Киир

Киир

Бэҕэһээ биллиилээх режиссер Дмитрий Давыдов саҥа киинэтин ыҥырыылаах дьоҥҥо көрдөрдүлэр. Киэҥ эйгэҕэ балаҕан ыйын 19 күнүттэн тахсыаҕа. Тус бэйэм биир да киинэтин көрө иликпин диэн билинэбин. Киһи санаатын түһэрэр, уйулҕатын хамсатар киинэлэри сөбүлээбэппин. Урут «Пугало» диэн киинэтигэр Чыскыырайы көрө барыахпын баҕарбытым даҕаны, кириитикэлэри ааҕан бараммын тохтообутум. Быйыл, орто суруналыыс сиэринэн билэр-көрөр баҕам батарбакка, бу «Чума» диэн киинэтигэр сырыттым. «Арассыыйа, Германия, Италия бэстибээллэригэр бастыҥ киинэ аатын, дьэ, туох иһин ылла?» диэммин.

Киинэ ыарахан тыыннааҕа хара маҥнайгыттан билиннэ. Өҥө суоҕа, тыаһа-ууһа – барыта ыар-нүһэр олох көстүөҕүн бэлиэтиир. Эбиитин, саҥа саҕаланаатын кытары, саха саханы албынныыр, атаҕастыыр түгэнэ көһүннэ... Ити курдук бэйэтин сатаан көмүскэммэт Уйбааны утары олорор ыала Влад эмиэ кэлэ-бара атаҕастыы сылдьар. Дьиҥэр,  кини эмиэ аҥаардас, кини курдук уол оҕолоох аҕа эбээт. Маны сөбүлэспэккэ, маҥнай утаа «сахалар маннык буолбатахтар» диэн толкуйдаан иһэммин, «дьахтара суох хаалбыт эр дьон дьиҥ олоҕун, ис санаатын барытын ким билбитэ баарай» диэн толкуйдаатым. Арай, талааннаах режиссер, тыа сиригэр оҕолору кытта уһуннук үлэлээбит педагог кыраҕы хараҕынан чугастан көрбүт, сүрэҕинэн-быарынан үчүгэйдик билбит түгэнэ быһыылаах.

Киинэҕэ дьахтара суох эр дьон хобдох олохторо көстөр. Биир кэргэнэ өлбүт, иккис киэнэ арахсан барбыт. Эр дьон, ити аһыыларын төһө да аһарына сатааталлар, кинилэр дьахтара суох мөлтөөбүттэрэ, олоххо тардыһыылара намтаабыта көстөр. Күн ахсын биир кыһалҕа, биир олох, биир санаа-оноо. Ол эрээри улахан дьон манныкка төһө баҕарар олоруохтарын сөп. Оттон улаатан эрэр уолаттарга ийэ таптала, дьахтар илиитин сылааһа, өйөбүлэ туохтааҕар тиийбэт. Онуоха үлэнэн муҥурданар аҕалар кинилэри хайдах даҕаны өйдүүр уонна өйүүр кыахтара суох. Төттөрүтүн бэйэлэрин аһыыларын оҕолорунан таһаарар курдуктар. Ол да иһин «мөлтөх» Уйбаан уола «күүстээх» Владка сыстан, устунан сөбүлэтэн, киниэхэ олоро хаалар. Оттон Влад сэмэй, уйан майгылаах уола, аҕатын хаҕыс сыһыаныттан кэлэйэн, тэйэн барар. Уолаттар аҕаларын утары маннык эргийиилэрэ эр дьон икки ардыгар тыҥааһыны өссө күүһүрдэн биэрэр. Ол тугунан түмүктэнэрин бэйэҕит көрөөрүҥ.

Киинэ тоҕо «Чума» диэн ааттаммытын сорохтор «Чумо» диэн тыл киинэҕэ хаста да иһиллибитинэн быһаараллар. Оттон мин чума диэн тыл аныгы кэмҥэ киэҥник тарҕаммыт күүһүнэн өртөйүүнү бэлиэтиир дии саныыбын. Ол да иһин киинэҕэ «Үтүө майгыны мөлтөх курдук ылыныма» диэн бэргэн этии туттуллар. Өссө дириҥник ырытан көрбүтүм, суол нөҥүө ыаллыы олорор биир дьылҕалаах икки эр киһи атааннаһан туруулара, онтон сылтаан  уол оҕолор, ыччат сиэртибэ буолуулара бырааттыы омуктар атааннаһыыларын санатар эбит. Дьиҥэр, омос көрүүгэ киинэ аҕа уонна оҕо, эр дьон икки ардынааҕы сыһыаны эрэ көрдөрөр курдук. Ол эрээри, мин кэтэх санаабар, бу киһи киһини атаҕастааһына аныгы кэм ыарыыта буолбутун, сутурук сокуона туох да үчүгэйгэ тиэрдибэтин көрдөрөр өйдөөх киинэ. Онон, өйдөөх киинэни сөбүлээччилэр өйдүөхтэрэ, онтон атыттар аттыбар олорбут эдэр кыыс курдук «айуу-айа, хаһан бүтэр...» диэхтэрэ. Төһө да үчүгэйдик уһуллубутун иһин, мин көрдөхпүнэ, киэҥ араҥаҕа анамматах киинэ курдук. Онон киинэ тыйаатырдарыттан улахан үбү-харчыны хомуйбата буолуо.  

Тус бэйэм бу киинэҕэ оҕолор наһаа уустук оруоллары итэҕэтиилээхтик оонньообуттарын сөхтүм-махтайдым, биһирээтим уонна хас биирдии кинилэр курдук уол оҕо үтүөкэн эр киһи буола улаатарыгар баҕардым.

Сэмэй сэҥээриини суруйда КҮНДЭЛИ.