Киир

Киир

Олунньу 19-кулун тутар 2 күннэригэр Дьокуускайга “Евразия. Диалог. Классика” диэн норуоттар икки ардыларынааҕы муусука бэстибээлэ буолан ааста. Бэстибээлгэ Соҕуруу Кэриэйэттэн тиийэ кытыннылар. Маны таһынан, “Башмет Центр” (Москуба) педагогтара: Алексей Селезнев – виолончелгэ, Леонид Друтин – саксафоҥҥа, Игорь Федоров – кларнетка маастар-кылаастары, МАМКИМ “МеждународМолОт” (Москуба) айар мастарыскыай сэминээрдэри, маастар-кылаастары биэрдилэр. Бэстибээл чэрчитинэн Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын сыанатыгар Дж.Россини “Севильский цирюльник” опера испиктээҕэ турда.

Бэстибээл бары тэрээһиннэригэр Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет театрын, Муусука Үрдүкү оскуолатын уонна Саха сирин филармониятын кэлэктииптэрэ кытыннылар. Арассыыйа эрэгийиэннэрин, чуолаан Саха сирин уонна Соҕуруу Кэриэйэ айар күүстэрин түмэр баҕалаах профессор, дирижер Но Тэ Чол бэстибээл сүрүн тэрийээччитинэн буолла.

PBS 4224

PBS 4271

Уон күннээх бэстибээл кулун тутар 2 күнүгэр улахан гала-кэнсиэринэн түмүктэннэ. Кэнсиэр бастакы аҥаарыгар Москубаттан аатырбыт пианист, РФ уонна Удмуртия үтүөлээх артыыһа, Татарстаан норуодунай артыыһа, үгүс аан дойду таһымнаах куонкурустар кыайыылаахтара Евгений Михайлов кыттыылаах, итиэннэ опера уонна балет театрын симфоническай аркыастыра уонна Муусука Үрдүкү оскуолатын талба талааннаахтара доҕуһуоллаах Сергей Рахманинов айымньытыттан быһа тардыытынан саҕаланна. Дирижер – Но Тэ Чол.

PBS 4363

Кэнсиэр иккис аҥаарыгар РФ уонна СӨ үтүөлээх артыыһа Альбина Борисова, СӨ норуодунай артыыстара Николай Попов, Григорий Петров, Юрий Баишев, СӨ үтүөлээх артыыһа Александр Емельянов уонна Соҕуруу Кэриэйэттэн ыҥырыылаах ыалдьыт – сопрано куоластаах Чо Юнь Джонг кыттыылаах умнуллубат муусука дьоро киэһэтин бэлэхтээтилэр. Чо Юнь Джонгу кытта биһиги аатырбыт артыыстарбыт дуэттаабыттара бэстибээл кэрэ көстүүтүнэн буолла. Кэнсиэр былаһын тухары Дьокуускай холбоһуктаах хорун толорууларынан киэргэттилэр.

PBS 4397

PBS 4236

Чо Юнь Джонг:

- Мин Соҕуруу Кэриэйэҕэ ыллаан саҕалаабытым, ол кэннэ 11 сыл устата Германияҕа үлэлээбитим. Инньэ гынан, ньиэмэс тыла – иккис төрөөбүт тылым. Куолаһым силгэлэригэр эпэрээссийэ оҥоттороммун өр баҕайы ыллаабакка сырыттым. Манна кэлэн дьэ, сыанаҕа таҕыстым. Инньэ гынан, эһиги театргытыгар ыллаабытым ордук долгутуулаах. Мин нуучча классикатын уонна култууратын интэриэһиргиибин. Муусука Үрдүкү оскуолатыгар буолбут кэнсиэрбэр нуучча ырыаларын ыллаатым. Театргытын олус сөбүлээтим. Опера солистара, аркыастыр кыттыылаахтара олус таһымнаахтар. Кинилэри кытары биир сыанаҕа кыттыбыппыттан киэн туттабын. Салалта театрга улахан болҕомтону уурара тута көстөр.

Дмитрий Оконешников, театр пресс-сулууспатын салайааччы.