Киир

Киир

Ааспыт нэдиэлэҕэ, от ыйын 12 күнүгэр, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр “Саха сиригэр Олоҥхо ыһыаҕа” панорама быыстапка аһылынна уонна алтынньы ый саҥатыгар диэри үлэлиэҕэ. Быыстапка сыала-соруга – буолан ааспыт Олоҥхо ыһыахтарын түмүгүн сэгэтэн, анааран көрүү буолар.

Саха сиригэр Олоҥхо ыһыаҕа аан бастаан 2006 сыллаахха, Вячеслав Штыров бэрэсидьиэннээн олордоҕуна ыытыллыбыта. Ол кэнниттэн 12 сыл устата араас улуустарга тэрийэн кэллилэр. Тэрээһин чэрчитинэн дьэндэйбит Олоҥхо дьиэлэрэ билигин Мэҥэ Хаҥаласка, Уус Алдаҥҥа, Бүлүүгэ, Сунтаарга, Горнайга, Чурапчыга аһыллан үлэлии олороллор.  

Быыстапка саалатыгар баар хас биирдии бутик үөһээ өттүгэр Иннокентий Пестряков олоҥхоҕо анаан уруһуйдаан хаалларбыт дьэрэкээн хартыыналара ыйаммыттар. Киһи манньыйа, астына, сөҕө көрөр айымньылара. Талааннаах да киһи орто туруу бараан дойдуга бэрт кылгас кэм олорон ааспытын санаан, курутуйан ылаҕын.

Устуоруйа кэрэһилииринэн, саха олоҥхото инньэ 1250 сыл анараа өттүгэр үөскээбитэ биллэр.

“Алгыс түстэниитэ” – Сунтаар улууһугар

Саха сиригэр Олоҥхо ыһыаҕа аан бастаан 2006 сыллаахха, ааттыын олоҥхо дойдута дэнэр Сунтаар улууһуттан саҕаламмыта. Сунтаар улууһугар Саха сирин норуоттарын спартакиадатын кытары биир сылга тэҥинэн ыытыллыбыт буолан, Олоҥхо ыһыаҕа билигин ыытылларын курдук барбатаҕа. Спартакиада арыллыытын чэрчитинэн, барбыт буолан, сүрүн болҕомто спартакиада оонньууларыгар ууруллубута. Ол гынан баран кинилэргэ аан бастаан Олоҥхо дьиэтэ арыллан үлэҕэ киирбитэ. Олоҥхо бастакы ыһыаҕар оччолорго РФ бэрэсидьиэнин Уһук Илиҥҥэ боломуочуйалааҕа Камиль Исхаков кэлэ сылдьыбыта.

Бу ыһыахха олоҥхоҕо сыһыаннаах бэчээттэнэр бородууксуйа анаан-минээн оҥоһуллубатаҕа, суох эбитэ бу да быыстапкаттан көстөр. Аар Кудук чэрчи маһы маастар Вильям Яковлев бырайыактаан оҥорбут. Сергей Зверев-Кыыл Уола “Кулан кугас аттаах Куллустай Бэргэн” олоҥхотун тыйаатыр дьүһүйүүтэ гынан оҥорбуттарынан күүтүүлээх ыһыах аһыллыбыта.

Таатта – Олоҥхо дойдута

2007 сыллаахха Таатта улууһугар ыытыллыахтаах Олоҥхо ыһыаҕа улахан уу халааныттан сибээстээн буолбатаҕа. Эһиилигэр 2008 сыллаахха, дьэ, ыытыллыбыта. Манна биир дойдулаахтара Петр Решетников “Аһыныгас санаалаах Айыы Дьураҕастай бухатыыр” олоҥхо аһыллыы сүрүн дьүһүйүүтэ буолбута. Аал Луук мас ааптара Мандар Уус илэ бэйэтинэн буолбута. Кини бэйэтэ ыһыаҕы алҕаан арыйбыта.

