Киир

Киир

Уус-уран литэрэтиирэ биллиилээх тылбаасчыта Аита Шапошникова Москубаҕа баар А.М. Горькай аатынан Литэрэтиирэ институтугар үлэлиир. Бу күннэргэ кини тылбааска уһуйар ыччаттара дьупулуомунай үлэлэрин “туйгун” сыанаҕа көмүскээн, үөрэхтэрин бүтэрдилэр. Түгэни туһанан, “Кыым” хаһыакка анаан кинини кытта кэпсэтэбит.
 
 
 
– Аита Ефимовна, үлэҥ үтүө түмүктээх буолбутунан истиҥ эҕэрдэ!  Үөрэппит оҕолоруҥ тустарынан кылгастык кэпсиэҥ дуо?
 
– Урукку кэмнэргэ Николай Якутскай, Сэмэн Данилов, Дьуон Дьаҥылы, Кындыл Уйбаан, Эрчимэн, Леонид Попов, Анастасия Сыромятникова, Бүөтүр Тобуруокап, Николай Лугинов, Сиэн Кынат, Валентина Гаврильева, Савва Тарасов, Василий Гольдеров курдук чулуу суруйааччылары, бэйиэттэри иитэн–чочуйан таһаарбыт Литэрэтиирэ институтун быйыл барыта түөрт тылбаасчыт бүтэрдэ – Анжелика Эверстова, Альберт Софронеев, Анастасия Еремеева уонна Лилия Иванова диэн эдэр дьон.
 
– Дьупулуомнарыгар туох туһунан суруйдулар?
 
– Тылбаас салаатыгар үөрэммиттэрэ, онон оҥорбут тылбаастарынан көмүскэннилэр. Холобур, Еремеева Настя Куорсуннаах «Түҥкэтэх ырай» диэн кинигэтиттэн биэс дьикти үчүгэй кэпсээнин талан, нуучча тылын туонатыгар киллэрдэ. Анжелика Эверстова Наталья Харлампьева «Дьэҥкир сурук» диэн эссе-сэһэнин тылбаастаата.
 
Ааспыт сайын устудьуоннар П.А. Ойуунускай аатынан Саха Академическай дыраамтыйаатырга быраактыканы ааспыттара. Ол иһин да буолуо, икки ыччатым пьесаны тылбаастаатылар. Альберт Софронеев Ираида Попова «Борук-сорукка» уонна «Сулумах тиит» диэн аныгы олох туһунан кэпсиир кылгас дыраамаларын нууччалыы саҥарта. Оттон Лилия Иванова Харысхал «Учуутал« диэн ССРС норуодунай учуутала М.А. Алексеев олоҕор анаммыт пьесатын тылбаастаата.
 
Литинститут дассыаннара Андрей Геласимов, Вера Пантелеева, Виктор Куллэ итиэннэ А.М. Горькай аатынан Аан дойдутааҕы литэрэтиирэни чинчийэр институтка (ИМЛИ) үлэлиир саха учуонайа Семен Макаров оҕолор үлэлэригэр олус үчүгэй эрэссиэнсийэлэри суруйдулар, ити ВКР көмүскэлигэр улаханнык туһалаата, саха литэрэтиирэтин уопсай таһымын, ситиһиилэрин туһунан балачча киэҥ өйдөбүлү биэрдэ. Суруйааччы Андрей Геласимов – биһиги биир дойдулаахпыт, улахан патриот киһи эбит. Драматургияны тылбаастаабыт ыччаттар үлэлэригэр рецензия суруйуоҥ дуо диэбиппэр, «Земляки – это святое» диэн үөрдүбүтэ.
 
ugxgjS 2Rg4
 
 
– Ыччаттар ханнык эйгэҕэ үлэлиэхтэрин сөбүй?
 
– Икки тылынан таба суруйар, дэгиттэр тылбаастыыр исписэлиистэр араас эйгэҕэ барытыгар наадалар. Холобур, кинигэни, киинэни таһаарыы, суруналыыстыка, гуманитарнай билим эйгэтигэр, култуура тэрилтэлэригэр биитэр судаарыстыба сулууспатыгар. Аныгы кэмҥэ тылбаасчыт хантараагынан урбаанньыт курдук эмиэ үлэлиэн сөп. Оҕолор бары чопчу соруктаах дуогабардаах үөрэммиттэрэ, онон үлэҕэ киириилэрин чааһыгар долгуйбаппын. Биллэн турар, үөрэх диэн үөрэх, үлэ аата үлэ. Хас биирдии эдэр исписэлиис хас да сыл үлэҕэ миккиллэн уопутуруон, киһи, үлэһит быһыытынан ситиэн-хотуон наада.
 
Аита Ефимовна, эн быйыл сахалыыттан нууччалыы тылбаас бөлөҕүн Литэрэтиирэ институтугар иккистээн ыллараары сүүмэрдии сылдьар эбиккин.
 
