэ кэргэҥҥэ үһүс кыыс оҕонон төрөөбүтүм. Оччолорго аҕам – оскуола дириэктэрэ, ийэм уһуйааҥҥа иитээччи этилэр. Дьоллоох оҕо сааһым кэрэ айылҕалаах, ыраас уулаах өрүстээх, чэбдик салгыннаах, өлгөм үүнүүлээх, сир астаах дойдуга ааспыта. 3-с кылааска үөрэнэ киирэр сылбар ийэм төрөөбүт дойдутугар, Хамаҕатта нэһилиэгэр, көһөн кэлбиппит.
Кэлбит сылбар ийэм муусука оскуолатыгар, хореография кылааһыгар киллэрбитэ. Онон, идэбин таларбар суолбун арыйбыт уһуйааччым, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Л.А. Андросова буолар. Оскуолабын бүтэриэхпэр диэри “Радуга” үҥкүү ансаамбылыгар спортивнай-бальнай үҥкүүнэн дьарыктаммытым. Гоша Васильев диэн уоллуун пааранан үҥкүүлээн, өрөспүүбүлүкэ элбэх турнирыгар призёр, чөмпүйүөн аатын сүкпүппүт. Ансаамбылынан Санкт-Петербург, Финляндия, Лапландия дойдуларынан сылдьыбыппытын умнубаппын.
– Ханна үөрэнэн туох идэлээххиний?
– Оскуолабын 2005 сыллаахха бүтэрэн, култуура уонна ускуустуба колледжыгар үөрэнэ киирбитим, инники идэбэр уһуйуллан барбытым. Үөрэнэр сылларбар “Өркөн” ансаамбылга үҥкүүлээбитим. 2008 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлүтүгэр, муусука оскуолатыгар, 20-лээх эрэ кыыс айар үлэбин саҕалаабытым. Кэлин ХИФУ-га үөрэнэн, культуролог идэтин ылбытым.
– Хас биирдии киһи кыра эрдэҕиттэн ыра санаалаах буолар.
– Оҕо эрдэхпиттэн айан үҥкүүлүүр идэлээҕим. Ийэбэр араас таҥас тиктэрэн, дьиэлээхтэрбэр кэнсиэр көрдөрөрүм. Ардыгар “таһымматыгыт” диэн хомолто эмиэ баар буолара. Оҕо эрдэхпиттэн үҥкүүһүт буолар ыра санаам туолбутуттан астынабын.
– 15 сыллаах айар киэһэҥ үрдүк таһымҥа ааста. Үлэлээбит кэмиҥ устата оҕону, ыччаты үҥкүү кэрэ эйгэтигэр сиэтэн киллэрдэҕиҥ.
– Элбэх оҕо иитиллэн таҕыста. Номнуо үлэһит буоллулар. Олортон үөрэппит 7 оҕом үҥкүү идэтин талан, үлэлии-хамсыы сылдьаллара, миэхэ – үлэлээбит үлэм үтүө түмүгэ.
– Үҥкүүнү туруорааччы 100-нэн киһини үҥкүү хамсаныытыгар үөрэтэр. Бу элбэх сыраттан-сылбаттан тахсара биллэр.
– Арааһы тэрийэрбин, кэнсиэр туруорарбын ис сүрэхпиттэн астынабын. Отой ыарырҕаппаппын. Бириэмэ уонна баҕалаах үҥкүүһүттэр, кыттааччылар баар буоллулар да – бүттэ. Уустуга хас биирдии үҥкүү уобараһын арыйан, таҥас-сап тиктэриитигэр уонна үпкэ-харчыга көрсөҕүн. Түгэни туһанан, бу сылга таҥас тиктэрэрбитигэр, матырыйаал ыларбытыгар көмө буолбут Ленскэй нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга П.Г. Сокольниковка уонна Олоҥхо дьиэтин дириэктэрэ В.В. Колпашниковаҕа махталбын тиэрдэбин.
– Үҥкүүгүн барытын бэйэҥ туруораҕын дуо?
– Бэйэм айабын, туруорабын, үөрэтэбин. Хас биирдии туруорааччы бэйэтэ туспа суоллаах, көрүүлээх-истиилээх буолуохтаах.
– Үҥкүүлүүрүҥ таһынан өссө ыллыыгын. Ырыаны, үҥкүүнү тэҥинэн тутуохха диэтэххэ, уустук соҕус буолуохтаах.
