Бу күннэргэ Саха сирин үрдүнэн үрүҥ тунах ыһыахтар буола тураллар. Ол иһигэр, бу күннэргэ Амма улууһугар Олоҥхо ыһыаҕа буола турар, аҕыйах хонугунан бэрт далааһыннаах “Азия оҕолорун” күрэхтэһиитэ саҕаланыа... Ити барыта – Сергей Местников быһаччы эппиэттиир уонна салайан ыытар тэрээһиннэрэ. Бу маннык үлүскэннээх, былдьаһыктаах кэмҥэ бокуойа суох сылдьар Сергей Васильевиһы бэрт кылгас кэм иһигэр көрсөн бэрт аҕыйах, сүрүннээн Олоҥхо ыһыаҕар туһуламмыт сэмэй ыйытыгы биэрдибит.
ХАНТАН ХААННААХ, КИМТЭН КИИННЭЭХ...
- Сергей Васильевич Местников. 1981 с. Уус Алдан улууһугар төрөөбүт.
- 2003 с. СГУ историко-юридическай факультетын юрист идэлээх бүтэрбит.
- 2020 сылтан СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы. СӨ Култууратын уонна духуобунай сайдыытын, Физкультура уонна успуорт, Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэлэрин; СӨ Култууратын нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстабылын управлениетын, Култуура национальнай бырайыактарын олоххо киллэрии үлэлэрин тэрийэр уонна хонтуруоллуур.
- Маны тэҥэ, өрөспүүбүлүкэбитигэр тыл бэлиитикэтин боппуруостарын салайар.
– Төрөөбүт-үөскээбит, кииммин ыйаабыт, улааппыт сирим – Уус Алдан Кэптэнитэ. Оскуоланы онно бүтэрбитим. Бииргэ төрөөбүт – төрдүөбүт. Эдьиийдээхпин, үс уолтан ортолоробун.
Төһө да төрөппүттэрим, эдьиийим-убайым “туочунай наука” диэки иэҕиилээхтэрин, аааҕыыны-суоту кытта сибээстээх идэлээхтэрин иһин, мин математикаттан тэйиччи соҕуспун. Оскуолаҕа үөрэнэрбит саҕана улахан кылаастары “туочунай” уонна “гуманитарнай” салааларга араартааһын барбыта. Онно мин, учууталларым да сүбэлэринэн, бэйэм да баҕабынан, туох да саарбахтааһына суох гуманитарнай хайысханы талбытым. Саха, нуучча тылларын, устуоруйа биридимиэттэрин сөбүлээн, бэйэм баҕаран туран эбии дьарыктарга, куруһуоктарга сылдьарым...
Оскуола 7-с кылааһыгар үөрэнэ сылдьан, наһаа сөбүлээн-ылларан туран Н.Якутскай “Төлкө” романын аахпыппын өйдүүбүн. Ол кэннэ “ити роман салгыыта баар үһү” диэни истэн, анаан-минээн көрдөөн булан, Н.Якутскай “Илин уонна арҕаа” диэн айымньытын аахпыттааҕым. Ити – кырата суох кээмэйдээх кинигэлэр. Билигин 7-с кылааска үөрэнэр оҕолор ону ааҕаллара эбитэ дуу... Дьэ ол кэннэ бэркэ үлүһүйэн туран сахалыы да, нууччалыы да кинигэлэри ааҕан барбытым. Кындыл Уйбаан “Манчаарытын”, С.Данилов “Сүрэх тэбэрин тухарытын” өссө оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан ааҕыталаабытым. Уопсайынан, Манчаары Баһылайга сыһыаннаах суруллубуту барытын эккирэтэ сылдьан аахпытым. Оҕо эрдэхпиттэн ааҕыыга сыстыбытым, саха классиктарын айымньытын ааҕан улааппытым бу кэлиҥҥи үлэбэр-хамнаспар олус күүстээх тирэх, бигэ тулааһын буолар.