– Оннук. Бу оҕолор төһө даҕаны аан дойдуга хас да сыллаах дьаҥ туран, үксүн дьиэлэригэр олорон куйаар ситиминэн үөрэммиттэрин иннигэр, бэйэлэрин сирдэрбэтилэр, дойдуларын түһэн биэрбэтилэр. Бу кыһын үөрэхпит кыһатыгар СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга миниистирэ А.И. Ноев, «Саха сирин суруйааччылара» Ассоциация салайааччыта О.Г. Сидоров кэлэн кэпсэтии ыытаннар, иккис бөлөх үөрэнэ киирэригэр олук уурдулар. Тылбаас салаатыгар быйыл биэс-алта киһи үөрэххэ киириэн сөп. Үөрэх болдьоҕо – 5 сыллаах исписэлитиэт. Дьону саастарынан хааччахтаабаттар. Уопсай дьиэ баар.
 
Саха ыччата бу үөрэх кыһатыгар тылбааска эрэ үөрэнэр кыахтаах дуо?
 
– Оннук буолбатах. Биһиэхэ тылбаастан ураты проза, поэзия, драматургия, оҕо литэрэтиирэтэ, публицистика, кириитикэ салаалара бааллар, саха дьоно онно киириэхтэрин син. Ону таһынан икки сыллаах Үрдүкү литэрэтиирэ кууруһа (ВЛК) диэн баар. ВЛК удамыр төлөбүрдээх. Биллэн турар, итинник айар салааҕа киирээччилэр хамыыһыйаҕа докумуоннарын кытта айымньыларын подстрочнигын ыытыахтаахтар. Бэйиэттэр 200–300 устуруока хоһоону (подстрочнигын холбуу тутан) ыыталлар. Оттон прозаны, дырааманы, кириитикэни, публицистиканы суруйар дьон А4 кээмэйинэн 20 сирэй айбыт үлэлэрин (эмиэ подстрочник тылбаастаах) ыыталлар.
 
Киирии эксээмэн бэрээдэгин быһаар эрэ.
 
– Оскуоланы бүтэрбит ыччаттар биир кэлим судаарыстыба эксээмэнин түмүгүнэн нуучча литэрэтиирэтигэр – 60, нуучча тылыгар – 65 баалтан итэҕэһэ суох ылбыт буолуохтаахтар. Оттон иккис үрдүк үөрэххэ киирээччилэргэ итинник бааллары дьупулуомҥа кыбытыллар кумааҕыга ааттаммыт дьиссипилиинэлэргэ ылбыт сыаналара солбуйаллар. Абитуриеннар (докумуоннарын сканердаммыт куопуйатын уонна А4 кээмэйинэн 20 сирэй сахалыыттан нууччалыы тылбаастарын институт Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра. диэн электроннай аадырыһыгар ыытан регистрацияны ааспыт дьон) куйаар ситиминэн эксээмэннэри (внутренние экзамены) туттараллар. Олор манныктар: нууччалыы тылынан аахпыттан суруйуу, нуучча литэрэтиирэтигэр тургутук (тест), нууччалыы кылгас этюд (өйтөн суруйуу), коллоквиум (хамыыһыйа чилиэннэриниин кэпсэтии).
 
Эксээмэн от ыйын 8 күнүттэн саҕаланар, онон докумуону уонна айар үлэни от ыйын 7 күнүгэр диэри ыытыахха наада.
 
Литэрэтиирэ институтугар киирэргэ туох докумуон нааданый?
 
– Үрдүк үөрэх кыһата litinstitut.ru диэн саайтаах. Онно «Новости приемной комиссии–2024» диэн анал балаһа баар. Ол иһигэр «Памятка абитуриенту 2024» диэн салааны арыйыҥ. Үөрэххэ киирии туһунан иһитиннэрии онно сиһилии ыйыллыбыт. Абитуриеннар онно киирэн анкета-сайабылыанньа диэни толороллор итиэннэ докумуоннарын, айымньыларын угаллар.
 
Бэс ыйын 23 күнүгэр Москуба бириэмэтинэн 12 чааска биһиги үөрэхпит кыһата куйаар ситимигэр «Аһаҕас аан күнүн» ыытар. Ол туһунан биллэрии саайка уонна «ВКонтакте» ситимҥэ (m.vk.kom>litinstitutru) баар.
 
Эбии тугу этиэҥ этэй?
 
– Бу күннэргэ Саха сиригэр институтпут ректора Алексей Варламов уонна дассыан Виктор Куллэ ыалдьыттыы сылдьаллар. Бэс ыйын 18 күнүгэр СӨ Национальнай бибилэтиэкэтигэр Алексей Николаевич саҥа арамаанын сүрэхтээһинэ буолла. Салгыы кинилэр Амма солобуодатыгар буолар Олоҥхо Ыһыаҕар тиийиэхтэрэ. Баҕалаахтар кинилэри онно түбэһэ көрсөн үөрэххэ туттарсыы туһунан чопчулуур ыйытыылары биэриэхтэрин сөп.
 
Кэпсээниҥ иһин барҕа махтал!
 
Мария СИДОРОВА.