Киир

Киир

Кырыалаах кыһыммыт кэлэн Саха сирин олохтоохторо ичигэс таҥаспытын бэринэр түбүгэр түстүбүт. Саха сирин кыһыныгар барсар, ичигэһинэн, тыалтан-куустан харыстыырынан, киһи этин-сиинин тыыннарарынан, онно эбии ыйааһына чэпчэкитинэн омук таҥастарыттан хас да бүк ордук “Хотугу таҥас” мааркалаах тэрилтэ (“МилаМакс Плюс” ХЭУо) туһунан үгүстэр истибит буолуохтааххыт.

Өбүгэлэрбит ньымаларын туһанан, үгүһү чинчийэн-үөрэтэн билиҥҥи кэмҥэ дьүөрэлии гына тигэн анал үлэҕэ-хамнаска, айаҥҥа, булка-алка, күннээҕигэ кэтиллэр таҥас араас көрүҥүн атыыга таһаараллар. “Хотугу Таҥас” айан таһаарыыны харыстыыр патеннара Саха сиригэр эрэ буолбакка, Арассыыйаҕа, АХШ-гар, Канаадаҕа, Норвегияҕа, Швецияҕа, Финляндияҕа бааллар.

Тэрилтэни төрүттээччи уонна “Хотугу Таҥас” маркалаах таҥас-сап ааптара – тэхиниичэскэй билим дуоктара, дизайнер идэлээх Людмила Расторгуева. Элбэх чинчийиини ыытан, үөрэтэн натуральнай түү истээх таҥаһы тигиинэн дьарыгырбыта 40-ча сыл буолла. “Тыйыс тымныы айылҕалаах сиргэ, чахчы, абыраллаах таҥастар” диэн элбэх киһи киэн тутта, астына кэпсиир.

Людмила РасторгуеваЛюдмила Расторгуева "ЭКСПО-21" Аан дойдутааҕы быыстапка "Время инноваций" күрэҕэр ылбыт статуэткатын тутан турар (Дубай, ОАЭ, 2021 с.)

– Людмила Николаевна, бэйэҥ хоту дойдуттан төрүттээх киһи, “Хотугу Таҥас” тэрилтэни 1991 с. үгүс чинчийиини ыытан, матырыйаал састаабыттан саҕалаан көрүүтүгэр-истиитигэр тиийэ элбэҕи үөрэтэн төрүттээбитиҥ.

– 70-с сс. саҕалаан дьарыгырабын. 1974-1982 сс. оччотооҕу Олох-дьаhах министиэристибэтин Конструкторскай-технологическай бюротугар  конструктор-модельерынан үлэлээбитим. XVIII-ХХ үйэ саҕаланыыта сахалар төрүт таҥастарыгар тирэҕирэн аныгы таҥас кэллиэксийэлэрин айбытым. 1982-1991 сс. ББСКС үлэ харыстабылын БСКНЧИ Дьокуускайдааҕы лабаратыарыйатын ыстаарсай научнай үлэһитэ этим. Хайаҕа үлэлиир, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыгырар дьоҥҥо таба түүтэ истээх анал таҥас хайдах буолуохтааҕын чинчийэн үөрэппитим. 1991-2008 сс. “Хотугу Таҥас” тэрилтэни (маҥнай ТОО этэ, кэлин аахсыйалаах уопсастыба буолбута) салайан үлэлэппитим, бу сылларга Саха сирин аҕыйах ахсааннаах норуоттарын – сахалар, эбээннэр, эбэҥкилэр, дьүгээкирдэр, чукчалар – XVIII-ХХ үйэ саҕаланыытыгар төрүт таҥастарын усторуйа, ускуустуба, мэдэссиинэ, тэхиниичэскэй билимнэр өттүлэринэн көрөн үөрэппиппит.

457471668

– “МилаМакс Плюс” таҥастара омук оҥорон таһаарааччыларын табаардарыттан 3-6 төгүл ичигэстэрэ дакаастанан турар. Эһиги тигэр таҥастаргыт туох уратылаахтарый? Састаабыгар тугу туһанаҕытый?

