Киир

Киир

Алтынньы 11 күнүгэр саха тыллаах бары билэр, ытыктыыр, сөбүлээн көрөр күүтүүлээх артыыспыт, РФ үтүөлээх, СӨ норуодунай артыыһа, Б.Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Анатолий Павлович Николаев 75 сааһын бэлиэтиир. Бу бэлиэ күҥҥэ тоҕооһуннара Саха тыйаатырыгар сылдьан Анатолий Павловичтыын сэһэргэстибит.

Кыһыл көмүс устуудьуйа

Саха тыйаатыра – саха култуурата, ускуустубата сайдарыгар биир сүрүн күүс. Тоҕо диэтэххэ, Саха тыйаатырыттан саҕалаан билигин баар бары тыйаатырдарбыт үөскээбиттэрэ: Опера уонна балет, эстрада, көр-күлүү, үүнэр көлүөнэ, үҥкүү, Ньурба уонна Нерюнгри тыйаатырдара.

1906 с. тохсунньу 3 күнүгэр “Бэриэт Бэргэн” олоҥхонон бастакы сахалыы тыллаах тыйаатыр үөскээбитэ. Оччолорго В.В. Никифоров-Күлүмнүүр улахан да өйдөөх-дьүүллээх киһи эбит. Бу тыйаатыр үөскүүрүгэр 1905 с. ылыллыбыт Сахалар сойуустарын манифеһа төһүү буолбута. Манифест “сахалар омук быһыытынан сайдарбытыгар бэйэбит култууралаах, ускуустубалаах, сахалыы бэчээттиир типографиялаах, бибилэтиэкэлээх, муусукалаах, тыйаатырдаах буолуохтаахпыт, оччоҕуна эрэ биһиги омук быһыытынан сайдыахтаахпыт” диэн ис хоһооннооҕо.

Биһиги, 1948–1952 сс. төрөөбүт көлүөнэ дьон, сэрии кэннинээҕи оҕолортон бүтэһиктэрэбит, оскуолаҕа киириэхпитигэр диэри атах сыгынньах сүүрбүт дьоммут. Бэйэбинэн охсон этэр буоллахха, олох араас хамсааһынын барытын сүрэхпитинэн-быарбытынан, эппитинэн-хааммытынан билбиппит. Ол иһин бары өттүнэн дьикти көлүөнэбит.

Холобур, аҥаардас тыйаатыр, ускуустуба эйгэтин ылан көрдөххө, кырдьаҕас көлүөнэ артыыстары – Д.Ходуловтааҕы, М.Слепцовтааҕы, М.Слепцовалааҕы, А.Петровтааҕы – кытта бииргэ үлэлээбиппит. Инньэ гынан саха тыйаатырын олохтообут кырдьаҕас артыыстар тыыннарын эдэр көлүөнэлэргэ тиэрдэр ытык эбээһинэстээхпит. Ол иһин даҕаны быйыл айар үлэбит 50 сылын бэлиэтиир выпуһу “Кыһыл көмүс устуудьуйа” диэн эрдэхтэрэ. Ити туһугар наһаа эппиэтинэстээх, улахан суолталаах.

А.С. Борисов сүүрбэ түөрт сыл култуура миниистиринэн, тыйаатыр уус-уран салайааччытынан үлэлээн, Саха тыйаатыра аан дойду таһымыгар тахсарын ситистэ. Урут тыйаатыр аҥаардас Саха сирин иһинэн биллэр-көстөр эбит буоллаҕына, аны бүтүн аан дойдуга маннык өйдөөх-санаалаах, култууралаах, ускуустубалаах, тыллаах-өстөөх, сиэрдээх-туомнаах, омук баарбыт диэн биллэрдибит.

Ол курдук 1985 с. сайын Москубаҕа “Чистые пруды” “Современник” тыйаатырга гостуруоллаабыппыт. Аны санаан көрдөххө, хайдах эрэ авантюрнай да курдук, москубалар оччолорго биһиги тыйаатырбытын олох билбэттэрэ. Арай 1956 с. Опера тыйаатыра “Ньургун Боотуру”  туруора сылдьыбыта. Оттон Саха тыйаатыра итиччэ ыраах тиийэн бүтүн испэктээкили туруорбута устуоруйаҕа суоҕа. Дьэ, ол курдук “Үс саха төрүөҕэр”, “Хаарыан хампа күөх кытылым”, “Ханидуо уонна Халерхаа”, “Аммаҕа саас этэ” уонна Н.Гоголь “Кэргэн кэпсэтиитин”, оҕолорго ньиэмэс драматурун “Бемби” испэктээкилин туруорбуппут.