Аҕабынан эһэм Семен Местников киэҥ билиилээх-көрүүлээх, салайар дьоҕурдаах киһи олорон-үлэлээн ааспыта. Нуучча тылын учуутала. Горнай, Нам улуустарыгар үөрэх эйгэтин салайбыта. Үлэтин быыһыгар, сүрэҕин баҕатынан, Л.Толстой “Воскресение” романын сахалыы тылбаастаабыт, хоһоон суруйар идэлээх эбит. Оттон хос эһэм Андрей Местников дьоҥҥо-сэргэҕэ Өндөрөй Суруксут диэн аатынан биллибит, улууска-нэһилиэккэ суруксуттаабыт, бэйэтин баҕатынан-дьулуурунан норуот фольклорун, олоҥхону хомуйан-суруйан үйэтиппит киһи. Ол суруйбутун өссө Дьокуускайга тыл-устуоруйа институтугар тиксэрэр эбит. Онон, биһиги аймахха сурукка-бичиккэ, гуманитарнай эйгэҕэ сыстаҕас дьон урут да бааллара. Ол хос эһэм суруйбут “Бардам Баабый” диэн олоҥхотун, фольклорун матырыйаалларын 2023 с. туспа кинигэ оҥорон таһаарбыппыт.
Кэптэнигэ Лөгөй орто оскуолатын бүтэрэн баран, СГУ историко-юридическай факультетыгар үөрэнэ киирбитим...
Кэнники сылларга дьэ таба түбэһэн уонна бэркэ сөбүлээн аахпыт сахалыы кинигэм – Күннүк Уурастыырап “Былыргы дьыллар быыстарыгар” сэһэнэ. Урут хайдах булан, таба көрөн аахпакка сылдьыбытым эбитэ буолла... Наһаа сөбүлээбитим.
– Сергей Васильевич, эн 2020 сылтан СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан үлэлээн, сүрүннээн, үөрэх, култуура, успуорт, билим, СМИ, тас сыһыан салааларын иһин эппиэттээн кэллиҥ. Оттон 2023 с. бүтүүтүттэн онно тыа сирин сайдыыта, т/х-та эбии сүктэрилиннэ. Сүрүннээн гуманитарнай хайысхаҕа эппиэттээх салайааччыга ол соһуччу соҕус курдук...
– “Тыа сирэ” диэн буолла да аҥаардас т/х-та, сылгы-сүөһү, күрүө-хаһаа, от-мас боппуруоһа эрэ буолбатах. Манна тыа сирин экэниэмикэтэ, суол-иис оҥоһуута, оскуола-балыыһа-кулууп, о.д.а. социальнай эбийиэктэр боппуруостара, демография барыта киирэллэр. Ол эбэтэр, тус бэйэм үөскээбит, киһи буолан тахсыбыт, бэйэбэр ыкса чугас, ис сүрэхпиттэн ыалдьар-долгуйар уонна билэр эйгэм.
Бэрт сотору кэминэн хас да дойдуттан, Арассыыйа эрэгийиэннэриттэн барыта 3,4 тыһ. киһи кыттааччылаах “Азия оҕолорун” сүдү тэрээһинэ буолаары турар. Ол үлэтин үмүрүттүм да, тыа сирин боппуруостарыгар адьас төбөм оройунан түһэн күүскэ киирсэр былааннаахпын.
ОЛОҤХО ЫҺЫАХТАРА
Олоҥхо ыһыаҕын тэрийсибитим 4-с сылым. Онтон саамай өйбөр хатанан хаалбытым – 2022 с. Өлүөхүмэ ыһыаҕа. Ол саҕана хоруона хамсыга өссө да уҕарыы илик буолан, кыттааччылартан доруобайдарын туһунан ыспыраапка, антисептик-мааска, ыалдьар дьону араарыы, туспа тутуу уо.д.а. курдук араас киһи үөйбэтэх-ахтыбатах кыһалҕата, айан уо.д.а. боппуруостара бөҕө турбуттара. Онон ол ыһыаҕы аһара өйдөөн хаалбыппын.