Өбүгэлэрбит тыйыс тымныыттан харыстанар, сылааһы тутар ньымаларын үгүс сылларга анаан чинчийбитим түмүгэр бэйэбит дойдубутугар уонна омук сирдэригэр тигиллэр таҥастартан сылааһы быдан үчүгэйдик тутар таҥастары айбытым. Таҥастарбыт натуральнай састааптаах буоланнар киһи этин-сиинин тыыннараллар, хамсанарга, хаамарга табыгастаахтар. Онно төһүү буолар сүрүн матарыйаалбыт – тыалтан, сииктэн харыстыыр анал мембраналаах бүрүөһүн. Бу матырыйаал киһи көлөһүнүн таһаарар, этин-сиинин тыыннарар. Таба түүтүн киллэрэбит. Маны таһынан бэйэм оҥорбут бактерияны өлөрөр свойстволаах нанокомпозиты туһанабын.

Холобур, кыһыҥҥы тас көстүүммүт иһинэн эбии кэтиллэр таҥастарбыт: чараас, таба түүлээх иһинээҕи көстүүм (күннээҕигэ эмиэ кэтиэххэ сөп), сирэйгэ-моонньуга кэтиллэр, тыыммыт салгын нөҥүө сылааһы тутар мааскалаах,  бактерияны үөскэппэт, атах таҥаһын сиигирдибэт уллуҥнаах.

Хоруона дьаҥыттан, уо.д.а. киһи доруобуйатын сүһүрдэр вирустан, бактыарыйаттан харыстыыр, чараас маасканы тигэргэ былаанныыбыт. Тымныыга сирэйи, тыынар уорганнары харыстыаҕа, 2 хос сиэткэттэн тигиллэр буолан киһи тыынарыгар мэһэйдээбэттэр.

Бу кэмпилиэги крагалаах (уһун гына) уонна ытыһын анныгар хайаҕастаах ХТ үтүлүктэринэн ситэриэххэ сөп. Хайаҕастаах буолан үтүлүгү устубакка эрэ тарбахтаргын тас таһаараҕын, ол түмүгэр үтүлүк иһинээҕи сылаас тутуллар. Тыалтан тобугу харыстыырга уһуллар сутуруону (ноговицалары) атыылаһыахха эмиэ сөп. Ыйааһыннара чэпчэки, тымныыттан бэркэ харыстыыллар диэн булчуттар, спортсменнар, көхтөөх сынньалаҥы сөбүлээччилэр сөбүлээн атыылаһаллар.

instapic 83161 768x768

– Ханнык көрүҥ таҥастары тигэн атыыга таһаараҕытый?

– Быйыл Саха сирин тыйыс усулуобуйатыгар үлэлиир араас тэрилтэ үлэһиттэригэр аналлаах ичигэс таҥаһы түҥэтэн, чинчийэн көрөр былааннаахпыт. Ону таһынан, эр дьон, дьахтар кыһыҥҥы кууркаларын, бүрүүкэлэрин, утуйар мөһөөччүгү, суорҕаны тигэн атыылыахтаахпыт. Маны таһынан булчуттарга, балыксыттарга, көхтөөх сынньалаҥы таптааччыларга анал ичигэс тас көстүүмү тигэргэ былаанныыбыт.

Утуйар мөһөөччүктэр атыыга бааллар. Анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарыгар анаан 300 утуйар мөһөөччүгү тигэн ыыппыппыт. Билигин анал байыаннай эпэрээссийэҕэ ыытаары тепловизортан харыстанар икки көрүҥ бүрүөһүнү оҥоро сылдьабыт.

– Людмила Николаевна, инникитин туох былааннааххытый?

– Биһиги сүрүн сыалбыт – Дьокуускайга технологическай базаны тэрийии, олохтоохторго саҥа үлэ миэстэтин таһаарыы, төрүт үгэс сайдарын туһугар билиибитин, уопуппутун ыччакка тиэрдии, ХТ бородууксуйатын көрүҥүн элбэтии, ол иһигэр оҕо таҥаһын тигии. Төрүт үгэспитин, өбүгэлэрбит ньымаларын туһанан ичигэс таҥас араас көрүҥүн тигэн дьон доруобуйатын харыстыырга, бөҕөргөтөргө үлэлэһэрбититтэн үөрэбит, киэн туттабыт.

Швейный цех

Тэрилтэлэр мэктиэлииллэр!

