Саха оператын сыанатын маастардара, өрөспүүбүлүкэ идэтийбит вокал ускуустубатын киэн туттуулара — Феодосия Шахурдина уонна Григорий Петров операны таптааччыларга улахан бэлэх оҥороллор!
Феодосия Шахурдина Суорун Омоллоон аатынан опера уонна балет тыйаатырыгар номнуо 30-с сылын үлэлиир. Кини бастаан хор артыыһын быһыытынан саҕалаабыта. Ураллааҕы консерваторияҕа, Улахан, Мариинскай тыйаатырдарга таһымын үрдэппитэ. Кини ылбычча идэтийбит ырыаһыт ылсыбат, сэдэх сопрано баартыйаларын толорбута (“Травиатаҕа” Виолетта баартыйата, “Отеллоҕа” – Дездемона, “Кинээс Игорьга” – Ярославна, Чио-Чио-Сан уо.д.а.).
Григорий Петров – опера солиһа, 1998 сыллаахха Ураллааҕы консерваторияны бүтэрбитэ. Григорий Петров талаанынан көрөөччү сүрэҕин сүүйбүтэ. Кини олус улахан опернай уонна кэнсиэрдиир репертуардаах. П.И. Чайковскай аатынан Москубатааҕы судаарыстыбаннай консерваторияҕа, Мариинскай тыйаатыр Сайыҥҥы Академиятыгар биллэр-көстөр уһуйааччыларга таһымын үрдэппитэ.
Феодосия Шахурдина уонна Григорий Петров бииргэ чаастатык сыанаҕа тахсаллар. Уһук Илин, Соҕуруу Кэриэйэ куораттарынан дуэттаабыттара. Маны таһынан аан дойду улахан тыйаатырдарын сыаналарыгар бииргэ ыллаабыттара.
Кинилэр кыттыгас, үбүлүөйдээх кэнсиэрдэригэр анаан-минээн суон сурахтаак кэллиэгэлэрин ыҥырдылар – СӨ үтүөлээх артыыстарын — Анастасия Мухинаны уонна Александр Емельяновы. Кэнсиэргэ Феодосия Шахурдина кыра кыыһа – “Виртуозы Якутии” ансаамбыл кыттыылааҕа, Муусука үрдүкү оскуолатын үөрэнээччитэ, скрипач Дарья Шахурдина кыттыаҕа. Дирижердар – Александро Биччи (Италия) уонна норуоттар икки ардыларынааҕы күрэхтэр лауреаттара Николай Пикутскай.
Кэнсиэр муус устар 14 күнүгэр 18:30 ч. Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет судаарыстыбаннай тыйаатырыгар буолуоҕа. Билиэт сыаната: 300-500 солк. Сааһынан хааччах: +12. Сиһилии 36-06-90 төл. билсиҥ.