2018–2022 сылларга “Олохтоох каадыры – бырамыысыланнаска” бырайыагынан өрөспүүбүлүкэ 12 тыһыынчаттан тахса олохтооҕо АЛРОСА бөлөҕөр үлэ булла. Бу туһалаах бырайыакка алмаас хампаанньата – бастыҥ кыттааччы уонна бу өттүгэр салгыы үлэлэһэр.
Хампаанньа исписэлиистэри үлэҕэ ыларын сэргэ кинилэргэ сөптөөх хамнаһы төлүүргэ төһүү болҕомтотун уурар. Ол да иһин, АЛРОСА дьулуурдаах уонна олоххо көхтөөх саҥа үлэһиттэри бэйэтин кэккэтигэр үөрэ-көтө ылар.
Олоххо көхтөөх, спортсмен уонна биир бастыҥ исписэлиис Виктор Соколов АЛРОСА хампаанньаҕа кэлиэн иннинэ эрдэттэн үөрэтэн, билэн-көрөн, ыйыталаһан баран, хайыы үйэ анал үөрэхтээх исписэлииһинэн үлэлии кэлбитэ. АЛРОСА-ҕа үлэҕэ киирэргэ биир сүрүн төрүөт, биллэн турар, үлэлииргэ үчүгэй усулуобуйа тэриллэр уонна үүнэр-сайдар кыах бэриллэр.
***
Виктор Чурапчы улууһугар Надежда Терентьевна Соколова уонна Алексей Петрович Захаров түөрт оҕолоох дьиэ кэргэннэригэр эдьиийин кэнниттэн иккис оҕонон күн сирин көрбүтэ. Өссө икки кыра бырааттаах.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ сиртэн хостонор туһалаах баайынан аатырарын, манна бырамыысыланнас сайдар кэскилэ улаханын эрдэттэн истэ-билэ улааппыта.
Аҕата, Алексей Петрович, «Туймаада-Даймоҥҥа» эмиэ технологынан үлэлии сылдьыбыта. Онон аҕата ааҕар, туһанар кинигэлэрин уонна аҕыйах кыра тэриллэрдээҕин интэриэһиргээн, кыра эрдэҕиттэн тутан-хабан көрөрө. Онон аҕатын курдук, бырамыысыланнас эйгэтигэр барыан саныы сылдьыбыта.
Санааттан санаа саҕыллар дииллэринии, түгэнтэн түгэн көстөн испитэ. Ол курдук, онус кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, «Эдэр саас» хаһыат «Саха ыччатын – бырамыысыланнаска» бырайыагы үлэлэтэн, ыччаттары өрөспүүбүлүкэ бырамыысыланнай улуустарыгар илдьэн билиһиннэрэрин олус сэргии истибитэ. Онон хаһыат оччотооҕу кылаабынай эрэдээктэрэ Прокопий Бубякин салалтатынан, Мииринэйинэн, Ленскэйинэн оптуобуһунан айаннаан тиийэн, илэ харахтарынан көрөн-истэн, билсэн кэлбиттэрин олус күндүтүк саныыр. Виктор ити кэмтэн ыла бырамыысыланнас эйгэтигэр идэни баһылыырга бигэтик быһаарыммыта.