“Хотугу таҥас” маарка таҥаһын-сабын тыйыс усулуобуйаҕа үлэлиир Арассыыйа да, Саха сирин да бөдөҥ тэрилтэлэрэ сакаастаан тиктэрэллэр. Санааларын бу курдук үллэстэллэр.

РФ Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтэ:

– 2022-2023 сс. кыһыныгар Арассыыйа Арктическай зонатыгар эспэдииссийэ кэмигэр Арассыыйа Ыксаллаах быһыыга-майгыга министиэристибэтин тус састааба “МилаМакс Плюс” ХЭУо анал таҥаһын кэппиттэрэ. Эспэдииссийэ кыттыылаахтара бары үчүгэй өттүттэн сыаналаабыттара. Ол иһин тэрилтэ бородууксуйатын РФ МЧС идэтийбит быыһааччыларыгар сакаастыырга этии киллэрдэ.

СӨ Быыһыыр сулууспата:

Быыһыыр сулууспа үлэһиттэрэ “Хотугу таҥас” тикпит таба түүтэ киллэһиктээх таҥаһын олунньу ыйга (-43 кыраадыска) кэтэн бастакытын тургутан көрбүттэрэ. Үлэһиттэр улаханнык хамсакка да туран тоҥмотохторо, тымныы кэмҥэ олус табыгастаах көстүүмнэр диэн сыаналаабыттара. Натуральнай түүлээх буолан киһи этин температуратын тутар, анал мембрана бүрүөһүнэ тыалы-кууһу киллэрбэт. Иһинэн эбии халыҥ таҥаһы кэтэр наадата суох. Мааската, уллуҥа сиигирбэттэр, итиини туталлар. Бу көстүүмнэр хамсанарга-имсэнэргэ табыгастаахтар, хаартан, сииктэн харыстыыллар. Онон, “Хотугу таҥас” таҥаһын-сабын тымныы усулуобуйаҕа кэтэргэ мэктиэлиибит.

“Русское географическое общество” Арассыыйатааҕы түмсүү Томскай уобалаһынааҕы салаата:

– “МилаМакс Плюс” ХЭУО хампаанньа үрдүк хаачыстыбалаах технологическай экипировканан хааччыйбытын иһин барҕа махталбытын тиэрдэбит. Тэрилтэ тикпит көстүүмнэрин көмөтүнэн биһиги түмсүүбүт хамаандата 2017 сыл тохсунньу-олунньу ыйдарыгар Эльбрус хайатыгар кыһыҥҥы дьарыктыыр сбордарга кыттыбыта. Сөкүүндэҕэ 30 миэтирэҕэ тиийэ түргэннээх тыаллаах -50 кыраадыс тымныыга табыгастаах эрэ өттүттэн көрдөрдүлэр. Инникитин да бииргэ үлэлэһэрбитигэр эрэллээхпит.

img1

“АЛРОСА-Спецбурение” ХЭУо:

– “Хотугу таҥас” мааркалаах таҥаһы 2022-2023 сс. кыһыныгар “АЛРОСА-Спецбурение” ХЭУо үлэһиттэрэ Саха сирин Мииринэй оройуонугар эксплуатациялаатылар. Улахан тымныыларга хайдах тэтимнээхтик хамсанартан тутулуга суох тоҥмокко эрэ уһун кэмҥэ кэтиэххэ сөп. Табыгастаах конструкциялаах, натуральнай састааптаах буолан халлаан туругуттан көрөн халыҥатан эбэтэр чарааһырдан биэрэр кыах баар. Кэтэргэ да, хамсанарга да олус табыгастаахтар, чэпчэки ыйааһыннаахтар. “АЛРОСА-Спецбурение” ХЭУо тыйыс усулуобуйаҕа үлэлиир үлэһиттэрин “Хотугу таҥас” таҥаһынан-сабынан хааччыйар санаалаах.

+7(919)762-1689 төлөпүөҥҥэ эрийэн, www.milamaxplus.ru саайка уонна Этот адрес электронной почты защищён от спам-ботов. У вас должен быть включен JavaScript для просмотра. электроннай почтаҕа суруйан сиһилии билсиэххитиҥ сөп. Тэрилтэҕэ уонна кэллэктиипкэ таҥаһы холобур гынан, илдьэн көрдөрүөхтэрин сөп.