Ити сырыы устуоруйатын кэпсиир буоллахха, Андрей Саввич Саха тыйаатырын үлэтин сыалын-соругун туруорарыгар:

“Биһиги үп-харчы туһугар охсуспаппыт, сүрүн сорукпут – Саха тыйаатырынан нөҥүөлээн саха омук тылын-өһүн, сиэрин-туомун, үгэстэрин, өйүн-санаатын, бөлүһүөпүйэтин аан дойду таһымыгар таһаарыы, атын омуктарга маннык омук баар диэн билиһиннэрии”, – диэн чопчу эппитэ.

Дьэ туран, 1988 с. бастакыбытын омук сиригэр, буолаары буолан Эмиэрикэ кэнтиниэнэ Мексикаҕа улахан гостуруолга таҕыстыбыт. Бэстибээлбит киинэ – Агуаскальентес куорат. Биһиги биир киэһэ испэктээкиллээн баран, сарсыныгар кыратык куоракка күүлэйдээтибит. Арай А.Фёдоров, С.Сивцев буолан уулуссанан хааман истэхпитинэ, биир уһун баҕайы курбалдьыйбыт киһи утары сүүрэн кэллэ. Биһиги соһуйдубут да, “арааһа, бу били кэпсиир мафиялара буоллаҕа” диэн куттанныбыт да. Саатар кини испаниялыы саҥарар, оттон биһиги омуктуу олох ньуул буоллахпыт дии. Онон барыта илиинэн кэпсэтии буолла. Арай киһибит: “Мин эһигини бэҕэһээ көрбүтүм. Дэлби ытаабытым, дэлби үөрбүтүм, ыһыытаабытым-хаһыытаабытым, сүрдээх улахан “эмоциональнай вспышканы” ылбытым”, – диэн кэпсээччи буолла. Дьэ инньэ гынан, уһун да уһун киһи, төҥкөйөн, бокуйан туран, сыллаан-уураан барбыта.

Аны ити куоракка бэрэсидьиэн ойоҕо испэктээкилбитин кэлэн көрбүтэ. Ол кэннэ барыбытын кытта илии тутуһан, сыллаан-уураан баран ыйытыылаах буолла: “Бу хантан сылдьар омуккутуй?” Ону биһигини кытта Москубаттан барсыбыт тылбаасчыт кыыс этэн биэрдэ. Ол Бастакы леди Саха сирин туһунан тугу да билбэт эбит. Дьэ туран, “Сибиир” диэбиппитигэр син тугу эрэ өйдөөтө уонна ахсааммытын ыйытта. Биһиги хайдах баарынан: “Муҥутаан мөлүйүөн аҥаара буолабыт дуу, суох дуу... Уопсайынан, кыра омукпут”, – диэтибит.

Онуоха ледибит:

“Эһиги – кыра омук буолбатаххыт, эһиги – улуу омуккут”, – диэтэ, уонна: “ханнык баҕарар омук таһымын кини ахсаанынан көрүллүбэт. Омук таһыма култууратыгар, ускуустубатыгар, духуобунаһыгар уонна өйүгэр-санаатыгар сытар. Эһиги оннук таһымнаах омуккут, онон улуу омуккут”, – диэтэ.

Биһиги, хаһан даҕаны итинник сыанабылы ылбатах дьон, олус соһуйдубут.

Дойдубутугар кэлбиппитигэр Суруйааччылар сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Софрон Данилов уруккута Пушкин бибилэтиэкэтигэр саха омук өйүн-санаатын, интэлигиэнсийэтин барытын мунньан күүстээх түһүлгэни тэрийдэ. Онно университет преподавателлэрэ, бэрэпиэссэрдэр, учуонайдар, улуу суруйааччыларбыт Күннүк Уурастыырап, Амма Аччыгыйа, Уйбаан Гоголев, Бүөтүр Тобуруокап кэллилэр. Софрон Петрович: “Көрөргүт курдук, биһиги худуоһунньуктарбытыттан саҕалаан (Мунхаловтаах, Осиповтаах саҥа тахсыбыт кэмнэрэ) ырыаһыттарбыт, бүтүн тыйаатырбыт аан дойдуга саха омук туһунан улаханнык биллэрдилэр уонна үрдүк сыанабылы ыллылар. Ол аата, сахалар ханнык баҕарар омугу кытта тэҥҥэ кэпсэтэр, сэһэргэһэр, чэй иһэр кыахтаах омук эбиппит. Онон бүгүҥҥүттэн ыла “сахалар эрэйдээхтэр”, “сахалар муҥнаахтар” дэммэккэ, “күүстээх өйдөөх, күүстээх ис туруктаах, дириҥ бөлүһүөпүйэлээх омук эбиппит” диэн өйгө-санааҕа киириэхтээхпит”, – диэн түмүк оҥордо.

Дьэ, итинник Саха тыйаатыра аан бастаан омук сиригэр тахсан, үрдүк сыанабылы ылан, саха омук сайдыытыгар күүстээх тирэх, төрүт буолбута.

