Кулун тутар 23 күнүгэр "Куруһаалаҕа" мас уустарын оҥоһуктара көрдөрүллэр "Мас Экспо-2018" быыстапка саҕаланыаҕа. Икки күннээх тэрээһин былааннанар. Бүгүн уустар хайыы үйэ кэлитэлээн, оҥоһуктарын аҕалталаан, таҥан эрэллэригэр түбэстим.
Киһи эрэ сөҕүөн курдук, эргийэр олбохтоох мас кириэһилэни ыраахтан тэһэ көрөн ылан, бэйэ оҥоһуга миэбэли таҥааччыларга чугаһыыбыт.
Онтум Тулагы кулуубугар оробуочайдыыр, бэйэтэ эппитинэн, "сүгэр-көтөҕөр, тиэйэр" дьарыктаах Аркадий Эверстов диэн эбит. " Уһаныы – мин хоббим. Былырыыҥҥыттан эрэ ылыстым диэхпин сөп. Бастакы ыскааппын кустуу барыам иннинэ кэргэммэр оҥорон биэрбитим. Оттон бу табаарыспар анаан оҥорбуппун, дьээбэҕэ көрдөрө киллэрдим. Оҥоруутугар икки ый курдук барда",- диир.
Оттон мин биһирии көрбүт кириэһилэм сиэркилэлээх, дьахтар киэргэнэр остуолун нобуоругар киирсэр эбит. Мантын "атыылаһар дьон көһүннэҕинэ, биэрэбин" диир.
Аркадий төрдө Нам Үөдэйэ эбит. Бүлүү Тылгынытыгар олорон үөрэммит.
Кэрэхсэбиллээҕэ, бу мас миэбэли таҥарыгар, чопчута чаастарын холбууругар, былыргылыы ньыманы туһанан, мас тоһоҕону туттар.
Дьэ, онон куорат олохтоохторун, ыалдьыттарын икки күннээх сэргэх тэрээһин күүтэр.
Лоһуура