Киир

Киир

Сотору кэминэн Евразия норуоттарын эпостарын норуоттар икки ардыларынааҕы киинин (кылгатан эттэххэ, Эпос киинэ) сыанатын уонна көрөөччүтүн саалатын бырайыактыырга куонкурус биллэриэхтэрэ. Ол туөунан бырабыыталыстыба быөаарда.

Санаттахха, Ил Дархан бэрэссэдээтэллээх киин бырайыактыыр кэмитиэт былырыын атырдьах ыйын 9 күнүгэр Эпос киинин тутууну саҕалыырга диэн бигэргэппитэ. СӨ судаарыстыбаннай сүбэһитэ, бырайыак салайааччыта А.С. Борисов этэринэн, трансформер-сыана уонна көрөөччү саалата Эпос киинин туллар тутааҕа буолуохтаах. Ол хайдах оҥоһулларыттан көрөн холл, таҥас ыйыыр сир, малы-салы уурар уо.д.а. анал хостор оҥоһуллуохтаахтар. Онон, бастатан туран, “Үс ураһа” ис бараанын оҥоруохтара.

Билиҥҥи туругунан трансформер-сыаналары оҥорор уонна бырайыактыыр омук уонна Арассыыйа хампаанньаларын кытта кэпсэтии барар. “Новосибирскай, Кытай уонна дьоппуон тэрилтэлэрин этиилэрин үөрэтэ сылдьабыт. Араас аныгы технологиялаах, ураты көрүүлээх олус интэриэһинэй барыйааннар бааллар”, -- диир Андрей Саввич.

Бырабыыталыстыба уонна бырайыак салалтата Тутуу министиэристибэтигэр Култуура министиэристибэтин кытта дьыала-куолу докумуонун уонна тэхиниичэскэй сорудаҕы кичэйэн оҥороллоругар соруйда.

Бүтэһик сонуннар