Киир

Киир

Аармыйаҕа сулууспалыыр уолаттар үксүлэрэ кэриэтэ Мария Егоровналыын алтыспыт, сүбэтин ылбыт, дьонноруттан кэһии туппут буолуохтаахтар. Кыһалҕалаах уолаттарга, төрөппүттэригэр өрүү күүс-көмө, сүбэ-ама буолар. Эдьиийбит аны билигин АБДь-тан бааһыран кэлбит уолаттарга, кинилэр дьонноругар туох кыалларынан көмөлөһө, сүүрэ-көтө, сүбэлии-амалыы сылдьар. Бэйэтэ этэринэн, киниэхэ күҥҥэ 300-кэ кэриэтэ киһи эрийэн тиийэр. Саллааттар таптыыр, ытыктыыр ийэлэрэ Мария Емельянова биһиэхэ, “кыымнарга”, охсуллан ааспытыгар тутан ылан кэпсэттибит. Санатар буоллахха, биһигит­тэн этиҥ түспүт маһын харысхал оҥорбуппутун саллааттарга илдьэн тү­ҥэтэр. Уолаттар барахсаттар ол харысхалга тиксибэтэхтэринэ, аҥаардаһан үллэстэллэр үһү.

– Мария Егоровна, дорообо. Хата, киэҥ сырыылаах айаныҥ быыһыгар биһиэхэ таарыйдыҥ дии. Анал байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан онно барар уолаттарга сүбэ-ама буола сырыттаҕыҥ?

– Анал байыаннай дьайыы саҕалам­мыта икки сыл буолла. Саха сириттэн элбэх киһи сылдьар. Икки сыллааҕыта аан бастаан саҕаланарыгар сулууспалыы сылдьан хантараак түһэрсибит 18–19–20 саастаах уолаттар барбыттара. “Спецназтар, морпехтар, вдв-лар, танкистар” тиийбиттэрэ. Маҥнай барыларын Белоруссияҕа үөрэтэ илдьибиттэрэ. Онтон олунньу 22 күнүгэр уолаттар миэхэ: “Эдьиэй, биһиги кыраныыссаҕа олоробут, передовойга иһирдьэ киирэр буоллубут”, – диэн хайдах эрэ бырастыылаһар курдук суруйбуттара. Аармыйаҕа сырыттахтарына хаста да тиийэн көрүстэҕим дии, алтыспыт, сорохторун кытта ыкса бодоруспут оҕолорум буоллаҕа. Хаартыска ыыталаабыттара. Кулун тутарга өрөспүүбүлүкэбит Дьахталларын сойуустара уонна биһиги сүбэлэһэн баран, уолаттарга баһыылка хомуйан барбыппыт. Уон күн иһигэр уопсайа түөрт аҥаар туонна баһыылка хомуллубута. Араас улуустан, бэл, хоту улуустартан тиийэ ыыталаабыттара. Байыаннай сөмөлүөтүнэн наардаан ыыппыппыт. Сайын уолаттар уоппускаларыгар кэлэ сылдьан “От матерей Якутии” диэн суруктаах баһыылкалары туппуппут диэн үөрэн-көтөн кэпсээбиттэрэ. Ол аата, передовойга сытар уолаттарбытыгар син тиийдэҕэ дии.

– Биһигиттэн этиҥ түспүт маһыт­тан оҥоһуллубут харысхал бөҕөнү илдьэ барбытыҥ. Уолаттаргар түҥэ­тэлээтэҕиҥ буолуо?

– Аан бастаан Сергеевкаҕа баар байыаннай чааска сэриигэ бааһыран кэлбит уолу көрсүбүтүм. Ити – муус устар саҥатыгар. Байыаннай чаастарга тиийдэҕим аайы хантараак баттаспыт уолаттары көрсөбүн. Ити сылдьар кэммэр танкист уолаттар үөрэнэн бүтэн барбыттара. Хамандыырдара: “Элбэх уолу ыытаары олоробут, сахалар да бааллар”, – диэбитэ. Ол иһин барыларыгар, “дойдуларыгар тыыннаах эргиллэн кэллиннэр” диэн, били, этиҥ түспүт маһын харысхал быһыытынан түҥэтэлээбитим. Бу сырыыга 90 уолга аҥаардыы-аҥаардыы биэртэлээбитим. Күһүн кэлэ сылдьан: “Мария Егоровна, эн биэрбит харысхалгын броникпытыгар укта сырыттыбыт, чахчы, туһалыыр эбит”, – диэн кэпсээн турардаахтар. Видеота баар. Биир ийэ барахсан “Уолбар харысхал биэрэҥҥин, тыыннаах эргиллэн кэллэ” диэн махтанан суруйбута.