Айылҕаттан күүстээх омук

Улуу суруйааччыларбыт Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Алампа, Николай Неустроев Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин инниттэн “саха – улуу омук” диэн хас да үйэни курдат көрбүттэр. Оннооҕор 400 сыллааҕыта Нострадамус эппит: “Айылҕаттан наһаа күүстээх омук баар. Бу омук уһугуннаҕына, сир дьигиһис гыныа”. Өссө быраатым А.Д. Иванов-Тоҕой диэн дириҥ өйдөөх-санаалаах, суут-сокуон дьыалатыгар үөрэммит уонна хотугу улуустарга сүүрбэччэ сыл судьуйанан, борокуруорунан үлэлээбит киһи кэпсиир этэ. Өрдөөҕүтэ ханнык эрэ хайа омуктарыгар туристыы сылдьаннар хайа хапчааныгар сэттэ сүрүн тылынан суруллубут, нууччалыы эттэххэ, “изречениены” булан ылбыттар. Ол суруллубукка “аан дойду алдьархайын хотугу кыра омук култуурата быыһыаҕа” диэн суруллубут эбит. Дьэ итини истэн-билэн баран “ол, баҕар, биһиги буолаайабыт” диэн баҕара саныыгын буолбат дуо?..

М.Е. Николаев барахсан “биһиги олоҥхобут 2000 сыл анараа өттүгэр айыллыбыт” диэн этэр буолара.

“Дьулуруйар Ньургун Боотурга” билигин арыллыбыт уонна арыллыахтаах өй-санаа барыта түмүллүбүт ээ. Ити олоҥхону үчүгэйдик чинчийэллэрэ буоллар, сарсыҥҥы күн туһунан этиллибит барыта баар. Онон, биһиги дьикти омук буолуохпутун сөп.

Аны туран, улуу ыраахтааҕы Бүөтүр I тиһэх көрдөһүүтүн билэҕин дуо? Бүөтүр I ыраахтааҕы: “Миэхэ саха ойууннарын аҕалыҥ”, – диэбит ээ. Онуоха биһиги дьоммут биэс ойууну бэлэмнээбиттэр: Бүлүүттэн – түөрдү, бу диэкиттэн – биири. Дьэ, бастакы ойуун Иркутскайга тиийбитин кэннэ “Бүөтүр I өллө” диэн иһиттиннэрии кэлэр. Итинэн тугу этэ сатыыбыный? Арассыыйаны Арассыыйа гыммыт Улуу Бүөтүр ыраахтааҕы “миигин саха эрэ ойууна үтүөрдүөн сөп” диэн санаатаҕа дии. Дьиҥинэн, кинини акыйаан, муора уҥуор олорор төһөлөөх элбэх сайдыылаах омуктар эмтээбиттэрэ буолуой?..

Саха – айылҕаттан күүстээх омук. Билигин да айылҕаны кытта ыкса ситимнээх, айдарыылаах, ааттара ааттаммат дьон бааллар. Оттон Саха тыйаатырын үлэтин биир хайысхата саха дьонугар “биһиги күүстээх омукпут” диэн санааны уһугуннара сатыыр.

Алампа Софронов тыйаатыр суолтатын туһунан маннык этэн турар: “Тыйаатырга кэлбит көрөөччү утуйан хаалбыт устурууналарын уһугуннарыахтаах. Тыйаатыр суолтата – ол”. Ити курдук, тыйаатыр аанын аһан киирбит киһи тахсан барарыгар өйдүүн-санаалыын, эттиин-хаанныын уларыйан тахсыахтаах.

Сүтэн-симэлийэн хаалбат туһугар

Саха тыйаатырыгар биирдэ үлэлии кэлбит үлэһит, артыыс дьон тыйаатыртан олохторун тиһэх күнүгэр диэри арахсыбаттар. Мин итини сүүрбэ икки сылтан ордук дириэктэрдээбит киһи быһыытынан бигэргэтэбин.

Аны сиэр-майгы быһыытынан саха киһитэ төрөппүттэрин, эһэтин, эбэтин, кырдьаҕастарын бүтэһик күнүн бэйэтэ тэрийэн ыытыахтаах. Холобур, билигин “Кырдьаҕастар дьиэлэрэ” диэн баар. Итини олох утарабын. Сорох аныгы дьон, саха оҕолоро, ийэлэрэ-аҕалара кыратык кырыйдылар, кыаммат буолан киирэн бардылар да, Кырдьаҕастар дьиэлэригэр илдьэн туттараллар. Ити – саха сиэрэ-туома буолбатах. Сахаҕа “төрөппүттэргин, эһэҕин, эбэҕин, кырдьаҕастаргын бэйэҥ тутан-хабан, көрөн-истэн анараа дойдуга атаарыахтааххын” диэн суруллубатах сокуон. Ити өйдөбүлбүт кэһиллэн эрэр. Итинник сүрүн өйдөбүллэрбит кэһиллэн, омук кыччаан, сүтэн-симэлийэн хаалыан сөп. Ол иһин биһиги тыйаатырбытыгар, ордук айар састаапка, кырдьаҕастарбытыгар харыстабыллаах сыһыаннаахпыт. Кырдьаҕас артыыс анараа дойдуга барар буоллаҕына, манна сыанаҕа үлэлии сылдьан барар. Онон биир дьиэ кэргэн курдук барытын бэйэбит тутан-хабан атаарабыт.