– Төрүттэрбэр ырыаһыттар бааллар. Ийэм, аҕам иккиэн ыллыыллар. Кыра эрдэхпиттэн үҥкүү, успуорт көрүҥэр охтоммун, ырыанан үлүһүйбэтэҕим, дьарыктамматаҕым. Кэнники кыралаан үҥкүүлэрбин киэргэтээри эрэ ыллыыбын. Тапталлаах кэргэним Иннокентий Татаринов, ырыа куттаах, идэлээх буолан, бу кэнсиэрбэр кини айбыт матыыбыгар бииргэ ыллаатыбыт.
– Таҥаскыт-сапкыт үчүгэйэ бэрт, эскииһин барытын бэйэҥ толкуйдуугун дуу?
– Үҥкүү уобараһын арыйарын курдук, таҥас эскииһин бэйэм толкуйдуубун. Норуот үҥкүүлэригэр интэриниэт ситимиттэн көстүүмнэри көрөн, үөрэтэн, онтон уруһуйдаан таһаарабын. Элбэх иистэнньэҥ төрөппүттэрдээхпин, дьүөгэлэрдээхпин. Онон абыранабын. Хас биирдиилэригэр олус махтанабын.
– Илиҥҥи үҥкүүлэртэн саҕалаан, аныгы үҥкүүгэ тиийэ туруораҕын.
– Үҥкүү идиэйэтэ күннээҕи олохпуттан, араас санааттан киирээччи. Ол курдук, былырыын убайым Николай Романов (Ронин) олохтон барбытыгар утуйар уум көтөн, санааҕа баттатан, кэнсиэрбэр туруорбут “Санаа күүһэ” үҥкүүнү айбытым. Кэнсиэрим аһыллыытыгар мифология Фениксэ буолан киириим эмиэ туспа суолталаах. Кыра эрдэхпиттэн сыанаҕа мэлдьи үҥкүүлүү сылдьыбыт киһи, 30 сааспар ыал буолан, утуу-субуу 2 ытарҕа кыргыттарбын оҕолонон, тохтуу сылдьан бараммын, 7 сыл кэнниттэн сыанаҕа тахсыым буолар. 6 уонна 4 саастаах кырачаан кыргыттарбыт – Нам 6-с №-дээх “Кыталык” уһуйаан иитиллээччилэрэ.
– 5 сыл буола-буола айар киэһэҕин оҥороҕун дуу?
– Оннук. Биэс сыл буола-буола кэнсиэр тэрийэбин. Сылаата суох. Биэс сыл уһун дии. Ол бириэмэҕэ элбэх саҥа үҥкүү айылларын түмүгэр бэлэм кэнсиэр тахсан кэлэр. Үҥкүүнэн дьарыктаныҥ, кэрэҕэ тардыһыҥ. Үҥкүү элбэххэ угуйар, сырдыкка ыралыыр, ускуустуба биир чыпчаал көрүҥэ буолар.
Кэскиллээххэ уһуйар кэрэмэс киһи,Үйэлээххэ үөрэтэр үтүө аргыс,Сырдыкка эрэ угуйарэйэҕэс салайааччыСанааны кынаттыыр,үрдүккэ көтүтэр!Бу тыллар бүгүн киэһэ Римма Татариноваҕа ананнылар.
Үҥкүүнү-ырыаны ситимнии тутан...
Римма Александровна үҥкүүһүт эрэ буолбакка, курустаал таастыы ыраас, лыҥкынас куоластааҕын айар киэһэтигэр сылдьыбыт көрөөччүлэр истэн сөхтүлэр-махтайдылар. Мин ордук, “Маруся, раз, два, три” уонна узбек омук киэн туттар “Ялла” ансаамбыл репертуарыттан “Чайхана” диэн ырыалары ыллыы-ыллыы үҥкүүлээбитин астына, манньыйа, таптыы көрдүм. “Талааннаах киһи барытыгар талааннаах” диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Сэбиэскэй саҕана биир Сойуус өрөспүүбүлүкэтэ буолан олорбут дойдулар грузинныы, кыргыыстыы, узбектыы үҥкүүлэрин туруорбута кэнсиэр таһымын үрдэттэ, көрөөччүнү сэргэхситтэ. Кини туруорар үҥкүүлэрэ туспа эйгэлээхтэрин, куйаары кытта ситимнээхтэрин бэлиэтиигин.