– Оо, барахсаттары...

– Муус устар ыйга Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр бастакы боотурдар көппүттэрэ. Пуорка киирэн атаардыбыт. Баһыылканы сэргэ туруусук, маайка, наскы бөҕөтүн туттарбыттара. Маҥан улахан куул аҥаарынан симиллибит. Ол куулбун хара күүспүнэн уолаттарга туттаран кэбистим. “Бачча улаханы ханна тута сылдьабыт” диэн ылбат буола сатаабыттара. Кэнники: “Мария Егоровна, кууллаах ис таҥаскын сонно сөмөлүөккэ үллэстэн кэбиспиппит. Хата, улаханнык абыраабытыҥ”, – диэбиттэрэ.

– Бастаан барааччылар уларыттар да таҥаһа суох сылдьаахтаатахтара...

– Оннук буоллаҕа. Күһүн иккис боотурдары атаарыыга атын баһыыл­каларбыт, көмөбүт таһынан эмиэ наскы, туруусук биэрэн ыыттыбыт. Онно бастакы боотурдарбыт сорохторо эмиэ бааллара. “Бу сырыыга маҥан маайкаҕыт суох дуо? Ааспыкка биэрбит маайкаҕыт туһалаабыта аҕай”, – дэһэллэр. Ол маайкабытын “араарар бэлиэ” оҥостубуттар эбит. Ити кэннэ баҕа өттүнэн “доброволецтар”, “ахматтар”, “казактар”, “вагнердар”, быраастар барыталаабыттара. Олору эмиэ харысхал биэрэн атаартаабытым. Дьэ, ол кэннэ балаҕан ыйыгар уопсай быстах хомуур саҕаламмыта. Онуоха диэри нэһилиэнньэ иирсээн буола турар диэн, соччо билбэт да этэ.

– Хомуур саҕаламмытыгар, дьэ, аймалҕан саҕаламмыта дии...

– Оннук... Миэхэ күҥҥэ 300 киһи эрийэр этэ, омун буолбатах – баары этэбин. Ийэлэрэ, кэргэттэрэ, арыт уолаттар бэйэлэрэ эрийэн ыйытала­һаллар, сүбэ-соргу көрдүүллэр. 300-тэн тахса киһи, элбэх оҕолоохторунан, доруобуйаларынан сыыйыллан, төннөн кэлбиттэрэ. Маныаха Владивостокка баар Уһук Илиннээҕи бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ Ким Борисов салайыытынан үлүгэрдээх үлэни ыыппыта. Аны туран, “Байыаннай чаастар уолаттарбытын аһаппаттар, таҥыннарбаттар, таһырдьа хонноро сылдьаллар үһү” диэн, Саха сирин бассааба бирээмэ оргуйан олорор. Саатар, барыта “үһү”... диэн ээ. Ити үлүгэр аймалҕан кэннэ, хайыахпыный, миэстэтигэр көрө-истэ Илиҥҥи байыаннай уокурукка айаҥҥа туруннум. Чита, Улан-Удэ, Хабаровскай, Уссурийскай, Сергеевка, Владивосток байыаннай чаастарынан сылдьыталаатым. Хас эмэ сылы быһа сылдьан-сылдьан кэлбит чаастарым буоллаҕа. Тиийбит чааспар барытыгар хамандыырдарын, саха уолаттарын бэйэлэрин көрсөн, хайдаҕын-тугун ыйыталастым. Күҥҥэ үстэ аһыыллар, таҥастаахтар. Саллаат аһылыга дьиэ аһылыгын курдук буолбатаҕа өйдөнөр, ол гынан баран хоргуйбаттар. Ону төрөппүттэригэр этэ сатыыбын да, “эн көмүскэһэҕин” дииллэр. “Уолаттарбытыгар броник биэрбэттэр үһү”, дииллэр. Дьиҥэ, 4–5-с нүөмэрдээх бронигы биэрэллэр эбит. Ол гынан баран бэйэлэрэ 6-с №-дээҕи баҕараллар. Онтулара – 200 тыһыынча солкуобай. “Дьэ, уолаттарбытыгар кирэдьиит киирэ-киирэ, ол алтыс нүөмэрдээҕи бэйэбит ылан биэрдибит” диэн, төрөппүттэр миигин сирэй-харах анньыах курдуктар этэ.

emelyanova3

– Даҕатан эттэххэ, Чечня сэриитигэр Саха сириттэн үлүгэрдээх уол сэриилэспитэ. Ол барахсаттар “броник” диэни кэппэтэхтэрэ да буолуо...

