“Биэбэйик” өрөспүүбүлүкэтээҕи интерактивнай сахалыы биһик ырыатын күрэһигэр “Биһик ырыатынан уһуллубут бастыҥ видеоклип” хайысха баара. Манна 4 видеоклип кыттыбыта. Ону сэргээн көрөргүтүгэр ыҥырабыт.
“Үтүө түүлү”
Кыайыылаах үлэ аатын ылбыт “Үтүө түүлү” ырыа килиибэ. Мария Саввина тыллара, Матрена Пермякова матыыба уонна толоруута, “Утум” устуудьуйа аранжировката. Килиип Чурапчытааҕы “Тиһилик” телевизионнай устуудьуйаҕа уһуллубут. Оруолларга: Пермяковтар дьиэ кэргэн, Чурапчытааҕы “Мичээр” оҕону сайыннарар киин үлэһиттэрэ.
“Аҕа биһигэ”
Ситиһиилээх үлэ аатын ылбыт “Аҕа биһигэ” ырыа килиибэ. Наталья Слепцова хоһооно уонна мелодията, Виталий Слепцов толоруута. Оруолларга: Дьокуускайдааҕы “Айыы кыһата” оскуола төрүт култуура уонна сатабыл уруогун учуутала Виталий Архипович Слепцов уонна кини оҕолоро.
“Утуй, тииҥчээним, кыра уолчааным”
Биһирэнэр үлэ аатын ылбыт “Утуй, тииҥчээним, кыра уолчааным” ырыа килиибэ. Анна Винокурова хоһооно, Светлана Константинова мелодията, Анастасия Иванова толоруута. Семен Аманатов уһулуута уонна таҥыыта. Оруолларга: Дьокуускайдааҕы 51 №-дээх “Кэскил” уһуйаан иитээччитэ Зинаида Вячеславовна Иванова уонна 2 саастаах Айсен Никифоров.
“Баай-баай, баайыска”
Маҥнайгы хардыы аатын ылбыт “Баай-баай, баайыска” ырыа килиибэ. И. Мигалкина хоһооно, Светлана Константинова мелодията. Семен Аманатов уһулуута уонна таҥыыта. Ырыаны уонна оруолу 4 саастаах Айсаана Васильева толорор.