АБДь-га баран олохтон туораабыт убайа Николай Романов (Ронин) сырдык кэриэһигэр анаан туруорбут “Санаа күүһэ” үҥкүүнэн дьүһүйүүтүн харах уута суох кыайан көрбөккүн. Оннук киһи дууһатын кылын таарыйан киирэр көстүү. Аны кэнсиэр биир дьикти түгэнэ “Эҥсиэли Хотуттара” ансаамбыл “Өлбөт-сүппэт полка хаамар” диэн патриоттуу ырыата буолла. 8 далбар хотун гитаралаах тахсан ыллаабыттара мин туспар “арыйыы” буолла. Биирдэ эмэ бачча элбэх кэрэ аҥаар гитаранан ыллыылларын көрбүккүт дуо? Суох буолуо ээ... Онтоо-оон, “Ыйдаҥалаах киэһэҕэ” ырыаҕа уйдаран сааскы сылаас күннэргэ “арамаантыкалаабыт” ыччат, бука, элбэҕэ буолуо. Бу түгэҥҥэ ойон туран үҥкүүлүөх баҕа санаа ойоҕоско анньыалаан, сүгүн олордубатаҕа да буоллар... Дьэ, ити курдук биир өттүнэн, ааспыт кэмнэри санатар “ностальжи” кэнсиэрэ буолла диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ наада.
Үҥкүү абылаҥнаах киэһэтиттэн саҕыллан тахсыбыт санаалар...
Үҥкүүгэ кыттыбыт ыал ийэлэрэ элбэхтэрин сэҥээрэ, хайгыы көрдүм. Олох идэлээх дьон курдук үҥкүүлүүллэр, быһыы-таһаа да мааны, бары муода сурунаалыттан түспүт курдук кэрэлэр, кырасыабайдар, уурбут-туппут курдук чочуонайдар. Бука, үксүлэрэ кэриэтэ атын эйгэҕэ үлэлиир дьон буолалларын сэрэйэҕин.
Римма үҥкүү эрэ туруорааччы буолбатах эбит. Кини араас хабааннаах куонкурустары, бырайыактары “Мисс Эҥсиэли”, “Мистер Эҥсиэли”, “Супер Бабушка”, “Снегурочка”, “Сааскылаана Куо” курдук күрэхтэри тэрийэн ыытар эбит. Кэнсиэр кэмигэр кырачаан үҥкүүһүттэр ааспыт үйэ 60-с, 70-с сылларыгар аҕам саастаах көлүөнэ сөбүлээн үҥкүүлээбит “Твист” үҥкүүнү эдэр саастарын санатан, үҥкүүлээн кулахачыйбыттара көрөөччүнү уйадытта, манньытта. Бары даҕаны оччотооҕу дьоллоох, эдэр сааспытын санаан аастахпыт буолуо.
Ол эрээри... тус көрүүбүн тистэхпинэ...
Хас биирдии көрөөччү, өтөрүнэн буолбатах үҥкүү кырдалыгар ааспыт кэм ырыаларын тэҥҥэ ыллаһан, үҥкүүлэһэн “адреналин” бөҕөтүн ыллыбыт. Улуус таһымынан эҕэрдэ, махтал тыллара этилиннэ. Ол эрээри биири өйүм-санаам син биир ылыммата. 15 сыл – айар-тутар киһиэхэ сыралаах үлэ түмүгэ. Ол “ситэри сыаналаммата дуу” диэн бэйэм санаабын син биир эттэхпинэ сатанар курдук.
Бары даҕаны билэ-истэ сылдьабыт – 5, 10, ардыгар аҕыйах даҕаны сыл биир хайысхаҕа үлэлээбит дьон өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “туйгун”, “үтүөлээх” араас аакка-суолга, улахан илистиитэ суох үлэ түмүгэр тиксэллэрин! Оттон 200-тэн тахса оҕону, ыччаты, аҕам саастаахтары үҥкүү уустук эйгэтигэр хамсатан-имсэтэн, тиритиннэрэн-хорутуннаран үҥкүүлэтэр, улууска биллэр-көстөр үлэлээх үҥкүү туруорааччы үлэтэ ситэри сыаналамматаҕа толкуйга түһэрдэ. Киһи үлэтэ-хамнаһа кэмигэр сыаналаныахтаах, оччоҕуна эрэ өссө көҕүлүүр күүс буолан, айар аартыга хоннохтоохтук аһыллыахтааҕа эбитэ буолуо. Ускуустуба, култуура дьоно күнүстэри-түүннэри дьиэни-уоту быраҕан туран үлэлииллэрин, билэн-көрөн кэллэхпит.
Чэчирии сайыннын үҥкүү ускуустубатаЧэлгийэр күөх сирэмҥэ!Талааннары кынаттаатын,Талыы-талба ситиһиилэргэ көтүтэ!
Тэрээһиҥҥэ сырытта, сырдатта Саргылаана БАГЫНАНОВА. Дьокуускай–Нам–Дьокуускай.