Олунньу 9 күнүгэр Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэригэр үлэ бэтэрээнэ, Граждаанскай килбиэн мэтээл хаһаайына, 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Павлович Кононов – Бөртө уола “Айар аартык суолугар” диэн ыстатыйаларын хомуурунньуга сүрэхтэннэ.
Бу кинигэ бибилэтиэкэ тифлоинформационнай-издательскай салаатын иһинэн оҥоһуллан бэчээттэннэ. Иннокентий Павлович бу кинигэтигэр мындыр толкуйунан, кыраҕы хараҕынан көрбүт бэлиэтээһиннэрэ, хомоҕой хоһоонноро, сэргэх кэпсээннэрэ уонна төрөөбүт дойдутун биллэр уонна биллибэт өрүттэрин, умнуллубат түгэннэрин үөрэтиилэрэ киирдилэр.
Тэрээһиҥҥэ Иннокентий Павловиһы үлэлэринэн алтыспыт дьон, бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрэ, аймах-билэ дьоно, уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн быһыытынан үлэлиир хаһыаттарыттан “Забота Арчы” кылаабынай эрэдээктэрэ А.И.Веревкин уонна суруналыыс, суруйааччы, доҕоро А.И.Федоров - Сындыыс кэлэн кыттыыны ыллылар. Кинигэ сүрэхтэниитэ олус истиҥник ааста. “Иннокентий Павлович тобуллаҕас өйдөөх, туохтан да толлон турбат кытаанах санаалаах буолан биир кэм бибилэтиэкэҕэ кэлэн сахалыы ааҕарга-суруйарга үөрэммитэ. Онтон ыла бэйэтэ сэмэй суруйууларын хаһыакка бэчээттэтэр буолбута. Билигин кини уопсастыбаннай кэрэспэдьиэн аатын сүгэн, бу улахан дьоһун үлэтин бүгүн сүрэхтиибит” диэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи көрбөттөр анал бибилэтиэкэлэрин дириэктэрэ Е.Н. Находкина эҕэрдэтин саҕалаата. Ол кэннэ ыҥырыылаах ыалдьыттар Бөртө уолун айар үлэтин үрдүктүк сыаналаатылар, баҕа санаа бастыҥын эттилэр.
Күн сырдыгын көрбөт эрээри, киэҥ көрүүлээх, кытаанах санаалаах, үлүскэннээх үлэлээх Иннокентий Павлович бар дьонугар өрүүтүн үтүө холобур буолар. Түгэнинэн туһанан, күндүтүк саныыр ытык киһибитигэр баҕарабыт чэгиэн доруобуйаны, үтүө туругу, уҕараабат эрчими, айар аартыгын арыллан чаҕылхай сулус буолан айымньылаах суолгун сирдии, сырдата турдуҥ!
Оксана ВАСИЛЬЕВА