Уус Алдан – Олоҥхо биһигэ

2008 сыллаахха ыытыллыбыт билим-быраактыка кэмпириэнсийэ чэрчитинэн, 2009 сыллаахха Уус Алдан ыһыаҕыттан саҕалаан “Олоҥхо ыһыаҕын регламена” диэн оҥоһуллубута. Онно Олоҥхо ыһыахтара ыытыллар улуустарыгар араас тутуу эбийиэктэрэ тутуллуохтаахтара, ханнык күрэхтэр, куонкурустар ыытыллыахтаахтара чопчу бигэргэммитэ. Онон регламент ирдэбилинэн ыытыллыбыт ыһыах аан бастаан Уус Алдаҥҥа буолбута.

Ыһыах Дмитрий Говоров “Бүдүрүйбэт сүһүөхтээх Мүлдьү Бөҕө” олоҥхотун туруоруунан саҕаламмыта. Ыһыах тэрээһинигэр Опера, цирк уонна эстрада тыйаатырдара сүрүн күүс буолбуттара. Аһыллыытын сиэрин-туомун Владимир Заболоцкай ыыппыта, алҕаабыта. Оттон Афанасий Федоров режиссердаабыта уонна күнү көрсүү сиэрин-туомун ыыппыта. Онно сылдьыбыт дьон ыһыах аһыллыытыгар былыттаах баҕайы күн туран Афанасий Семенович алгыстаан саҕалаатын кытта, ону эрэ кэтэһэн турбуттуу, күн чаҕылыччы тыган кэлбитин уос номоҕо оҥостон, күн бүгүнүгэр диэри кэпсииллэр.

Бу ыһыах кэнниттэн ыһыах куонкурустарын, тыйаатыр дьүһүйүүтүн сценарийдарын хомуурунньуга тиһиллэн, аан бастаан Уус Алдаҥҥа оҥоһуллан тахсыбыта. Билиҥҥэ диэри ханнык да улууска маннык хомуурунньук тахса илигэ бэлиэтэнэр.

Оҕоҕо аналлаах Ньургун Боотур операны Баһылай Парников салайааччылаах “Кэнчээри” ансаамбыл оҕолоро итэҕэтиилээхтик көрдөрбүттэрэ. Онон бу ыһыах сүрүн уратыта – оҕо олоҥхолуурун киллэрии буолбута. Уус алданнар сылы быһа эспэдииссийэ үлэтин ыытан олоҥхоһуттарын мөссүөнүн хаартыска оҥорон үйэтиппиттэр. Олоҥхо ыһыаҕар анаан ыыппыт үлэлэрин, матырыйаалларын барытын олоччу“оцифровкалаан” түмпүт, үйэтиппит эмиэ – соҕотох Уус Алдан улууһа.

24 олоҥхоһуттаах Горнай улууһа

2010 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕа Горнай улууһугар ыытыллыбыта. Аал Кудук мас ааптара – Александр Шадрин,  бырайыак ааптара – Василий Николаев. Семен Алексеев-Уустарабыс “Дьэбириэлдьин Бэргэн” олоҥхотунан ыһыах аһыллыбыта. Олохтоох алгысчыт Алексей Румянцев ыһыаҕы алҕаабыта.

Ускуустуба үтүөлээх үлэһитэ Ангелина Лукина дойдута буолан Үҥкүү тыйаатыра, Култуура колледжа сүҥкэн көмөнү оҥорбуттара. Биир дойдулаахтара, биллиилээх худуоһунньук-модельер Августина Филиппова көмөтүнэн сүрдээх элбэх көстүүм тигиллибитэ. Манна баар Олоҥхо дьиэтин аттыгар Афанасий Осиповка – художественнай галерея уонна Августина Филипповаҕа анаан  мастарыскыай арыллыбыта. Августина Николаевна эскииһинэн фарфор сувенирдары оҥорон, атыыга таһаарбыттара.

Ытык Мииринэй сиригэр – Олоҥхо ыһыаҕа

Бырамыысыланнас күүскэ сайдыбыт Мииринэй улууһугар 2011 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕа үрдүк таһымҥа ыытыллыбыта. Манна Петр Феоктистович Игнатьев “Кулан Кыыртай бухатыыр” олоҥхото ыһыах аһыллыытын киэргэппитэ. Олоҥхо ыһыаҕын волонтердара анал таҥас, көстүүм кэтиилэрэ бу Мииринэй улууһуттан саҕаламмыта.

