Киир

Киир

Бүгүн “Куруһаала” атыы-тутуу эрээттэригэр бүтэһик уон сылга саамай улахан “Дархан Уус” уустар быыстапкалара буолла. Быйылгы быыстапкаҕа хаһааҥҥытааҕар да элбэх уус кытынна. Ол курдук 50-тан тахса уус Өлөөн, Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Кэбээйи, Таатта, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Нам, Хаҥалас улуустарыттан уонна Дьокуускайтан кэлэн кытыннылар. Бу быыстапка быйыл тохсус төгүлүн ыытылынна. Быйылгы быыстапкаҕа элбэх эдэр уус кэлбитэ саха төрүт дьарыга өссө да сайдар кэскиллээҕин туоһулуур.

darkhan2

Быыстапка чэрчитинэн “Бастыҥ уус-уран дьүһүйүү”, “Бастыҥ куукуна быһаҕа” уонна “Бастыҥ дэгиттэр быһах” хайысхаларынан кыайыылаахтары быһаарыахтара. Кинилэр Москубаҕа “Клинок” Бүтүн Арассыыйатааҕы быыстапкаҕа кыттар чиэстэниэхтэрэ. Уустары СӨ Ил Дарханын уонна бырабыыталыстыбатын дьаһалтатын салайааччы Федор Борисов кэлэн эҕэрдэлээтэ.

darkhan3

 

Бүтэһик сонуннар