– Ол саҕана сэриигэ барбыт уолаттарга туох да көмө оҥоһуллубатаҕа. Бэл, ол саҕана тыыннаах эргиллэн кэлбит уолаттарга күннэтэ ытыалааһыҥҥа сылдьыбыт туруктарын, доҕотторун сүтэрбит ыар сүтүктэрин чэпчэтэр, өйдөрүн-санааларын ыраастыыр, эттэрин-сииннэрин чөлүгэр түһэрэр көмө да суоҕа. Александра Николаевналыын бэйэбит баҕа өттүбүтүнэн уолаттарбытын көрсөн, кими үөрэххэ ыытан, кимиэхэ үлэ булан биэрэр этибит. Бу санаатахха, үлэ бөҕөтүн көрсүбүт эбиппит. Чечня сэриитигэр Үөһээ Бүлүүттэн биир ыалтан үс уол сылдьыбыта. Ол уолаттар, хата, үһүөн тыыннаах эргиллэн кэлэн, этэҥҥэ үлэлии сылдьаллар.

– Байыаннай чаастарга сылдьарыҥ таһынан аны улуустарга тиийэн, АБДь-га сылдьар уолаттар төрөппүттэрин кытта көрсөҕүн быһыылаах.

– Уопсайа 19 улууска сылдьан төрөппүттэри көрүстүм. Ахсынньыга Мииринэйгэ, Ленскэйгэ сылдьыбытым. Онно төрөппүттэри кытары көрсөн кэпсэппитим. Сураҕа суох сүппүт оҕолордоохтор туох докумуону хомуйалларыгар тиийэ ыйыталаспыттара. Соторутааҕыта Бүлүү улуустарын кэрийэн кэллим. Төрөппүттэр ыйытар боппуруостара, билбэттэрэ-көрбөттөрө хара баһаам. Икки сыл тухары уларыйыы бөҕө киирдэ. Урут, холобур, бааһырбыт уолаттарга көмө харчы ылалларыгар 100-с уонна 50-с №-дээх ыспыраапка биэрэллэрэ. Бэс ыйыттан, хата, судургутутан, 98-с №-дээх диэн ыспыраапканы киллэрдилэр.

– Украина диэки эмиэ айаннаатыҥ аҕай быһыылаах дуу?

– Бу икки сыл тухары АБДь зонатыгар уолаттары көрсө аҕыста баран кэллим. Луганскайга, Донецкайга тиийэн, госпиталларга уолаттары көрсүбүтүм. Уопсайа, 27 куоракка сырыттым бы­һыылаах. Ол сылдьан, мэлдьи быраастары көрсөн, уолаттар докумуоннарын чопчулаһа сатыыбын. 100-с уонна 50-с №-дээх ыспыраапкалары чуолкайдаан элбэхтик сырыттым. Москубаҕа Вишнёвскай госпитала диэн баар, онно кими да киллэрбэттэр. Мин хайдах эрэ гынан, син үстэ киирэ сырыттым. Волонтёрдар кыайан киирбэттэр, астарын эҥин аллара хааллартараллар, кими да көрүһүннэрбэттэр. Миигиттэн “хайдах киирэҕиний?” диэн ыйыталаһаллар. Наадалаах кэлэн баран, син биир быыс-хайаҕас булан киирэр буоллаҕым. Байыаннайдары кытта үлэлээбитим ырааппыт буолан, кинилэри кытта хайдах кэпсэтэри, быһаарсары билэбин. Ити госпитальга уонна Новосибирскай госпиталыгар наһаа эрэйдээх: эмиэ төрүт кими да киллэрбэттэр. Онно эмиэ госпиталь салалтатын син тылбар киллэрэн, уолаттарбын киирэн көрсөн тахсабын. Атыттарга холкутук киллэрэллэр.

– Тыый, Мария Егоровна, саллааттар кэмитиэттэригэр үлэлээбитиҥ өрө бэрт буоллаҕа... Байыаннайдары кытары тыл быһаҕаһыттан өйдөһөн баччаҕа диэри сырыттаҕыҥ.

