Дьокуускай куоракка муус устар 1 күнүттэн куорат иһинээҕи оптуобустар сыаналара 5 солкуобайынан, оттон куорат таһыгар сылдьааччылар киэнэ 7 солкуобайынан ыарыыр. Ону таһынан, араас төлөбүр көрүҥүн тарыыба эмиэ уларыйар. Ол туһунан киин куорат дьаһалтатын пресс-сулууспата сырдатар.
Ол курдук, бэнидиэнньиктэн куорат иһигэр сылдьар оптуобустарга уу харчынан төлөһөр буоллахха, айан сыаната 45 солкуобай буолуоҕа. Оттон куорат таһыгар айаннааччылар 85 солкуобайы төлүөхтэр. Куорат иһинээҕи оптуобустарга баан каартатынан төлүүр дьоҥҥо айан соболоҥо 40 солкуобайга тэҥнэһиэ. Оттон электроннай көлө каартатынан (“Спутник”) төлөһөөччүлэр киэнэ 33 солкуобай буолуоҕа.
Куорат таһынааҕы бөһүөлэктэргэ айанныыр, баан каартатынан аахсар дьон 70 солкуобайы төлүөхтэрэ. Оттон “Спутнигынан” аахсааччылар – 66 солкуобайы.
“Дьокуускай баһылыга Евгений Григорьев быһаарыытынан, тиэйээччилэр-таһааччылар сөбүлэҥнэринэн, оптуобус төлөбүрүн сыаната 2024 сыл тохсунньу 1 күнүттэн буолбакка, иккис кыбаарталыттан ыараата. Куорат маршруттарыгар “проездной билиэтинэн” аахсар дьоҥҥо айан сыаната ыараабата. Онон, “проездной” төлөбүрү аахсарга саамай барыстаах көрүҥ”, – диэн баһылык солбуйааччыта Антон Алексеенко быһаарар.
Кини этэринэн, баан каартатынан уонна “Спутнигынан” төлөһөөччүлэргэ сыана эмиэ сиэрдээхтик, өйдөнөр, сатаан быһаарыллар төрүөтүнэн ыараабыт.
“Итинник ньыманан биһиги дьону уу харчыта суох төлөһөр ньымаларга көһөргө көҕүлүүбүт”, – диэн тойон Алексеенко этэр.
Суруйалларынан, айан төлөбүрэ уматык, көлө сапчааһа ыараабыттарынан, МРОТ үрдээбитинэн ыараабыт.