Бу ыһыахтан саҕалаан сувенир бородууксуйата элбиир аатыгар барбыта. Мииринэйдэргэ араас значок, магнит эгэлгэтэ оҥоһуллубута көстөр. Бэл, бирилийээн сыһыарыылаах кинигэлэр бэчээттэнэн тахсыбыттар.

Ыһыах уратыта, болҕомтото – норуоттар доҕордоһууларыгар, сомоҕолоһууларыгар ууруллубута. Мииринэй ыһыаҕын аһыллыытыгар Абааһы уола тимир акка олорон киирбитэ дьон-сэргэ өйүгэр умнуллубаттык хатаннаҕа. Тимир скульптураны сыбааркалаан оҥорбуттар.

Күөх Ньурба олоҥхото

2012 сылга Дьокуускай куорат Туймаада хочотугар Гиннесс оһуокайа ыытыллыбыта. Бу сайын Ньурбаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын биир ураты көстүүтэ – Гиннесскэ киирэр оһуокай буолбута. Тустаах оһуокай хас биирдии кыттааччыта “Гиннесс оһуокайын кыттыылааҕа” анал сэртипикээт ылбыта.

Ыһыах бөлүһүөпүйэтин, сценарийын, идиэйэтин барытын Ксенофонт Уткин-Нүһүлгэн оҥорбут. Кыһыл көмүс уонна 3 бирилийээннээх анал бэлиэни анаан-минээн оҥорон олоҥхону толорооччуларга туттарбыттар. Бу ыһыахха “Уол Эр соҕотох”, “Күөх Ньурба олоҥхото”, “Оҕо Дьулаах бухатыыр”, Хорула Боотур” диэн истэри-тастары олус үчүгэй гына бэлэмнэммит кинигэ бэчээттэнэн тахсыбыт. Киһи эрэ сэҥээрэ көрөр. Бу иннинэ ыытыллыбыт ыһыахтарга маннык кинигэлэр тахсыбатахтарын бэлиэтиир тоҕоостоох.

“Уруйдан улуу олоҥхо, Манчаары дойдутугар”

2013 сыллаахха Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа сэлиэнньэтин “Ураһалаах” култуура-этнография комплексыгар олоҥхо ыһыаҕа ыһыллыбыта. Ыһыаҕы Николай Абрамов-Кынат “Ньургун бөҕө” олоҥхотугар олоҕуран арыйбыттара. Ыһыах сабыллыыта Бүлүү олоҥхоһута Василий Каратаев олоҥхотунан буолбута.

Манна оҥоһуллубут Аал луук мас маастара – Федор Марков. Бэйэтэ туһунан бөлүһүөпүйэлээх олоҥхо ыһыаҕар аан бастаан Мэҥэ Хаҥалас улууһа ыалдьыттарын көрсөр сандалы остуолугар анал туой иһиттэри оҥорон, онно астарын-үөллэрин ууран ыалдьыттары көрсүбүтэ, айах тутан күндүлээбитэ – сонун көстүү этэ. Туой иһит сервис маастара – Петр Егоров. Онон улуус Аҕа баһылыгын анал көрсүһүүтүгэр сылдьыбыт ыалдьыттары туой иһиккэ кутуллубут саха астарынан күндүлээбиттэр. Быыстапкаҕа турар туой иһиттэри сыныйан көрдөххө, кылабачыйан-илэбэчийэн кэрэлэрэ сөхтөрөр, ханнык да омук сириттэн кэлбит иһиттэн итэҕэһэ суох, киһи эрэ киэн туттуох курдук хаачыстыбалааҕа болҕомтону тардар.

Бу улуус витрината араас матырыйаалларынан баай. Хараллыбыт пуондаларыгар эппиэтинэстээхтик, харыстабыллаахтык сыһыаннаспыттара тута көстөр. Атын улуустар хомойботуннар. Ол эрэн баары-баарынан эттэххэ, бу улууска буолан ааспыт ыһыаҕы кэпсиир баай пуонданы көрөн ыһыахха сылдьыбыт саҕа сананарыҥ баа буолбатах. Хас биирдии туттубут матырыйаалларын, малларын наһаа үчүгэйдик харыстаан илдьэ сылдьалларынан сөхтөрдүлэр.