– Оннук буоллаҕа. Илиҥҥи байыаннай уокурук чаастара бары Украинаҕа сылдьаллар. Хомойуох иһин, урут билэр хамандыырдарым суох буоллулар. Хас байыаннай чаастарга сылдьарбар Владивостокка уонна Санкт-Петербурга баар бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэлэр мэлдьи күүс-көмө буолаллар, тырааныспарынан эҥин көмөлөһөн абырыыллар. Санкт-Петербург волонтёрдара, сытар уолаттары барыларын бүтүннүү сууйан-тараан, дьиэлэригэр ас астаан аҕалан, олох үчүгэйдик үлэлииллэр. Тиийдэхпинэ, волонтёрдары батыһа сылдьан, ис дууһаларыттан хайдах курдук кыһаллан-мүһэллэн үлэлииллэрин көрөр буоллаҕым.

– Манна эмиэ араас түмсүүлэр, волонтёрдар, иистэнньэҥнэр анал байыаннай дьайыыга барбыт уолаттарбытыгар күүс-көмө буола сылдьаллар.

– 2022 сыл балаҕан ыйыгар быстах хомуур саҕаламмытын иккис күнүгэр Ирина Саввина, Гульнара Алексеева уонна мин буолан сүбэлэһэн “Якутия с тобой” диэн ыстаап тэрийбиппит. Бу кыргыттардыын ол сайын баһаарга бииргэ үлэлээбиппит. Ол ыстааппытыгар волонтёрдар, бырабыыталыстыба уонна Аҕа баһылыкпыт кыттыһан, билигин бүтүн өрөспүүбүлүкэ үлэлэһэр. Ирина Саввиналаах көҕүлээһиннэринэн хас улуус, нэһилиэк аайы “Илии сылааһа” диэн иистэнньэҥнэр ыстааптара тэриллибитэ. Бу дьахталлар сүрэхтэрин баҕатынан АБДь-га барар уолаттарбытын бастарыттан атахтарыгар диэри таҥыннаран ыыталлар. Саас биир саллаат уол төбөтүгэр бааһыран госпитальга киирбитэ. Бу уол аҕата урут Чечняҕа сулууспалаабыт. Мантан байаҥкамааты кытта кэпсэтэн, бырайыастарын барытын быһааран, тэрийэн ыыппытым. Онтон атырдьах ыйыгар миэхэ Айыына Храмова: “Мария Егоровна, манна госпитальга төбөтүгэр улаханнык баа­һырбыт уол сытар. Ким да сылдьыбат, хайыыбыный?” – диэн ыйытта. Ону мин “бара сырыт” диэтим. Ол уол ийэтэ Хабаровскайга уолун докумуонун эккирэтэ сылдьар. Айыына Туйаара Константиновалыын, Марфа Макаровалыын госпитальга ас таһан барбыттар. Онтон Бастайааннай бэрэстэбиитэлистибэ иһинэн “Саха волонтёр” диэни тэринэн, сытар уолаттарбытыгар барыларыгар сылдьан барбыттара. Ньурбаттан сылдьар Герасим Парников диэн туохтан да чаҕыйан турбат туруу үлэһит уол доҕотторун кытта эмиэ элбэх саллаакка көмөлөспүттэрэ. Улуустартан бааһырбыт уолаттарга ким бородууктанан, ким таҥаһынан ыытан киирэн барбыттара. “Саха волонтёр” үлэтин итинник саҕалаабыта. Давыд Архан диэн уол сүппүт уолаттары көрдүүргэ, бааһырбыт саллааттар докумуоннарыгар үлэҕэ миэхэ олус күүскэ көмөлөспүтэ. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирин дьоно, бэйэлэрэ төһө да хоргуйан олордоллор, сэрии толоонугар сылдьар саллааттарга көмөлөһө олорбуттара. Ол курдук, билигин эмиэ өрөспүүбүлүкэ бүттүүн турунан АБДь-га сылдьар буойуннарга, бааһырбыт уолаттарбытыгар барыларыгар күүс-көмө буола сылдьаллар.

emelyanova2

– Оннук эрэ гыннахпытына, Кыайыыны уһансар буоллахпыт. Саллаттар дьиҥнээх ийэлэрэ, эдьиийдэрэ Мария Егоровна, бу уустук кэмҥэ эн сүбэҥ-амаҥ, ыйыыҥ-кэрдииҥ хаһааҥҥытааҕар даҕаны наадалаах кэмэ. Быыс булан, таарыйан ааспыккар барҕа махтал.

Кэпсэттэ Туйаара СИККИЭР.

Санааҕын суруй

Бүтэһик сонуннар