Виктор Соколов 2014 сыллаахха Дириҥ орто оскуолатын бүтэрээт, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ Физико-техническэй институтугар үөрэххэ киирбитэ. Үөрэҕин 2018 сыллаахха бүтэрэн, сыаналаах таастары уонна металлары тупсарар технология исписэлииһин идэтин ылбыта. Бу идэни баһылаабыт киһи ювелирынан эбэтэр алмааһы кырыылааччынан үлэлиэн сөп. Онтон Виктор хара маҥнайгыттан алмааһы кырыылааччы үлэтин талбыта. Дьокуускайга баар буола сылдьыбыт (2020 с. сабыллыбыта) “DDК” алмааһы кырыылыыр хампаанньа собуотугар үлэҕэ киирбитэ. Собуот сабыллыан аҕай иннинэ Москваҕа «ЭПЛ Даймонд» хампаанньаҕа алмаас кырыылааччынан үлэлии барбыта. Виктор Соколов этэринэн, алмаас кырыылыыр хампаанньаҕа кырыылааччы эрэ буолбакка, технолог курдук үлэлиигин. Бу хампаанньаҕа үлэлээбитин туһунан кылгастык маннык кэпсээтэ:
– Эйиэхэ сырьё биэрэллэр. Ону ылан, таас быһыытын-таһаатын бэлиэтиигин (разметка), «эрбиигин», сөптөөх быһыытын ылыар диэри «имиллэҥнэтэҕин», тааһыҥ ирдэниллэр ыйааһыҥҥа эппиэттиирин курдук тостубут муннуктарын, хайаҕастарын суох оҥороҕун уо.д.а. Уопсайынан, таас бирилийээҥҥэ кубулуйуор диэри үлэтин барытын бэйэҥ оҥороҕун. Холобур, биир тааһы бэлиэтииргэр 10-ча мүнүүтэ барыан сөп. Кыра тааһы аҕыйах чааһынан бүтэриэххин сөп. Оттон улахан тааска уһун кэм барар, бытаан, – диэн үлэтин уратытын үллэһиннэ.
Виктор былырыын Москубаттан дойдутугар кэлбитэ. Онон 2023 саҕаланыаҕыттан АЛРОСА Саха сирин алмааһынан эргинэр тэрилтэтигэр (ЯПТА) алмааһы наардааччынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар.
Туох хаачыстыба нааданый?
Дьэ, алмааһы наардыыр үлэҕэ киһиэхэ тулуур, дьаныар, болҕомтолоох буолуу курдук хаачыстыба хайаан да наада. Виктор тугу барытын тэҥнии, ыйааһынныы сылдьар буолан хаалаҕын диэн, дэлэҕэ күлэн этиэ дуо?
Эдэр киһи АЛРОСА хампаанньаҕа үлэнэн эрэ муҥурдаммакка, кэлэктиип иһигэр араас тэрээһиннэр, спартакиадалар, күрэхтэһиилэр ыытыллалларын астынан бэлиэтиир. Дьэ, онно эдэрдиин-эмэнниин эттэрин-сииннэрин эрчийэ, өйдөрүн-санааларын тургута, үүнэр-сайдар кэскиллээх көхтөөхтүк кытталлар. Успуорт араас көрүҥэр спартакиадалар, ыһыах тэрээһиннэрэ, биир тылынан эттэххэ, олох күөстүү оргуйар.
Манна барытыгар Виктор Соколов – биир бастыҥ кыттааччы, көҕүлээччи. Кини оҕо эрдэҕиттэн волейболлуурун, путбуоллуурун, хайыһардыырын олус сөбүлүүр.
Резюмеҕытын ыытартан толлумаҥ
Виктор Соколов, билигин сүрүн үлэтиттэн быыс булан, «Приоритет» ааҕыныстыбаҕа үлэлэһэр. Үчүгэйэ диэн, бэйэтин сүрүн үлэтигэр мэһэйдэппэт, ыарырҕаппат буоллаҕына, салалта ону утарбат, өйүүр.
Виктор этэринэн, АЛРОСА-ҕа үүнэр-сайдар кыах улахан. Виктор аан бастаан 4-с эрэсэрээттээх эбит буоллаҕына, билигин 5-с эрэсэрээттээх наардааччы-исписэлиис буола охсубут.
Онон, Виктор биир саастыылаахтарын, эдэр дьону аан дойдуга тиийэ аата ааттанар АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлии кэлэргэ резюмеларын толлубакка биэрэн иһэллэригэр ыҥырар.
– Баҕалаах киһи «Анаабыр алмаастарыгар», Мииринэйгэ, Дьокуускайга, Москубаҕа, АЛРОСА бөлөх тэрилтэлэригэр бырамыысыланнас салаатын исписэлииһинэн эрэ буолбакка, информационнай технологиялар эйгэлэригэр үлэ булунуон сөп. Билигин устудьуоннары эмиэ үлэҕэ ыҥыраллар. Бэйэлэрин үчүгэйдик көрдөрдөхтөрүнэ, АЛРОСА хампаанньаҕа кинилэри бэйэтигэр үлэҕэ ыларга мэктиэлиир.