Кинилэр кэннилэриттэн улуустар кинигэ бэчээттииргэ ылсыбыттарын бэлиэтиир оруннаах. Аҥаардас Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Олоҥхо ыһыаҕар анаан, 20-тэн тахса кинигэ бэчээттэммит! Манна ордук биири сөбүлүү, ымсыыра көрдүм, ол  – 5 кинигэ угуллубут холбуката. Эчи, дьэрэкээнин, кэрэтин! Хайа баҕарар дьиэ көстүүлээх киһи киэн туттар уурар холбуката, сиэдэрэй кинигэлэрэ. Өҥүн кытта сүрдээҕин таппыттар. Маладьыастар!

Үрүҥ Уолан уонна Туйаарыма Куо ыһыах аһыллыытыгар кыттыбыт дьоруойдар таҥастара ыраахтан киһи болҕомтотун тута тардар. Бу көстүүм ааптара, худуоһунньуга СӨ ускуустубатын үтүөлээх үлэһитэ, Саха тыйаатырын худуоһунньуга – Дария Дмитриева.

“Олоҥхо уйгулаах ыһыаҕа – ытык Хаҥалас сиригэр”

Быыстапканы кэрийэ сылдьан көрдөххө, Мэҥэ Хаҥалас кэнниттэн иккис саамай үчүгэй пуондалаах – Хаҥалас улууһа. Чахчы даҕаны сүрдээҕин бэлэмнэнэн, эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан быыстапкаҕа матырыйаалларын аҕалбыттар. Ыһыахтарын хас биирдии түгэнин хаартысканан дьүһүйбүттэрин көрдөрүллэр. Сувенир оҥоһуктара, бэчээт бородууксуйалара да – баһаам. Дьэ, кырдьык да, панорамнай быыстапка... Ыһыах эмбилиэмэтиттэн саҕалаан, ыһыах ыытыллар сирин хас биирдии муннуга халандаарга тиһиллэн ыйанан турара оччотооҕу ыһыах кыл түгэннэрин бу буолан ааспыттыы санатарга дылы. Аал Луук мастара мыраан тэллэҕэр, халандаар буолан үйэлэргэ оҥоһуллан хаалбыт быһаарыыта анал араамкаҕа тиһиллибитин ааҕар олус интэриэһинэй, билбэтэххин билэҕин.

Хаҥаластар аан бастаан Олоҥхо ыһыаҕын өрөгөй ырыатын (гимн) айбыттар. Бу улууска хас биирдии куонкуруска, күрэххэ анаан ааттаан-суоллаан, ойуулаан дьупулуомнар оҥоһуллубуттар. Ол курдук, дэйбиир куонкурсугар дэйбиир уруһуйдаах дьупулуом, урууна суруктаах Өлүөнэ остуолбалара ойууламмыт махтал, туоһу суруктара, кылаан бириистэрэ хатыламмат ураты дизайннаахтарын сөҕө көрөҕүн. Эрдэттэн суолта биэрэн, үлэни ыыппыттара көстөр.

Манна Олоҥхо ыһыаҕар саҥа куонкурустар баар буолбуттар. Ол курдук, дэйбиир күрэҕэ, маны тэҥэ холустаҕа (свиток) олоҥхо сюжетын уруһуйугар куонкурус бу эрэ улууска ыытыллыбыт эбит. Манна “Дэйбиир” күрэҕэр Галина Иванова, онтон холустаҕа “Удаганка” диэн үлэтинэн Саргылана Курчатова Гран-при буолбуттар. Биир бэйэм акрил кыраасканан холустаҕа уруһуйу олус сэҥээрэ, сөбүлүү көрдүм. Дьон талаанын сөҕөҕүн эрэ...

Бу ыһыахха биир умнуллубат түгэн буолбут. Ол курдук, Анаабыр улууһун Сааскылаах бөһүөлэгиттэн Нөмүгүгэ чаччыыналаан олорбут Константин Кириллин үрүҥ көмүс дьоһуннаах кура эргиллэн кэлбит. Бу 1,5 миэтэрэ уһуннаах кур 1860 сыллаахха Петербург куоракка үрдүк боруобалаах үрүҥ көмүстэн сүрдээх хаачыстыбалаахтык оҥоһуллубут эбит. 