Аан дойдуга туох үчүгэй, кэрэ айыллыбытын барытын...

2016 с. туох да сүҥкэн улахан “Легенды Саха театра” диэн гостуруолу тэрийбиппит. Киргизиянан, Казахстанынан, Башкириянан, Татарстанынан, Москубанан сылдьан кэлбиппит. Онно Казахстаҥҥа бииргэ үөрэммит казах доҕотторбут араас куоратынан тарҕанан үлэлии сылдьаллар. Олор: “Эһиги ый иһигэр Киргизия, Казахстан, Башкирия, Татарстан уонна Москуба курдук ыраах сирдэринэн үстүү айымньыны көрдөрөҕүт (барыта сэттэ айымньы). Наһаа күүстээх омук эбиккит. Оттон биһиги муҥутаан Киргизияҕа эбэтэр Аркалык диэн хоту куоракка бара сылдьыахпытын сөп”, – диэн сөҕөн-махтайан эппиттэрэ.

Тыйаатырга киириигэ алта остуолбалаахпыт. Онно Саха тыйаатырын төрүттээбит, айымньылара турбут улуу дьоммут:  Күлүмнүүр, Алампа, Н.Неустроев, Б.Ойуунускай, Суорун Омоллоон, Уйбаан Гоголев, Харысхал – ааттара кыһыл көмүс буукубанан суруллан турар. Саха тыйаатыра баччааҥҥа диэри кинилэр айымньыларынан үлэлээн-хамсаан кэллэ. Биһиги репертуарбытыгар улуу дьоммут айымньылара мэлдьи баар, ону таһынан драматурдар да тахсан эрэллэр. Ону тэҥэ нуучча кылаассыката, арҕааҥҥы да литэрэтиирэ эмиэ баар. Билигин, төһө даҕаны арҕаа омуктары кытта сөпсөспөт быһыыга-майгыга олордорбут, кинилэр култуурабытын, ускуустубабытын тэпсэ сатааталлар, биһиги, төттөрүтүн, кинилэри туруорабыт. Тоҕо диэтэххэ, өскөтүн эн сайдыаххын, аан дойду таһымыгар тахсыаххын баҕарар буоллаххына, онно баар туох үчүгэй, кэрэ айыллыбытын барытын билиэхтээххин. 

Ону тэҥэ биһиэхэ икки улахан тыйаатыр баар: Саха тыйаатыра уонна Олоҥхо тыйаатыра. Бу икки тыйаатыр иккиэн сэргэ сайдыахтаахтар. Иккиэн холбоһон, бииргэлэһэн хааллахтарына, биирдэрэ биирдэрин сиэн кэбистэҕинэ, биһиэхэ хоромньулаах буолуоҕа. Олоҥхо тыйаатыра бэйэтин суолун булуо. Японияҕа Кабуки уонна Ноо тыйаатырдара омук бөлүһүөпүйэтин, дьиҥ ис хоһоонун этэр, кэпсиир, көрдөрөр буоллахтарына, биһиэхэ оннук тыйаатырынан Олоҥхо тыйаатыра буолуохтаах. Ону ситиһэ сатыахтаахпыт.

Өссө биир санаа баар: олоҥхобутун харыстыахтаахпыт. Инньэ гымматахпытына сүтэрэн, өлөрөн кэбиһиэхпитин сөп. Олоҥхобут ыһыаҕа халыып курдук буолан эрэр. Дьиҥинэн, Олоҥхо ыһыаҕа тыйаатыр буолуо суохтаах, норуот ыһыаҕа буолуохтаах. Ол курдук, биһиги санаабытыгар, Саха сиригэр отут биэс улуус баар буоллаҕына, отут биэс араас Олоҥхо ыһыаҕын тэрийиэххэ сөп этэ. Ону билиҥҥитэ бары биир буолан хааллылар. Ити хайа эрэ өттүнэн кутталлаах буолуон сөп. Ол хас биирдии түөлбэҕэ Олоҥхо ыһыаҕын уратытын бэлиэтээн оҥороллоро буоллар, наһаа интэриэһинэй, олус сиэдэрэй буолуо этэ.

Мария САННИКОВА.