Киир

Киир

Сунтаар улууһун Элгээйи нэһилиэгэр Валентина Никитична Семенова “Иэйии араас дьүһүлгэнэ” диэн быыстапката аһыллыбыта. Коллекция баайа, киэҥэ, хайысхата элбэҕэ көрбүтү эрэ сөхтөрдө.

Валентина Никитична бэйэтэ маннык кэпсиир: “Ийэм күндү таас хоруоҥкалары, оҕуруолары, броштары, ытарҕалары. биһилэхтэри мунньар этэ. Онон оҕо эрдэхпиттэн таастарынан умсугуйан, кинилэр эмтиир, киһи кутугар-сүрүгэр дьайар күүстэрин туһунан ааҕан, билэн барбытым. Холобур, изумруд үйэлээх таптал символа, киһи кутун-сүрүн бөҕөргөтөр, санаатын кынаттыыр таас. Тымыр-сүрэх ыарыыларын эмтииргэ көмөлөһөр, дьиэҕэ баайы-дуолу тардар, или-эйэни сатыылатар. Оттон бу Бүлүү Эбэбит тааһа, сердолик диэн. Сердолик – тыл иччитиниин ситимнээх таас, уустаан-ураннаан саҥарар дьоҕуру уһугуннарар. Ол иһин былыргы грек философтара сердолик таастаах запонкалаах, хаалтыстарыгар киэргэллээх эбиттэр”. Ити курдук, хас биир таас туһунан иҥэн-тоҥон элбэҕи кэпсээтэ.

Быыстапкаҕа күндү таастар коллекцияларын таһынан, 170 уруучуканы, 1000-тан тахса салфетканы, ааҕан сиппэт элбэх былааттары көрүөххэ сөп. Египет, Франция, Бразилия, Вьетнам, Румыния, Кытай, Корея уо.д.а. араас дойдулар уруучукалара, былааттара уонна салфеткалара бааллар. Ону тэҥэ, былыргы суумкалары, кэмпиэт сууларын, открыткалары, значоктары көрөн, оҕо сааспытын санаатыбыт.

sand

Валентина Семенова дьарыга элбэҕэ сөхтөрдө. Баайбыт, тикпит таҥастарын сэргэ, макраме, кыл оҥоһуктар быыстапканы киэргэппиттэр. Детсадка, оскуолаҕа эбии үөрэхтээһиҥҥэ туһаныахха сөптөөх олус элбэх матырыйааллар хомуллубуттар. Холобур, “Тиэргэҥҥэ үүнэр эмтээх оттор”, “Дьиэ кыыллара”, “Халлаан куйаара”, “Сибэккилэр” уо.д.а. Хас биирдии паапкатыгар бэйэтэ уруһуйдаан, өҥнөөх кумааҕыларынан кыылы-сүөлү, оту-маһы, сибэккилэри үүт-үкчү кырыйан киэргэтэр эбит.

“Кумааҕынан кырыйыынан дьарыктаммытым ыраатта. Саҥа Дьылга кумааҕынан тыһыынчаттан тахса хаардары кырыйан, өрөспүүбүлүкэ колледжтарыгар, оскуолаларыгар бэлэхтиибин”, – диэн кэпсиир. Үөрүүлээх түгэннэргэ, сыбаайбаларга да, ыалдьыбыт, санааҕа баттаппыт чугас дьоммор да алгыстаах ойуулары кырыйан бэлэхтээччибин”, – диир.

sand2

Валентина Никитична дойдутугар оһуокайдьыт, хоһоонньут, алгысчыт быһыытынан эмиэ биллэр. “Алаас” ансаамбыл тарбахха баттанар ырыаһыта, артыыһа.

Олоҕун аргыһа Иннокентий Владимировичтыын үс оҕону төрөтөн, иитэн, көччөх гынан көтүппүттэрэ. Улахан уол Дмитрий – юрист, Иркутскайга олорор, үлэлиир. Кэргэннээх, оҕолордоох.

Улахан кыыс Мария английскай тыл учуутала, Дьокуускайга олорор. Кэргэннээх, оҕолордоох.

Кыра кыыс Люция идэтинэн психолог, биллиилээх спортсмен, тренер, кик-боксиҥҥа Россия хас да төгүллээх чемпиона.

“Айылҕа оҕото буолан, айыллан төрөөн, олорор олохпун барытын доҕотторбор, үөлээннээхтэрбэр, бар дьоммор, нэһилиэкпэр анаатым. Кинилэр тустарыгар туох эмит “түөн саҕа” туһалааҕы, үөрүүлээҕи, умнуллубаты оҥорбут киһи дии саныыбын”, - диэн күн курдук сайаҕас, үөрүнньэҥ, күлүмнэс Далбар Хотун кэпсээнин түмүктүүр.

                                      

 Александра Григорьева

 

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар