Кэнники кэмҥэ Арассыыйа Арктиката түргэн тэтиминэн сайдан иһиитэ Хоту сир аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын үгэс оҥостубут олохторун укулаатын уонна култуурунай нэһилиэстибэлэрин көмүскэллээх оҥоруу наадатын ордук сытыырхатар, күүһүрдэр. Ол быһыытынан итиннэ ураты болҕомто ууруллар буолла. Бу манна биир үтүө холобуру АЛРОСА хампаанньа уһун сыллар усталаах туораларыгар көрдөрөн кэллэ диир оруннаах.
Ол курдук, Саха сирин алмаас хостуур тэрилтэтэ өрөспүүбүлүкэ арктикатааҕы улуустарыгар төһүү көмөнү оҥорор, олохтоох түмсүүлэри кытта бииргэ үлэлэһэр, Ийэ айылҕа харыстабылыгар уонна төрүт олохтоохтор култуураҕа бырайыактарын олоххо киллэрэр. Бу үлэтигэр хампаанньа Саха сирин олохтоох учуонайдарын эмиэ кытыарар.
Арктика – төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар көннөрү үлэлиир-хамсыыр сирдэрэ эрэ буолбатах, биһиктэрин ыйаабыт көмүс ньээкэ уйалара, үтүмэн үгүс сыллар тухары Ийэ айылҕаларын кытта тэҥҥэ алтыһан, ааттыын айылҕа оҕолоро буолан, быстыспат ситимнэммит Ийэ сирдэрэ, иэримэ дьиэлэрэ. Ону өйдөөн-санаан, АЛРОСА 2023 сылга РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын институтун кытта алмаас бырамыысыланнаһа түстэнэн үлэлиир зоналарыгар олорор Саха сирин аҕыйах ахсааннаах төрүт омуктарын (КМНС) ытык сирдэрин (сакральные места) докумуоннатар туһунан дуогабар түһэрсибитэ.
АЛРОСА экологтара олохтоох учуонайдарга төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар ытык сирдэрин булаттаан, чопчулаан, ол сирдэри култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгин быһыытынан толору докумуоннатар, тайыыр иэннэрин, кыраныыссаларын быһаарар, сиһилиир, ландшабын ойуулуур-дьүһүннүүр (описание) уонна хаартатын оҥорор эппиэттээх соругу туруорбута.
Дуогабарга олоҕуран, учуонайдар сорох хоту улууска төрүт олохтоох омуктар ытык сирдэрин быһааран, кумааҕыга түһэрэн, ойуулуур-бичийэр үлэни былырыын саҕалаабыттара. Итинник ытык, булгуччулаах харыстабылы эрэйэр сирдэргэ туһааннаах норуоттар төрүт-уус өбүгэлэрин көмүс уҥуохтара хараллыбыт уонна түһүлгэлэнэн олорбут сирдэрэ, айылҕа сүдү эбийиэктэрэ: хайалар, хайаны туоруур аартыктар (переваллар), өрүстэр, күөллэр, үрдэл сирдэр, ытык мастар – историческай-култуурунай суолталаах, төрүт олохтоох омуктар сиэрдэригэр-туомнарыгар уонна үгэстэригэр сыһыаннаах, быһата, кинилэр баай култуураларын сорҕото буолар кыахтаах барыта да киирсэр.
Бу ытык сирдэри докумуонунан бигэргэтэр үлэ түмүгэ, кэнэҕэһин сир баайын хостооччулар Арктика сирдэригэр оҥорон таһаарыыларын сөпкө былаанныылларыгар көмөлөһөр, туһалыыр аналлаах.
Бастакы түмүк баар
АЛРОСА хампаанньаны кытта түһэрсиллибит дуогабар суолтатын уонна ол үлэ хайдах олоххо киирэн эрэрин туһунан биһиэхэ история билимин дуоктара, РНА СС Гуманитарнай чинчийии уонна Хоту сир аҕыйах ахсааннаах норуоттарын кыһалҕаларын институтун (ИГИПМНС) дириэктэрэ Сардаана Боякова кэпсээтэ.
«Арассыыйа Федерациятын норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин эбийиэктэрин туһунан федеральнай сокуона баар. Онно тугу да мээнэ ыллыҥ да тутан кэбиһиллибэтин, тутууну саҕалыах иннинэ хайаан да кэккэ эспэртиисэни ыытар наадатын туһунан этиллэр. Холобур, үлэни саҕалыах иннинэ, хайаан да археологтартан бу тутуу барыахтаах сиригэр култуурунай нэһилиэстибэ эбийиэгэ суоҕун туһунан түмүк ылыллыахтаах.
Ол гынан баран, уустуга диэн – ити сокуоҥҥа култуурунай нэһилиэстибэ диэн дьиҥ баар материальнай эбийиэктэр – тутуулар, мэҥэ таастар (памятниктар) – тустарынан эрэ этиллэр. Оттон хотугу төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктарга оннук тутуулара суоҕа. Ол эрээри оннук тутуулара суоҕа кинилэр култуурунай нэһилиэстибэлэрэ суоҕун көрдөрбөт. Кинилэр былыр-былыргыттан олохсуйан, уутуйан олорбут, ол иһигэр кинилэр ытык сирдэрэ, ону тэҥэ икки атахтаах үктэниэх суохтаах сирдэрэ (табуированные) барыта ытыктанар, харыстанар сиргэ киирсэллэр. Ол быһыытынан, биһиги оннук сирдэри булан, үөрэтэн уонна олору каартаҕа киллэрэр гына биһиги АЛРОСА-ны кытта үлэлэһэбит», – диир Сардаана Боякова.
Туһааннаах институт үлэһиттэрэ алмаас хостооччулары кытта түһэрсиллибит дуогабар чэрчитинэн, былырыын күһүҥҥүттэн саҕалаан, КМНС-тар ытык сирдэрин докумуоннуур үлэни саҕалаабыттар. Сардаана Ильинична эппитинэн, устуоруйа-этнография эспэдииссийэлэрэ былырыын уонна быйыл Мииринэй оройуонун Садын уонна Ботуобуйа нэһилиэктэригэр үлэлээбиттэр. Оттон Өлөөн оройуонугар институт испэсэлиистэрэ өлөөннөҕү кыраайы үөрэтэр түмэл пуондатын матырыйаалларын сыныйан көрбүттэр, үөрэппиттэр. Онно тустаах улууска ыытыллыбыт арехологическай хаһыылар кэмнэригэр көстүбүт 600-чэ биридимиэт ускуустуба айымньытыгар киирэрин эбэтэр киирэр кыахтаахтарын быһаарар үгүс үлэни (атрибутировали) ыыппыттар. Идэтийбит үлэһиттэр ол тэриллэр, биридимиэттэр булуллубут миэстэлэрин, туох биридмиэт буолалларын быһаарбыттар. Ону таһынан онно уһуннук олорбут ытык саастаах дьонтон ытык сир буолалларын кэрэһилиир араас үһүйээни, номоҕу сурунан, бэлиэтэнэн ылбыттар. Билигин исписэлиистэр бу сайыҥҥы хонуу үлэтигэр бэлэмнэнэллэр. Быйыл кинилэр Өлөөҥҥө, Мииринэй Таас Үрэҕэр уонна Сүлдьүкээригэр тиийэн, каартаҕа киллэрэр гына, ытык сирдэр кыраныыссаларын быһааран, ойуулаан-дьүһүйэн (описание), салгыы эбийиэктэр пааспардарын оҥорууга үлэлэһиэхтэрэ. Дуогабарга киирбит туох баар ыытыллыахтаах үлэ бу дьыл атырдьах ыйыгар түмүктэниэхтээх эбит.