Оттон быйыл, бары бэркэ билэрбит курдук, Олоҥхо ыһыаҕа Аммаҕа буолар. Ыһыах бэлэмигэр быйыл онно хаста да бара сырыттым. Амма дьоно быйыл кыһыҥҥыттан ыла “хаһан да умнуллубат ыһыаҕы тэрийиэхтээхпит!” диэн аһара турунан, күүстэрин-кыахтарын, өйдөрүн-сүрэхтэрин барытын ууран үлэлии сылдьаллар. Кыһын тиийэ сылдьан көрдөхпүнэ, нэһилиэктэр кулууптарыгар эдэрдиин-кырдьаҕастыын бары түмсэн ким эрэ иистэнэ, уһана, тугу эрэ оҥоро, өрө-хата, баайа-таптайа олорор буолаллара. Ол барыта – буор-босхо оҥоһуллар үлэ. Дьон ити курдук түмсэн, турунан үлэлиирин көрө-көрө сөҕөбүн эрэ. Аммалар ол ыраланалларын курдук “хаһан да умнуллубат”, үчүгэй ыһыаҕы тэрийэллэригэр тус бэйэм кыратык да саарбахтаабаппын.
Олоҥхо ыһыаҕын регламеныгар киирбит 19 эбийиэк бары тутуллан бүтэн тураллар. Уруккуттан олоҕурбут Олоҥхо ыһыаҕын балаһыанньатыгар кэккэ уларытыы киирэн, Амма ыһыаҕар аан бастаан Хомусчуттар, Оҕолор туспа түһүлгэлэрэ баар буолуоҕа. Успуорт оонньууларыгар биир саҥа уонна сонун көрүҥ киирэн биэрдэ: атынан сүүрдэн иһэн оҕунан ытыы. Бу хаан аймахтыы түүр, монгуол омуктарбытыгар баар күрэхтэһии көрүҥэ быйыл холоон көрүү, сүрэхтэнии быһыытынан ыытыллыаҕа.
Өскөтүн былырыын Өймөкөөҥҥө буолбут Олоҥхо ыһыаҕар ортотунан 7 тыһ. киһи сылдьыбыт буоллаҕына, Аммаҕа барыта 20-25 тыһ. киһи кэлэригэр суоттанабыт. Амма диэн – Амма, Сахабыт сирин биир саамай кэрэ көстүүлээх, норуот номоҕор Кыыс Амма диэн үтүө-кэрэ аатынан киирбит ытык сири көрүөн баҕалаах элбэх.
Олоҥхо ыһыаҕар ыраах Кытай сириттэн 40 киһилээх дьоһун дэлэгээссийэ ыалдьыттыаҕа, Красноярскай кыраайтан былыр биһигиттэн ойдон барбыт хаан уруу дьоммут – Дьэһиэй сахалара – кэлиэхтэрэ. Санаттахха, былырыын Ил Дархаммыт А.Николаев дьаһалынан, Дьэһиэйгэ Саха сириттэн элбэх кэһиилээх-бэлэхтээх, көмөлөөх-амалаах боччумнаах дэлэгээссийэ баран билсэн-көрсөн, саха омук култууратын, сиэрин-туомун билиһиннэрэн кэлбитэ. Дьэһиэйдэр кэлиилэрин ол сибээс-ситим салҕаныытын быһыытынан сыаналыыбыт.
Урукку сылларга Олоҥхо ыһыаҕын үксүгэр Саха, Олоҥхо тыйаатырын режиссердара иилээн-саҕалаан тэрийбит буоллахтарына, быйылгы ыһыахха СӨ Госциркэтин дириэктэрэ уонна уус-уран салайааччыта Сергей Расторгуев режиссердуоҕа. Аммалар бэйэлэрин уоллара.
Олоҥхо ыһыаҕа Сахабыт сирин араас муннуктарыгар ыытыллар атын ыһыахтартан туох уратылааҕый? Сорох билбэт дьон “наһаа элбэхтик ыһыахтыыбыт, Туймаада ыһыаҕа баар дии, тугун эмиэ ордук хос Олоҥхо ыһыаҕай?” диэччилэр.
