Муус устар 27 күнүгэр “Киэргэ” ювелирай оҥоһук дьиэтигэр аатырбыт худуоһунньук-модельер, дизайнер Августина Филиппова национальнай таҥаһын галереятын официальнай аһыллыыта буолар.
Үөрүүлээх аһыллыыга Саха сирин уонна атын дойдулар көстүүмнэрин уонна киэргэл оҥоһуктарын көрдөрүү, экскурсия уонна презентация буолара күүтүллэр.