«АЛРОСА хампаанньа өйөбүлүнэн, биһиги бу иннинэ хаһан да ыытыллыбатах үлэҕэ ылсар кыахтанныбыт. Кэнэҕэһин маннык үлэни өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыахпыт диэн эрэнэ саныыбыт. Кырата, сүүһүнэн итинник сирдээх, онтон хас эмэ уонунан сир ытык сиргэ киирэрэ чуолкай сирдээх-уоттаах оройуоннарга маннык хабааннаах үлэни ыытыах кэриҥнээхпит. Бу маннык үлэ киэҥник ыытылыннаҕына муҥутуур хоту сытар былыргы суруктары (писанины) да булан, бигэргэтэр түгэн баар буолуон сөп. Судаарыстыба ити курдук уһулуччу суолталаах, бэлиэ сирдэри бэйэтин көмүскэлигэр ылыан, харыстыан наада», – диэн институт дириэктэрэ бэлиэтээн эттэ.
Сардаана Ильинична бу ыытыллар үлэ суолтата, туһата – хотугу норуоттар култуураларын, сиэрдэрин-туомнарын, үгэстэрин, култуурунай нэһилиэстибэлэрин, этническэй өйдөбүллэри үйэтитии буоларын, оттон ол – хотугу норуоттарга тыын суолталааҕын быһаарда. Арктикаҕа бырамыысыланнас күүскэ сайдар усулуобуйатыгар, кырдьык да, бу сирдэри харах харатыныы харыстыырбыт олус улахан суолталаах.
Хоту сир уонна Арктика экологиятын харыстабылыгар
Ытык сирдэри үөрэтии, бэлиэтээһин – АЛРОСА хампаанньа төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар үгэс оҥостубут олохторун укулаатын, дьарыктарын үйэтитиигэ анаан ыытар тиһиктээх, кэлим үлэтин биир көстүүтэ буолар.
Манна даҕатан, алмаас хампаанньата бу хайысхаҕа олоххо киллэрбит бырайыактарын санаан ааһар тоҕоостоох. Ол курдук, «Язык предков» диэн Хотугу норуоттар айымньылаах үлэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бэстибээлэ, оҕолорго аналлаах «Колодец сказок» диэн бырайыак чэрчитинэн, оҕолор суруйбут остуоруйаларын нуучча, саха уонна эбэҥки тылларынан кинигэ-хомуурунньугу бэчээттээн таһаарыы, биир оннук үс тылынан саҥарар ойуулук сиэрийэтин бэлэмэ уонна «Айар уус» диэн Дьокуускайга тэриллибит Хотугу норуоттар үгэс оҥостубут ускуустубаларын оҥоһуктарын киэҥ хабааннаах быыстапка-дьаарбаҥката алмаас хампаанньатын быһаччы өйөбүлүнэн, үбүлээһининэн олоххо киирбитэ. 2021 сыллаахха АЛРОСА КМНС-тар култуураларыгар уонна үгэстэригэр, хотугу омуктар олохторун укулаатын, төрүт култуураларын, тылларын үйэтитиигэ көстөр кыһалҕаларыгар бүтүн аан дойду уопсастыбаннаһын болҕомтотун тардар сыаллаах бэлэмнэммит «Кындыкан» диэн этно-култуура бырайыагы өйөөбүтэ да элбэҕи этэр. Ону сэргэ уһун сыллар тухары АЛРОСА Хоту дойдуга тыын суолталаах, төрүт дьарыгы өйүүр туһуттан хотугу кыыл таба популяциятын үйэтитэр бырайыагы сыл көтүппэккэ ыытар.
Бу үлэни өссө хаҥатар, кэҥэтэр уонна тиһиктээхтик ыытар туһугар АЛРОСА өрөспүүбүлүкэ Бырабыыталыстыбатын уонна Саха сирин төрүт олохтоох аҕыйах ахсааннаах омуктар Ассоциацияларын кытта үс өрүттээх сөбүлэҥҥэ илии баттаспытын былырыын сырдатан турабыт. Өрүттэр Хоту былырыын сир төрүт, аҕыйах ахсааннаах омуктар тыллара-өстөрө, култуурунай нэһилиэстибэлэрэ уонна этно-култуурунай үгэстэрэ бигэтик сайдалларын туһугар көхтөөхтүк бииргэ үлэлэһэр туһунан кэпсэппиттэрэ.
kyym.ru
Андрей ШИЛОВ суруйуутунан ЛОһУУРА
Хаартыскалары РАН СО ИГИиПМНСтан ыллыбыт