Онон Олоҥхо ыһыаҕын киэҥник, сиһилии арыйан көрдөрөр Хаҥалас улууһун панорамнай быыстапкатыгар киһи сэҥээрэ, хайгыы көрөрө үгүс. Олоҥхо ыһыаҕа 2014 сыллаахха “Орто Дойду” этнографическай комплекска буолан ааспыта. Куораттан чугас сытар буолан, сылдьыбатах да киһи, бука, аҕыйах буолуохтаах.

“Туругур, тохсус олоҥхо ыһыаҕын тойон түһүлгэтэ”

2015 сылга Чурапчыга буолбут Олоҥхо ыһыаҕыттан саҕалаан Аал Луук мастар бары уоттаммыттар-күөстэммиттэр (подсветка). Киэһэ хараҥардаҕына араас дьэрэкээн уоттарынан чаҕылыһа оонньуулларын үгүс киһи сэҥээрэ көрбүт буолуохтаах. Чурапчыга оҥоһуллубут Аал Луук Мас сахалыы моһуоннаах балаҕан иһинэн киирэн үөһэ тахсалларыгар анаан, кэрийэ көрөр (обзорнай) былаһааккалаах.

Чурапчы ыһыаҕа Тимофей Теплоухов “Кулун куллустуур” олоҥхотунан аһыллыбыта. Манна эстрада тыйаатырын артыыстара кыайа-хото кыттыбыттар. Ыһыах интэриэһинэй көстүүтэ – ыһыахтыыр сиргэ дьикти көстүүлээх былаһааккалар оҥоһуллубуттара буолар. Ол курдук, кытыйа, чороон, балаҕан о.д.а. моһуоннаах былаһааккалар бааллара дьон болҕомтотун тарпыта. Онон сонун көстүү этэ.  

“Олоҥхо ыһыаҕын иккис эргиирэ ытык Дьааҥы сиригэр”

Ил Дархан Е.А. Борисов 2016 сылтан саҕалаан Олоҥхо ыһыаҕын иккис уон сыллаах эргиирин биллэрбитэ.

Онон 2016 сыллаахха Олоҥхо ыһыаҕа Ийэ Олоҥхоһут Дарья Томская-Чаайка дойдутугар буолбута. Бу Олоҥхо ыһыаҕыттан саҕалаан кэнники олоҥхо ыһыахтарын (Бүлүү, Алдан) Аал Луук мас ааптардарынан Вячеслав Яроев буолар. Киһи сүргэтин көтөҕөр, Аан дойду үрдүгэр (глобус) турар Аал Луук Мас араас уотунан оонньуура – ураты көстүү.

Манна улуу Ийэ олоҥхоһуттара Дарья Томскаяҕа-Чаайкаҕа анаан, боруонсаттан сүрдээх көстүүлээх, улахан мэҥэ тааһы киин уулуссаларыгар  туруорбуттар. Бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бу эрэ улууска олоҥхоһукка анаммыт пааматынньык турбута.

Урукку Олоҥхо ыһыахтарыгар кырасаабыссаларга анаан куонкурус тэрийэр эбит буоллахтарына, манна “Верхоянские Амазонки” диэн кыргыттар күрэхтэрэ ыытыллыбыта. Бу күрэх Олоҥхо ыһыаҕын ис хоһоонугар сөп түбэһиннэрэн, кыттааччылар олоҥхо дьоруойдарын таҥастарын таҥнан кыттыбыттара үгүс киһи болҕомтотун тардыан тардыбыта. Үҥүүнү ыраахха быраҕыы, оҕунан ытыы, сүүрүү тэриллибитэ ураты ис хоһоонноох куонкурус буолбутун бэлиэтиир.