Олоҥхо ыһыаҕын биир саамай сүрүн уратыта: саха омугун төрүт былыргы ыһыахтыыр канонунан, тосхолунан барар. Кэлэр кэнчээри ыччаппытыгар норуоппут төрүт үгэһин, дьарыгын, олоҕун-дьаһаҕын уратытын билиһиннэрэр, онно уһуйар сыаллаах-соруктаах... Ити барыта – биһиги ыччаппытын иитэр-үөрэтэр, көлүөнэ утумугар уһуйар ньымабыт. Олоҥхо ыһыаҕар ыытыллар күрэхтэһиилэр, күөн күрэстэр биир күн ыытыллан баран уостан-сүтэн хаалбаттар. Бу күрэскэ кыттаары оҕолор уһун кыһыны быһа оһуокай этиитигэр, олоҥхолуурга, чабырҕах ааҕарга, туоһунан-кылынан иистэнэргэ, саха иһитин-хомуоһун, киэргэлин-симэҕин, хомуһун-быһаҕын уо.д.а. оҥорорго дьарыктаналлар. Сылын аайы таһымнара үрдээн иһэр.
Элбэх кэпсэтии, быһаарсыһыы кэнниттэн, эһиил 2025 сылга Олоҥхо ыһыаҕа – Нерюнгрига, 2026 сылга – Кэбээйигэ, салгыы Ленскэйгэ ыытыллара быһаарыллан турар. Сорох дьон ыһыах ыраах сытар бырамыысыланнай оройуоннарга тоҕо ыытыллалларын өйдөөбөттөрүн этээччилэр. Дьиҥинэн, Олоҥхо ыһыаҕа кинилэргэ ыытыллара аһара улахан суолталаах, дьайыылаах уонна биллэ-көстө сылдьар эффектээх буолар эбит. Сахабыт сирин бырамыысыланнай улуустарыгар олохтоох, сүрүннээн, атын омук атын дьонун саха эйгэтигэр чугаһатыыга, норуоппут киэлитигэр киллэриигэ... 2018 с. Олоҥхо ыһыаҕа Алдаҥҥа буолбутун өйдүүргүт буолуо. Ол кэмтэн ыла Алдаҥҥа ыһыахтар сылы көппөккө ыытылла тураллар. Урут саха култууратын туһунан туох да өйдөбүлэ суох олорбут дьон билигин онно үөрэ-көтө кэлэллэр, түмсэллэр, оччолорго тутуллубут ыһыах эбийиэктэригэр дьон тиһигин быспакка сылдьар, ыал буолар дьон Аал Луук маска кэлэн хаартыскаҕа түһэллэр, салама баайаллар... Алдан дьоно “ол ыһыах буолуоҕуттан ыла биһиги улууспутугар Сайдыы кэскилэ арыллан биэрдэ” дииллэрин бэйэм эт кулгаахпынан истэн турабын. Урут бэйэлэрэ бэйэлэригэр туспа ойдом олорбут дьоҥҥо Олоҥхо ыһыаҕа улахан сэргэхсийиини таһаарбыта, киэҥ Саха сирин, саха норуотун кытта биир дьылҕалаахтарын өйдөппүтэ.
Мин тус бэйэм санаабар, саха дьоно бу маннык олоҥхо ыһыахтарыгар хайаан да оҕолорун, сиэннэрин илдьэ кэлэн барытын кэрийэ сылдьан көрдөрүөхтэрин, оһуокай түһүлгэлэригэр кыттыахтарын, оҕолорун өбүгэ утумугар уһуйуохтарын, ыһыах тыынын иҥэриэхтэрин наада. Бу оҕолор ону үйэлэрин тухары өйдөөн хаалалларын, салгыылларын курдук. Оннук ситим быстан хаалла да, кэлин ону хайдах да гынан ыччакка иккистээн иҥэрбэккин, онно сыһыарбаккын.
Ытыктабыллаах сахам дьонун Үрүҥ тунах ыһыахтарынан эҕэрдэлиибин!
Иван ГАВРИЛЬЕВ.
"Кыым" хаһыат 2024 сыл бэс ыйын 20 күнүнээҕи 24-с №-тэн.