АЛРОСА эдэр үлэһиттэригэр үүнэр-сайдар кэскили сэргэ, олорор усулуобуйаларыгар кыһаллар.
Эдэр исписэлиистэри социальнай өттүнэн өйүүр бырагырааманан элбэх чэпчэтии көрүллэр. Ол иһигэр, үлэһит ипэтиэкэнэн олорор дьиэ атыыласпыт буоллаҕына, онтун бырыһыанын хампаанньа төлүүр. Ону таһынан үлэһит түүлэһэн олорор дьиэтин ороскуотун төлөһөр, оҕо уһуйааннарыгар, лааҕырдарга сылдьыы ороскуотун толуйар.
«АЛРОСА алмааһы хостооһуҥҥа аан дойдутааҕы хампаанньалар ортолоругар инники кэккэҕэ сылдьар. Мин бу идэни таларбар Саха сирин бырамыысыланнаһын хампаанньата тэтимнээхтик сайдара, бу биһиги ыччаппытыгар кэскиллээх хайысха буолара оруолу оонньообута дии саныыбын. Хампаанньаҕа бигэ турук уонна үүнэр-сайдар кыах баар, — диэн Дьокуускай куоракка АЛРОСА Саха сирин алмааһынан эргинэр тэрилтэтигэр (ЯПТА) алмааһы наардааччынан үлэлиир Виктор Соколов кэпсээнин түмүктүүр.
Эдэр исписэлиис уонна уһуйааччы
Виктор Соколов билигин үлэлиир сыаҕар идэтин баһылыырыгар, үлэтин эҥкилэ суох хаачыстыбалаахтык толороругар уһуйааччы (настаабынньык) сүбэтэ-амата, көмөтө олус туһалааҕын туһунан этэр.
Киниэхэ боруобалыыр болдьоҕун кэмигэр уһуйааччыны анаабыттар. АЛРОСА хампаанньаҕа 1998 сылтан үлэлиир, обогатитель идэлээх Мария Михайловна Конашенколыын сэргэстэһэ олорон үлэлээбиттэр. Уопуттаах үлэһит эдэр исписэлиис биир да ыйытыытыгар аккаастаабакка, болҕомтолоохтук истэн баран быһааран, долбуурга дьаарыстыыр курдук толоруохтаах үлэтин хас биирдии хаамыытын көрдөрөн биэрэн испит.
Уһуйааччы Мария Михайловна Коношенко:
– Виктор Соколов биһиэхэ 2023 сыл саҥатыгар үлэлии кэлбитэ. Кини үчүгэй үлэһит, булугас өйдөөх. ХИФУ-га үөрэммит анал идэлээх, алмааһы кырыылааччынан үлэлээбит. Онон, күндү тааһы кытта хайдах үлэлиири билэр.
АЛРОСА хампаанньаҕа үлэлии кэлбитигэр аан бастаан технология докумуоннарын билиһиннэрбиппит, анал литэрэтиирэни аахтара биэрбиппит. Ону Виктор олус кыһамньылаахтык кэниспиэктиир, уруһуйдуур этэ. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии таас бэйэ-бэйэтиттэн туох эрэ уратылаах. Онтон дьэ, дьиҥнээх таастарга үлэлээн барбыта. Мин киниэхэ сырьену оҥорторо биэрэрбин барытын булугас өйүнэн табан оҥороро. Кини олус кыраҕы харахтаах, болҕомтолоох, олус кыһаллыгас, чэнчис. Эксээмэннэрин үчүгэйдик туттарбыта, онон билигин толору бырааптаах үлэһит быһыытынан үлэлиир, нуорматын толорор.
Виктор Соколов холку майгылаах, киэҥ көҕүстээх. Барыларыгар сөбүлэтэн, тута кэлэктиипкэ киирдэ. Онон, аан дойду таһымнаах АЛРОСА хампаанньаҕа Виктор Соколов бэйэтин үчүгэй эрэ өттүнэн көрдөрөн үлэлии сылдьарыттан уһуйааччы быһыытынан олус үөрэбин.
Надежда ЕГОРОВА.