Онон Дьааҥыга икки күн устата ыы-быччары дьонунан толору түһүлгэлээх дьоһуннаах ыһыах буолан ааспытын сылдьыбыт дьон бэлиэтииллэр. Манна норуот тыйаатырдарын бэстибээлэ буолан ааспыта. Тыйаатырдар бары испэктээк көрдөрбүттэрэ. Сувенир бородууксуйатыгар дьоһуннаах миэстэни – сэлии тииһэ ыларын бу быыстапкаҕа көрөҕүн. “Полюс холода” ТХПК дьааҥы ыыһаммыт сылгытын этин анал хоруопкаҕа уган, кэлбит ыалдьыттарга бэлэх ууммут. Олус элбэх кинигэ, ол иһигэр “Верхоянский улус”, Худяков “Краткое описание Верхоянского округа” кинигэлэрэ бэчээттэнэн тахсыбыттар. Дьэ, бу Дьааҥы ыһыаҕар аан бастаан туос ураһа туруоруллубут.

“Улуу Олоҥхо – Айыы сиэрин түстүүр күүс”

“Ытык Бүлүү сирэ – хомус биһигэ” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Бүлүү улууһугар хомус ууһа элбэҕэ бэлиэтэнэр. 2017 сыллаахха Бүлүү улууһугар ыытыллыбыт ыһыах сүрүн уратыта – Аал Луук мастара киин трибунаҕа турар буолан, туох баар тэрээһин барыта бу ытык мас тула ыытыллыбыта.

Василий Каратаев “Модун Эр соҕотох” олоҥхотунан ыһыаҕы аспыттара. Манна араас сиимбэл баарын бэлиэтиир тоҕоостоох. Ол курдук, Таба Хотун, Хомус Хотун, о.д.а уобарастар дьон болҕомтотун тардыбыттар. Бу ыһыахха аан бастакынан олоҥхону толорооччуларга анаан, анал көстүүмнэри тиктэрбиттэрэ. Ыһыах саҥа, сонун сүүрээнэ – саха үгэс буолбут ох саатыгар куонкурус буолбута буолар. Күрэххэ ох саа олох былыргы ньыманан туох да килиэйэ, тоһоҕото суох уонна төһө ыраах ытара сыаналаммыта. Бу иннинэ саха ох саатыгар аналлаах билим кэмпириэнсийэлэрэ буолан ааспыттара. Манна Гран-при ааты Роман Готовцев ылбыта. Маны тэҥэ мас уустарыгар дьиэ иһигэр туттуллар мас иһиттэргэ куонкурус саҥа көрүҥэ киирбитэ.

“Олоҥхо ыһыаҕын алгыстаах аартыга – ытык Алдан”

Быйылгы ыһыах Алдаҥҥа буолан ааста. Билэрбит курдук, Алдан эбэҥкилэр дойдулара. Эбэҥки олоҥхоһута Николай Трофимов олоҥхотунан ыһыах аһыллыбыта. Манна элбэх табанан атараҥалатан, маны тэҥэ Нам Таастааҕыттан илдьиллибит дьиҥ саха боруода оҕуһу сиэтэн киллэрбиттэрэ долгутуулаах буолбутун сылдьыбыт дьон бэлиэтииллэр.

Алданнар волонтер үлэтигэр ураты болҕомтолорун уурбуттар. Таҥас-сап бөҕөтө тигиллибит. Бу ыһыахха эбэҥки култууратын киэҥник, дириҥник арыйан көрдөрбүттэр. Онон кэлбит да дьон, олохтоох атын да омуктар, нууччалар эбэҥкилэри “бэйэлэрэ нимкаканнаах, олоҥхолоох эбиттэр” диэн сэргээбиттэрэ биллэр. Алдаҥҥа олорор атын омук бэрэстэбиитэллэрэ бэйэлэрин омуктарын национальнай таҥастарын кэтэн сылдьыбыттара дьон хараҕын сымнатта. Онон ыһыах “мультинациональнай” буолбута, бары омугу хабан ыытыллыбыта интэриэһи үөскэппитэ саарбахтаммат.

Буолар тэрээһиннэргэ омуктар оҕолорун, сиэннэрин илдьэ кэлэн, киэһэ хойукка диэри олорон сэҥээрэн көрбүттэрэ-истибиттэрэ бэйэтэ туһунан кэпсээн, сөҕүү-махтайыы... “Биһиги сахалыы тыл муусукатын истэбит” дэһэллэр араас омук бэрэстэбиитэллэрэ.

Панорама быыстапканы сэҥээрэн, ырытан көрдө

Саргылаана БАГЫНАНОВА.